17.04.2022 | 12:00

Сотору бу оҕолор таҥастарын кэтиэхпит

Сотору бу оҕолор таҥастарын кэтиэхпит
Ааптар: Маргарита СТЕПАНОВА (Акимова)
Бөлөххө киир

Сырылаччы тыкпыт күн уотугар сыламнаан аа-дьуо тоотоҥноһон хаамар кууруссалартан куттаммакка, биир-биир тутан ылаттаан киистэнэн кырааскалыы-кырааскалыы көҥүлгэ ыыталыыр кыракый кыысчааны көрбүт эрэ барыта дьиибэргиэ эбитэ буолуо.

Ааттыын да ураты, көстөр дьүһүннүүн даҕаны кыраһыабай, оччотооҕу оҕолорго сонун ааттаах Гюльнара элбэх оҕолоох ыалга ортоку кыыс.

Үөһээ Бүлүү Боотулуутугар олорор Владимир Алексеевич, Розалия Николаевна Тимофеевтар оҕолоро бары даҕаны кыра эрдэхтэриттэн кэрэ эйгэтигэр сыста, сэҥээрэ, чугас улааппыттара. Бары уруһуйдуур, ыллыыр, илиинэн оҥорор талааннаах дьон. Бииргэ төрөөбүттэртэн Мариялаах Гюльнара оскуола оҕолорун кэрэ эйгэтигэр үөрэтэллэр, Аэлита муосчут идэлээх.

Гюльнара Владимировна дизайнер идэтигэр бастакы хардыыларын оҥороругар көмө-тирэх буолбут аҕатыгар муҥура суох махталлаах: "Кырабыттан ыарытыйар буоламмын, аҕам барахсан, айаҕын уруһуйдаан ииттиэ этэ диэн, улуус киинигэр үөрэттэрэ киллэрэн турар. Инникибин өтө көрөн, идэбин сөптөөхтүк таларбар сүҥкэн кылаатын киллэрбит эбит. Онон аҕам барахсаҥҥа махталым муҥура суох. Хомойуох иһин, эмискэ ыалдьан, орто дойдуттан бараахтаабыта. Мин ситиһиибиттэн, айар үлэбиттэн наһаа үөрэр уонна киэн туттар этэ".

Гюльнара Музыкальнай оскуола иһинэн уруһуй кылааһыгар үөрэнэ сырыттаҕына биир үтүө күн учуутала Вера Филипповна Суханова-Ноева киниэхэ бэйэтин айбыт, уруһуйдаабыт эскизтэрин көрдөрөр. Кыыс ону хайдахтаах курдук ис сүрэҕиттэн сэргии, сэҥээрэ, хараҕа уоттана көрбүтүн билигин даҕаны өйдүүр. Ити түгэнтэн ыла кини бэйэтигэр дизайнер-модельер буоларга бигэтик сананар. Онтон ыла элбэх күн-дьыл аастаҕа, элбэх эскиз оҥоһулуннаҕа, муода айылыннаҕа.

"Нарыйа" муода оҕо устуудьуйата Хоро орто оскуолатын үөрэнээччилэрин иһинэн 1991 сыллаахха тэриллиэҕиттэн, Гюльнара Владимировна элбэх кыыс, уол оҕону муода эйгэтигэр уһуйан кэллэ. 31 сыл устата тохтобула суох үлэлээбит устуудьуйата 2014 сылтан образцовай оҕо кэлэктиибэ үрдүк аатын сүгэр.

Маҥнайгы үөрэнээччилэрэ билигин бэйэлэрэ ыал ийэлэрэ-аҕалара. Бу устуудьуйа иһинэн бэрт элбэх коллекция күн сирин көрөн, улуус,  өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа подиумнарыгар тахсыбыта. Үгүс элбэх көрүү, куонкурус, бэстибээл дипломаннара, лауреаттара.

Оттон 2021 уонна 2022 сылларга Muus Ustar бэстибээл Гран-при бириэмийэтин хаһаайына буолуулара – уһуйааччыга да, кыттар оҕолорго, кинилэр төрөппүттэригэр даҕаны сыралаах үлэлэрин үрдүк билинии.

Былырыыҥҥы Muus Ustar ыччат бэстибээлигэр «Байанай” коллекциянан кыттыбыттара. Онно ирдэбил быһыытынан 6 уолу видеоҕа устан кыттан, "Бастыҥ модель" номинация кыайыылаахтара буолбуттара уонна босхо "Кэскил" оҕо сайыҥҥы лааҕырыгар путевканан наҕараадаламмыттара.

«Быйыл, 2022 сылга, "Сарыада" коллекциябытын устан ыыппыппыт. Түмүк тахсыбыт сарсыныгар Гран-при аатын ыллыгыт диэн эрийбиттэригэр, үөрүү-көтүү буолан, сып-сап хомунан, бэлэмнэнэн, куораттаабыппыт. Маҥнай генеральнай эрэпэтииссийэҕэ сылдьардыы «Триумфка» тиийэн, маннык кыраһыабай, уоттаах-күөстээх улахан сценаҕа кыттарбытыттан наһаа соһуйбуппут, долгуйбуппут. Олох Москубаҕа кэлбит курдук санаммыппыт. Тэрээһинэ оннук үчүгэй этэ, олохпут үрдүк сайдыылааҕын онно сөхпүппүт. Муус аренатыгар тиийэ оҥорбуттар! Улахан, кыраһыабай сценабыт аны кирилиэстээх эбит. Биһиги ол иннинэ хаһан даҕаны кирилиэһинэн түһэ, тахса  хаампатах буоллахпыт дии. Тэрийээччилэр дефилеҕыт хаамыытын уларытыҥ, сыанаҕа элбэх хамсаныы наада диэннэр, кыргыттарбыт иккилиитэ кирилиэһинэн түһэр, тахсар буоллулар. Мин долгуйуу, барыта мүнүүтэнэн бэлэмнэнии, кимиэхэ да ордук бириэмэ биэрбэттэр.

Бу коллекцияҕа биир кыыһым тиийбэт этэ. Ону урут устуудьуйаҕа дьарыктаммыт, билигин ДьТХТ 3-с кууруһугар үөрэнэр иитиллээччибит  Моника Иванова солбуйан, эрэпэтииссийэҕэ тэбис-тэҥҥэ  сылдьыһан, улаханнык абыраата. Онон итинник улахан далааһыннаах, таһымнаах тэрээһиҥҥэ ситиһиилээхтик кыттыбыппытыттан астынан, үөрэн олоробут", - диир Гюльнара Владимировна.

Бу муода устуудьуйатыгар уолаттар эмиэ бааллар. "Байанай" диэн коллекция – уолаттар киэннэрэ. Манна элбэх төрөппүт илиитин сылааһа, сүрэҕин баҕата, өйөбүлэ кыттыбыта биллэр. Ийэлэр, эбээлэр оскуолаҕа кэлэн, коллекцияны бары көмөлөөн тиксибиттэр, 13 араас бэргэһэ илиинэн баайыллыбыт.

Киһи биир сэргии истэрэ – дьарыктанар оҕолор бэйэлэрэ эскиз оҥорорго,  айарга холонор эбиттэр. Кинилэр ортолоругар уолаттар бааллара, ааһа түһэн, киһи эрэ сөҕүөх курдук интэриэһинэйдик айан, уруһуйдаан таһааралларын уһуйааччылара астына кэпсиир.

Биһиги эмиэ үөрэбит. Аҕыйах сылынан бу оҕолортон хайаан даҕаны муода айар, иистэнэр, уруһуйдуур талааннаах ыччат баарын биллэриэҕэ, маҕаһыыннарбытыгар кинилэр айбыт-туппут, тикпит таҥастарын көрүөхпүт диэн эрэнэбит.

«Нарыйа» Саха Өрөспүүбүлүкэтин образцовай оҕо кэлэктиибэ бастакы Гран-при бириэмийэтин өссө 2005 сыллаахха ылан, бүгүн муода эйгэтигэр биллэр-көстөр устуудьуйа. Кыайыы 60 сылынан тигиллибит "Виктория" коллекция регионнааҕы "Серебряная нить" муода тыйаатырдарын уонна устуудьуйаларын күрэҕин хас да төгүллээх Гран-при бириэмийэтин хаһаайына, өрөспүүбүлүкэтээҕи "Сулусчаан", "Сияние Севера", "Бриллиантовые нотки", "Ай- Тик", "Таланты Земли Олонхо" муода күрэхтэрин эмиэ хас да төгүллээх Гран-при бириэмийэлэрин кыайыылааҕа, "Снежные узоры Якутии", "Академия талантов"," Вершина творчества" куонкурустар лауреаттара. Хас биирдии кыайыы төһөлөөх утуйар ууну умнан олорон иистэнииттэн, хас биирдии коллекция айыллан, ону көрөөччүгэ тириэрдии төһөлөөх сыраттан-сылбаттан таҥыллан, ситимнэнэн тахсара буолуой? Бу буоллаҕа үлэттэн дьоллонуу!

Түгэнинэн туһанан Гюльнара Владимировна үлэлиир тэрилтэтигэр –  "Тускул" оҕо киинигэр махталын биллэрэр. Бу коллекциялар айыллан, тигиллэн тахсалларыгар оҕо киинэ туох баар сабыгар, оҕуруотугар, түүтүгэр тиийэ хааччыйара элбэх оҕолоох төрөппүттэргэ улахан көмө буолара саарбаҕа суох.

Дьэ бу курдук киһи кыра сааһыттан ыра оҥостубут санаата олоххо киирэрин, таптыыр идэнэн дьарыктаныыттан дуоһуйууну ыларын саҕа үрдүк үөрүү баара эрэ?!

Бүгүн биһиги оҕо аймах сөбүлүүр педагога, СӨ Бэрэсидьиэнин Гранын хаһаайката, "Оҕону эбии үөрэхтээһин сайдыытыгар кылаатын иһин" бэлиэ хаһаайката, үрдүк категориялаах эбии үөрэхтээһин педагога, хас да төгүллээх "Бастыҥ салайааччы" анал аат хаһаайката, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро орто оскуолатын иһинэн 31-с сылын үлэлиир оҕо муода устуудьуйатын салайааччыта, “Тускул" оҕону сайыннарар киин үлэһитэ Гюльнара Владимировна Тарасова туһунан кэпсээтибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...