27.12.2021 | 19:46

Сойууспут сомоҕолуур, Сахабыт сирэ түмэр

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта СӨ Национальнай художественнай музейыгар «Искусство кэмэ. Саха сирин худуоһунньуктара» быыстапка  аһылынна. Тэрээһин Саха сирин Худуоһунньуктарын сойууһун 80 сыллаах үбүлүөйүгэр ананна.

Экспозиция Саха сирин ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын уратытын, барҕа баайын көрдөрөр. Манна араас жанр түмүллүбүт: живопись, скульптура, графика, сценография уонна муостан үлэлэр.

Ольга Скорикова Сойуус бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта баара-суоҕа бэһис ыйа буолла. “Дуоһунаспар өссө да үөрэнэ иликпин. Сөптөөх суолу тобуларга дьулуһабын”, – диэн билиннэ саҥа салайааччы. Кини суруналыыстарга: “Сыл-хонук, кэм-кэрдии олус түргэнник ааһар, уларыйа турар. Онуоха билиҥҥи усулуобуйаҕа, ирдэбилгэ сөп түбэһэн үлэлиэхпитин наада”, – диэтэ. Ольга Афанасьевна урукку-хойукку үлэлэри дьүөрэлээн, инникитин араас быыстапкалары былаанныылларын иһитиннэрдэ.  Маны таһынан Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһа өйүүрүн, эдэр худуоһунньуктарга 72 тыһ. солк. харчынан истипиэндьийэ олохтонорун кэпсээтэ. Сойуус айар үлэ дьонугар сүрүн тирэх, сомоҕолуур күүс буоларын бэлиэтээтэ. 

Кини этэринэн, хас биирдии худуоһунньук кырыыламмыт алмаас курдук, оннук ураты, чаҕылхай. Кими да бастыҥ диэн чорбоппоккун.

Бириэмэ капсулатын айааччы

Национальнай художественнай музей генеральнай дириэктэрэ Влада Тимофеева быыстапкаҕа киирбит үлэлэр Саха сирин ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын аныгы туругун итэҕэтиилээхтик уонна толору көрдөрөллөрүн бэлиэтээтэ. Кини этэринэн, ураты суоллаах-иистээх, туспа буочардаах худуоһунньуктары Саха сирэ түмэр. Хас биирдии болотунаҕа Ийэ дойдуга, Сиргэ таптал көстөр. Худуоһунньук – бириэмэ капсулатын айааччы.

Саха сирин Худуоһунньуктарын сойууһун историята 1941 сыл тохсунньу 24 күнүттэн саҕаламмыта. Онтон санаан көрүҥ, сэрии, сэрии кэннинээҕи кэм... Аҕа саастаах көлүөнэҕэ хайдахтаах курдук ыарахан этэй? Ол эрээри кинилэр син биир айалларын тохтоппотохторо. Кэлин художественнай училище, онтон музей тэриллибитэ.

Биһиги музейбыт – Саха сирин ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын үөрэтэр киин, – диэтэ. 

 

Үүнэр көлүөнэҕэ суолтата

Тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников ыалдьыттаата, эҕэрдэ тылыгар:

– Худуоһунньуктар үлэлэригэр Саха сирин историята, култуурата, норуот үгэстэрэ көстөр. Историяны кинигэҕэ суруйуохха, күөх экраҥҥа кэпсиэххэ, ону таһынан ойуулуохха сөп. Биһиги маастардарбыт үлэлэрин Арассыыйаҕа, бүтүн аан дойдуга билэллэр, – диэтэ. 

Кини ойуулуур-дьүһүннүүр искусство үүнэр көлүөнэҕэ сүҥкэн суолтатын бэлиэтээтэ. Аны сүүс сылынан, хас эмэ үйэнэн ыччат худуоһунньуктар үлэлэринэн историяны, норуот үгэстэрин, култууратын үөрэтэр буолуоҕа диэтэ. 

Сергей Местников Арҕааҥҥы искусство галереятыгар чөлүгэр түһэрии үлэтэ түмүктэнэн эрэрин, бырайыак федеральнай бүддьүөттэн үбүлэммитин иһитиннэрдэ. Ону таһынан эһиил Дьокуускай куоракка Уһук Илиҥҥэ суох “Үлэ кыбаартала” креативнай кластер үлэҕэ киириэхтээҕин санатта. Кини Зинаида Иванова-Унароваҕа, Прокопий Слепцовка, Федор Марковка СӨ Бырабыыталыстыбатын махтал суруктарын туттартаата.

 

Үөрүүлээх түгэннэр, саҥа бириэмийэ

Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччы Владислав Левочкин айар сойууска ситиһиилэри баҕарда уонна бу иннинэ кэлэктииби салайбыт Василий Амыдаев сырдык аатын, кини ыыппыт үтүмэн үлэтин ахтан-санаан ааста. Владислав Валерьевич ыраахтан кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттарга махтал суруктары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарда. Ону таһынан Анна Жиркова, Дьулустаан Бойтунов, Ольга Гуляева министиэристибэ бочуотунай грамоталарынан наҕараадаланнылар.

Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун Уһук Илин федеральнай уокурукка сэкирэтээрэ, Магадан Худуоһунньуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Константин Кузьминых Саха сирин худуоһунньуктарын үлэлэрин таһымын үрдүктүк сыаналаата уонна биһиги искусствобыт өрүү инники күөҥҥэ сылдьарын бэлиэтээтэ. Константин Борисович өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэлбит. Ол курдук, кини Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун үрдүк наҕараадаларын туттарар үөрүүлээх быһыыны-майгыны саҕалаата.

Салгыы СӨ Ил Дарханын иһинэн үлэлиир Архитектура уонна куораты тутуу управлениетын салайааччыта,  өрөспүүбүлүкэ кылаабынай архитектора Ирина Алексеева, Дьокуускай куорат Дууматын Олохтоох бэйэни салайыныыга, сокуоннаска уонна регламеҥҥа сис хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Николай Васильев тыл эттилэр. Үгүс наҕараада туттарылынна, үөрүү-көтүү үксээтэ. Хааччахтааһыҥҥа хаайтаран олорбут, өр көрсүспэтэх айар эйгэ дьоно сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ. 

Дьоро киэһэ соһуччу уонна дьоллоох түгэнинэн Василий Николаевич Амыдаев аатынан саҥа бириэмийэни Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Арассыыйа искусстволарын үтүөлээх деятелэ Зинаида Иванова-Унароваҕа туттарыы буолла. Ольга Скорикова биир санаанан уонна уопсай сүбэнэн наҕараадаҕа бастыҥ кандидаты талбыттарын кэпсээтэ. Зинаида Ивановна сойуус үлэтигэр сүҥкэн кылаатын бэлиэтээтэ.

Ольга Скорикова иһитиннэрбитинэн, билигин сойууска 125 киһи баар. Худуоһунньуктар, маастардар араас таһымнаах быыстапкаларга ситиһиилээхтик кытталлар.

Саҥаттан саҥа аат тахсан иһэр, айар эйгэ кэккэтэ кэҥиир. Урукку үлэлэр суолталара сүппэт. Үгүс дьалхааннаах, түһүүлээх-тахсыылаах, кыайыылаах-хотуулаах кэмнэри уҥуордаабыт Саха сирин ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын историята салҕанар...

 

«Искусство кэмэ. Саха сирин худуоһунньуктара» быыстапка 2022 сыл тохсунньу 15 күнүгэр диэри СӨ Национальнай художественнай музей быыстапкалыыр саалатыгар үлэлиир.

Аадырыһа: Киров уул., 12, 2 этээс, “Комдрагметалл” дьиэтэ.

 

“Киин куорат” аныгыскы нүөмэригэр Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ искусстволарын үтүөлээх деятелэ Александра Самсоновна Бочкарева-Иннокентьева ыалдьыттыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...