12.02.2020 | 11:11

Скульптор ВАСИЛИЙ СИВЦЕВ: “ДОЙДУБАР ЧУГАС БУОЛААРЫ ҮЛЭЛИИБИН”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Худуоһунньук-скульптор, Арассыыйа Худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ Василий Яковлевич Сивцев төһө да ыраах Красноярскай куоракка олохсуйдар, дойдутун кытта ситимин хаһан да быспат. Кини киһи сөҕөр энциклопедическэй өйдөөх киһи эбит. Кэпсэтиибититтэн быһа тардан, сороҕун эрэ ааҕааччыларбытыгар таһаарабыт:

– Былырыын, 2019 сылга, Сахам сиригэр иккитэ бара сылдьыбытым. Саас барыыбар бары ытыктыыр киhибит, шеф-повар Иннокентий Иннокентьевич Тарбаховтыын билсибитим, кэпсэтии кэмигэр этюд-портрет онорор санаа киирбитэ. Тута сөбүлэммитэ, онон сонно саҕалаабытым. Күһүн Б.Ф. Неустроев-Мандар Уус уонна артыыс Е.Н. Степанов портреттарын оҥорбутум. Ефим Николаевич –  биир дойдулаах убай-аймаҕым, Арыы-Толоон Кириэс Халдьаайыттан төрүттээх.

Былырыын уопсайа, маннааҕы кытта, биэс портреты оҥорбут эбиппин. Портрет диэн скульптураҕа олус интэриэһинэй уонна ыарахан үлэ. Формовкалыын барытын аахтахха, 2-лии күн эҥин, тохтуу-тохтуу онорбутум. Ол үлэлэрим Красноярскайдааҕы Арассыыйа художестволарын Академиятын отделениетын саалаларыгар турдулар.

Учууталым Юрий Павлович Ишханов, академик, скульптор 79 сааһыгар диэри олорбута. Быйыл 90 сааһын туолла. Мин киниэхэ алта сыл скульптур кафедратыгар (1991-1997 сс.) Красноярскайга художественнай институкка үөрэммитим, ол иннинэ  В.И. Суриков аатынан художественнай училищены бүтэрбитим.

Институкка үөрэнэ сылдьан кафедраҕа форматорынан үлэлээбитим. Онно А.П. Чехов пааматтынньыгар, Анатолий Кольк диэн  форматордыын, памятник формовкатыгар кыттан турабын. Ол үлэм билигин Красноярскайга набережнайга Д.А.Хворостовскай аатынан Опера уонна балет театрын болуоссатыгар турар.

– Үөрэммит куораккар олохсуйан хаалбыт эбиккин.

– 1987 сылтан Красноярскайга олоробун. Дьылҕам буоллаҕа. Устудьуоннуу сылдьан бүтэрэр сылбар ыал буолбутум. Кэргэним биир сыл балыс үөрэммитэ, эмиэ скульптор, омугунан нуучча, икки оҕолоохпут. Улахан кыыһым 22-тэ, үөрэнэ сылдьар. Кырам 2-ис кылаас.

“90-ыс сылларга Арассыыйа түһүүлээх-тахсыылаах олоҕор кыһаллыбакка, айан-тутан кэлбиппит. Түүннэри-күннэри, фанат буоламмыт, искусствонан тыыннанан олорбуппут. Сороҕор стипендия да суох буолар этэ.

1997 сыллаахха художественнай институту бутэрэрбэр “Зов предков” диэн дипломнай үлэбин оҥорбутум. Булчут киһини, аҕам уобараһынан. 7-8 сааһыгар ийэтэ-аҕата суох хаалан, эһэлээх-эбэлэригэр бырааттарын кытта иитиллибиттэр. Сэрии кэмигэр холкуоска үлэлиир, онтон кадровай булчут буолар. Ол үлэбинэн хайҕанан Худуоһунньуктар сойуустарыгар уонна Художестволар Академияларыгар рекомендация биэрбиттэрэ. Бүтэрээппин кытта ол сыл учууталым Ю.П. Ишханов (ол саҕана скульптура кафедратын сэбиэдиссэйэ уонна Академия бэрэссэдээтэлэ) скульптурнай мастарыскыайдарга ылбыта. Аккаастанан көрбүтүм да, толкуйданарбар 3 күн биэрбитэ. “Тоҕо мин 3 күн толкуйдуохпунуй” дии санаан, иккис күммэр тиийэн сөбүлэҥмин биллэрбитим. Сокуонунан, үөрэҕин бүтэрбит киһи уоппуска курдукка барыахтаах диэн дойдубар көҥүллээн ыыппыта. Балаҕан ыйыгар Академияҕа кэлэн үлэлиигин, аспирант буолаҕын диэн буолбута, дьиэ биэрбиттэрэ.

Дойдубар от саҕана тиийбитим. Мин тиийиэм иннинэ учууталым дьоммор сурук ыыппыт эбит. Эһиги уолгут үөрэҕин үчүгэйдик бүтэрдэ, салҕыы академияҕа киирдэ, онон эһиэхэ махтанабыт диэн ис хоһоонноох. Ийэлээх аҕам долгуйуу, үөрүү бөҕө. Учууталым Кизлярга төрөөбүт, омугунан армян этэ. Дьоммор хайҕал сурук ыытан миэхэ эмиэ сылаас иэйиини үөскэппитэ.

3 сыл түргэн үлүгэрдик ааспыта. Бүтэрэрбэр триптих курдук үс үлэни оҥорбутум.

“ПОКАЯНИЕ”, “МЫСЛЬ”, “ИДУЩИЙ”...

– Ол саҕана Академияҕа соччото суох сыллар этэ. Хамнас суох, мастарыскыайдарга уот-күөс да суоҕа... Ол да буолар триптихпин бүтэрбитим. "Кэмсинии", “Санаа” диэн уонна баран иһэр киһини. Нуучалыы ааттара “Покаяние”, “Мысль”, “Идущий” диэн. Ону таһынан “Сайын”, “Оҕус” уо.д.а.  оҕо сааспын кытта ситимнээх үлэлэрбин оҥорбутум. “Сайын” диэн үлэм мрамор этэ – билигин Церетели музейыгар Москваҕа турар, быйыл хатылаан оҥордум. “Аня” (“Аанчык”) диэн кыра кыыс оҕону оҥорбутум, билигин санаатахха, бэйэм кыыспын онорбут эбиппин. “Санаа” – Дьокуускайга баар, 50 сааспынан быыстапкабар уонна литературнай музейга Ойуунускай үбүлүөйдээх сылыгар турбута.

2001 сыллаахха отчуотуур быыстапкам буолбута. Ити үлэлэрбин туруорбутум. Ону таһынан Сэбиэскэй кэм саҕана баар “Молодые художники России” диэн быыстапканы сөргүппүттэрэ. Онно “Сайын” үлэм мраморга турбута. Даши Намдаковы кытта Сибиир уонна Уһук Илин регионтан иккиэ буолан диплом ылбыппыт. Аспирантураны РАХ дипломунан бүтэрбитим. Ити бастакы хардыыларым. 2000 сыллааха Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһугар киирбитим.

БЫЛААСКА ТАРДЫСПАТАҔЫМ

– Ол иннинэ 1995 сыллаахха “Аартык” устудьуоннар землячестволарын тэрийбиппит. Бэрэсидьиэнинэн тала сатаабыттара. Уруккуттан былааска тардыспаппын. Бэйэм санаабынан тугу эрэ айбыт, оҥорбут киһи диэн олохпун олоробун. Ол сыл Дьокуускайга “Аартыктар” быыстапкалаабыппыт – саҥа тыын этэ.

Худуоһунньукка быыстапкаларга кыттыы элбэҕи биэрэр. Иллэрээ сыл Саха сиригэр сылдьан киэн туттар артыыспыт Иван Прокопьевич Степановы оҥорбутум. Кинини 1991 сылтан билэбин. Училищены бүтэрэр “распределениенан” барыахтаах сылбар дойдубар кэлэн үлэ көрдөөтүм. Драмтеатрга тиийбитим улахан киэҥ саалаҕа дьон тобуктуу сылдьан тугу эрэ кырааскалыы сылдьаллар. “Дириэктэр баар дуо?” – диэбиппэр: “Мин баарбын!” –  диэн күҥкүнүүр куолас эппиэттээтэ. Мин үлэлиэхпин баҕарабын диэтим, киһим сөбүлэстэ, тугу сатыыргын уруһуйдаа диэтэ. Муостаҕа уруһуйдаары дуу, суруйаары дуу сырыттахпына, кыра соҕус уҥуохтаах киһи: “Миигин манна ким эрэ көрдүүр үһү”, – диэн киирэн кэлбитэ. Ол дьиҥнээх дириэктэр, Иван Прокопьевич дириэктэр буолбатах эбит. Бу курдук билсиспиппит. Кэлин Литературнай музейга чугастык билсэн-кэпсэтэн баран, творческай портрет оҥоробун дуо диэбиппэр, сөбүлэспитэ. Этюд диэн түргэн үлэ. Бу кэминэн туhанан, коллегаларбар  скульптордарга глинанан уонна гипсэнэн көмөлөспүттэригэр М.М. Павловка уонна П.Г. Слепцовка махтаныахпын баҕарабын. 2019 сыллаахха ити үлэбин бронзаҕа кутан, Москваҕа "РОССИЯ XIII" Бүтүн Арассыыйатааҕы  художественнай быыстапкаҕа туруорбутум – онон улахан быыстапкаҕа ситиһиилээхтик кыттыбыта.

– Билигин тугу оҥороҕун?

– Билигин Москваҕа буолар Кыайыы  ыһыаҕын быыстапкатыгар 20-чэ үлэни бэлэмниибин, Саха сирин постпредствотын кытта кэпсэтии барбыта. Скульптураҕа быыстапка оҥорор ыарахан. Аҥаардас тиэйэн илдьиитэ сыттаҕа.

Ааспыт сыл Красноярскайга Арассыыйа художестволарын Академиятыгар учууталым 90 сааһын туолбут үбүлүөйдээх быыстапкатыгар үлэлэрим турдулар.

2017 сыллаахха музыкант Христофор Максимовы оҥорбутум,  100 сааһыгар. Сулҕаччыга турар. Уола уонна Х. Максимов фондата сакаастаабыттара. Аһыллыытыгар Сулҕаччыга айаннаабытым, ол онно атахпын тоһутан төннөн кэлбитим. Дьокуускайга кэлэн Национальнай художественнай музейга Ася Львовнаны көрсө биэрэн, кэпсэтэн, быыс кэм баарыгар түбэһэн, балаҕан ыйыгар быыстапкалыыр буолар хаалбытым. Красноярскайбар кэлэн, атахпын тоһуппут киһи элбэҕи хаампат буоллаҕым, мастарыскыайбыттан тахсыбакка сытан 10-ча үлэни оҥорон кэбистим. Икки үлэбин мраморга таһаарбытым. Барытын бэйэм уйунан, Х. Максимовы оҥорбут гонорарбынан үлэлэрбин барытын газельга тиэйэн, Сахам сиригэр тиийэн дьону соһуппутум.

Манна, Красноярскайга, биир дойдулааҕым живописец, академик А.Н. Осипов кыыһа Аня олорор. Дойдубар быыстапкалаары сылдьан кинини портка көрсө түстүм... Айар үлэбэр уйуһуйа сылдьан истибэтэхпин, аҕата суох буолбут эбит. Таһаарыытыгар сылдьыбатаҕым, Таҥара дьиэтигэр сулууспатыгар сылдьыбытым. Ол күн музейга тиийэн үлэлэрбин ыйаан, похорона сарсыҥҥы күнүгэр быыстапкам аһыллыбыта. Олох салҕанан бара туруохтаах...

ОЛОҔУМ УЧУУТАЛЛАРА

– Киһи олоҕор учууталлара олук уураллар. Кыра эрдэхпинэ музыкальнай оскуолаҕа художественнай кылаас аһыллыбыта. Саргылана Егоровна Колесова диэн бастакы учууталым Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа скульптор М.М. Павлов үөрэнээччитэ эбит этэ.

Оскуола кэнниттэн аттестаппынан баалым үрдүк буолан, үөрэххэ туттарса барбытым.  Аймахпар Анастасия Сыромятниковаҕа олорбутум. Сэргэлээх даачатыгар. Кини оччолорго саастаах, массыынканан, илиитинэн суруйан үлэлиир. Айар үлэ диэн хайдах курдук интэриэһинэйин сөҕөр этим. Элбэҕи да кэпсэтэрбит. Точнай науканан баран эрэр киһи онно хайдах эрэ айар эйгэҕэ иэҕиллэн барбытым. Үөрэххэ киирбиттэр испииһэктэригэр баар этим, ол эрэн докумуоммун төттөрү ылбытым. Киирбит үөрэхпэр биир да күн үөрэммэтим. Настаа дэлби соһуйда, дьонуҥ хомойуохтара диир. Онтон алаадьылаан, чэйдээн баран, алҕаан ыыппыта. Ийэм, кырдьык, хомойбута, аҕам үлэһит кэллэ диэн үөрдэ быһыылааҕа.

Күһүн оскуолабар хачыгаарынан киирбитим. Бастакы идэм онон хачыгаар диэн трудовойбар сурулла сылдьар. Аны оҕолорум бары фермаҕа үлэлииллэр, ымсыыран субан сүөһүгэ киирбитим. Саас бэбиэскэ тутан аармыйаҕа барбытым. Онно тиийэн худуоһунньук диэн олус сыаналанар киһи буоларын билбитим.

Аармыйа кэнниттэн Кириэс Халдьаайыга бииргэ үөрэммит табаарыспынаан Павеллыын остуолба умуһахтарын хаһан, оннук харчылаһан үөрэххэ кэлбитим. Дьокуускайга үөрэниэхпин, приемнайдар ахсыс кылаас кэннэ ылабыт, манна аармыйа кэнниттэн киирэр кыаҕыҥ кыра диэн Красноярскайы сүбэлээбиттэрэ. Красноярскайга кэлбитим – уопсайа суох эбит, билигин да уопсай суох. Живописька туттарсан баран, художник-оформитель киэнигэр киирбитим. Учууталларым билигин санаатахха наһаа да үчүгэйдик үөрэппиттэр, оҕо оҥостон такайан илдьэ сылдьыбыттар эбит. Билигин кинилэр бары суохтар.

“2010, 2014 сылларга ийэм, аҕам барбыттара. Төрөппүт дьонуҥ ыраах да буоллар баар буоллахтарына, эрэх-турах сананаҕын, оҕо буолан сылдьаҕын. Дьонум өлбүттэригэр ынырыктык соҕотохсуйбут курдук буолбутум.

– Ол саҕана Красноярскайдар эйигин “хранитель скульптурного городка” диэн ааттаан хаһыаттарга таһаарбыттар этэ дии...

– Ити историята уһун.  Красноярскай кыраай худуоһунньуктарын сойууһа 1973-74 сс. мастарыскыайдары туттарар. Улахан кирпииччэ дьиэлэри, туспа куорат курдук олорбуппут, сынньанар хос, душ барыта баара. Үксүлэрэ Ленинград куорат Репинкаҕа үөрэммит күөгэйэр күннэригэр сылдьар айар дьон. Билигин бу “городок” баара эбитэ буоллар, 47-48 саастаах дьиэлэр буолуо этилэр. Мин устудьуоннуу сылдьан пропуск эрэ ылан киирэр сири дыбарыас курдук көрөр этим. 2001 сыллаахха Сойуус рекомендациятынан манна миэхэ мастарыскыай биэрбиттэрэ. Улуу да диэххэ сөптөөх дьону кытта алтыспытым, бииргэ үлэлээбитим. 2017 сылга мин эрэ хаалбытым. Элбэх интэриэһинэй дьону кытта алтыспыт ураты дьоллоох саханан ааҕынабын.

Ол “городокка” уу, уот барыта араарыллыбытын да кэннэ үлэбин тохтоппотоҕум. Буржуйка оһоҕунан олорон үлэлиир этим. Кэлин саҥа олох кэминэн “городогум суох”... Саҥа дьиэ-мастарыскыай тутуллуохтаах.

Билигин Худфонд мастарыскыайыгар үлэлиибин.

ДОЙДУБУН КЫТТА СИТИМ

– 1991 сыллаахха училищеҕа диплом туттарыытын линейката буолбута. Былаас ударыйда, ханна баҕараргытынан барыҥ диэн буолбута. Мин дойдубар барыахпын санаан эрдэхпинэ, куурсум оҕолоро манна хаалаҕын, институкка туттарсаҕын диэн күүстэринэн кэриэтэ илдьэ хаалбыттара. Наhаа доҕордуу иллээх группа этибит. Дьиҥэ, живописька бара сатыырым. Институкка “Промграфика” (билиҥҥинэн дизайнер)  диэҥҥэ киирбитим. Ол үөрэнэ сылдьан скульптордар үлэлииллэрин көрөн наһаа ымсыырдым. Кафедрам сэбиэдиссэйэ С.С. Ливак: “Дьэ скульптураҕа ылбатахтарына, төттөрү ылбаппын”, – диэтэ. Скульптура кафедратыгар тиийдим, кафедра сэбиэдиссэйэ Ю.П. Ишханов: “Хас үлэлээххиний?” – диэтилэр. «Туохха?» - диибин, «Скульптураҕа» диэтилэр. Мин толкуйдаатым, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн оҕото буоламмын дьыссаакка сылдьыбытаҕым, ол олорон пластилинынан саллааттары, тааҥкалары оҥорор этим: “Ээ, быһа холоон  200-чэкэ үлэлээхпин”, –  диэтим. “200-чэкэ тугуй?” – диэн соһуйдулар: “Скульптура”, –  диэтим. Өссө: “Улахан аҥаара ньиэмэстэр этэ, кыра аҥаара биһиэннэрэ – биһи кыайбыппыт”,  – диэтим. Күлүү-салыы бөҕө буоллулар, ол эрэн “испытательнайга” ыллылар, үөрэхпин саҕалаатым. Стек диэн скульптураҕа туттуллар инструмены мастехиҥҥа баччааҥҥа диэри  бутуйабын. Арай бииргэ үөрэнэр оҕолорум нэһиилэ дорооболоһоллор, араас омук барыта баара. Онтон “просмотр” диэн үлэлэри көрүү буолла, биир истиэнэҕэ үлэлэрбин ыйаатым. Живопись, графика, набросок, скульптура –барытын оҥордум, барытыгар “5” ыллым, оҕолорбор – “3-4”. Ол кэнниттэн оҕолорум дорооболоһор буолбуттара.

Натурщиктарбыт бары европейскай тииптээхтэр этэ. Биир саастаах киһи “эн бэйэҥ омуккун оҥороруҥ буоллар, төрөөбүт дойдуҥ чугас буолуо этэ” диэн санаатын эппитэ. Ол кэнниттэн “Анечканы”, “Олоҥхоһут” диэн үлэлэрбин саҕалаабытым. Н.Якутскай, С. Омоллоон, А. Аччыгыйа кинигэлэрин илдьэ сылдьан ааҕар этибит.

Эр киһи син биир төрөөбүт дойдутугар тиийэ турар. Кыыс оҕотун төрөппүт сиригэр хаалар аналлаах. Ол иһин үлэлэрбин Саха сиригэр аныыр буолбутум.

Суорун Омоллоон мраморга портрета Ярославскай музейыгар турар. Скульптурнай композиция Хадаайы музейын территориятыгар турар. Саха дьонугар, олоҕор ити курдук киирбитим. Манна сахалартан бастакы академик Л.В. Киренскэй аатыгар ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Академгородок уонна физика институтун аһар, дьокутаат буолар, университет аһар, 60 сыл үлэлээн-олорон ааспыта. 100 сааһын туолуутугар Аммалар бюст, СГУ-лар мемориальнай дуоска оҥотторбуттара.

“ОҔО КУЙУУРДУУ ТУРАРА”

– Ханнык баҕарар художник символлары туһанар. Холобур, ити Оҕо куйуурдуу турара барыта символ эбит дии. Ону сыллата киһи бэйэтэ улаатан истэҕин аайы атыннык көрөр...

– Ити иннинэ Ойуунускай төрөөбүт сиригэр Тааттаҕа экспедицияҕа сылдьыспытым – Краевед Е.Д. Андросов, Н.Е. Попов, В.Г. Власов, Б.Ф. Неустроев -Мандар Уус уонна да атын ытык норуот маастардара бааллара. “Оҕо куйуурдуу турара” кэпсээн 1936 сыллаахха суруллар, 37 сыллаахха Ойуунускай тутуллар. Дьон автобиографическай айымньы дииллэр. Кини эмиэ да оҕо, эмиэ да бухатыыр, үөрэхтээх буолуон баҕарар, үтүөнэн төлүөм “үтэлээ” диир...

Куйуур диэн Саха сиригэр эрэ баар хаана суох бултааһын. Аны күн эргииринэн эрэ эриллэр – үс дойду бары киирэллэр. Маны оҥорорум саҕана ыалдьан турардаахпын, балыыһаттан түүн мастарыскыайбар сатыы күрээн кэлэн, чүмэчинэн сырдатынан оҥорор этим. Наһаа дьиктитик бэйэтэ тахсыбыта, иэйии кутуллан киирбитэ. 

Аллараа өттүгэр бурдук мэлийэр таас аҥаарыгар турар курдук – биир өттүнэн үрдэлгэ турар. Ол ортотуттан сүүрээн тахсар. Түөрт собо ойон тахсыбыт – биири атаҕынан үктээн турар –  түөрт дьаабал чыыһылата диэн,  үс (“троица”) собо көтө сылдьаллар.

Оҕо тарбахтарын икки ардыта перепонкалаах – ити дьылҕата, оҕо бэйэтин дьылҕатын билэр – эрэһээҥкитэ суох түрмэ буолбут дойдуга олорор. Куйуура ньолбоҕор – дьоҥҥо ырааһы, күүһү баһан таһаарар.

Оҥоһуллубут лепката станковай академическай скульптура. Тоҥмут оҕону таһаара сатаабытым. Ханнык баҕарар скульптураҕа төгүрүччү эргийэр хамсааһын наада, ол аата турар курдук эрээри, динамикалаах буолар. Таҥаһын-сабын өйбүттэн оҥоро сатаабытым – мырчыстыбытын, курун, бэргэһэтин экспедицияҕа сылдьан музейга көрбүтүм.

Айар үлэһит быһыытынан историческай чахчыны эрэ буолбакка, эбиэххэ, күүркэтиэххэ эмиэ наада буолар. Ити кэмнэргэ киинэ устубуттар эбит, миэнигэр маарыҥныыр таҥастаах оҕо турар этэ. Мин халыҥ таҥастаатахпына этэ-сиинэ көстүбэт буолан, оҕом чараастык таҥнан турар. Туора Күөлгэ Эрнест Алексеевичка хоно сытан бары – Мандар, Виталий Власов, Чээрин, Эрнест, норуот маастардара буолан – эскиз уруһуйдаабыппыт. Онно куйуур сүгэн иһэр киһи уонна да араас варианнар тахсыбыттараттара – лыахтыы сылдьар сачоктаах оҕо курдук этэ. Куйуура аллараа түһэн турара баара.

Скульптура кэпсээн буолуо суохтаах, көрөр дьон бэйэтэ толкуйдуохтаах.

Бу куйуурдуу турар оҕом манна Красноярскайга художестволар Академияларыгар уонна краевой элбэх быыстапкаларга кыттыбыта, коллегаларым скульптордар, учууталларым бары хайҕаабыттара.  Литератураҕа айымньынан инник скульптура оҥоһулла илик.

36 саастаахпар оҥорбутум – бастакы хараҥаччым. Бронзаҕа Уралга Нижнэй Тагилга Демидовтар заводтарыгар бэйэм кутан аҕалбытым. 2004 сыллаахха Сэтинньи 11 күнүгэр, Былатыан Ойуунускай төрөөбүт күнүгэр, Халамнаайыга арыллыбыта. Төннөн иһэн Суорун Омоллооҥҥо ыалдьыттаабытым. Кэргэнэ Н.С. Шепелева соторутааҕыта биһиги кэккэбититтэн бараахтаата. Омоллооннуун чэйдэппиттэрэ-аһаппыттара, кэпсэппиппит. Куйуурдуу турар оҕобун көрдөрбүтүм. Санааларын эппитэ, сурунан ылбытым, кэлин тугу эмэ суруйуом этэ...

– Суруйаҕын дуо?

– Кэмиттэн кэмигэр суруйар идэлээхпин. Үксүн бириэмэм суох буолар. Тугу эрэ саныы сылдьан атын санааҕа көтөр миэхэ ыарахан баҕайы. Холобур, оҕом, скульптурнай композиция быһыытынан дьиҥэр хайдах баарынан эттэххэ, уол оҕо Ыра санаатын аһарга кэннитигэр маҥан мрамор кынат курдук деталь бүтэ илик...

***

Билигин Василий Сивцев “Оҕо куйуурдуу турара” үлэтэ литературнай музейга турар. Музей даҕаны, СӨ култууратын министиэристибэтэ даҕаны атыылаһа иликтэр эбит. Ол аата саха искусствотыгар сүдү суолталаах үлэ миэстэтин була илик. Ааптар бырааба үлэтигэр үйэтин тухары баар, онон атыылаһыллыахтаах, кэмигэр уонна сөбүгэр сыаналаныахтаах эбитэ буолуо...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...