26.01.2023 | 14:00

София Семенова: «Сылга биирдэ диспансеризацияны ааһыллыахтаах»

София Семенова:  «Сылга биирдэ диспансеризацияны ааһыллыахтаах»
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Саха сирин олохтоохторо чэгиэн туруктаах буолууларыгар медицина сайдыыта улахан оруоллаах. История кэпсииринэн, урут Саха уобалаһыгар медицина олус бытааннык сайдыбыта. Саха сирэ ыраах, тымныы уонна усулуобуйата ыарахан буолан, ыарыыны сэрэтии, эмтээһин өттүгэр улахан харгыстар бааллара. Онуоха өссө эмп-том тиийбэтиттэн быраастар от-мас көөнньөһүгүнэн, түбэһиэх ньымаларынан даҕаны эмтииллэрэ биллэр.

Билигин Сахабыт сиригэр медицина тэтимнээхтик сайдар, эмтээһин технологията, анал үөрэхтээх каадырдарынан хааччыллыы, аныгы ирдэбилгэ сөп түбэһэр дьиэ-уот, оборудование, саҥа тутуулар барыта нэһилиэнньэҕэ сарсыҥҥы күҥҥэ эрэли үөскэтэр. Биһиги бу күннэргэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи эндокринологическай диспансерга ыалдьыттаан, СӨ үтүөлээх бырааһа, Доруобуйа харыстабылын туйгуна, үрдүк категориялаах эндокринолог-быраас София Иннокентьевна Семенованы кытта кэпсэттибит.

Ааспыт 2022 сыл сэтинньи ыйыгар Диспансер тэриллибитэ 65 сыллаах үбүлүөйүн киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээтэ. Эндокринолог, терапевт о.д.а. идэлээх быраастарга конференциялар ыытылыннылар, үтүө түмүктээх үлэлэрин иһин үрүҥ халааттаах аанньалларбытыгар наҕараадалары, махтал суруктары туттардылар. Диспансер поликлиниката 2018 сыллаахтан Дьокуускай килбэйэр киинигэр Свердлов аатынан уулуссаҕа баар. Манна бүтүн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо кэлэн көрдөрүнэллэр, сөптөөх сүбэ-ама ылаллар.

– София Иннокентьевна, хойутаан да буоллар Диспансер тэриллибитэ 65 сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибит! Өссө да үүнэ, сайда туруҥ уонна, биллэн турар, ыарыһах ахсаана аччыырыгар баҕарабыт. Үүммүт сылга Арассыыйа премьер-миниистирэ Михаил Мишустин 2030 сылга диэри сыстыганнаах “С” гепатит  уонна сахарнай диабет курдук ыарыылары утары охсуһар, сөптөөх эминэн-томунан хааччыйар, эмтиир үлэлэри күүһүрдэр туһунан эппитэ. Бу дьаһал Сахабыт сиригэр олоххо киириитин уонна Диспансер бүгүҥҥү үлэтин туһунан ааҕааччыларга билиһиннэрэриҥ буоллар...

– Үтүө күнүнэн! Эҕэрдэҕит иһин махтанабын. Ааспыт сыл бүтүүтэ үбүлүөйбүтүн үөрэ-көтө бэлиэтээтибит, инникитин өссө күүскэ үлэлиир былааннаахпыт. Диспансер үлэтэ биир сиргэ тохтоон турбат, мэлдьи сайдыы суолун тутуһабыт. Михаил Мишустин бырагырааматыгар тохтоотоххо, сахарнай диабеттаах дьоҥҥо анал оскуола биһиэхэ номнуо баар, инникитин өссө арыйар былааннаахпыт. Онуоха эбии медсиэстэрэлэри, быраастары үөрэттэрэ сылдьабыт, кулун тутар уонна муус устар ыйдарга Москваҕа үөрэнэ барыахтара. Онон билиҥҥитэ сөптөөх дьаһал, үлэ ыытылла турар. Ону таһынан инновационнай препараттары, эмтэри туһанабыт, уопсайынан эминэн-томунан хааччыллыы үчүгэй, исписэлиистэрбит ахсааннара тиийэр. Консультацияҕа кэлээччилэр урукку курдук халыҥ уочаракка турбакка, интэриниэт ситиминэн “Госуслуги” уонна “К врачу” диэн сыһыарыылар нөҥүө дьиэттэн суруттараллар. Бу нэһилиэнньэҕэ олус табыгастаах. Биллэн турар, регистратура нөҥүө эмиэ суруттарар кыах баар. Пандемия кэмигэр үлэбитигэр араас харгыстары көрсө сылдьыбыппыт. Холобур, былаанынан дьону көрөр үлэбит кылгас кэмҥэ тохтотуллан, исписэлиистэрбит 2020 сыл сааһыттан 2021 сыл тохсунньу ыйыгар диэри ковид стационарыгар үлэлии сылдьыбыттара. Билигин үлэбит сөргүтүллэн, этэҥҥэ үлэлии-хамсыы олоробут. Үбүлүөйбүт этэҥҥэ ааста. Саҥа сылга саҥа былааннары, бырайыактары олоххо киллэриэхпит.

– Бүгүҥҥү күҥҥэ эндокронологическай ыарыылартан саамай тарҕаммыт ыарыы ханныгый? Ордук хас саастаах дьон ыалдьарый?

– Биллэн турар, сахарнай диабет уонна зоб (щитовиднай железа). Сахарнай диабет икки көрүҥнээх. Бастакыта – киһи организмыгар инсулин тиийбэт буолуута. Чуолаан кыра оҕолор уонна ыччат ыалдьаллар. Бу көрүҥү түргэнник быһаараллар уонна маннык ыарыһахтар күн аайы инсулин ыла сылдьыахтаахтар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн быһа холуйан 242 киһи итинник ыарыылаах. Ол гынан баран саамай элбэх киһи сахарнай диабет иккис көрүҥүнэн ыалдьар. Ордук 40 саастарыттан үөһээ дьон учуокка тураллар. Сыыппара этэринэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 26.000 тыһыынчаттан тахса киһи бэлиэтэнэр. Иккис көрүҥ биир сэрэхтээҕэ диэн, ыалдьыбыт киһи ыарыытын өр кэмҥэ билбэккэ сылдьыан сөп. Онтон сорохтор араас сибики нөҥүө сэрэйэн, бэйэлэрин эмтэнэллэр. Диабетынан ыалдьыбыт дьон айахтара куура сылдьар, элбэхтик уу, чэй иһэр, көҕүрэттэр буолаллар. Саахардара аһара үрдээбит дьон көрөллөрө мөлтүүр, харах араас ыарыыларыгар ыллараллар, катаракта үөскүөн сөп. Оттон сорохтор ыалдьыбыттарын билбэккэ, дириҥэтэн кэбиһэллэр. Ол иһин хас биирдии киһи сылга биирдэ хайаан да хаан анаалыһын туттарыахтаах, бэйэтин кэтэнэ сылдьыахтаах. Эбэтэр “ыарыйдым” дии санаатаҕына, тута учаастактааҕы бырааһыгар консультацияҕа суруттарыан сөп. Быраас этиитэ, сүбэтэ суох бэйэтэ эмтэниэ суохтаах.

– Диабет удьуорунан бэриллиэн сөп дуо?

– Биллэн турар. Эн аймахтарыҥ, ийэҥ, аҕаҥ ыалдьыбыт буоллахтарына, бэриллиэн сөп. Ол гынан баран хайаан да ыалдьабын диэн буолбатах, ыалдьыбакка сылдьар дьон элбэх. Киһи бэйэтин эрдэттэн харыстаныахтаах, күннээҕи аһылыгын көрүнүөхтээх, аһара уойуо суохтаах.

– Ыалдьарга өссө ханнык төрүөттэр баалларый?

– Инсулин аҕыйаҕыттан эбэтэр аһара элбэҕиттэн эмиэ буолар. Уопсайынан, бастатан туран аһы-үөлү көрүнүөххэ наада, бэрээдэгэ суох аһыыр, минньигэһинэн үлүһүйэр туох да үчүгэйгэ тиэрдибэт. Сахарнай диабет олус сэрэхтээх, сүрэх, тымыр, инсульт, инфаркт ыарыыларга тиэрдиэн сөп. Сорох дьон олох көрбөт буолаллар, атахтарын быстарыахтарын, инбэлииккэ тахсыахтарын сөп. Кимиэхэ эрэ бүөрүгэр охсор, бүөр араас ыарыытыгар тиэрдэр. Аны туран, бу ыарыы сааһы билиммэт. Кыра оҕотуттан саҕалаан саастаах дьоҥҥо тиийэ ыалдьаллар.

– Диспансерга манна дьон көрдөрүнэ, консультацияҕа кэлэр. Сытар стационар диэн баар дуо?

– Биһиги көннөрү поликлиника быһыытынан үлэлиибит. Манна дьон консультацияҕа кэлэр, эмтэнэллэригэр сөптөөх эмп-томп аныыбыт. Биһиэхэ офтальмолог, хирург уонна УЗИ быраас үлэлииллэр. Стационар диэн туспа баар. Сорох дьон онно  эмтэнэллэр, анал кэтээн көрүүгэ сыталлар. Баҕа санаабыт диэн, инникитин диспансер уонна стационар биир дьиэҕэ баар буолуулара. Оччотугар үлэлиирбитигэр өссө табыгастаах буолуо этэ дии саныыбыт.

– Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн эндокринолог ахсаана тиийэр дуо? Каадыр боппуруоһа хайдаҕый?

– Дьокуускайга үлэ миэстэтэ тиийэр, бары толору хааччыллан олоробут. Хомойуох иһин, аҕыйах нэһилиэнньэлээх, ордук хоту улуустарга эндокринолог быраас суох. Ирдэбил быһыытынан, 10 тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх сиргэ биир эндокринолог көрүллэр. Ол иһин итинник улуустарга Дьокуускайтан эндокринологтар былаан быһыытынан хайаан да командировкаларга бараллар, олохтоохтору көрөллөр. Диспансеризация үлэтигэр улахан болҕомто ууруллар. Холобур, бу тохсунньу 23 күнүттэн 29 чыыһылатыгар диэри Арассыыйа Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтэ хайаан да нэһилиэнньэ диспансеризация барыахтааҕын туһунан этэр. Ол курдук, 18 саастарыттан 39-гар диэри дьон үс сылга биирдэ көрдөрүнүөхтээх буоллаҕына, 40 саастарыттан үөһээ дьон сыл аайы көрдөрүүнү ааһыахтаахтар.

– Диабеттаабыт киһи кэмигэр үчүгэйдик эмтэнэр түгэнигэр толору үтүөрүөн сөп дуо?

– Суох, үтүөрбэт. Бу киһи организмыгар “олохсуйан” хаалар уратылаах ыарыы. Ол иһин ыалдьыбыт киһи куруук бэйэтин кэтэнэ сылдьыахтаах. Кими да куттуохпун баҕарбаппын, билигин диабеттаах дьон биһиги ортобутугар аҕыйаҕа суохтар. Ыалдьыбыт киһи тута инбэлииккэ тахсар, сатаан үлэлээбэт, үөрэммэт буолар диэн сыыһа өйдөбүл. Үгүс дьон олорбуттарын курдук олороллор, тэрилтэҕэ үлэлииллэр, ыал буолаллар, оҕо төрөтөллөр, удьуордарын салҕыыллар. Ханнык да доруобай дьонтон итэҕэһэ суох толору, дьоллоох олоҕу олоруохтарын сөп. Саамай сүрүнэ, эмтэнэ уонна көрүнэ сылдьыахха наада.

– София Иннокентьевна, туһалаах иһитиннэрииҥ иһин махтанабын. “Идэҕин сөпкө талыаҥ – олоххор дьоллоох буолуоҥ” диэн этэллэр. Эн идэҕин тугун иһин сөбүлүүгүнүй?

– Талан ылбыт идэбин олус сөбүлүүбүн, бэйэбин дьоллоох киһинэн ааҕынабын. Уопсайа 20-тэн тахса сыл үлэлээтим. Хас биирдии идэ бэйэтэ кэрэлээх, үчүгэй өрүттээх. Ол иһигэр дьоҥҥо көмөлөһөрбүн сөбүлүүбүн.

Хас биирдии киһи доруобуйата – бэйэтин илиитигэр. Бэйэҥ доруобуйаҕар бэйэҥ кыһамматаххына, эн тускар туора киһи кыһаллыбата чуолкай. Онон бэйэҕитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар харыстабыллаахтык сыһыаннаһаргытыгар баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....