08.04.2023 | 18:00

Сибиряков экспедицията

Сибиряков экспедицията
Ааптар: Маргарита Егорова, кыраайы үөрэтээччи, Таатта, Баайаҕа
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү тэтимнээх, күлүмэх олохпутугар нация, норуот олорон кэлбит олоҕо, историята, култуурата сүрүн миэстэни ыларын олох бэйэтэ көрдөрөр. Уруккуну уонна бүгүҥҥүнү, бүгүҥҥүнү уонна кэлэр кэми анаарарга, сыаналыырга, ырытарга, сылыктыырга, историческай үөрэхтээһин биир дьоһун салаата – кыраайы үөрэтии улахан оруолу ылар.

Кыраайы үөрэтиинэн биллэр историктар дьарыктаммыттара, үөрэппиттэрэ. Наука бу салаатын хайысхаларын Н.Н. Лазунова, Л.К. Ермолаева, Н.П. Милонов уо.д.а. ааптардар суруйбуттара.

Билигин кыраайы үөрэтии көмөтүнэн историяны араас кэмтэн үөрэтиини киэҥник туһаналлар, уопсастыбабыт бүгүҥҥү олоҕор патриотическай иитии сүрүн инструмена буолла.

Бу ыстатыйаҕа Сибиряков экспедицията саха норуотун материальнай уонна духуобунай култууратын үөрэтиигэ олук ууруутун сырдатабыт.

19-с үйэ бүтүүтүгэр Сибиряков экспедицията тэриллиитэ, экспедицияҕа политсыылынайдар кыттыылара саха норуотугар туох оруоллаах этэй?

Саха сиригэр нууччалар кэлиэхтэриттэн история атын кэрчигэ саҕаламмыта, сурукка-бичиккэ суруллан киирбитэ.

19-с үйэҕэ ыытыллыбыт реформалар кэннилэриттэн Арассыыйа империятын кырыы сирдэрин айылҕатын баайыгар, олохтоох омуктар олохторугар научнай интэриэс күүһүрбүтэ.

19-с үйэ ортотуттан Нуучча Географическай уопсастыбата уонна Сибиирдээҕи салаа Сибиири үөрэтиигэ тэрээһин үлэни саҕалаабыта. Сүрүн соруктарынан үөрэтиллэр, чинчийиллэр сир туһунан кырдьыктаах уонна туһалаах матырыйааллар геология, география, статистика, экономика, история, этнография уо.д.а. хайысхаларынан хомуйуллуохтааҕа бэлиэтэнэр. Тус айылҕатынан, айылгытынан научнай чинчийии ыытыллыыта сүрүн туһаайыынан ыйыллар.

Саха сирин үөрэтиигэ экспедицияны тэрийии эрэ табыгастааҕа этиллибитэ. Ити сылларга Бүлүү (1854-1855), Өлүөхүмэ-Витим (1866), Өлүөхүмэ (1873-1875) экспедицияларын кыттыылаахтара этнографическай кэтээн көрүүлэри оҥорбуттара, норуот тылынан уус-уран айымньыларын суруйбуттара, кэллиэксийэлэри хомуйбуттара.

 1888 сыллаахха Иннокентий Михайлович Сибиряков Нуучча Императорскай Географическай Уопсастыбатын Илин Сибиирдээҕи салаатын салайааччыта Г.Н. Потаниҥҥа биэс тыһыынча солкуобайы Дьокуускай уобалаһыгар инородецтар олохторун-дьаһахтарын чинчийиигэ биэрбитэ.

И.М. Сибиряков экспедиция иннигэр икки сүрүн сыалы-соругу туруорбута. Бастакытынан, Дьокуускай уобалаһыгар олорор инородецтар ортолоругар өлүү-сүтүү биричиинэтин быһаарыы; иккиһинэн, көмүс хостооһуна кинилэр олохторугар сабыдыала – сайдыыга эбэтэр «эстиигэ» (вымирание) тиэрдэр историческай төрүттэрин чинчийии. Ити кэмҥэ экспедицияны тэрийии кыаллыбатаҕа.

19 үйэ бүтүүтүгэр, 1894-1896 сылларга,  көмүс промышленнаһын тойоно Иннокентий Михайлович Сибиряков көҕүлээһининэн уонна кини үбүгэр-аһыгар Нуучча Географическай уопсастыбатын Илин Сибиирдээҕи Салаата Саха сиригэр бастакынан киэҥ далааһыннаах экспедицияны тэрийэн үлэлэппитэ.

Дмитрий Александрович Клеменц

Экспедиция тэрээһинэ 1892 сылтан саҕаламмыта. Нуучча Географическай уопсастыбатын Илин Сибиирдээҕи Салаатын ити кэмҥэ Дмитрий Александрович Клеменц салайара.

Кини экспедицияҕа саха тылын билэр, олохтоох нэһилиэнньэ ытыктабылын ылар дьону түмэн, экспедицияны тэрийэргэ этии киллэрбитин бары сөбүлээбиттэрэ. И.М. Сибиряков үбүлээһини 10 тыһ. солк. диэри  улаатыннарбыта.

Экспедицияны Дьокуускайдааҕы статистика кэмитиэтин сэкирэтээрэ Андрей Иннокентьевич Попов салайбыта.

Сибиряков экспедициятын үлэтигэр 26 киһи кыттыбыта, онтон 15 политсыылынай, 7 чунуобунньук уонна таҥара үлэһитэ, 4 саха дьоно этилэрэ.

Чунуобунньуктар уонна таҥара үлэһиттэрэ:

1. Дмитрий Иванович Меликов – Дьокуускай уобалаһын бырабылыанньатын сүбэһитэ, юрист;

2. Сергей Яковлевич Дмитриев – уобалас бэтэринээрэ;

3. Гаврил Лаврентьевич Кондаков – Оһуобай сорудахтарга чунуобунньук;

4. Димитриан Попов – аҕабыыт;

5. Иоанн Попов – миссионер;

6. Андрей Иннокентьевич Попов – Статистика кэмитиэтин сэкирэтээрэ;

7. Александр Ильич Некрасов – Чурапчы таҥаратын дьиэтин саалтыырдьыта (нуучча);

Д.А. Клеменц тус көрдөһүүтүнэн, Дьокуускай губернатора В.Н. Скрипицын бу экспедицияҕа олохтоох интэлигиэнсийэ бэрэстэбиитэллэрин киллэрбитэ:

1. Дүпсүн улууһун головата Василий Васильевич Никифоров;

2. Илин Хаҥалас улууһун суруксута Иван Герасимович Соловьев;

3. Боотуруускай улууһуттан Егор Дмитриевич Николаев;

4. Байаҕантай улууһуттан Николай Симонович Слепцов.

 

Сыылынайдартан экспедицияҕа үлэлэһэргэ көҥүл ылбыттара:

1. Эдуард Карлович Пекарскай;

2. Николай Алексеевич Виташевскай;

3. Всеволод Михайлович Ионов;

4. Лев Григорьевич Левенталь;

5. Сергей Васильевич Ястремскай;

6. Владимир Ильич Иохельсон;

7. Владимир Германович Богораз;

8. Иван Иванович Майнов;

9. Наум Леонтьевич Геккер;

10. Василий Елисеевич Горинович;

11. Григорий Федорович Осмоловскай;

12. Василий Владимирович Ливадин;

13. Феликс Яковлевич Кон;

14. Сергей Филиппович Ковалик;

15. Всеволод Михайлович Ионов.

 

Экспедиция чинчийиилэрэ Дьокуускай, Өлүөхүмэ, Дьааҥы уонна Халыма уокуруктарын хаппыттара. Үгүс үлэ, чинчийии Дьокуускай уокуругар ыытыллыбыта.

Экспедиция чинчийиилэрин бырагыраамалара, айаннар, сылларынан үбүлээһиннэр былааннаммыттара.

Чинчийии хайысхалара маннык аттарыллыбыттара:

1. И.И. Майнов, Н.Л. Геккер, Ф.Я. Кон – олохтоох  нууччалар, сахалар, тунгустар демографияларын үөрэтии уонна антропометрияларын чинчийии.

2. Л.Г. Левенталь – сахалар олохторун укулаатыгар экономическай сыһыаннары чинчийии.

3. Н.А. Виташевскай – сахалар олохторун-дьаһахтарын юридическай өттүнэн дьаһанан олорууларын үөрэтии.

4. Э.К. Пекарскай, С.В. Ястремскай, В. Ионов, В.В. Никифоров – сахалар  тыллара, итэҕэллэрэ, дьиэни-уоту тэринии, дьиэ кэргэн олоҕо.

5. С.Я. Дмитриев – саха сүөһүтүн анатомическай, физиологическай, биологическай уратытын чинчийии.

6. А.И. Попов – омук быһыытынан сахалар майгыларын-сигилилэрин үөрэтии.

7. В. Е. Горинович, Е.Д. Николаев – сахалар аһылыктара, таҥастара, дьиэлэрэ-тутуулара, оонньуулара, эмчиттэр.

8. Г.Ф. Осмоловскай, А.И. Некрасов,  Н.С. Слепцов – булт уонна балыктааһын боппуруостара.

9. В.В. Ливадин – сахалар дьарыктара.

10. В.И. Иохельсон, В.Г. Богораз – Халыма уокуругар уонна Дьааҥы уокуругун Жиганскай улууһугар олохтоох хотугу нууччалар, сахалар, ламуттар, юкагирдар, чуванецтар антропологияларын, этнографияларын, экономическай олохторун, тылларын, итэҕэллэрин, фольклордарын үөрэтии, чинчийии.

11. С.Ф. Ковалик – Өлүөхүмэ уонна Киренскай уокуруктар сахаларын экономическай балаһыанньалара.

Көстөрүн курдук, экспедиция научнай төрүтүн политсыылынайдар чинчийиилэрэ оҥорбута.

Экспедиция үс сыл үлэлээбитэ. Чинчийии хайысхаларынан элбэх матырыйаал мунньуллубута – демография, антропология, этнография, тыл, фольклор, итэҕэл, экономика, быраап боппуруостарыгар.

Икки өттүттэн сөбүлэҥ быһыытынан, Сибиряков экспедициятын кыттыылаахтарын чинчийиилэрэ 13 томунан бэчээттэнэн тахсыахтаах этэ. Хомойуох иһин, И.М. Сибиряков ыалдьан, 6 эрэ том күн сирин көрбүтэ. Ыалдьыан иннинэ, И.М. Сибиряков Э.К. Пекарскай тылдьытын бэчээттээһиҥҥэ икки тыһыынча солкуобайы эбии укпута, 1899 с. тылдьыт бэчээттэммитэ.

Быстах матырыйааллар, ыстатыйалар НГО Илин Сибиирдээҕи салаатын таһаарыыларыгар, «Нуучча антропологическай сурунаалыгар», «Земледелие»  сурунаалга, Минусинскайга, Иркутскайга, Москваҕа  бэчээттэммиттэрэ.

Онон, 1894-1896 сс. үлэлээбит Сибиряков экспедицията  саха норуотун материальнай уонна духуобунай култууратын үөрэтиигэ олук уурбута, саха олоҕун-дьаһаҕын, тылын, итэҕэлин, фольклорун уо.д.а. дириҥник сыныйан чинчийбитэ. Кэлин историческай, этнографическай, культурологическай, тыл уо.д.а. наукалары үөрэтиигэ сүрүн источник буолбута. Хас биирдии кыттааччы үлэтэ научнай суолталаах. Онон Сибиряков экспедицията саха норуотугар суолтата улахан, баай матырыйаалын үөрэтиэхтэрэ, киэҥ эйгэҕэ таһаарыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...