Сиэгэйэ удаҕан
(Иккис кэпсэтии)
Айылҕаттан уратытык, дьиктитик көрөр дьону киһи кэпсээн, номох оҥостор буолар. Быйыл саас хаһыакка тахсыбыт СИЭГЭЙЭЛИИН кэпсэтиибитин элбэх киһи сэҥээрэн аахпыта. Сорохтор кэлин: “Иккис чааһа хаһан тахсарый? Салгыытын ханна ааҕабыт?” – диэн ыйыталаһан барбыттара. Ол саҕана УДАҔАН миэхэ: “Кэпсэтиибит иннибитигэр турар” – диэн баран, харахпар туох буолуохтааҕын көрдөрөн ааспыта.
(Бастакы чааһын хаһыат кулун тутар 26 күннээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)
МИН ИСПЭР СЭТТЭ КИҺИ ОЛОРОР
-Сиэгэйэ, дорообо! Ааҕааччылар көрдөһүүлэринэн тиийдим. Алы гынар инигин? Салгыы иккис чааспытын арыйыах эрэ.
-«Киин куорат» ааҕааччылара, дорооболоруҥ.
-Ааспыкка: “Эн искэр хас киһи олорор?” – диэбиппэр сибээспит быстан хаалбыта. Онтон тоҕо эрэ кыыл-сүөл саҥата кулгаахпар иһиллэн ааһарга дылы гыммыта.
-Мин испэр олус элбэх киһи тыына сытар, чопчулаан эттэхпинэ, сэттэ киһи олорорун билэбин. Сырыы ахсын атын-атын дьон тахсан кэлэллэр, ардыгар бэйэбин хонтуруоллаабаппын. Сорох дьоннору төрүт да билэттээбэппин, кэпсииллэрин соччо сөбүлээбэттэр. Куруук кинилэр куттара уларыйа сылдьар буолан үөрэммиппин. Арыт куоластыын, туттардыын-хаптардыын уларыйан ылааччыбын. Бэйэни салайынарга наһаа элбэх эниэргийэ наада, ыраас салгын уонна тыын былдьаһыга буолар. Ардыгар уол оҕо тахсар, сороҕор кыыс ааһар, аҕам саастаахтар эмиэ бааллар.
-Кинилэри эн салайдаҕыҥ дии?
-Мин салайбаппын, бэйэлэрэ орто дойдуга киирэн ааһаллар. Кыыһырдахпына, тириибин уларытабын. Дьон-дьон араас, күүс онно тэҥнэммэт.
-Элбэх киһи эн кыыл буоларгын интэриэһиргээбит этэ...
-Кистэлэҥ күүстэрим көмөлөһөөччүлэрим, кыылларым тустарынан халтайга кэпсээбэппин. Ол да буоллар, биир түбэлтэни арыйыым. Биирдэ маҥан табачааҥҥа кубулуйан, ойуурбун кэрийэ, сүһүөхтэрбин имитэ диэн ойуурга баран хааллым. Арай онно көрдөхпүнэ саанан кыҥаан турар харахтары көрдүм, киһитин бэйэтин көрбөппүн, харахтарын эрэ өйдөөн хааллым. Үстэ ыппытын кэннэ куоттум, мин дьолбор табыллыбатым. Нэдиэлэ буолан баран ол харахтарбын уулуссаҕа көрсө түстүм уонна ыйыттым: “Нэдиэлэ анараа өттүгэр тоҕо ытыалаатыҥ?” Киһим уун-утары туран: “Тайахтары”, – диэн хоруйдаата. “Суох! Атыны ыппытыҥ”, – диибин. Киһим соһуйбут хараҕынан көрөн баран этэр: Ээ, биир сып-сырдык, кэрэ көстүүлээх таба бииһин ууһа турарын ыппытым. Итинник кыылы саҥа көрдүм”, – диэтэ. Онтон: “Өлөрдүҥ дуу?” – диэн ыйыппыппар: “Таппыт курдук этим да, турбут сиригэр тиийбитим, хаарга суола да суох этэ”. Уонна, хата, бэйэбин мөҕөн киирэн барда: “Тоҕо итинник сылдьаҕын?! Алҕас өлөрөн кэбиһиэхтэрин сөп”, – диэтэ.
-Сири-дойдуну төһө кэрийэҕин?
-Кэрийэрбин аччатан турабын, барар да буоллахпына иннинэн сирэйдээхтэр тиийбэт сирдэригэр – хайаларга, дьааҥыларга баран кэлэбин.
(Эмискэ Сиэгэйэни бу олорор хоспор бааргын биллэрэн аас эрэ диэн көрдөстүм. Соччото суох быһыы-майгы буоллар да, Сиэгэйэ: “Кэтэс, билигин баар буолуом эрээри, кэлин куттана сылдьаайаҕын”, – диэтэ. Кэннибинэн олорон санным ыараабытынан барда уонна түннүккэ турар сабыыларым улам-улам тэлибирээн киирэн бардылар, тымныы салгын саба биэрдэ – Аапт.).
ОНКОЛОГИЯНЫ ЭМТЭЭҺИН
-Сиэгэйэ, аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт ыарыы иннинэ бастакы миэстэҕэ онкология турар дииллэр. Эн бэйэҥ уопуккун кэпсии түһэриҥ буоллар.
-Онкология туһунан кэпсиир буоллахха, маннык этиэм этэ, араак ыарыыта биллэрбэккэ, эмискэ сиирин бары бэркэ билэбит. Ааспыкка этэн аһарбытым курдук, араак бириигэбэр буолбатах, киһи эрдэттэн биллэҕинэ кыайар ыарыыта, ону умнумаҥ! Билиҥҥи дьаалхааннаах кэмҥэ утуйар ууну амаайбыт ыарахан ыарыы бу баар! Араак – кырыыс.
Биһиги, аныгы көлүөнэ дьоно, наһаа элбэхтэ сыыһа-халты туттабыт. Бүгүн мин араагы хайдах кыайбыппын сэгэтиэхпин баҕарабын. Бэйэбин киһинэн ааҕынабын уонна бэйэбин бэйэм эмтэммитим...
Алтыс оҕом кэннэ араагынан ыалдьыбыккын диэни истэн улахаҥҥа уурбатаҕым, төбөбөр тымныйыы ыарыытын курдук тоҕо солоон ааспыта. Кэм ааспытын кэннэ сыыйа-баайы бэйэбиттэн ылҕанар этим. Онтум туос хара чалахай курдук этэ, ылҕанарым аччаатар аччаан испитэ, сыл буолан баран отой да сүтэн хаалбыта. Балыыһаҕа тиийэммин анаалыс туттарбытым. “Ыарыыҥ суох буолбут”, – диэбиттэрэ. Бу санаатахпына, эмтиэхтээх ыарыыбын бэйэбин ыарытыннараннар үтэн-анньан көрөн үөрэппит эбиттэр. Онтон ыла кыра-кыралаан араак ыарыыны эмтээн саҕалаабытым. Билигин эмтэммит дьонум, эмтии сылдьар дьонум элбэх. Миигин эмтээ, дьоҥҥун атахтарыгар туруор диэннэр анаан, дьылҕа ыйааҕын кэтэрдэн түһэрбиттэрэ.
Ханнык баҕарар ыарыы кырыыс буолар.
Киһини кырааһын икки атахтаахха саамай бүтэһик хаачыстыба буолар. Манна этиэм этэ: кырыы турар киһи, бастатан туран, бэйэтигэр, ону ааһан оҕотугар-уруутугар куһаҕаны оҥостор. Ол эппитэ-тыыммыта барыта бэйэтигэр эргиллэн кэлэр, төһө да саҥардар, маны тохтотор туох да суох. Ол иһин сыыһаны оҥорумаҥ!
ХААНА ХАРААРБЫТ ДЬОНУ АТАҔАР ТУРУОРУОХХА СӨП
-Биһиги дойдубутугар иккис миэстэни инсульт ылар. Кырдьыгы, кистээбэккэ эттэххэ, олоҕу саҥа олорон иһэр эдэркээн оҕолор кытта инсууллуур буоллулар.
-Инсульт сүрэх-тымыр ыарыытыгар киирсэр. Киһи сүүрэ-көтө сылдьан эмискэ ыалдьар. Ыарахан, олоҕу аймыыр ыарыы буоларын үксүбүт билэр буолуохтаах. Аан дойдуга хас 1,5 мүнүүтэ аайы биир киһи инсууллуур. Ону таһынан инсультан өлүү ахсаана биһиги дойдубутугар маҥнайгы миэстэҕэ сылдьар. Ыалдьыбыт киһи 30%-на туора киһи көмөтүгэр наадыйар, 20%-на орон-тэллэх киһитэ буолар. 8 эрэ бырыһыана толору үтүөрэн, урукку олоҕор төннөр... Инсульт хаан киртиийититтэн тахсар. Хаана хараарбыт киһини атаҕар туруоруохха сөп... Улахан, күүстээх үлэ көмөтүнэн.
Хас биирдии киһи тус-туһунан абааһылаах. Сорох абааһылар ыарыы төрдө буолаллар, ону идэлээх дьон көрөн кыйдаан, ыраастаан биэрэбит, оччоҕо ыарыы абааһыта тэйэн, ыалдьыбыт киһи көнөн, үтүөрэн барар кыахтаах.
НОРУОТ ТӨРӨӨБҮТ СИРИГЭР ТӨННҮӨҔЭ
-Билиҥҥи кэмҥэ саамай тыын боппуруоһунан, арааһа, дьон тас куораттарга, дойдуларга көһүүтэ буолла. Кэлиҥҥи кэмҥэ наһаа элбэх киһи дойдуларыттан көстүлэр.
-Ким кыахтаах, олоххо интэриэстээх – ол сайдыы суолун батыһар. Сир иэнэ киэҥинэн киэҥ эрээри, барыта араарыллан сытар. Сайдыы, нус-хас олох суох буолан, дьон көһөр буолла. Саха сиригэр сайдыы өссө да кэлэрэ иннигэр турдаҕа, аҕыйах кэминэн ити барбыт дьон төттөрү алаастарыгар төннүөхтэрэ.
ЫТЫК СИРДЭР УОННА СИЭР-ТУОМ
-Ытык миэстэлэри, хайалары дабайыы төһө суолталааҕый, туһалааҕый?
-Туһалаах. Туһалааҕын таһынан, эппиэтинэстээх. Киһи санаатын кыаҕа алыс күүһүрэн хаалар, сиэри-туому тутуһан, өйдөөн-төйдөөн сылдьыахха сөп. Ол эрээри, аныгы кэм дьонугар сиэр-туом умнуллан эрэр, дьон билбэтэ элбэх. Оҕолорбут түүн күүлэйдии диэн тахсаллар. Ити олох сыыһа. Былыр мин эбэм күн түстэ да, таһырдьа тахсары бобор буолара. Абааһы тахсар кэмэ диэн. Сиэри-туому тутуһа үөрэниэхтээхпит, үөрэтиэхтээхпит.
Дьиэ хаһаайкалара сиэрдэрин-туомнарын билбэттэриттэн киһи хомойор эрэ, эр киһиттэн дьахтар өндөс туруо суохтаах. Былыр-былыргыттан, өбүгэ саҕаттан эр киһи дьахтарга батталга олорботоҕо, эр киһи дьахтартан төбөнөн өндөс туруохтаах. Ону өйдүүргүтүгэр ыҥырабын. Маннык кыһалҕа билигин хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ турар буолла, сытыы боппуруос.
АА-ДЬУО СААҺЫЛАНЫА
-Коронавируспут кэннигэр туох саһан, бүгэн сытарын ким даҕаны билбэт.
-Уларыйыылар тахсыахтара, айылҕабыт кыралаан ыраастана турар кэмэ үүннэ. Үп-харчы уларыйыахтаах, барыта аа-дьуо сааһыланан, орун-оннугар буолуоҕа.
-Аһыы утаҕынан үлүһүйүүнү эмтииргин эмиэ истибитим.
-Эмтиибин. Эмтэммит киһиэхэ эпиэтинэһэ олус улахан. Дьон ону толкуйдуу-толкуйдуу аһыы утах абааһытын быстарыахтаахтар. Сороҕор абааһытын кыйдаабытын да кэннэ дьайыылаах буолааччы.
Түҥ былыргыттан УДАҔАН уонна ОЙУУН ааттара мээнэ кэпсэммэт буолара. Билигин даҕаны айдарыылаахтар көннөрү киһитээҕэр быдан үрдүк кэрдиискэ тураллар. Инньэ гынан, киһи ылла да, курдары көрө сылдьар дьоҥҥо барбат. Эрдэттэн толкуйданан, инникитин өйдөөн туран тиийэрэ ордук.
Биир бэйэм Сиэгэйэҕэ инчэҕэй эттээх тулуйбат кэпсээннэрин икки балаһа тухары сырдаппыккар, дьиҥ олох оҥоһуутун ыйбыккар уонна ураты дьон биһиги кэккэбитигэр баалларын биллэрбиккэр махталбын тиэрдэбин.