12.04.2024 | 18:00

Сири иилии эргийиэм!

Сири иилии эргийиэм!
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Кэбээйи Арыктааҕыттан төрүттээх Иннокентий Ноговицын бэлисипиэтинэн аан дойдуну биир гына айанныыр хоббилааҕын туһунан хас да сыллааҕыта суруйан турабыт. Иннокентий киһини кытта кэпсэтэригэр элбэх ууну-хаары эрдибэккэ, аҕыйах тылынан чуо ыйытыыга эрэ хоруйдуурун  билэр буоламмын, Кытайга тиийбититтэн саҕалаан, бассаабынан элбэх да элбэх ыйытыыларбынан көмөн туран, наадалаах информациябын хостоон ыллым. Кинини ыра санаатын олоххо хорсуннук киллэрбит дьиҥнээх авантюрист быһыытынан сыаналыыбын, сөҕөбүн, хайҕыыбын. Оннук хорсун дьон билиҥҥи үйэҕэ сэдэх.

Шахтер идэлээх уол уоппускатын аайы бэлисиэпитинэн сири-дойдуну көрөргө, айанныырга санаммыта сэттэ сыл буолбут эбит. Саха уола уопсайа 24 дойдуну кэрийдэ, 29 000 км барда. Билигин “Ханой (Вьетнам) – Улан Батор (Монголия)” маршрутунан 5412 км бэлисипиэтинэн 50 күн устата айаннаан, Монголияҕа фиништаата.

Урут 2019 сыллаахха табаарыһа, биир дойдулааҕа Данил Соловьев барса сылдьыбыта. Бу сырыыга бииргэ үлэлиир доҕоро Роман Ходулов сылдьыста – Ханойтан Шанхайга диэри 2500 км айаннаста, салҕыы Иннокентий бэйэтэ Улан Баторга бу нэдиэлэ саҥатыгар тиийдэ.

 

Айаным барыта уоппускам кэмигэр

– Вьетнам, Кытай нөҥүө Монголияҕа Улан Баторга диэри тиийдим. Быйылгы айаным сүрүн сыала-соруга – урут сылдьыбыт маршруттарбын холбооһун.

Уруккум курдук Мииринэйгэ шахтабар үлэлиибин. Билигин уоппускабар сылдьабын. Онтукам уһун уоппуска – оҕо көрөн олоруу уоппускатын ылбытым, ол оннугар кэргэним үлэлии тахсыбыта. Быыс-арыт булан уһун уоппускам кэмигэр айаннаатым.  Маннык сылдьарбар элбэх бириэмэ наада, ыллым даҕаны биирдэ сири эргийэн кэбиспэппин буоллаҕа, ол иһин кэрчиктэринэн арааран былааннаан сылдьабын.

Бэйэм үлэлээбит харчыбын мунньунан, былааннаан туттабын. Айаннарбын ким даҕаны спонсордаабат, барытын бэйэм уйунабын.

 

Киһи киһилиин өйдөһөр

– Омук тылын, английскайы оннук үчүгэйдик билбэппин, ол эрээри саҥаларын өйдүүбүн. Олох ыарырҕатаары гыннахпына, төлөпүөммэр баар тылбаасчыты туттабын. Киһи эйгэҕэ киирдэҕинэ, барытын өйдүүр, наадатын ситиһэр буолан хаалар ээ.

Кэлиҥҥи сылларга, Арассыыйаттан сылдьарбын биллэхтэринэ, кыратык хаҕыс сыһыан баар буолбута биллэр. Иллэрээ  сыл сөмөлүөттэн түһэрэн кэбиспиттэрэ баара, Арассыыйа пааспарын көрдөхтөрүнэ, отельга да киллэрбэт түгэннэрэ баар, киллэрдэхтэринэ даҕаны, тута полициялар кэлэн туохха сылдьаргын, ханна баран иһэргин туоһулаһаллар. Оннук быһаарсыыларга бириэмэм бөҕө барар. Монголияҕа киирэн дьэ “һуу” диэтим – олус үчүгэйдэр, боростуойдар.

 

Доруобуйабын көрүнэр буолан, маннык сылдьар кыахтаахпын

– Вьетнамҥа, Кытайга хас хардыы аайы аһыыр сир бөҕөтө баар, онно аһаан-сиэн сырыттым. Монголияҕа бэйэм астанан айаннаатым, 200 км тухары туох да суох иччитэх дойдута. Гааспын, солуурчахпын барытын илдьэ сылдьабын. Бэйэ аһын, биллэн турар, санаан ылабын, сахалыы мииммин ахтабын.

Доруобуйабын көрүнэбин. Көрүнэр да буолан маннык ыраах айаннарга турунар буоллаҕым дии. Оннук-маннык мээнэ буортулаах аһы сии сатаабаппын. Спордунан дьарыктаммытым уонча сыл буолла, бэлисипиэттээбэт кэммэр бастайааннай дьарыгым сүүрүү. Маннык ыраах айаннарга эт-хаан өттүнэн бэлэмнээх уонна тулуурдаах буолуохха наада. Ону тэҥэ уйулҕа өттүнэн эмиэ хайаан да бэлэм, бөҕө соҕус туруктаах буолуохтааххын дии саныыбын.

 

Саамай улахан махталым – кэргэммэр

– Бэлисипиэтим туристическай диэн буолар. Бу үһүс көлөм. Бастаан боростуой хайа бэлисипиэтинэн сылдьыбытым, онтон туристическайга көспүтүм. Үөрэтэн-үөрэтэн баран, билиҥҥи көлөбүн талбытым. Бэлисипиэппин бэйэм көрүнэбин, хараҕым харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьабын.

Кэргэним киһи кэргэннээхпин диир киһитэ. Олохпор саамай улахан өйөбүлүм. Кини өйдүүр буолан маннык сири-дойдуну кэрийэ, ырааҕынан тэлэһийэ сылдьабын. Түгэнинэн туһанан, киниэхэ улахан махталбын тиэрдэбин. Үс оҕолоохпут. Кыыспыт 13 сааһын туолар, алтыс кылааһын бүтэрэр. Улахан уолбут 9 саастаах, үһүс кылааһын бүтэрэр. Кыра уол бүгүн, мин айаммын Монголияҕа түмүктээбит күммэр, 2 сааһын туолла – кини төрөөбүт күнүн баттаһа дьиэбэр тиийиэхтээҕим сатаммата, тардыллан хааллым.

Мин сыалым – сири иилии эргийии. Билигин баран иһэр хайысхабынан, хайата көнөтүнэн, хайата кэрэ көстүүлээҕинэн маршрут оҥостон баран иһэбин. Салгыы Таджикистан, Кыргызстан. Европаҕа Испания, Италия, Франция, Португалия хааллылар. Онтон Америка, Австралия кэлиэхтэрэ. Казахстаҥҥа аҕыйах сир хаалла. Билиҥҥитэ сир шаарын улахан аҥаарын айаннаатым, кыра аҥаара хаалла.

 

Туохтан да тутулуктаах буолумаҥ

– Билигин айаммын түмүктээн, Улан Батортан Иркутскайга, Иркутскайтан Мииринэйгэ дьиэбэр көтөн тиийэбин.

Виза өттүн кэпсээтэххэ, саамай ыарахан уонна өр Европа киэнэ оҥоһуллар этэ. Сылдьыбыт сирдэрим үксэ визата суохтар. Бу Кытайынан барарбар Дьокуускайга виза оҥотторбутум. Сингапурга сырыыбар виза мачайдаах соҕустук этэ, уоннааҕылар кыраныыссаҕа бэйэтигэр миэстэтигэр оҥоһуллаллар.

Маннык “дикарем” сылдьар наһаа үчүгэй! Биирдэ кэргэмминиин турфирматтан путевка атыылаһан Тайлаҥҥа бара сылдьыбыппыт. Киһи гостиницатыгар бааллан хаалар эбит дии санаабытым. Бэйэҥ сылдьар буоллаххына, ханна тиийдиҥ да, хонон туруоххун сөп.

Харчы өттүнэн көрдөххө, аһара кэмчилиибин диэбэппин, ортотунан туттабын. Харчыны аһара кэччэнэр, наар кыратык тутта сатыыр эмиэ сыыһа. Ол иһин сири-дойдуну көрүөххүтүн баҕарар буоллаххытына, бэйэҕит сылдьа сатааҥ, туохтан да толлумаҥ диэн сүбэлиэм этэ.

Мин дьиэҕэ олорорбун абааһы көрөбүн. “Үлэ-дьиэ-үлэ” маршрутунан олорор миэнэ буолбатах курдук. Кыра сылдьаммын тэлэбиисэргэ ханнык эрэ биэриигэ биир ньиэмэс аан дойдуну кэрийэн маннык сылдьарын көрөн наһаа сөхпүтүм уонна оҕо эрдэхпиттэн айанньыт буолуохпун баҕарбытым. Төбөбөр ол санаабын киллэрэн баран ыһыкта иликпин, сааһырыахпар да диэри ыһыктарым биллибэт. Уонна аҕам эр киһиэхэ тулуур уонна дьулуур диэн өйдөбүллэр хайаан да баар буолуохтаахтарын туһунан этэрэ, туруоруммут сыалгын ситиһиэхтээххин диирэ, оннук киһини иитэн таһаарбыт быһыылаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...