07.09.2021 | 14:00

«Solko» бренд ааптардара — саха кыргыттара

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Саха таҥаһа биһиги норуоппут култууратын, уратытын көрдөрөр. Снежана Стручкова уонна  Алена Неустроева – «Solko» диэн  аныгылыы истииллээх таҥаһы тигэн таһаарар бренд ааптардара. Бүгүн кинилэр бэйэлэрин баҕа санааларын хайдах олоххо киллэрбиттэрин, таҥаһы айыы бырассыаһын туһунан кэпсииллэр.

— Бэйэҕит тускутунан ааҕааччыларбытыгар  кэпсии түһүҥ эрэ.

— Биһиги «SOLKO» диэн сахалыы бренд сүрүн төрүттээччилэринэн буолабыт. Доҕордоспуппут 10-ча сыл буолла, бизнеһинэн иккис сылбытын дьарыктанабыт. Майгыннаһар өрүппүт элбэх. Ол иһин уопсай дьыалаҕа иккиэн бииргэ ылсан үлэлиибит. Билигин үтүмэн дохуоту киллэрэ олоробут диэбэппит. Биһиги таптыыр дьыалабытынан дьарыктанабыт.

Билиҥҥитэ 50-тан тахса араас модель таҥаһы-сабы тигэн таһаардыбыт. Холобура, пиджак, көстүүм, дьэрэкээн ырбаахы, аныгылыы истииллээх таҥас-сап уо.д.а. Бу барыта быыччык үлэ. 

— Таҥаһы айан таһаарыы идиэйэтэ хайдах кэлэрий?

— Кылгастык кэпсээтэххэ, кумааҕыга моделлары оҥорууттан саҕаланар. Эскизтэр бигэргэтиллибиттэрин кэннэ таҥаһы таҥыы саҕаланар, салгыы уобарастара тигиллэр. Бу эрэ кэнниттэн сыахха биирдэ бэриллэр. Маҥнай биир уобараһы оҥорон, тутан-хабан баран биирдэ ылсабыт. Араас фабрикалары кытта үлэлэстибит. Ол курдук, Кытайы, Грузияны кытта үлэлэһэн баран, Москваҕа тахсыбыппыт. Билигин Анна Махарова сыаҕын кытта киин куоракка бииргэ үлэлиибит.

— Ханнык матырыйаалы ордороҕут?

⎯ Натуральнай уонна хаачыстыбаннай матырыйаалтан таҥастары сөбүлүүбүт – солко, хлопок, түү. Наһаа түргэнник уларыйар климаттаах дойдуга олоробут эбээт. Биһиэхэ олус тымныы эбэтэр олус сылаас буолар. Инньэ гынан, саха киһитин этигэр-сиинигэр сөп түбэһэр матырыйаалга интэриэстээхпит.

Биллэн турар, бачча үчүгэй мааны таҥас-сап айыллан, тигиллэн тахсарыгар элбэх киһи үлэлиир буолуохтаах.

— Билигин биһиги хамаандабытыгар биэс киһи баар. Дизайнер Иван Федоров эскизтэри оҥорор, сахалыы элеменнэри киллэрэр. Стилист уонна креативнай дириэктэрбит – Дарья Габышева. Кини сүрүннээн тигиллибит таҥас дьахтар гардеробугар төһө сөп түбэһэрин көрөр, таҥас үйэлээх буоларыгар көмөлөһөр. Ханнык баҕарар кэрэ аҥаарга таҥаһа-саба тупсаҕай, кэрэ буоларыгар ылсан үлэлиир.

Эһиги таҥаскыт ордук кимнээххэ, хайдах майгылаах кэрэ аҥаардарга  барсарый?

⎯«SOLKO» таҥаһа-саба бэйэтин көрүнэр, кимтэн да толлубат, чаҕылхай, дэгиттэр кэрэ аҥаарга  ананар. Олоҕу сөпкө сыаналыыр, инники былааннаах, иннин диэки киэҥник хардыылыыр кыыс аймахха барсар.

Бренд уратыта биһиги холобурбутугар сытар. Саха кыыһа хайдаҕын, ханна сылдьарын чопчу эппитинэн-хааммытынан билбиппит.

Араас дьэрэкээн, ураты аксессуардар ахсааннарыгар, биир кэлим уобарас үөскэтэргэ бэлэм быһаарыылары киллэрбиппит.

Этэн аһарбыппыт курдук, таҥаспытын оҥорууга дойдубут күнүн-дьылын уратыларын учуоттаабыппыт, биһиги кыргыттарбыт сылы эргиччи таҥналларын курдук дьаһаммыппыт.

Коллекцияларбыт сайдан иһэллэриттэн наһаа үөрэбит. Бэйэбит хас даҕаны кыыһы, кэрэ аҥаары сылы быһа таҥыннарабыт. Онуоха таҥас коллекцията аҕыйах ахсааннаах тахсар.

Эһиги куораттааҕы бизнес-инкубатор резиденнэрэ буолаҕыт. Бу туһунан тугу кэпсиэххит этэй?

⎯Биһиги “Мин бизнеһим” киин тэрийэн ыыппыт күрэх кыайыылаахтарынан буолбуппут. Онон бизнес-инкубаторга дьиэ-уот куортамыгар эрэ буолбакка, ону сэргэ саҥа саҕалыыр предпринимателлэр бырайыактарын сайыннарар систиэмэҕэ киирбиппит. Маны таһынан, өссө юридическай уонна бухгалтерскай көмө көрүллүбүтэ. Уопсайынан, бизнес-инкубаторга киирдэххитинэ, эһиги бырайыаккытын олус күүскэ үүннэрэллэр, туспа менеджер аныыллар.

Маннык кыах бэриллибититтэн олус үөрэбит. Бу улахан өйөбүл диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Резиденнэр миэбэлинэн, тиэхиньикэнэн толору хааччыллыылаах кабинеттары чэпчэки сыанаҕа куортамнаан олороллор.

Саха сиригэр таҥас тигэн таһаарар ырыынагы хайдах сыаналыыгыт?

⎯ Биһиэхэ кууһунан таҥаһы тигэр тэрилтэлэр бааллар эрээри, үксүгэр сахалыы эбэтэр үлэ таҥаһын тигэллэр. Инникитин бу хайысха сайдыа дии саныыбын, тоҕо диэтэр хас биирдии саха дьахтара иискэ-ууска олус дьоҕурдаах.

Арассыыйа ырыынагар тахсар былааннааххыт дуо?

Бренд Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйа  таһымыгар тиийэ үүнүөн-сайдыан баҕарабыт. Кыралаан да буоллар  атын куораттартан сакаастар киирэллэр. Ол дьоммут сөбүлээн, хайҕаан суруйдахтарына эбэтэр өссө төгүл сакаастаан ыллахтарына олуһун диэн үөрэбит, астынабыт, инникигэ эрэлбит күүһүрэр. Арассыыйа элбэх  куораттарыттан показка кыттыҥ диэн ыҥырыы суруктары тутааччыбыт. Барыахпытын, бэйэбитин көрдөрүөхпүтүн баҕарабыт, ол эрээри үп-харчы өттүнэн ыарахаттары көрсөбүт.

Бэйэҕит ханнык бренд таҥаһын ордук сөбүлээн таҥнаҕыт?

Таҥаһы, муоданы уруккуттан интэриэһи-ргиибит. Куруук масс- маркеттан таҥнар этибит, билигин бэйэбит таҥаспытын эбэтэр кыра бренд таҥастарын талабыт.

 

Кэпсэтиигит иһин махтанабын, салгыы өссө үүнэргитигэр-сайдаргытыгар баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...