17.09.2022 | 15:00

Сонун, ол эрээри астыырга судургу бүлүүдэлэр

Сонун, ол эрээри астыырга судургу бүлүүдэлэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күһүҥҥү нуурал күннэргэ улахан уустуга суох, маҕаһыын аайы баар бородуукталартан минньигэс бүлүүдэлэри астыыргытыгар сүбэлиибит.

Мультиваркаҕа сибиинньэ этиттэн соркуой

Эһиэхэ наада:

сибиинньэ этэ — 600 г;

хортуоппуй — 8 уст.;

моркуоп — 1 уст.;

эриэппэ луук — 1 уст.;

томат паастата — 2 ост. ньуоска;

маҕаһыыҥҥа атыыланар сметана — 2 ост.ньуоска;

туус;

биэрэс;

лавровай лиис — 2 уст.;

мас арыыта — 1 ост.ньуоска;

уу — 160-180 мл.

Луукпутун, моркуоппутун кырбыыбыт. Хортуоппуйу кубиктыы кырбаан бэлэмниибит, эти кыра гына кырбыыбыт. Мультиварка иһитин түгэҕэр мас арыытын кутан, итини барытын 15 мүнүүтэ «Выпечка” эрэсиимҥэ ыһаарылаан ылабыт. Бу кэннэ уу кутан, хортуоппуй, томат паастатын уонна иэдьэгэйи булкуйан кутабыт. Лавровай лииһи, тууһу уонна биэрэһи эбэбит уонна "Тушение" эрэсиимҥэ биир чаас буһарабыт.

Мультиваркаҕа «Шарлотка»

Эһиэхэ наада:

бурдук — 1 ыстакаан;

саахар — 1 ыстакаан;

сымыыт — 3-4 уст;

дьаабылыка — 800 г;

ынах арыыта — 50 г.

Дьаабылыкалары ыраас ууга үчүгэйдик сууйабыт, хахтыыбыт уонна кыра гына кырбыыбыт. Мультиварканы ититии эрэсиимигэр туруоран, ынах арыытын ириэрэбит, онно 2 ост. нь. саахары кутабыт. Онтон кырбаммыт дьаабылыкаларбытын бастакы араҥа оҥорон уурабыт. Саахары уонна сымыыты миксеринэн ытыйабыт, бурдук эбэбит уонна хаалбыт дьаабылыкаларбытын кытта тэҥҥэ кутан кэбиһэбит. "Выпечка" эрэсиимҥэ  40 мүнүүтэ буһара туруорабыт. Бэлэм буоллаҕына, таһааран сойутабыт.

Тыкваттан миин

Эһиэхэ наада:

тыква — 300-400 г;

тимьян – 3 сэбирдэх;

эриэппэ луук — 1 уст.;

имбирь — 40 г;

чеснок — 2-3 өлүү;

моркуоп — 3 уст.;

кэнсиэрбэлэммит фасоль — 3 ост.ньуоска;

үүт — 400 г;

мас арыыта - 1 ост.ньуоска;

петрушка, туус, хара биэрэс, паприка (төһө сөбүлүүргүтүнэн).

Тыкваны дьоҕус гына кырбыыбыт, тимьян эбэбит уонна сылыйбыт духуопкаҕа биир чаас кэриҥэ угабыт. Имбири, чесногу, эриэппэ луугу  төгүрүктүү быһабыт.

Казаҥҥа эбэтэр кэтит түгэхтээх иһиккэ арыыбытын сылытабыт, имбири, луугу ыһаарылыыбыт. Салгыы моркуоп кырбаан кутабыт. Улахан уокка хоруорбатын курдук тохтоло суох булкуйабыт.

Үүт, кэнсиэрбэлэммит фасоль, уу кутабыт уонна өссө 30 мүнүүтэ хаппахтаах туруоран тэптэрэбит.

Духуопкаттан тыкваны хостоон, хаҕын ыраастаан, оҕуруот аһыгар кутан кэбиһэбит. Барытын күүскэ блендердиибит уонна 10 мүнүүтэ сойута түһэбит.

Моркуоптан бөрүөк

Эһиэхэ наада:

сымыыт — 2 уст.;

саахар — 150 г;

кыра куһуок ынах арыыта (ирбит);

түөркэлэммит моркуоп —  400 г;

туус;

корица;

имбирь;

бурдук — 220 г;

разрыхлитель эбэтэр суода — 3 г.

Саахардаах сымыыты иккиэннэрин күүскэ мэһийэбит уонна ынах арыытын эбэн биэрэбит. Барытын 3-5 мүнүүтэ ытыйабыт уонна моркуоп кутабыт.  200 кыраадыска диэри сылыйбыт духуопкаҕа чаас аҥаара буһарабыт.

«Мадейра» кекс

Эһиэхэ наада:

ынах арыыта — 225 г;

саахар — 200 г;

лимон суога;

сымыыт — 3 уст.;

бурдук — 350 г;

туус;

разрыхлитель — 1 кыра ньуоска;

тмин — 2 ост.ньуоска;

Киэргэтиигэ:

глазурь оҥоробут: 80 г саахар пудрата + 2 ост. ньуоска лимон суога;

Отон.

Арыыны, саахары уонна лимон суогун миксеринэн үчүгэйдик ытыйабыт. Салгыы биир сымыыты эбэбит.

Онтон туох баар кураанах бородууктаны барытын холбоон баран, өссө биирдэ миксердээн биэрэбит.

Дириҥ киэби арыынан сотон баран, онно тиэстэбитин кутабыт. Үрдүгэр саахар таммалатыахха сөп эрээри, глазурь оҥордоххо, өссө минньигэс буолар. Салгыы 170 кыраадыс итии духуопкаҕа  биир чаас курдук буһарабыт.

Лимоннаах кекс

Эһиэхэ наада:

лимон;

лимон суога;

саахар — 200 г;

бурдук — 250 г;

үүт — 200 мл;

оливковай арыы — 75 мл;

разрыхлитель — 1 кыра ньуоска;

туус.

 

Туустаах карамельга:

саахар — 240 г;

сүөгэй 33–35% — 125 мл;

ынах арыыта — 120 г;

туус — 1 кыра ньуоска.

 

Бастаан карамель оҥоробут. Дириҥ иһиккэ саахар кутабыт, орто уокка туруоран сылытабыт. Саахар ууллуон эрэ иннинэ, венчигинэн аргыый булкуйуҥ. Саахар бүүс-бүтүннүү суураллыбытын кэннэ, дьиэ иһинээҕи температураҕа турбут ынах арыытын эбэбит. Салгыы сүөгэй кутабыт. Барыта биир маасса буолбутун кэннэ уоттан ылабыт. Онтон туус эбэбит.

Карамель сойуор диэри кекспит тиэстэтин бэлэмниибит. Ол өссө судургу.

Духуопканы 180 кыраадыска диэри сылытабыт. Саахарга оливковай арыыны эбэн, венчигинэн булкуйабыт уонна эрдэттэн ньыһыллыбыт лимону эбэбит. Салгыы сиидэлэммит бурдугу, разрыхлитель уонна туус эбэбит. Үүппүтүн кутабыт, кичэйэн булкуйабыт. Лимон аҥаарын эбэн баран эмиэ булкуйуллар.

Бэлэм тиэстэни духуопка киэбигэр кутабыт. 50-60 мүнүүтэ буһарабыт.

Духуопкаттан таһаарыаххыт иннинэ зубочистканан анньан көрүҥ: уулаах буоллаҕына, кекс өссө буһа илик.

«Карусель» салаат

Эһиэхэ наада:

эриэппэ луук — 1 уст.;

0,5 бааҥка кукуруза;

корейскай моркуоп — 200-250 г;

ыыһаммыт (копченай) куурусса этэ — 150-200 г;

сухарик — 1 хаа.

Луугу кыра гына кырбыыбыт, кууруссаны кубиктыы кырбыыбыт, моркуобу, кукурузаны кутабыт. Остуолга ууруох иннинэ майонез, сухарик кутабыт, үчүгэйдик булкуйан биэрэбит.

Дьиэтээҕи «Кимчи»

Эһиэхэ наада:

хаппыыста — 1 уст.;

помидор — 2 уст.;

минньигэс биэрэс — 2 уст.;

укуруоп;

чеснок — 4-5 өлүү;

туус, биэрэс (ким төһө сөбүлүүрүнэн).

Хаппыыстаны кырбыыбыт уонна туус, саахар кутабыт (1-дии ост.нь.). Хаппыыстабытын илиибитинэн үчүгэйдик булкуйабыт.

Укуруобу, помидору, биэрэһи, чесногу бөдөҥ гына кырбаан кутабыт, үчүгэйдик булкуйабыт. 1-2 ост. ньуоска уксуус эбэбит. Хара, кыһыл биэрэс кутабыт. 1 ыстакаан тымныы уу кутан баран булкуйабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...