27.10.2022 | 07:00

Софья Попова: «Кэрэ барыта киһи сыратыттан айыллан тахсар»

Софья Попова: «Кэрэ барыта киһи сыратыттан айыллан тахсар»
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү ыалдьыппытын – “Чороон 21 үйэ” тэрилтэ дириэктэрэ Софья Трофимовна Попованы кытта атах тэпсэн олорон күн аҥаара курдук кэпсэппиппитин билбэккэ хааллыбыт. Ол курдук умсугутуулаахтык, ол курдук итэҕэтиилээхтик, киһини бэйэтигэр тардан туран бэрт элбэҕи кэпсиир-ипсиир, билэрэ-көрөрө, олус үлэһитэ да сөхтөрдө.

– Софья Трофимовна, тэриллэн үлэлээбиккит үйэ чиэппэрэ буолан эрэр дуу?

Быйыл номнуо  22 сылбытыгар үктэннибит. Саха сиригэр аан бастакынан фарфор чорооннору сүрдээх элбэх ахсаанынан оҥорон, өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕанарыгар өҥөлөөх дьон олоробут.

– Эн бэйэҥ финансист идэлээх киһи хайдах бу уустук, айар үлэҕэ тиийэн хааллыҥ?

Оччолорго тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн “Агроинформ” ГУП диэн (судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэ) баар этэ, мин онно типографияҕа дириэктэрдии сылдьыбытым. Ол сылдьан шелкография методикатын үөрэтэн, киһи дьарыктаныан сөп эбит диэн санаа үөскээбитэ. Компьютеризация эҥин саҥа кэлбитэ, сайдыы балысханнык барбыта, биһиги ол кэмҥэ түбэһэн биэрбиппит. Этэргэ дылы, сөптөөх кэмҥэ, сөптөөх миэстэҕэ баар буоллахпыт. Бэйэм көмпүүтэргэ үөрэнэ охсубутум, идэбинэн финансист буолан, үп-харчы өттүн ааҕар этим. Бастаан ол тэрилтэҕэ кылаабынай буҕаалтырынан киирэн баран, кэлин дириэктэр буолбутум. Издательскай-полиграфическай үлэни биэс сыл салайбытым, издатель быһыытынан уонна полиграфия оҥорон таһаарар бэчээт араас өҥөтүн буклекка, кинигэҕэ тиийэ оҥорорбут. Саха сиригэр типография сайдыытыгар, историятыгар бэйэм туһунан көрүүлэрдээхпин. Ол сылдьан биир дойдулаахтарым, аммалар, “Сэргэ” диэн производственнай сыах үлэлэтэ сылдьаллара. Худуоһунньук, салайааччы Раиса Николаевна Захарова диэн баара. Кинилэр быыстапка тэрийэ кэллилэр, бастакы чороону Артем куоракка кута сылдьар кэмнэрэ. Аан бастаан кинилэр саҕалаабыттара. Оччолорго Амма улууһун баһылыга Дмитрий Федосеевич Наумов үбүлээн, кини фантазиятынан мас чороону фарфорга түһэрбиттэрэ, кэнники кымыс иһитэ оҥорбуттара уонна “Көҥкөлөй” диэн ваза, кытыйа арааһын куттарбыттара.

– Онтон эйиэхэ чороонунан дьарыктанар толкуй киирдэ?

Оннук. Ол да буоллар барыта чэпчэкитик кэлбэтэҕэ, ыарахаттар баар бөҕө буоллахтара. Мин бу шелкографияны туһанарга санаммытым. Шелкография диэн солко нөҥүө бэчээттэнэр ньыма. Биһиги орнамеҥҥа олус күүскэ үлэлэһэн киирэн барбыппыт, саха национальнай ойуутугар уопсайынан. Урут Мандар Уус эрэ кинигэтэ баара, өҥө суох. Оттон биһиги өҥ түһэрэр буоллахпыт. Ол методикатын барытын бэйэм илиибинэн-атахпынан тутан, чороону уонна кытыйаны аан маҥнай музейдарга, архыыптарга сылдьан, өтөхтөрү кэрийэн үөрэтэрбэр эрэй бөҕөтүн көрбүтүм. Туох да бэлэм матырыйаал суох, бэйэҥ идеяҥ буолан, саҥаны барытын үөрэтэриҥ уустук этэ. Арассыыйа собуоттарын биир гына кэрийбитим. Нууччалар собуоттарыгар, сыахтарга биһигини сүгүн-саҕын чугаһаппаттар этэ. Оччолорго приватизация көҥүл-босхо барбыт кэмэ, ыһыллыы-тоҕуллуу. Улахан собуоттар ыһыллыбыттара, чааһынай илиигэ бэриллибиттэрэ. Чааһынайдар улахан баҕайы собуоту кыаммакка ыһан кэбиспиттэрэ, олох атын производствоны тэрийэн барбыттара. Инньэ гынан Арассыыйаны биир гына кэрийэ сатаан бараммын 2004 сыллаахха Кытайга тахсыбытым.

– Ити оруобуна “Азия оҕолоро” 3-с Аан дойдутааҕы оонньууларын кэмэ.

Ол сыл этэ. Мин ол оонньууларга “Дьулуур” диэн 52 см үрдүктээх 62 устуука кубок оҥорбутум. Идеятын Дмитрий Гуляевка кэпсээн, көрдөһөммүн сакаас ылбытым. Оччолорго куонкурус эҥин ыытыллыбат, быһаччы кэпсэтии.

Онтон Кытайга Цзянцы провинциятын Цзиндэчжэнь диэн куоратыгар – фарфор төрөөбүт дойдутугар тиийбитим. Онно “Надежда” турфирма салайааччыта Надежда Васильева кыыһа Даша Харбиҥҥа сахалартан бастакынан устудьуоннуу сылдьар кэмэ этэ. Илдьэ баран, сирдээн, тылбаасчыттаан, соҕуруу көппүппүт. Туох барыта ураты, салгынныын, сыттыын-сымардыын Кытай дойдута.

Дьэ, мин тиийбиппэр сүрдээҕин диэн соһуйбуттара, куорат баһылыга бэйэтинэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрсүбүтэ. Тоҕо диэтэххэ бу куоракка Арассыыйаттан 50-60-с эрэ сыллардаахха нууччалар кэлэ сылдьыбыттар эбит. Ол кэннэ мин 2004 сыллаахха тиийэбин, ол тухары биир да Арассыыйа киһитэ сылдьыбатах. Онон историческай кэм кэрэһитэ буоллум. Рестораҥҥа эҥин илдьэн ыалдьыттаттылар. Оччолорго хайдах эрэ буолуохтааҕын курдук ылыммытым, билигин санаатахха, олохпор биир суолталаах күлүм түгэн эбит.

Дьэ, онон Кытай – Саха сирэ икки ардыгар бастакы далаһаны бырахтыҥ? Салгыы хайдах үлэлээн бардыгыт?

– Онтон ыла бииргэ үлэлэһиибит саҕаламмыта. Кытай өрөспүүбүлүкэтигэр, бары промышленнай куораттарыгар да диэххэ сөп, сүрдээх элбэх собуоттаах бизнесмен баар. Биһиги бу сыллар тухары кинилэри кытта тиһигин быспакка үлэлии сылдьабыт. Туох баар модельбыт, бэйэбит фантазиябыт бүтүннүү бу Лонгинов уулусса 88 дьиэтиттэн тахсар. Сорохтор чертеж оҥорон баран илдьэн быраҕан кэбиһэргит буолуо дии саныыллар. Оннук буолбатах, билигин Кытай сабыллан турарын бары билэбит, ол иһин айаннаабаппын. Оттон кыраныысса аһаҕас турдаҕына балтараа ый буола-буола, ол аата сылга бирээмэ уончалыыта, Кытайга тиийэн, бэйэм олорон эрэ, тэбис-тэҥҥэ кытай маастардарын кытта үлэлэһэр этим. Ону таһынан бэйэм маастарым, тылбаасчытым сылдьыһар, ол иһин уопсай үлэ хаамыытын, хайдах сайдыахтааҕын сөпкө өйдүүгүн уонна финансист үөрэхтээҕим наһаа абыраабыта. Кэнники син улахан сакаастары ылан, атын куораттары эҥин булбутум. Кытайга барыта 18 сыл үлэлээтим. Билигин үлэлиир куораппар дьаакырбытын түһэрбиппит 13 сыл буолла. Ол тухары биир куоракка алта собуотунан кэрийэ сылдьан үлэлиибит.

Кытайдары истэри-тастары билбит киһи сылдьар буоллаҕыҥ. Дьэ, хайдах дьон эбиттэрий?

– Маастарбытыгар бэйэбит фантазиялаабыт бородууксуйабытын туттарбытынан ыытан, холобур, чороону эҥин, анараа оҥорторор этибит, ол иһин кытайдар биһигиттэн тугу да көҥөммөттөр этэ. Онно наһаа махталлаахпын. Сыыһа-халты ханна барыай, ол иһин матырыйаалы төһө баҕарар туттуҥ диэннэр көҥүл биэрбиттэрэ.

Бастаан модель оҥоһуллар, онтон форма оҥорон, төһө баҕарар кутуохха сөп. Биир гипсовай форматтан 50-ча оҥоһук тахсар. Кинилэр киэннэрэ фарфор, ол састааба, температурата да атын. Үлэлэрэ майгынныыр гынан баран, атын, собуот тэтимэ буоллаҕа. Инньэ гынан оҥоһук бадараантан саҕалаан сөптөөх чааскы, кытыйа, чороон буолан тахсан остуолга туруор диэри 42 түһүмэҕи ааһар.

Кытайдар биһигиттэн элбэххэ үөрэммиттэрэ. Идея да өттүгэр, маннык гыныҥ, инник гыныҥ диэн сүбэлиибит даҕаны. Элбэх омугу кытта үлэлэһэллэр. Собуокка биһиги тиийэн кэллэхпитинэ, кэннибититтэн эбэһээт сакаасчыт бөҕөтө кэлэр, дьэ, дьиибэ. Чороон бэйэтэ оннук үрүҥ илгэни, дэлэйи, баайы-дуолу батыһыннара сылдьар иһит буоллаҕа, дэлэҕэ кытайдар “божественный сосуд” диэхтэрэ дуо.

Маастардарыҥ үлэтин эндэппэккэ билбитиҥ туһунан кэпсээ эрэ.

– Маастар илиитин сылааһа, дууһатын ууран туран үлэлиирэ диэн баар. Биир собуот, эксперименнээн, кистээн, мин суохпуна оҥоһук бөҕөтүн оҥорон, биирдэ кэлбиппэр буолунайы тэлгэтэн көрүстэ. “Дьэ, Софья, биһиги уонна бэйэҥ маастарыҥ үлэтин араар эрэ”, — диэн күлэллэр. Мин ол оҥоһуктарын барытын арааран турбатым дуо, ону наһаа сөхпүттэрэ, хайдах ити билэҕиний диэн. Ону мин: “Көрдүгүт дии, биһиэнэ барыта иччилээх, иһигэр энергетикалаах, мээнэ оҥоһук буолбатах”, — диэн быһаарабын. Биһиги күнтэн, сиртэн-дойдуттан барытыттан көрдөһөр итэҕэллээх дьоммут, онно саамай тумус туттар иһиппит чороон буолар диибин. Онон санааҕытын ууран оҥоруҥ диэн үлэлиэхтэрин иннинэ дакылаат бөҕөтүн ааҕабын. Чуолаан улахан иһиттэргэ илистэллэр, ыалдьаллар, сылайаллар. Олус элбэх буорту буолуон сөп, бүтүн партия партиянан оһоххо киирэн баран тоҕо түһэн хаалар эбэтэр уоттарыттан сылтаан оһохторо алдьанар. Санаан көрүҥ, 100 миэтэрэлээх оһох тобус-толору иһит буолар. Биһиэнэ ахсаана кыра буолан, бэйэлэрин сакаастарын кытта тэҥҥэ буһараллар.

Оттон пандемия кэмигэр хайдах дьаһанныгыт?

– Пандемия кэмигэр олох тохтооботубут. Барыларын дьиэҕэ олордоҕут диэн буолбутугар хайдах эрэ сүрэҕим биллигирээн ылбыта, манна диэн эттэххэ, паникалаабытым, ыксаабытым. Кыргыттарбын бастаан дьиэҕэ олордон баран, сыыйа үлэлэрин таһан турбатыбыт дуо?! Дьиэлэрин таһыгар илдьэн биэрэбит, бары мааска бөҕөтө, үлэлэрин уураат, куотабыт. Ол иһиттэрбитин аны төттөрү хомуйан аҕалан, оһоххо бэйэбит угабыт. Хонтуоралар бары баран хаалбатыбыт, уочараттаһан үлэлиибит, кэнникинэн олох эстэн хааллыбыт. Онтон кыргыттарым син ыалдьыбатылар, этэҥҥэлэр, онон дьиэлэриттэн таһар эбиппит диэн аны барыларын тастыбыт. Үлэлиир сирдэрин кварцтааһын, сууйуу-сотуу, дезинфекция бөҕө. Аны санаатахха, көрүдьүөс курдук гынан баран, оччолорго, бээ, куттал этэ, бары мааска, суунуу-тарааныы, ким эрэ кыратык сөтөлүннэ да, ходьох гына түһүү. Онон үлэбит тохтооботоҕо.

Саха балаҕанын туттубуккут дии, ол туһунан кэпсээ эрэ.

– Ити эмиэ пандемия “туттарбыт” балаҕана. Дьэ, мин куруук айанныы үөрэммит киһи, хаайтаран турдум. Биирдэ кэргэммэр балаҕан туттуохха диэн эттим. 15 сыл тухары балаҕан туттар баҕалаах этим. Онуоха кэргэним бырайыагыҥ ханнаный диэтэ. Мин дьэ сүүрэн бардым. Дизайнербыныын эскиһин оҥордубут. Эрнест Алексеев кинигэтэ наһаа абыраабыта. Ол кинигэнэн сиэттэрэн, Эрнест бэйэтэ кэлэн, сүбэлээн, биригээдэ буламмыт, үлэ саҕаламмыта. Биригэдьиир Иван Сивцев, Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕиттэн сылдьар. Сыл аҥаарынан тутан бүтэрбиттэрэ.

100-чэкэ кв.м курдук иэннээх. Биир тоһоҕото суох тутуллубут балаҕан. Эттэххэ дөбөҥ, биллэн турар, үлэтэ-хамнаһа, толкуйа, идеята буолунай этэ. Ол-бу наадата, итэҕэһэ бииртэн-биир тахсан иһэр. Лаампатыгар тиийэ барыта толкуй, сакаастааһын, кыыс хаппахчыта эҥин, көмүлүөк оһоҕо. Мандар Уустан көҥүллэтэн, Моҕол ураһатын баран көрдүбүт. Кыыс хаппахчытын туос ойуутун көҥүллэтэн ылан таҥаска бэчээттэтэн ыйаан кэбистибит. Биэсэлкэтин хоту өттүгэр оҥордубут. Сыыйа-баайа тахсан истэ. Эдьиий Дора быйыл саҕалаабыккын тутан бүтэр диэтэ. Киирэр аана наһаа улахан, онно оҕус тириитин буларга ыарырҕаттыбыт. Хас да тириини буллубут да, тиийбэттэр, сууйтарабын, тириитэ сураланан хаалар, чааһынайдар сүлэн ылалларыгар хайыта быһаллар, онон хайда турар эбит. Бырайыагынан аана тирии буолуохтаах. Өр баҕайы көрдөөбүппүт кэннэ, хата, Тулагыттан биир ыалтан улахан атыыр оҕус тириитин булан тиирэн кэбистибит, өссө ордубута. Онон биһигини кэтэһэ сылдьыбыт курдук буолла, ол аарыма оҕус тириитэ оруобуна сөп түбэстэ.

Онон дьэ силигин ситэн, санаабыт хоту барыта табыллан, 2020 сыл ахсынньы 23 күнүгэр үлэҕэ киирбитэ, онтон, үс хоноот, ахсынньы 26 күнүгэр, бастакы улахан тэрээһин буолбута. Балаҕаммыт “Чороон түһүлгэтэ” диэн ааттаах. Банкетнай саала буолар, 50-тан 100-чэкэ киһиэхэ тиийэ киһи холкутук батар, араас үөрүүлээх түһүлгэлэр, үбүлүөйдэр, уруулар, конференция эҥин ыытыллар. Саамай элбэх сакаас Саҥа дьылга, Дьахтар күнүгэр киирэр. Билигин оннун-тойун булла.

Балаҕаммытыгар 1500 тахса устуука холлоҕос мас, дьиэ үрдүн маһын сиэрдийэтэ киирбитэ. Баҕанатын туруоруу, түннүгүн ахсаана, өһүөтүн түһэрии барыта сиэр-туом, тута сылдьар дьону мааллааһын. Ол курдук бастакы акылаат түстэ – тутааччыларбын аһатабын, баҕана түстэ – мааллыыбын, хас биирдии баҕана аайы биирдии киилэ арыы, тутумунан сиэл. Ити барыта Эдьиий Дора сүбэтинэн, ыйыытынан-кэрдиитинэн. Сиэли куулунан бул диэбитэ. Дойдубуттан Толя Гурьев диэн бииргэ үөрэммит сылгыһыт уолум ыыппыта. Сиир арыы эмиэ дойдум киэнэ. Оһохпутун Уус Алдан Өнөрүттэн сылдьар Гаврил Черноградскай-Төлөн оҥорбута. Уопсайа барыта бу эбийиэк тутуутугар алта биригээдэ үлэлээбитэ.

Биһиги сахалыы сиэри-туому куруук тутуһабыт. Ол курдук дьыл кэмэ уларыйыытынан тэлгэһэбитин кытта Эбэни хайаан да мааллыыбыт, балаҕан ыйын, ахсынньыны, тохсунньу, ыам, бэс ыйдарын олох көтүппэппит. Барытын тутуһабыт, дууһаҕа да үчүгэй, дурдалаах-хаххалаах курдук сананабыт.

Өссө маастар-кылаастары ыытаҕыт.

– Маастар-кылаас бөҕөтүн ыытабыт, киһи барыта талааннаах, тугу эрэ гыныахтарын баҕараллар. Хамсык иннинэ сүрдээх күүскэ дьарыктаммыппыт. Хас субуота, өрөбүл аайы 30-60-ҥа тиийэ киһи  тиһигин быспакка наар кэлэрэ. Керамикаҕа дьон бэйэтэ алгыс томтук диэни оҥороллор. Маастар-кылаастар иннилэринэ ХИФУ преподавателэ Ия Володаровна Покатилова уонна Ярославскай аатынан музейтан Татьяна Гаврильевна Старостина чороон туһунан лиэксийэ ааҕаллар. Онтон дьэ дьарык саҕаланар. Хамсык саҕаламмытыгар тохтоон хаалбакка, онлайн бардыбыт. Дьон бөҕөтө киирэр этэ.

2021 сыллаахха “Фонд культурных инициатив” диэн Арассыыйа бэрэсидьиэнин гранын кыайан, “Чороон 21 үйэ маастарыстыбатын оскуолатын” үлэлэтэ сылдьабыт. Биһиги онно үс хайысханан үлэлиибит: фарфор, керамика уонна мас. Былыр өбүгэлэрбит бары маһынан туттан, үлэлээн кэлбиттэр. Оттон олох түгэх өбүгэлэрбит туойунан оҥороллор эбит, олох былыр дьахтар линиятынан күөсчүттэр диэн бааллара. Тимир уустара ойуунтан үөһэ тураллар дииллэрэ, дьиҥэр, саамай үөһэ күөс охсооччулар эбит, ол дьахтар дьарыга. Дьахтар бу дьарыгын кыыһыгар биэрэр, онтон сиэнигэр, ол курдук салҕанан барар. Кинилэр күөс иһитин оҥороллор, ойууннарга арааһынай сиэргэ-туомҥа туттар иһиттэрин эҥин. Ол аата урут сахалар туойу бэйэлэрэ хостууллар эбит. Тоҕо дьахтар үөһэ турарый диэтэххэ, кини оҕо тыыннаах хааларын билгэлиир. Оҕо иһитин оҥорор, ону боччук диэн ааттыыллар, ол буһара-хатара сырыттаҕына хайа бардаҕына, оҕо тыыннаах хаалбат. Онтон алдьамматаҕына – киһи буолар. Ол иһин ийэлэр, аҕалар таҥараҕа үҥэр курдук көрдөһөннөр кэлэн сакаастыыллар. Боччук оҥороругар дьахтар бэйэтэ удаҕан курдук  киҥинэйэн ыллыы-ыллыы иэйэр, үс куту тардар: Буор кута – туойа, Ийэ кута диэн оҕо отуората, үөһэттэн сибээһэ уонна Салгын кута. Дьэ уонна уот иччититтэн көрдөһө-көрдөһө оҥорор. Ол иччилээн, иһит таһаарар. Онон итинник туойунан дьарыктанар дьахталлары күөсчүттэр диэн ааттыыллар эбит. Онтон 16-с үйэҕэ нууччалары кытта кэлии иһит киирэр, сайдыы барар, ол кэмҥэ ити дьарык умнуллар.

Онон өбүгэлэрбит сүтэрэн кэбиспит туой дьарыктарын салгыыбыт. Туойбутун Амматтан, Намсыыр трассатыттан ойууртан ылабыт, сороҕор кэлиини эмиэ туттабыт. Алгыс Томтук диэн алгыс иһитэ. Ону оҥорорго маастар-кылааска дьахтар бөҕөтө кэлэр, бэйэлэригэр анаан оҥостоллор, үс чаас иһигэр бүтэрэллэр, онтон нэдиэлэ курдук хатар, ол кэннэ оһоххо угабыт, онтон молочение диэн үүккэ уган ылабыт, онтон эмиэ оһоххо уматабыт, оччоҕо кугас дьүһүннээх буолар.

Керамика фарфортан уратыта көпсөркөйүгэр сытар, салгыны киллэрэр, ол иһин ас сытыйбат, буорту буолбат, салгын оонньуур, тыынар.

Тэрилтэҕитигэр төһө элбэх үлэһиттээххитий?

– Үлэһит тиийбэт, каадыр суох. Бастаан тэриллэрбитигэр Амматтан Александра Абрамовна Неустроева кылаабынай худуоһунньугунан ыҥырыллан кэлбитэ. Оччолорго эр дьоммут элбэх, биэс худуоһунньуктаах этибит. Орнамены иһит аайы тэбис-тэҥ гына барытын илиинэн түһэрэллэрэ, олус ыарахан үлэ. Маннык буоллаҕына киһи ырааппат эбит диэн шелкографиябын туппутунан Санкт-Петербурга чааһынай тэрилтэ булбутум. Наһаа соһуйбуттара. Арассыыйаҕа бастакынан бэчээттэттим быһыылаах. Кинилэр уруһуйдара барыта сэбирдэх, сибэкки, баайдар эҥин уруһуйдаммыт графика, Чехия иһиттэригэр курдук булт тиэмэлэрэ эҥин муода этилэр. Миигин көрөн баран наһаа соһуйдулар, хантан кэлэн хааллыҥ диэн. Аны дьүһүнү, өҥү араарбаппын, аан маҥнай чороон уонна кытыйа киэнин бэйэтин өҥүн эрэ тутуһан оҥорбутум. Онтон, доҕоор, дьон ону баҕарар, маны баҕарар, дьэрэкээни, кэрэни, арааһы...  ол аайы Мандар Ууска баран иһэбин. Борис Федорович наһаа элбэҕи быһаарар, сүбэлиир-амалыыр. Наһаа холку, элбэҕи билэр, аҕалыы истиҥ сыһыаннаах. Билигин да сибээспитин быспакка үлэлэһэ сылдьабыт.

Дьон таас чорооннору төһө ылыммытай?

– Бастакы сылларга чороон мас эрэ буолуохтаах эҥин диэн кириитикэ бөҕөтүн көрсүбүтүм, эккирэтиһии да баара. Наһаа элбэх ыстатыйа, хараардыы баар этэ. Ол да буоллар, дугдуруй да оҕус дииллэринии, инним диэки дьүккүйэн испитим. Ол сылдьан дьахтар илин кэбиһэрин ойуутун уонна быысапканы, хоруоҥка ойуутун киллэрээри гынабын, Мандарга тиийэн көҥүллэ биэр диибин. Аны ойуум, өҥүм, идеям түүлбэр кэлэр, сарсыарданан эрэ, наһаа дьикти. Ону ойон туран сурунабын, эскиһи эҥин уруһуйдуу охсобун, онтон маастарга кэлэн көрдөрөбүн.

2014 сыллаахха учуонайдары кытта дьарыктанаммын “Чорон. История современности” диэн кинигэ таһааттарбытым, онтон “Кэм” устуудьуйа документальнай киинэ устубута. Историческай наука доктора, профессор Розалия Иннокентьевна Бравинаҕа махталым улахан.

Өбүгэлэргиттэн бэриллибит туох эрэ тыыппалааҕыҥ буолуо...

– Оҕо эрдэхпинэ хортуоппуй ыһар оҕуруоппут туой буордааҕыттан ийэбит наһаа эрэйдэнэр этэ. Ол туойга иһит эҥин оҥорон оонньуурбун өйдүүбүн. Биирдэ, түөртээхпэр этэ, онно киирэн батыллан хаалбыппын дьонум улаатыахпар диэри күлүү гыналлара.  Арай ип-итии күҥҥэ саппыкылаах батыллан турабын, хаһыытыыбын, дьонум суохтар. Ол турдахпына оройбор күн сырдыга кэлэн түспүтүн олохпор биир хатыламмат түгэн быһыытынан өйдөөн хаалбыппын.

Ылдьаа Неустроев - Ырыа Ылдьаа – аймахпыт. Аҕам 61 сааһыгар былыргы дьиэбитин көтөхтөрөн, акылаатын уларыта сылдьан өлбүтэ. Үс сыл буолан баран ийэм Ырыа Ылдьааны ыҥыран, түннүктэрбитин, ааннарбытын оҥортордубут. Оҕонньор хоһооннорун эҥин аахтарар. Бу кыыс тыыппалаах эбит диир. Ол сылдьан түннүкпүт наличнигын кыста, аллараа өттүн барытын ыстамыаскатынан чороон, кытыйа ойуулаан хаспыт, рельефнэй гына. “Мэ, бүттэ, мантыккын уруһуйдаа, кырааскалаа, тоойуом”, — диэтэ. 12 түннүгү уруһуйдаабытым.

Дьиэм өрөмүөнүгэр эҥин 6-с кылаас оҕото кими да чугаһаппат этим. Итиччэ улахан дьиэни соҕотоҕун өрөмүөннүүрүм, уһун сайыны быһа. Ийэбэр баран көмөлөһөн ньээҥкэлиибин, сайын балаҕаҥҥа көһөн тахсабыт, киирэ-киирэ дьиэбин өрөмүөннүүбүн, наар орнамент оҥоробун, сииҥкэнэн муус маҥан оһохпун уруһуйдуубун, ол-бу хаардары эҥин. Дьэ ити курдук, арааһа, айар үлэ абылаҥа оҕо эрдэхпиттэн сиэтэн бу манна аҕаллаҕа.

Оттон оскуола кэнниттэн Ярославль куоракка баран үөрэммитим. Никииппэр диэн убайдаах этим, математика учуутала. Кини бу кыыһы буҕаалтыр гыныахха диир. Аҕам сопхуос солбуйааччы дириэктэрэ, эдьиийим профсоюз бэрэссэдээтэлэ, биир эдьиийим буҕаалтыр, бары сопхуоска үлэлиибит, биир дьиэҕэ кэлэн аһыыбыт, онтон аҕабытын кытта хонтуораҕа 4 буолан сылдьааччыбыт. Кэнники комсомолга үлэлии сылдьыбытым. Комсомол миэхэ куһаҕаны биэрбэтэҕэ, салайааччы эҥин буоларбар көмөлөстөҕө.

Онон бу олорор олохпор бэйэм үөһэттэн анаабыттарын буллум дии саныыбын. Өбүгэлэриҥ түһээн курдук ыыталлар эбит, хайа эрэ сиэҥҥэ бу кэлиэ диэн. Үптээн-харчылаан, анаан-минээн сатабыл, талаан бэрсэллэр. Оччоҕо эн бэйэҕин эрэ буолбакка, барыларын көрүөхтээххин. Аймахтаргын, урууларгын, чугас дьоҥҥун. Бу кыыс барытын оҥоруо диэн эрдэттэн анаан.

Билигин күннэтэ үлэбэр үөрэ-көтө барабын, наһаа астынабын. Бэйэм илиибинэн, атахпынан тутан-хабан маастардарбын кытта тэҥҥэ сылдьабын. Туох эмэ саҥа айыллан таҕыстаҕына, оҕолуу үөрэбин-көтөбүн. Дууһалыын сынньанар курдукпун.

Дьиҥэ, биһиги үлэбит киһи илистэр үлэтэ. Мин кыргыттарым олох дьоруой кыргыттар, мээнэ киһи кыайбат ыарахан үлэтэ.

Дьонум-сэргэм биһиги үлэбитин сыаналыан, суолтатын дириҥник өйдүөн баҕарабын. Кэрэ барыта киһи сыратыттан айыллан тахсар.

Этэҥҥэ доруобай, чөл эрэ буолуоҕуҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...