Сонун бүлүүдэлэринэн дьиэлээхтэрбитин үөрдүөх
Ардыгар киһи күн аайы астан хал буолан хаалар. Дьиэлээхтэргитин, дьоҥҥутун сонун бүлүүдэлэринэн күндүлээҥ диэн саҥа ырысыаптары таһаарабыт.
Баклажантан сонун салаат
Туох наадата:
Улахан кээмэйдээх баклажан — 1 устуука,
Туус,
Эриэппэ луук — 1 устуука,
3 өлүүскэ теркаламмыт чеснок,
Паприка, хара биэрэс,
Оливковай арыы — 60 мл,
Помидор — 1–2 устуука,
Лимон — ¹⁄₄–¹⁄₂ устуука,
Петрушка — 2–3 салаа.
Астааһына:
Баклажаммытын кыра гына быһабыт, тириитин ыраастыыр наадата суох. Чесногу, луугу, помидорбутун киһи айаҕар батар гына кырбастыыбыт. Луугу уонна чесногу 3-5 мүнүүтэ хобордооххо ыһаарылаан ылабыт уонна баклажаммытын кутан, өссө 5 мүнүүтэ тэптэрэбит. Буһа турар кэмигэр тумабытын, помидорбутун кутан баран араарабыт. Салаат бэлэм буолла.
Оҕуруот аһыттан арыыта суох рагу
Туох наадата:
Хортуоппуй — 5-6 устуука,
Моркуоп — 1 устуука,
Кабачок — 1-2 устуука,
Минньигэс биэрэс — 2 устуука,
Эриэппэ луук — 1 устуука,
Чеснок — 3 өлүүскэ,
Томатнай соус — 2 ост. ньуоска,
Молотый красный перец — ¼ ч. ньуоска,
Паприка — ¼ ч. ньуоска.
Орегано— ¼ ч. ньуоска.
Астааһына:
Хортуоппуйу, моркуобу, биэрэһи, луугу кыра гына кырбыыбыт. Чеснокпутун илдьиритэн кутабыт. Хобордооххо оҕуруот аһын, паприкабытын, ореганобытын кутабыт уонна сылаас уунан саба кутан баран 15 мүнүүтэ орто уокка уурабыт.
Кабачокпутун кырбыыбыт уонна киниэхэ томат соуһун, тууһу эбэбит, 200-300 мл ууну кутабыт. Иккиэннэрин холбоон баран, биир хобордооххо 10 мүнүүтэ буһара уурабыт.
Тэллэйдээх голубцы
Туох наадата:
Хатарыллыбыт тэллэй — 45 г,
Хаппыыста — 2 киилэ,
Рис — 270 г киилэ,
Луук — 1 устуука,
Моркуоп — 2 устуука,
Мас арыыта — 4 ост. ньуоска,
Хмели-сунели, хара биэрэс, туус, лавровай лиис,
Томатнай соус — 2 ост. ньуоска.
Астааһына:
Тэллэйбитин 40 мүнүүтэ туустаах ууга сытыаран сымнатабыт, сууйабыт уонна кыра гына кырбыыбыт. Хаппыыстаттан улахан сэбирдэхтэрин ылабыт уонна 10-15 мүнүүтэ оргутан ылабыт. Риспитин сууйабыт, арыылаах уонна туустаах ууга 10-12 мүнүүтэ буһарабыт. Луукпутун ыраастаан бытархай кубик гына кырбыыбыт. Моркуоппутун сууйан баран кыра теркаҕа анньабыт. Луукупутун, моркуоппутун 4-5 мүнүүтэ ыһаарылаан ылабыт. Оҕуруот астарын риспитин кытта булкуйабыт уонна томат соуһун булкуйабыт.
Хаппыыстабытыгар начыыҥкабытын кыра кээмэйдэхэх гына кутабыт уонна эргитэбит. Голубцыларбытын итии ууга 20 мүнүүтэ күүстээх уокка буһарабыт.
Фриттата
Туох наадата:
Мас арыыта — ¼ ч. ньуоска,
Ханнык баҕарар оҕуруот аһа,
Кешью — 1¹⁄₃ ыстакаан,
Бурдук — 1¹⁄₄ ыстакаан,
Уу — 1¹⁄₂ ыстакаан,
Туус,
Куркума — ¹⁄₄ ч. ньуоска.
Астааһына:
Кешьюбутун сылаас ууга 10-15 мүнүүтэ сытыаран сымнатабыт. Духуопка оһохпутун 190 °C диэри сылытабыт, форматын арыынан сотобут. Оҕуруот аһын улахан кээмэйдээх гына кырбаан формаҕа тэлгэтэбит. Бурдугу, эриэхэни, ууну, тууһу, куркуманы блендеринэн эрийтэрэбит уонна оҕуруот аһыгар кутабыт, 40-45 мүнүүтэ буһарабыт.
Каул
Туох наадата:
Ынах этэ — 500 г,
Эриэппэ —1 устуука,
Бекон — 100 г,
Хортуоппуй — 2 устуука,
Моркуоп — 1 устуука,
Эриэппэ луук — 1 устуука,
Лук-порей — 1 устуука,
Туус,
Тимьян, розмарин, петрушка кутуохха сөп,
Мас арыыта — 2 ост.ньуоска.
Астааһына:
Эти уонна бекону улахан кубик гына кырбыыбыт. Оҕуруот аһын барытын ыраастаан сууйабыт. Хортуоппуйу, эриэппэни уонна моркуобу бөдөҥ кубик гына кырбыыбыт, эриэппэ луугу кыра гына кырбыыбыт, лук-порейбытын — төкүнүктүү.
5-6 мүнүүтэ эппитин уонна бекону улахан миискэҕэ ыһаарылыыбыт, эриэппэ луугу эбэн уу кутан, өссө 40 мүнүүтэ буһарабыт. Онтон 190 °С диэри сылыйбыт оһоххо оҕуруот аһын кытта тэҥҥэ холбоон, күөх үүнээйи лабааларын эбэн 40-60 мүн. буһара уурабыт.
Арыыта суох ФРИ хортуоппуй
Туох наадата:
Хортуоппуй — 3 устуука,
Туус,
Паприка — 1½ ост.нь,
Хатарыллыбыт орегано —¼ ч. ньуоска,
Хатарыллыбыт тимьян — ¾ ч. ньуоска,
Хара биэрэс — ¼ ч. ньуоска.
Астааһына:
Ыраастамматах хортуоппуйу сууйуҥ уонна 20-25 мүнүүтэ ууга буһара ууруҥ. Сойутан баран соломолуу кырбааҥ уонна бары туманы булкуйан 220 °С сылыйбыт оһоххо 20-25 мүнүүтэ буһарабыт.
Апельсинтан минньигэс бэчиэнньэ
Туох наадата:
Бөдөҥ апельсин — 1 устуука,
Саахар — 2-3 ост.нь.,
Суода —¼ ч. ньуоска,
Куркума — ½ ч.нь,
Туус,
Мас арыыта,
Бурдук — 300 г.,
Астааһына:
Апельсин хаҕын теркалыыбыт, фруктаны бэйэтин улахан кубиктыы кырбастыыбыт уонна блендеринэн пюре оҥоробут. Онно бурдугу, саахары, куркуманы, суоданы, тууһу уонна мас арыытын эбэбит, үчүгэйдик булкуйабыт. Тиэстэ тахсыбытын кэннэ кыратык сынньата түһэн баран, холодильникка угабыт. Онтон 180 °С диэри сылыйбыт оһоххо, бэйэҕит хайдах баҕарар сөбүлүүргүтүнэн формалыыгыт, 20-25 мүнүүтэҕэ буһара уураҕыт. Буһарын чугаһыгар апельсиммыт хаҕын үрдүгэр таммалатабыт оччоҕуна ордук минньигэс буолар.