11.10.2021 | 16:00

Соһуччу булт

Соһуччу булт
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оҕо сылдьан сарсыарда уһуктаат, таһырдьа ойон тахсар дьикти идэлээх этим. Хайдах халлаан буолбутун билэ охсоору дуу, күнү көрө охсоору дуу буолуо, арааһа. Оннук биир күннээх сайыҥҥы сарсыарда эрдэ туран сыһыыга киирэн, күрүө үрдүгэр хатаастан, куолубунан сыһыы уҥуорун, халлааҥҥа дьирибинии турар күөрэгэйи, сыһыыга мэччийэр ынахтары-сылгылары көрө-истэ олордум. Арай ынахтар ортолоругар дьиибэ баҕайы хараҥа өҥнөөх, мин көрдөхпүнэ, сылгы сылдьар эбит. Тоҕо эрэ кутуруга суох уонна отой хайдах эрэ ала-чуо атын көрүҥнээх курдук. Атыҥырыы көрөн, дьиэм диэки сүүрдүм. Арай таһырдьа аҕам турар эбит. “Аҕаа, көрдүҥ дуо, кутуруга суох аты?” – дии-дии ыйан көрдөрдүм. Аҕам тута хаптас гына түстэ, миигин саҥата суох тарбаҕынан ыҥыран ылла. Сибигинэйэн: “Дьиэҕэ киир” – диэт, бэйэтэ ампаарга ыстанна. Мин тоҕо дьиэҕэ киириэмий, төттөрүтүн дьэ "чөрбөс" гына түстүм. Дьиэни өҥөйөн, бырааппын ыҥыран ыллым. Ол кэмҥэ көрбүтүм, аҕам саалаах сыһыы диэки үөмэн аҕай эрэр эбит. Арай хантан кэлбиттэрэ биллибэккэ ыттар бөҕө мустан, били сылгы курдук кыылбын тула көтөн, үрэн бардылар. Биһиги аттыбытыгар ким да олорбот, иччитэх дьиэлээх өтөх баар этэ. Ыттартан күрэнэн, били “кутуруга суох атым” сыһыыттан ол өтөххө сүүрэн таҕыста. Саа тыаһа хабылла түһээтин кытта, умса хоруйда. Мин: “Тоҕоо?” – диэн сарылыы түстүм. Ону аҕам: “Бултаатым дии, алакыы! Эт сиэхпит”, – диэн баран тэбинэн тиийэн булдун көрдө уонна дьиэҕэ сүүрдэ, биһиги бырааппыныын кэнниттэн сырыстыбыт. Ийэм, эбэм эмиэ “Алакыы!” диэбитинэн, таастанан, биэдэрэлэнэн аҕабытын кытта булду астыы бардылар. Арай мин эрэ наһаа хомойон, ытамньыйа-ытамньыйа дьиэҕэ киирэн сыттыгынан төбөбүн саптан сыттым. Аҕабар таах этэн диэн кэмсинэр санаа-оноо бөҕө буола сытан утуйан хаалбыппын. Уһуктубутум – уу чуумпу, оҕо уруу бары таһырдьа тахсан барбыт, утуйа сытар кыра балтым эрэ хаалбыт. Таһырдьа тахсан көрбүтүм, уоттанар дьиэҕэ эбэбит алаадьылаабыт. Күөс буһа турар. Үөрбүт-көппүт таһынааҕы ыал дьахталлара биэдэрэлээх эт тута-тута элэҥнэһии бөҕө эбит. Сай ортото, букатын хара ас суоҕар Һаабынап Ньукулай дьиэтин таһыттан тайах бултаан кыра бөһүөлэк барыта сибиэһэй эккэ тиксэн, дьоро киэһэ буолбута диэн дойдубут дьоно көрсүстэхтэринэ билигин да ахтан-санаан ааһаллар. Баайтаһын тыһы тайах тоҕо, тугу гына сүөһүлэр мэччийэр сыһыыларыгар киирбитин туох билээхтиэй? Арай мин, оччолорго алта саастаах кыракый кыысчаан, айылҕа маанылаах кыылын аһыммыт санаам билиҥҥэ диэри ааһан биэрбэт. 

Ульяна Попова-Күндүүнэ Сайдам, Таас Үрэх, Мииринэй

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Сири иилии эргийиэм!
Дьон | 12.04.2024 | 18:00
Сири иилии эргийиэм!
Кэбээйи Арыктааҕыттан төрүттээх Иннокентий Ноговицын бэлисипиэтинэн аан дойдуну биир гына айанныыр хоббилааҕын туһунан хас да сыллааҕыта суруйан турабыт. Иннокентий киһини кытта кэпсэтэригэр элбэх ууну-хаары эрдибэккэ, аҕыйах тылынан чуо ыйытыыга эрэ хоруйдуурун  билэр буоламмын, Кытайга тиийбититтэн саҕалаан, бассаабынан элбэх да элбэх ыйытыыларбынан көмөн туран, наадалаах информациябын хостоон ыллым. Кинини ыра санаатын...
Зоя Желобцова:  «Олох толору үөрүүтүн, кэрэтин билэн сылдьабын»
Дьон | 11.04.2024 | 10:00
Зоя Желобцова: «Олох толору үөрүүтүн, кэрэтин билэн сылдьабын»
«Үчүгэй киһи» диэн хайдах киһини ааттыылларый? Арааһа, бастатан туран, дьоҥҥо эйэҕэс, аламаҕай, үөрэ-көтө сылдьар, барыга-бары кыһамньылаах, үлэһит киһини ааттыыр буолуохтаахтар. Дьэ, оччотугар, биһиги дьүөгэбит Зоя Константиновна Желобцова онуоха сүүс бырыһыан эппиэттэһэр. Киһи киһитэ буоллаҕа биһиги Зоябыт!   Оттон киһи барахсан мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр дьонугар-сэргэтигэр, ыччаттарыгар хайдах суолу-ииһи, ааты, өйдөбүлү хаалларара...
«Доҕордоһуу» — оҕо саас ыллыга
Сонуннар | 11.04.2024 | 18:00
«Доҕордоһуу» — оҕо саас ыллыга
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан тэриллибит “Доҕордоһуу” оҕо үҥкүү норуодунай ансаамбыла 55-с сылын бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэ үҥкүүтүн эйгэтигэр суолу тэлбит ансаамбыл үөрүүлээх тэрээһинин туһунан санаа атастаһыыларын ааҕыҥ.
Нэһилиэстибэ тула
Тускар туһан | 11.04.2024 | 12:00
Нэһилиэстибэ тула
Киһи бу олохтон барыыта, ыал арахсыыта, төрөппүтэ суох хаалыы – орто дойду сокуоннара. Онуоха биһиги сорох ардыгар хойутаан нэһилиэстибэни оҥотторор түгэммит баар. Өскөтүн кэргэниҥ, ийэҥ, аҕаҥ, чугас киһиҥ суох буоллаҕына, кини нэһилиэстибэтин алта ыйынан сокуонунан оҥотторуохтааххын.   Билэр чугас дьонум аҕалара орто дойдуттан барбытын кэннэ хас да сыл буолан баран биирдэ...