25.11.2022 | 12:00

Сокуускалар

Сокуускалар
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Саҥа дьыл иннинэ  куукунаҕа аһара түбүгүрбэт уонна элбэх бириэмэҕин ыыппат туһугар тугу астыахтааххын эрдэттэн толкуйдууруҥ ордук. Онтон хаһаайкаларга чэпчэки, боростуой буоллун диэн биһиги эрдэттэн 2023 сыллааҕы менюну оҥордубут. Манна биир үчүгэйдээҕэ диэн, билигин бириэмэ баарына өссө эрдэттэн астаан көрөн бэрэбиэркэни ааспыт бүлүүдэлэринэн дьоҥҥутун күндүлүүргүт туохха да тэҥнэһиэ суоҕа. Оттон астымматах, сирбит ырысыаптаргытын тохтотуоххут буоллаҕа. 
2023 сылга оҕуруот аһыттан уонна муора бородуукталарыттан бүлүүдэлэр саамай тоҕоостоохтор. Сибиэһэйдэр уонна чэпчэкилэр – Куобах сылыгар барсаллар!

Кэриэйдии моркуоптаах салаат

Саҥа дьыл түүн моркуобу хото сиибит!

Биһиэхэ наада: 1 ыыһаммыт (хопчуонай) куурусса түөһэ, 200 г маринованнай шампиньон, 200 г кэриэйдии моркуоп, 100 г кытаанах сыыр, 1 тутум петрушка, луук аҥаара, 1 ытыс маслина, майонез.

Бэлэмнээһинэ: Кууруссаны уонна шампиньону кырбыыбыт, сыыры теркалыыбыт, луугу, күөх үүнээйини уонна маслинаны бытархай гына илдьиритэбит. Араҥанан уурабыт: куурусса + луук + маслина уонна күөх үүнээйи + тэллэй + теркаламмыт сыыр + кэриэйдии моркуоп. Хас биирдии араҥаны майонеһынан сыбыыбыт.

Черносливтаах саҥа дьыллааҕы эт

Минньигэс чернослив бэйэтин ураты амтанынан эти кытта олус барсыаҕа.

Биһиэхэ наада: 700 г ынах этэ, бэйэ сөбүлүүрүнэн тума, 3 ост.нь. оливка арыы,4 өлүүскэ чеснок, 30 г чернослив.

Бэлэмнээһинэ: Эппитин туманан сотобут, хайаҕастаан быһабыт уонна быыһыгар чеснок симэбит. Черносливы 10 мүнүүтэ итии ууга сымнатан баран куурдабыт. Эппитин рукавка угабыт, черносливпытын кутабыт уонна 180 кыраадыс итийбит духуопкаҕа икки чаас буһарабыт. Арааран баран өссө 30 мүнүүтэ туруора түһэбит.

Ыраахтааҕылыы саҕынньах

Бары сөбүлүүр саҕынньах салааппыт курдук.

Биһиэхэ наада: 200 г лосось балык, 200 г крабовай палочка, 150 г креветка 2 хортуоппуй, 1 моркуоп, 3 сымыыт, майонез.

Бэлэмнээһинэ: Моркуобу, хортуоппуйу уонна сымыыты буһарабыт. Сымыыт үрүҥүн араҕаһыттан араарабыт, тус-туһунан теркалыыбыт. Лосось балыкпытын уонна крабовай палочканы бытархай кубиктыы кырбыыбыт. Креветканы буһаран баран эмиэ кырбыыбыт. Барытын араҥанан уурабыт: хортуоппуй + лосось + сымыыт араҥаһа + крабовай палочка + моркуоп + креветка + сымыыт үрүҥэ. Араҥалары майонеһынан сотобут.

Хаппыысталаах түргэн салаат

Ыалдьыттар соһуччу кэллилэр, өссө туох эрэ итэҕэс курдук саныыгыт, оччоҕо бу салааты оҥоро охсуҥ.

Биһиэхэ наада: 400 г хаппыыста, 200 г ыыһаммыт халбаһы, 3 өлүүскэ чеснок, 2 оҕурсу, тутум аҥаара күөх от, майонез.

Бэлэмнээһинэ: Хаппыыстаны синньигэс гына кырбаа, илиигинэн кыратык ньыһый. Халбаһыны уонна оҕурсуну синньигэс соломолуу кырбаа. Чесногу уонна күөх оту эбэн баран майонезтаа.

Креветкалаах уонна сыырдаах тарталеткалар

Тарталеткалары хотуобайдары ыларгыт ордук – түргэн уонна судургу.

Биһиэхэ наада: 
8 тарталетка, 250 г кытаанах сыыр, 500 г креветка, 2 өлүүскэ чеснок, 3 ост.нь. майонез, 50 г кыһыл искэх.

Бэлэмнээһинэ: Креветкалары буһарабыт, ыраастыыбыт уонна сороҕун уурабыт, атынын бытархай гына кырбыыбыт. Теркаламмыт сыыры илдьиритиллибит чесногу уонна майонеһы кытта булкуйабыт онна тарталеткаларга кутабыт. Сокуусканы ордубут креветканан уонна кыһыл искэҕинэн киэргэтэбит.

Кыһыл искэхтээх салаат

Чэпчэки, судургу, ол быыһыгар бырааһынньыктыы салаат.

Биһиэхэ наада: 4 сымыыт, 2 хортуоппуй, 2 сибиэһэй оҕурсу,  100 г кыһыл искэх, майонез уонна күөх үүнээйи.

Бэлэмнээһинэ: Сымыыты уонна хортуоппуйу буһарабыт, барытын бытархай гына кырбыыбыт, күөх үүнээйини кырбаан баран майонеһы кытта булкуйабыт. Барытын араҥанан уурабыт: хортуоппуй + майонез + кыһыл искэх + оҕурсу + майонез + сымыыт + майонез. Бэлэм салааты өссө искэҕинэн уонна теркаламмыт сымыыт үрүҥүнэн киэргэтиҥ.

Духуопкаҕа буспут моркуоптаах куурусса

2023 сыл биир бастыҥ бүлүүдэтэ – моркуоп гарнирдаах куурусса.

Биһиэхэ наада: 1,5 кг куурусса, 10-12 устуука моркуоп, 1 лимон, 12 устуука чернослив, туус, тума бэйэ сөбүлүүрүнэн.

Бэлэмнээһинэ: Кууруссаны өлүүлэргэ арааран аҥаардаталаан баран тууһунан, туманан сотобут. Чаас аҥаара туруорабыт. Моркуобу буруустуу, лимону өлүүскэнэн кырбыыбыт. Бэлэм лиискэ черносливы кытта уурабыт. Үрдүгэр кууруссабытын тэлгэтэбит уонна 180 кыраадыс итийбит духуопкаҕа 1 чаас буһарабыт. Бастакы 40 мүнүүтэтин фольга анныгар тутабыт.  

Балык кэнсиэрбэлээх канапелар

Бэйэҥ сөбүлүүр кэнсиэрбэҕин тал – сайраттан, сардинаттан тунецка диэри.

Биһиэхэ наада: 1 бааҥка балык кэнсиэрбэтэ, 400 г кыракый помидордар, 100 г моркуоп, 150 г дьаабылыка, 30 г луук, 15 г укуруоп, 60 г майонез, 7 г петрушка, тума.

Бэлэмнээһинэ: Моркуобу уонна дьаабылыканы ыраастаан баран теркалаа. Балыгы биилкэнэн илдьирит, луугу, күөх оту бытархай гына кырбаан баран майонезтаа. Помидордары 10 мм халыҥнаах гына төгүрүктүү быс, үрдүгэр булкадаһыккын уурталаа. 

Моркуоптан саҥа дьыллааҕы сокууска

Килиэби эбэтэр бутербродтары сыбыырга бэртээхэй сокууска.

Биһиэхэ наада: 2 моркуоп, 70 г кытаанах сыыр, 4 өлүүскэ чеснок, 2 ч.нь. майонез, 3 ч.нь. сүөгэй, тума.

Бэлэмнээһинэ: Моркуобу уонна сыыры бытархайдык теркалаа, чесногу илдьирит, бэйэ сөбүлүүрүнэн тумалаа. Сүөгэйи уонна майонеһы холбоон булкуй. 

Соевай соустаах духуопкаҕа буспут скумбрия

Сыалаах уонна минньигэс сыттаах скумбрия оҕуруот аһыттан гарниры кытта барсыа.

Биһиэхэ наада: 
1 скумбрия, 70 мл соевай соус, 4 ост.нь. лимон суога, 1 ост.нь. оливка арыыта, балыкка аналлаах тума.

Бэлэмнээһинэ: Арыыны, лимон суогун соевай соуһу уонна туманы кытта булкуйабыт. Бэлэм маринадынан иһэ ылыллыбыт, бэлэмнээбит скумбриябытын сотобут уонна 20 мүнүүтэ туруорабыт. 180 кыраадыс итии духуопкаҕа маринадын сорҕотун кытта 25 мүнүүтэ буһарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...