СИЭГЭЙЭ УДАҔАН
Айылҕалаах дьоммут бэйэлэрэ төгүрүк сыл устата дьон-сэргэ кыһалҕатынан үлэлииллэр, эмтииллэр, арчылыыллар, ону таһынан дойдуга буола турар быһыыны-майгыны билгэлииллэр. Бүгүн биһиги хаһыаппыт, аан дойду атыйахтаах уу курдук аймана турар кэмигэр, айылҕаттан ураты талааннаах, сүдү күүстээх удаҕаны кытта кэпсэтиитин таһаарар. Кини – Туйаара Иванова-Сиэгэйэ.
/Кэпсэтии хайдах баарынан таҕыста/
Бу кэпсэтэ олорон дьиҥ-чахчы чараас эйгэ баарын эппинэн-хааммынан дьэ биллим. Сиэгэйэлиин кэпсэтии, дьиҥинэн, эрдэ тахсыахтааҕа эрээри, үрдүкү айыылар туора-маара хааамтаран, таһаартарбатахтара...
– Туйаара, хайа улуустан төрүттээххиний? Удьуоруҥ? Төрүччүгэр айылҕалаах дьон баар этэ дуо?
- Сахам дьоно, үтүө күн буолуохтун! Мин 1980 с. Алдан улууһун Угоян сиригэр төрөөбүтүм. Ыал улахан оҕото буолабын, анныбынан бырааттаахпын уонна балтылаахпын. Манна мин эбээм Тааттаттан, эһэм Ньурбаттан кэлэн олохсуйан, төрөөн-үөскээн, олбуорданан олорбуттара. Эһэм бэйэтэ улахан ойуун этэ. Былыр дьону уоран, кистээн эмтиир эбит. Билигин киниттэн баппаҕайа эрэ хаалан турар. Бириэмэтэ ситтэҕинэ, кэлэрэ кээмэйдэннэҕинэ, бэйэбэр сүктүөм. Сүнньүнэн биһиги аймах ууһугар улуу ойууттар, удаҕаттар, көрбүөччүлэр элбэх эбиттэр. Эбэлэрим миэхэ ойууттар, удаҕаттар баалларын илэ эппинэн билиһиннэрбиттэрэ.
– Сиэгэйэ, эн олус ураты киһи эбиккин... Хаһааҥҥыттан дьонтон таһы-быһы атыҥҥын билбиккиний?
- Бэйэбин өйдүөхпүттэн ураты дьоҕурдаахпын, киһини өтө көрөрбүн билэр этим. Мин эмиэ эһиги курдук оскуолаҕа үөрэммитим, киһи-киһи курдук кэмигэр ыал буолбутум.
- Айдарыылаах дьон бары эттэтии диэни ааһаллар диэни истибитим...
- Оннук. Мин эттэтиим алта сааспыттан саҕаламмыта. Оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр куруук ыалдьан балыыһаттан балыыһаҕа сытарым. Биир ыарыы кэннэ биир ыарыы көбөн кэлэрэ. Оронтон турбат буолуохпар диэри сытарым. Бу санаатаахха, үрүҥ халааттаах аанньаллар туох буолбутун быһаарбаттар эбит. Оҕо сылдьан чараас эйгэлээхпин билэрим эрээри, кистиир, кыйахынар курдугум. Дьиэбититтэн балайда тэйиччи турар киһи уҥуоҕар сарсыарда аайы 6 чааска үлэбэр курдук тиэстэрим. Киһи уҥуоҕар наһаа элбэх киһини көрөрүм, киһи үрдүгэр киһи турар буолара, туох баар сабыытыйа барыта буолан ааһара. Өлбүт дьон уҥуоҕун кэлин улаатан эрэ баран көрөр буолбутум. Бары өлбүттэр, олохтон туораабыттар эбит. Ийэм буойа сатаан баран, кэлин наадыйбат буолбута, чараас эйгэм арыллыытын кини маҥнай билбиттээх. Ити курдук сыллар аастылар...
- Эттэтии диэн хас сыл барар эбитий?
- Сылыттан, кэмиттэн, күнүттэн тутулуга суох. Эттэтиини мин олоҕум тухары көрсөн кэллим, олохпор араас ыарахаттары аастым. Оҕо сылдьан каникултан каникулга балыыһаҕа сытан, орон-тэллэх иччитэ буоларым. Сүрэҕим ыалдьар, иһим ыалдьар, атаҕым хаампат буолар. 12 сааспыттан киһи харахтаан көрбөт, түүлүгэр баттаппат оҥоһуулары оҥортолообутум. Айыыларбын кытта алтыһан, үс дойдуну кэрийэн саҕалаабытым, бэйэбин дьон уҥуоҕар улааппыт киһинэн ааҕынабын. Кэлин миигинэн хаан тохторор буолбуттара, өлүктээх, сүтүктээх дьоннору көрдөтөллөрө. Оччолорго мин хайа киһи хаһан өлүөхтээҕин, ханна барыахтааҕын, тугу гыныахтааҕын баллаччы сирэйгэ этэр этим. Саас сааһынан кэлэн барара... Бу дьон наһаа да акаарылар дии саныырым. Өлбүт киһини хайдах булбаттарый? Ити сытар дии, оннооҕор мин көрөбүн эбээт, кинилэр хайдах булбаттара буоллаа... диэн бэйэбэр наһаа элбэхтэ хараастарым, сатаан дьоҥҥо тылбын тириэрдибэт этим. Аны дьону курдаттыы көрөрүм элбээбитэ, бу киһи кимин, тугун, туох дьылҕалааҕын кинигэ курдук ааҕар буолбутум.
- Сааһын ситэ илик оҕоҕо ыарахан буолсу ди.
- Бэйэм ураты айылҕалаахпыттан сылайар курдук этим. Кэлин бэйэм арынар уонна саптар буолбутум. Дьонтон ураты буолуохпун олох баҕарбатаҕым. Бу кэлэн эттэххэ, тохсунньу ыйга мин эрэ таҥхалыырым, мин эрэ абааһылыын доҕордоһорум, кыыл-сүөл буолан, сири-дойдуну иһиллиирим.
(Бу кэпсэтэ олорорбут тухары мин сүрэҕим эриллэн, нэһиилэ олоробун, салгыным тиийбэт (дьиҥинэн, сөрүүн да сөрүүн хоско олоробун). Бэчээттии олорор көмпүүтэрим харар, төлөпүөнүмсибээһэ быстар, диктофонум бүтэр уһукка арахсан хаалла... Ыксааммын, «чэ, бэйи, тохтуу түһүөх, хайдах эрэ буолан эрэбин быһыылаах” диэн, кэпсэтиибин тохтотон кэбистим... Чаас аҥаара ааспытын кэннэ арыый ама буолан, син бэттэх кэлэммин, кэпсэтиибин салҕаатым, ол тухары көмпүүтэрим да, диктофонум да иннинэн да, кэннинэн да барбакка харан турда - аапт.).
Эттэтии туһунан салҕыы.
- Миигин кэлэн илиибин, атахтарбын, сүһүөхтэрбин, ис уоргаммын барытын араастаан булкуйан, тоһутан саҕалаабыттара. Эттэтии диэн киһи бэйэтин уларытарын ааттыыллар. Удаҕан эттэтиитэ уонна ойуун эттэтиитэ барыта атын-атын...
ЫАРЫЫ ТӨРДӨ – КЫРЫЫС
- Бачча кэмҥэ диэри бэйэбин САХАБЫН дэнэн кэлбитим. Аҕам хаанынан эбэҥки. Үөһээ айыылаарым миигин, эбэҥкигин диэннэр, халлааны хайа тардаат сүрэхпин уларытан, «Сиэгэйэ» диэн аатынан сүрэхтэээбиттэрэ. Дьиҥэр, бу иннинэ сахалыы Уруйдаана диэн аатынан дьоҥҥо көмөлөһөр этим. Хоту дойду сиригэр-уотугар, айылҕатыгар чугас буоламмын, кимиэхэ да көстүбэт үрүҥ кыылбын. Үрүҥ кыылбын кыбынан сирдэри одуулуубун, арыт-ардыгар балык буоламмын ууга түспүт өлүгү булабын, эриэн үөннүү эриллэн, сир Ийэ икки ардынан сүүрэбин.
- Эн ханнык ыарыылары эмтиигин?
- Мин, сүрүннээн, киһи кутун, киһи дууһатын, киһи санаатын диэххэ. Ыарыы төрүөтэ – киһи санаатыгар сытар. Аан бастаан саҕалыырбар тостубут, токуруйбут уҥуоҕу көннөрөрүм, уҥуох тутарым, сүһүөхтэри сүүрдэрим, хааны оонньоторум. Кэлин тирии бааһыгар киллэрбиттэрэ, биир бириэмэ наһаа элбэх тирии бастаах киһи кэлэн ааспыта. Тирии бааһын баһыттан атаҕар диэри билэбин, эмтиибин. Эмтэнэ кэлэр дьонум бары абааһылаах кэлэллэр, сүгэһэрдээх буолаллар. Киһи санныгар ыарыытын олордо тураат кэлэр. Ис-үөс, быар-бүөр ыарыыта, дьахтар ыарыыта, оҕоломмот дьахталлар кэлэн оҕо кутун таттаран бараллар. Бу барыта түргэнник оҥоһуллар эмтэнии диэн көрөбүн. Аны туран, эмтэниэхтээх киһибин эрдэттэн тугун, ханныгын билэн олорор буоламмын, кэтэһэн олоробун.
- Оҕолору эмтиигин дуо?
- Эмтиибин, оҕо уйата, өйө-санаата, эйгэтэ ыраас буолан, кинини кытта чэпчэкитик үлэлиибин. Сатаан саҥарбат, хаампат, кэлэҕэй уо.д.а. араас диагностаах оҕолор кэлэн бараллар.
- Кэлиҥҥи бириэмэҕэ араак ыарыынан элбэх киһи ыалдьар буолла... бу туһунан тугу этиэҥ этэй? Искэн ыарыытын кыайаҕын дуо?
- Араак диэн тугуй? – диэнтэн саҕалыахтаах этиҥ. Боппуруоскун сыыһа биэрэ олороҕун! Искэн ыарыытыгар киирдэххэ, бу кырыыс буолар. Кыраас ыарыыта буоларын өйдөөн, ылыаныах кэмҥит кэллэ. Бу ыарыы дьон саҥата иҥиититтэн, абааһы көрүүтүттэн, кырыктаах тылынан саҥарыыттан тиийэр. Араагынан ыалдьар дьон миэхэ элбэхтик кэлэн бараллар, олох сымыйанан эппит курдук, икки нэдиэлэнэн бэйэтигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһар киһи, тутатына билиннэҕинэ, кыайар ыарыыта.
- Эдэр дьон эмиэ ыалдьар буолла ди... туох дии саныыгын?
- Сааһыттан тутулуга суох. Саҥа төрөөбүт оҕо кытта ыалдьыан сөп! Кэнчээри ыччат төрдүлэригэр турар кырыыс сиэртибэлэрэ диэн этиэххэ сөп. Туох барыта иэстэбиллээх, кирдээх-хардаах тыл тиийиитэ буолар. Искэн ыарыыта, аатыгар да баарыны, кырыыс сүппэтин туоһулуур ыарыы. Кырыыһы устан, түөрэн ылар кыах баар.
- Онкологияҕа бэйэҥ уопуккуттан сэгэтэ түһэриҥ буолаарай?
- Аан бастаан эмтээбит киһим быраастар аккаастаабыт кыыстара этэ. Кини миэхэ бастакы ыарыһаҕым. Кыыспын икки нэдиэлэнэн атаҕар туруорбутум. Хомойуох иһин, мин испииһэкпэр сылдьар икки киһибэр сатаан көмөлөспөтөҕүм...
- Олох сатаан эмтэммэт, бүппүт, үтүөрбэт дьону быыһыгын дуо?
- Оннук дьон элбэх. Туга, ханныга быһаарыллыбат дьону, өлөөрү сылдьар киһини син биир эргиппэккин. Дьон бириэмэлээх, кэмнээх буолар, барыбыт дьылҕата барыта ыйыллан, суруллан кэлэр. Бараары ыксаабыт киһи аннараа дойдуга аттанара ордук буоллаҕа. Эн төһө даҕаны эмтээ, туруор, абыраа, барар киһини туппаккын.
СҮППҮТ СҮТҮГҮН СҮҮРЭЭНЭ
- Олохтон туора хаампыт, сүппүт, эбэ хотун илдьэ барбыт дьонун булар дииллэр.
- Сүппүт киһини, ууга түспүт киһини ыйан биэриэхпин сөп. Син өрдөөҕүтэ кэргэним эдьиийин уола ууга түһэн олохтон туораабыта. Уһун баҕайытык көрдөөбүттэрэ да, булбатахтара. Ыксаан миигиттэн ыйытылаһан булбуттара. Кыыл-сүөл буолан арай уол харахтарынан көрдөхпүнэ, эбэҕэ киирэн уу анныгар сытара көстөр. Ол тухары дьоно мин ыйбыт сирбиттэн олох атын сири маныы сырыппыттара. Уол өлүгүн көрбүппэр, кини миэхэ икки сыыппыраны көрдөрөр. Икки тарбах диэн тугуй? Икки күн, сыл, ый, суукка, кэм уо.д.а. «Икки” диэн аннараа эйгэҕэ чыҥха атын. Мин көрөрбөр, уол көмүллэ сытара, икки сыл буолан баран уолларын булбуттара. Таҥаһыттан эрэ билбиттэрэ, уонна туга да суоҕа, уҥуоҕа эрэ хаалбыт, төбөтө суох, икки атаҕа үөһээни ыйан сытара. Уу илдьэ барбыт киһитигэр хаан кутуллуохтаах. Маны сорох дьон өйдөөбөт. Ынах хаанын илдьэн эбэҕэ кутуохтааххыт. Хаан – хааҥҥа, тиис – тиискэ, муос – муоска диэн этэллэр. Эн тугу эрэ ыллаххына, тугунан эрэ төлөһүөхтээххин. Киһи өллөҕүнэ, хаан биэриэхтээххин. Сүтүктээх дьонум уолларын уҥуоҕун кытылтан ылбыттара уонна тугу да биэрбэтэхтэрэ. Бу кэннэ бу эбэҕэ Тааттаттан кэлбит уол оҕо былдьаммыта.
- Оттон сылгы бөҕөтө сүтэр дии, ынах даҕаны... ону эмиэ булаҕын дуо?
- Булан. Киһиттэн саҕалаан, малга-салга тиийэ көрдөтөллөр.
- Сиэгэйэ, эйиэхэ эмтэнэ, араҥаччылата кэлбит киһини барыларын көрөҕүн дуо? Аккаастыыр кэм баар буоллааччы дуо?
- Киһи киһини сэниэ суохтаах! Кэлбит киһини барыларын көрсөбүн, көмөлөһө сатыыбын, миигин дьоҥҥор көмө буол диэн ыйаахтаах ыыппыттара. Бэйэм Алдаҥҥа олоробун, наадыйбыт киһи бэйэтэ булан кэлэр. Кири түһэрэр сирим суох буолан, барыларын дьиэбэр киллэрэбин.
- Бу тухары сибээһим олох мөлтөөтө, айыыларбыт көҥүл биэримээри гыннылар быһыылаах...
- Буолуон сөп! Үнүр Питертэн кэлбит суруналыыстар устуулара барыта сотуллан хаалбыт этэ.
БЭЙЭМ ДЬОММОР ЭТЭР ЭТИИМ
- Сахабыт сирэ инникитин, омук быһыытынан уратыбытын сүтэрэр кутталлаах кэм кэллэ, маннык быһыыга биһиги хайдах буолуохпутун нааданый?
- Биһиги тылбыт атын тылтан чыҥха атын, биһиги норуот куруук үчүгэйи, кэскиллээҕи, айарга-тутарга эрэ ыраҥылыыр тыллаахпытын умнумуоххайыҥ диэн ыҥырабын. Буола турар быһыыны-майгыны наһаа уустугурдубакка, ойуулаабакка, эппитигэр-хааммытыгар иҥэриммэккэ сылдьыахтаахпыт.
Омук быһыыбытынан тыыннаах хааларбытыгар биһиги тылбыт төһүү күүс буолара күүтүллэр. Онуоха сахалыы тыллаах оскуолалар, кинигэлэр, хаһыаттар сытыытык тахса, арылла туруохтаахтар. Атын омуктарга бэйэбит сирбитин-уоппутун барытын туран биэрэ олоробут. Саха дьон быстар дьадаҥытык, үлэтэ суох, сир-халлаан икки ардыгар сылдьабыт. Элбэх кэлии омук биһиги дойдубутугар кэлэн олохсуйар, үлэлиир-хамныыр, тыын ылар сирэ буолла. Аны туран, саха саханы самнары баттыыра, умса анньара олус элбээтэ. Биир эмит киһи сахабын дэнэн тахсаары гыннаҕына, үөҕэн, умулларан иһэбит. Биһиги тылбытын сүтэрбиппит билиҥҥи кэнчээри ыччакка көстөр. Сахаларбыт дэһэбит да, бэйэбит оҕолорбут нууччалыы, омуктуу саҥараллар. Аҕыйах сылынан нууччалыы саҥарбыппытын ааһан, омук тылынан кэпсэтэр, санаа үллэстэр кутталлаахпыт. Тулалыыр айылҕабытын, ытык сирдэрбитин тэпсэн бүтэрдибит. Барыта, этэргэ дылы, киирэн сөрүүкүүр сир буолла. Манна диэн эттэххэ, саха дьоно итэҕэлин төрүкү умунна. Итэҕэл дьиэтэ диэн биһиэхэ биир Арчы дьиэтэ баар. Арчыбыт дьиэтэ киртийэн бүппүт. Бэйэтин бэйэтэ ыраастанар буолбут. Ити көрөҕүт дии, кэлии дьон бэйэтин итэҕэлин илдьэ сылдьарын, хас сир ахсын бэйэлэрин мечеттэрин тутуннулар. Ити курдук биһиги, САХАЛАР, эмиэ түмсүүлээх, итэҕэл ылынар сирдээх буолуохтаах этибит. Биһиэхэ туохпут да суох. Сахам дьоно, түмсүүлээх буолуох, уһуктуҥ, чугдаарыҥ, бүк түһэн сылдьыман!
- Өссө биир тыын боппуруоһум – муоста тутуллуута буолар.
- Олох долгуйумаҥ! Элиэнэ эбэккэ көҥүл ууммута, муоста тутуллуоҕа. Быйыл Саха сиригэр иһиллээтээххэ, уу улаханнык кэлбэт, куттанымаҥ.
- Коронавируспут...
- Бу ыарыы, дьиҥинэн, эмиэ сөтөл, тумуу ыарыытынан тутулуктанан сылдьар. Бэйэҕитин харыстана, дьону саҥарбакка, салгыны уйгуурдубакка олоруҥ. Сирдээҕи олоҕунан олоруохха. Дьону кытта эйэлээх буолуҥ, харыстанньаҥ буолуҥ. Ыарыы барыта этэҥҥэ ааһыахтаах диэн көрөбүн.
– Сиэгэйэ, дьоҥҥо үтүөнү оҥорор үлэҥ өссө ситиһиилэннин, кэпсээниҥ иһин махтал!