04.08.2021 | 19:00

Сир аһын хаһан хомуйабыт?

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2008 сыл тохсунньу 31 күнүнээҕи 550-З 1115-III №-дээх “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ойуур сыһыаннаһыыларыгар кэккэ боломуочуйалары толоруу туһунан” регионнааҕы сокуоҥҥа олоҕуран уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин экологияҕа министиэристибэтин дьаһалынан, Саха сиригэр сир аһын хомуйуу быйылгы болдьоҕо бигэргэннэ.

Быйыл  минньигэс амтаннаах дьэдьэни от ыйын 10 күнүттэн Аммаҕа, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа уонна Намҥа хомуйар көҥүллэнэр. От ыйын 12 күнүттэн Чурапчы, Сунтаар уонна Хаҥалас улуустарыгар дьэдьэн көҥүллэммитэ.

Сугун болдьоҕо хайдаҕый?

От ыйын 20 күнүттэн сугуҥҥа көҥүл бэриллэн турар.

Моонньоҕон быйыл үүнүүһү дииллэр, ол эрээри омуннаах дьоннор сиикэйдии хомуйан кэбиһэллэр. Ити буолан болдьоҕо хаһыстан эбитий?

Моонньоҕон хоту улуустарга атырдьах ыйын 5 күнүттэн саҕаланар. Бүлүү эҥэр улуустарга атырдьах ыйын ортотуттан хомуйар көҥүллэнэр. Кырдьык, омуннаахтар эрдэ үргүүллэр.

Отон хаһааҥҥыттан ситэр этэй?

Дьиҥинэн, атырдьах ыйын 27-28 күннэригэр ситэр, хомуйуохха сөп буолар. Болдьоҕо атырдьах ыйын 20 күнүттэн саҕаланар. Отон саамай тулуурдаах сир аһа буолан, хойукка диэри сытар. Балаҕан ыйын 10-11 күнүгэр уулаах отон хаалар, сорох дьон уулаах эрэ отону хомуйарын ордорор.

Тэллэйгэ быйыл хааччахтааһын баар дуо?

Суох. Ол эрээри, тэллэй быйыл суох диэн билгэһиттэр билгэлээбиттэрэ. Хомойуох иһин, кураан дьылга-уокка сир аһа мөлтөх буолар.

Ыт тиҥилэҕин Бүлүү эҥэр хаһааҥҥыттан хомуйалларый?

Кырдьык, бу эриэккэс сир аһа бу эҥэр хоту үүнэр. Номнуо, от ыйын 18-20 күннэриттэн хомуйан саҕалаабыттара.

Кедр эриэхэ хаһааҥҥыттан хомуллан саҕаланарый?

Атырдьах ыйын 25 күнүттэн биирдэ көҥүллэнэр, сорох улуустарга балаҕан ыйын 1 күнүгэр биирдэ буһар, ситэр. Сиикэйи хомуйар табыллыбат.

От атыылаһыллар сыаната төһө буолла?

Сыананы салайыы федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн оҥоһуллар. Биир туонна үрдүк суортаах от сыаната 6 000 солкуобайынан быһыллыбыт. Атыылааччы уонна атыылаһааччы бэйэлэрин икки ардыларыгар дуогабар сыһыаннарын олохтуулларыгар бу суумматтан тутулуктаналлара ирдэнэр. Манна эбии оту тиэйии, тустаах аадырыска тиэрдэн биэрии төлөбүрэ эбиллэр. Ол атыылааччыттан бэйэтиттэн тутулуктаах. Биллэн турар, уматык сыаната ыараан турар, ол инниттэн тиэрдэн биэриигэ сыаната лаппа үрдүүр.

Ынах төбөтүгэр 35 тыһыынча ылбыт киһи ынаҕын өлөрүө суохтаах диэн, ол эрэн ынах ыалдьан, дэҥнэнэн өллөҕүнэ хайдах буолар? Харчытын төннөрөр? Эбэтэр ыспараапка аҕалар?

Ыанар ынах төбөтүгэр көрүллүбүт 35 тыһыынча солкуобайы ынах ыалдьан, дэҥнэнэн өллөҕүнэ төннөрүллэр дуо диэн ыйытыы үгүс киһини долгутар. Бу ыйытыыга тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччыта Татьяна Осипова маннык хоруйдуур:

Бу механизм үлэҕэ киириэн инниттэн бэлэмнэнии үлэтэ барбыта. Күн бүгүн бу бэриллэр харчы,  олохтоох бэйэни салайаныы уорганнарын бүддьүөтүгэр кэлэр. Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара бэйэлэрэ правовой аакталары бигэргэтэллэр. Кинилэр бэрээдэктэригэр бу этиллэр боппуруоһу эмиэ көрүөхтэрин сөп. Холобура, сүөһү чахчы ыарыыга ылларан өлүөн сөп, дэҥнэнэн өлүөн сөп о.д.а., оччоҕуна манна миэстэтигэр аакта оҥоһуллуохтаах, бэтэринээр ыспараапката бигэргэтиллибит буолуохтаах. Дьэ, оччоҕуна субсидияны ылбыт киһи итинник эппиэтинэстэн эмиэ төлөрүйүөн сөп.

Кымаайыттан хайдах куотунабыт? Ханнык эрэ сетканы наһаа сэргииллэр этэ, аатын умнан кэбистим. Мантан сайын сир астыам этэ да, үөн-көйүүр элбэҕэ бэрт.

Бу сеткабыт аата (СЕТКА ПАВЛОВСКОГО) диэн ааттаах, кырдьык наһаа элбэх киһи билбэт сетката. Боростуойдук быһаардахха, кымаайыны чугаһаппат сетка. Ойуурга сир астыы барарга туох да ааттаах. Киин куоракка буруо-тараа элбэҕэ бэрт буолан, аара суолга үөн көйүүр эмиэ элбэх. Мин билэрбинэн сетка икки фирмата баар, Дьокуускайга атыыланарынан. Сыттаах сетка “Москитнет” диэн ааттаах,  бу анал спрейдаах сетка. Онтон иккис сеткабыт сыта суох эбит, кини “КЕДР” диэн суруктаах, бааҥкаҕа пропиткалаах.

Хаһыс эмэ сылларын тутта сылдьар дьоннор этэллэринэн, сыттаах сетка икки сыл чопчу туттуллар чинчилээх. Хаппатын диэн иһитигэр уга сылдьыахха наада. Сыта, биллэн турар сотору кэминэн сүтэр, дьэ, оччоҕуна спрейинэн күүскэ ыстаран биэрэҕит уонна сыта тахсыбатын курдук хаппахтыыгыт.

 

Күһүҥҥү бултка-алтка болдьох хайдаҕый?

Саҥа быраабыланан балаҕан ыйын 15 күнүттэн тайаҕы бултааһын болдьоҕо. Санатан эттэххэ, урукку сылларга алтынньы 1 күнүттэн көҥүллэнэр буолара. Билигин, тыһыта-атыыра, оҕото диэн арыхсыбат буолла, ол инниттэн, аҥаар кырыытыттан бултуохха сөп. Ол да буоллар, баһаарынан сибээстэн кыыл-сүөл да ахсаана аччаабытын бары билэ сылдьабыт. Болдьох быдан инниттэн бултаатаххытына, улахан кээмэйдээх ыстараапка уонна сааҕытын былдьатарга күһэллиэххит.

Хара тыа иччитин, хардаҥ эһэни бултууру атырдьах ыйын 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри болдьообуттар. Тыатааҕыны, арҕаҕар сытар кэмигэр бултуур инниттэн, болдьох күнэ уһаан биэрбит. Манна туһаайан эттэххэ, оҕолоох тыһы тыатааҕыны уонна бииригэр диэри саастааҕы бултуур көҥүллэммэт.

Туртаһы атырдьах ыйын 20 күнүттэн балаҕан ыйын 20 күнүгэр  диэри бултуур кэм анаммыт.

Кыыл табаны атырдьах ыйын 1 күнүттэн кэлэр сыл тохсунньу 31 күнүгэр диэри эрэ көҥүллэнэр. Урукку сылларга кулун тутар 15-гэр диэри көҥүллүүллэр этэ.

 

Отчукка сүбэ

Кыраабыл тииһэ уһуннук үлэлээтэҕинэ лаппа токуруйар, сыппыыр, быстар-остор. Оччоҕо оту да кыайан муспат, үлэ да тохтуур. Саҥа хотууру угар олордуоҥ иннинэ тэһиинниэххэ наада, оччоҕуна оккут чочураабыт буолуо. Тэһииҥҥит 15 эбэтэр 20 кээмэйдээх тоҕоһолор буолуохтаахтар. Кыраабыл тииһин кытыан умнаһын хатардаххытына уһуннук сулууспалыыр дииллэр эбит. Хотууру бурууһунан сытыылыах оннугар, хатат тимири уонна игиини туһанын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....