Сиэрдээхтик сыаналанар кэмэ кэллэ
Мин Василий Иннокентьевич Кононовы кытта 1993 сыл күһүнүгэр билсибитим. Ол сыл улахан уолбут Коля күүстээх тургутууну ааһан, Дьокуускай куоракка 1992 сыллаахха аһыллыбыт Саха национальнай гимназиятыгар чуут хабыллан, 1 «а» кылааска үөрэнэ киирбитэ.
Биһиги дьолбутугар, кини билигин РФ үтүөлээх учуутала, “Норуот билиниитин ылбыт 10 учуутал” кинигэ дьоруойа, «Айыы кыһата» национальнай оскуоланы тэрийэн, дириэктэрдиир Лидия Петровна Шамаева салайар кылааһыгар түбэспитэ. Учууталбыт оҕо кыра сааһыттан төрөөбүт тылынан үөрэнэн, сахалыы кута-сүрэ, өйө-санаата, айылгыта кэһиллибэккэ, билиитэ-көрүүтэ хаҥыырыгар, араас дьоҕура сайдарыгар бары күүһүн уурара.
Лидия Петровна кылааһын оҕолоро В.И. Кононов салайыытынан нуучча дуобатынан дьарыктаналларын көҕүлээбитэ. Ити курдук, Саха сиригэр дуобат спорда сайдарыгар олоҕун анаабыт талааннаах тренери, үтүө киһини кытта өр сыллаах алтыһыым саҕаламмыта.
Кини Хаҥалас улууһун Бөртө нэһилиэгэр 1948 сыллаахха элбэх оҕолоох Куонаанаптар дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Тыа сирин сэмэй уолчаана оскуолаҕа 8-с кылааска үөрэнэ сылдьан дуобат оонньуутун сөбүлээн, ол кэмҥэ бэрт сэдэх дуобат кинигэлэрин булан, хомуйан, эрчийэр тренерэ суох бэйэтин сүрэҕин баҕатынан дьарыктанан киирэн барбыта кытаанах санаалааҕын, дьаныардааҕын көрдөрөр.
Орто оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн баран аармыйаҕа сулууспалаан, дойдуга ытык иэһин төлөөн кэлбитэ уонна СГУ историко-филологическай факультетыгар историяны үөрэтэр салааҕа туттарсан киирбитэ. Баардаах баардааҕа батарбакка, университекка аатырбыт дуобат маастара Николай Саввинов тэрийбит куруһуогар утумнаахтык дьарыктаммыта. Сыралаах дьарык түмүгэ сыыйа-баайа биллэн барбыта. Ол курдук, 1974 сыллаахха Доннааҕы Ростов куоракка “Спартак” уопсастыба күрэхтэһиитигэр спорт маастарыгар кандидат нуорматын толорбута.
Университеты бүтэрэн баран 2 сыл Чокуурдаахха идэтинэн учууталлаабыта. Оттон киин сиргэ эргиллэн кэлэн дуобатынан дьэ олохтоохтук дьарыктанан барбыта. 1977-1988 сылларга “Спартак” уопсастыба уобаластааҕы сэбиэтин тэрийэр салаатыгар оройуоннары кытта үлэни сүрүннүүр исписэлииһинэн үлэлээбитэ.
Бу сылларга өрөспүүбүлүкэ күүстээх дуобатчыттарын ахсааныгар киирбитэ, бииртэн биир үрдүк ситиһиилэр кэлэн испиттэрэ: 1978 сыллаахха Саха АССР чемпионун аатын сүкпүтэ, 1980 сыллаахха ССРС спордун маастара буолбута, 1981 сыллаахха “Спартак” уопсастыба Бүтүн Сойуустааҕы күрэхтэһиитигэр үһүс призердаабыта, өрөспүүбүлүкэ “Спартагар” үстэ бастаабыта, 1984, 1986, 1988 сылларга Бүтүн Сойуустааҕы “Харьков сааһа” дуобат бэстибээлин кыайыылааҕа буолуталаабыта.
1980-с сыллар ортолоруттан 1993 сылга диэри Саха сирин дуобатын Федерациятын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Дуобакка ыытыллар бары күрэхтэһиилэр: профсоюзтар спартакиадалара, оҕолор, улахан дьон, бэтэрээннэр, инбэлииттэр күрэхтэһиилэрэ — кини быһаччы тэрийиитинэн, салайыытынан ыытыллаллара. Сүүһүнэн ыччат, тыһыынчанан оҕо бу сылларга дуобат эйгэтигэр тардыллыбыта, соҕурууттан дуобат улахан теоретиктара А. Кандауров, А. Шварцман, Л. Чубаров, Ю. Павлов ыҥырыллан кэлэн дьарыктаабыттара. Анал идэлээх тренердэри таһынан элбэх энтузиаст улуус аайы куруһуоктары тэрийэн үлэлэппиттэрэ.
Дуобат өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустуу кэнниттэн спорт иккис көрүҥэ буолбута, оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо Арассыыйа, Европа, аан дойду таһымыгар үрдүк ситиһиилэр кэлиилэригэр дьоһун олук оҥоһуллубута.
1987 сылтан ыла В.И. Кононов Дьокуускай куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатыгар тренердиир үлэтин саҕалаабыта. Ол үлэтэ үрдүк түмүктэрдээх буолбута, Василий Иннокентьевич тренерскэй талаана чаҕылхайдык арыллыбыта. Бастакы көлүөнэ үөрэнээччилэриттэн Бэргэн Никитин, Петя Борисов, Павел Попов, Ваня Макаров, Алина Семенова, Света Попова курдук күүстээх дуобат спордун кандидаттарын бэлэмнээбитэ. Бу оҕолор Арассыыйа үөрэнээччилэрин хамаанданан күрэхтэһиилэригэр 1993 сыллаахха иккис миэстэни ылбыттара, эһиилигэр бастаабыттара, онон дойду чиэһин аан дойду чемпионатыгар көмүскээн, иккис миэстэлэммиттэрэ. Василий Иннокентьевич 1995 сыллааҕы үлэтин түмүгүнэн “Сыл чулуу тренерэ” үрдүк ааты сүкпүтэ.
В.И. Кононов иккис көлүөнэ үөрэнээччилэрэ Рома Петров, Коля Хараев, Коля Стручков, Герман Стручков, Гоша Петров, Ганя Шеломов, Ньургун Налыяхов, Вася Куличкин, Коля Гермогенов, Яна Ермолаева, Айта Яковлева, Сардана Аржакова өссө үрдүк ситиһиилэммиттэрэ. Кинилэртэн нуучча дуобатыгар 4 төгүллээх аан дойду (2006, 2007, 2013, 2014), Европа (2016), Арассыыйа (2013, 2022), Саха сирин (2023) чемпионнара, аан дойдутааҕы гроссмейстер Николай Стручков, аан дойдутааҕы Интеллиада (2012) үрүҥ көмүс призера, Арассыыйа 100 харахтаах дуобатка (2014) эр дьоҥҥо, Саха сирин 4 төгүллээх (2017, 2018, 2019, 2021) чемпиона аан дойдутааҕы гроссмейстер Николай Гермогенов, аан дойду (2004), Европа (2003) 100 харахтаах дуобатка кадеттарга үрүҥ көмүс призера, Арассыыйа юниордарга чемпиона (2007), 2004 сыллаахха 16 сааһыгар 64 уонна 100 харахтаах дуобатка өрөспүүбүлүкэҕэ эр дьоҥҥо уонна уолаттарга чемпионнаабыт спорт маастара Герман Стручков иитиллэн тахсыбыттара.
Билигин үһүс көлүөнэ дуобаччыттар — Андрей Пермяков, Ян Пермяков, Ваня Карамзин, Илья Гаврильев, Айаар Тимофеев, Витя Трофимов, Эргис Яковлев, Андрей Гаврилов, Катя Григорьева, Ангелина Скрябина, Полина Петрова — балачча үрдүк ситиһиилэннилэр. Кинилэртэн өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа, Европа, Азия, аан дойду мини-кадеттарга, кадеттарга түһүлгэлэрин чемпионнара, призердара таҕыстылар. 2017 сыллаахха Арассыыйа үөрэнээччилэрин хамаанданан күрэхтэһиилэригэр бастаабыттара, 2018 сыллаахха боруонса мэтээлгэ тиксибиттэрэ.
Василий Иннокентьевич таптыыр дуобатыгар оонньуурун билигин да тохтоппот, бэтэрээннэр турнирдарыгар куруук кыттар, үксүгэр миэстэлэһэр. 70 сааһын туолан баран 2018 сыллаахха Болгария Кранево куоратыгар 15 дойдуттан кэлбит бэтэрээннэр аан дойдутааҕы турнирдарыгар гроссмейстердар Молдоваттан Ион Доска, Израильтан Юрий Кириллов кэннилэриттэн үһүс миэстэҕэ тахсан сөхтөрбүтэ да, үөрдүбүтэ да.
В.И. Кононов өссө биир талааннаах үөрэнээччитэ, доҕоро, инбэлииттэргэ дуобатка аан дойду чемпиона, Арассыыйаҕа элбэхтэ бастаабыт П.П. Ушницкай Саха сириттэн онус киһинэн гроссмейстер үрдүк аатын ылары ситиспитэ. Эрчийэр оҕолоро бэрт кылгас кэм иһигэр инбэлиит оҕолорго Арассыыйа, аан дойду чемпионнара уонна призердара буолан, Петр Петрович тренер үлэтигэр чахчы дьоҕурдааҕын көрдөрдүлэр. Аҕыйах хонуктааҕыта, ыам ыйын 19-31 күннэригэр, Турцияҕа доруобуйаларыгар хаарчахтаах спортсменнар 100 харахтаах дуобатка 5-с Аан дойдутааҕы чемпионаттарыгар үөрэнээччитэ Александр Ефимов сүрүн оонньууга эр дьоҥҥо чемпионнаан, Арассыыйа гроссмейстерын нуорматын толордо.
Василий Иннокентьевич үөрэнээччилэрин эрэ буолбакка, кинини кытта бэрт кылгас да кэмҥэ алтыспыт дьону көнө сүрүннээҕинэн, куруук кырдьыгы өрө тутарынан, дьиҥ сахалыы үтүө майгытынан бэйэтигэр тардар, дириҥ ытыктабылы үөскэтэр дьикти айылгылаах. Кини сүбэтинэн, көмөтүнэн үгүс эдэр ыччат Дьокуускай куорат араас үөрэҕин кыһаларыгар үөрэнэн, туһалаах идэлэри баһылаан, олохторун суолун оҥостубуттара элбэх. Дьарыктаабыт оҕолорун, кинилэр төрөппүттэрин кытта сибээһин хаһан да быспат, куруук билсэ-көрсө сылдьар.
В.И. Кононовка дьарыктана сылдьыбыт оҕолор билигин үксүлэрэ киэҥ билиилээх-көрүүлээх, кыайыгас-хотугас үлэһит дьон, дьоһун-мааны ыаллар аҕалара-ийэлэрэ буолан олорон тренердэригэр махталлара муҥура суох. Былырыын бэс ыйын 22 күнүгэр Саха сирин тэлэбиидэнньэтин “Тэтим чааһа” биэриитигэр үөрэнээччилэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр тэрилтэлэр дьоһун үлэһиттэрэ Петр Борисов, Павел Попов, гроссмейстердар Петр Ушницкай, Николай Стручков Василий Иннокентьевич пенсияҕа тахсарынан итии-истиҥ махтал тылларын эппиттэрэ. Иван Макаров, Яна Ермолаева видеосибээһинэн эҕэрдэлээбиттэрэ.
В.И. Кононов эйэлээх дьиэ кэргэн амарах аҕата, тапталлаах эһэтэ. Кэргэнэ Полина Петровна СГУ физико-математическай факультетын бүтэрэн баран идэтинэн учууталлаабыта. Сааһыран баран кэргэнин өйүүр сыаллаах Дьокуускай куорат оҕолору сайыннарар киинигэр дуобат куруһуогун салайан ыыппыта. Билигин сиэннэрин бүөбэйдээн бочуоттаах сынньалаҥар олорор. Кыыстара Надя ХИФУ психологическай факультетын бүтэрбитэ, идэтинэн үөрэх эйгэтигэр үлэлиир. Кэргэннээх, икки кыыс оҕолоох.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тренерэ, “Саҥа көлүөнэ” спорт бырагырааматын аһымал пуондатын 2009 сыллааҕы лауреата, олоҕун Саха сиригэр дуобат спорда сайдарыгар анаабыт спорт маастара В.И. Кононов от ыйын 15 күнүгэр өрөгөйдөөх 75 сааһын томточчу туолла.
Ытыктабыллаах Василий Иннокентьевиһы үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибит, саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэнигэр дьолу-соргуну баҕарабыт.
Дуобат спордун сүгүрүйээччилэрэ талааннаах тренер В.И. Кононов Саха сиригэр дуобат чэчирии сайдарыгар, аан дойду таһымыгар эрэллээхтик тахсыытыгар уһулуччулаах кылаата сиэрдээхтик сыаналанар кэмэ кэллэ дии саныыбыт. СӨ спорка министиэристибэтэ, Дуобат федерацията В.И. Кононовка Арассыыйа үтүөлээх тренерин аатын иҥэрэргэ сытыытык, дьулуурдаахтык туруорсуохтара диэн эрэнэбит.