29.04.2022 | 11:00

Шашлык маринадын бэйэбит бэлэмниибит

Шашлык маринадын бэйэбит бэлэмниибит
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьиҥэр, маҕаһыыҥҥа шашлыкка аналлаах эт дэлэй, ол эрээри сороҕо олус туустаах, тумалаах эбэтэр маринадын ситэ иҥэриммэтэх буолар. Онон киһи бэйэтэ астаабыта ордук. Үчүгэй маринад эти сымнатар, сүмэһинин сүтэрбэт, амтанын, сытын, бэл диэтэр, өҥүн тупсарар. Онон бүгүн дьиэ усулуобуйатыгар бэлэмнииргэ судургу маринад ырысыаптарын бэчээттиибит.

Классическай

Лууктаах уонна уксуустаах маринады дьон ордук сөбүлээн туттар. Ол иһин классическай диэн ааттанар. Астыырга судургу, элбэх тумата суох. 

Туох наадата:

сибиинньэ этэ – 2,5 кг;

эриэппэ луук – 1,5 кг;

9%-наах уксуус – 50 мл; 

уу – 100 мл;

лавровай лиис – 3 сэбирдэх;

хара биэрэс – 10 горошек;

туус (бэйэ сөбүлүүрүнэн).

 

Бэлэмнээһинэ:

Эти кырбаан, иһиккэ кутабыт. Эмалированнай, өстүөкүлэ, керамическай эбэтэр пластмасса буолара ордук. Алюминий эбэтэр алдьаммыт иһити ылымаҥ.

Биэрэс горошектарын, тууһу эбэбит. Онно лавровай лииһи уонна уксууһу кутабыт уонна үчүгэйдик булкуйабыт. Онуоха дьаабылыка эбэтэр вино уксууһун ылан, ууну кытта 1:2 гына суурайабыт. Эбэтэр остолобуой уксууһун ууну кытта 1:10 гына убатыахха сөп. Олус элбэх уксууһу куттахха, шашлык этэ куура, хата буһар.

Онтон луукпутун ыраастаан быһабыт уонна эти кытта үчүгэйдик булкуйабыт. Иһиппитин хаппахтыыбыт эбэтэр ас пленкатынан бүрүйэбит уонна 5-10 чаас туруорабыт.

Майонезтаах, лууктаах

Сыата суох эккэ ордук. Майонез уонна луук эти сымнатар, оттон тумалара тупсарар.

Туох наадата:

сибиинньэ этэ – 1 кг;

эриэппэ луук – 750 г;

майонез – 250 г; 

паприка – 0,5 ч.нь.;

мэлиллибит хара биэрэс – 0,5 ч.нь.;

кориандр – 1 ч.нь.;

туус (бэйэ сөбүлүүрүнэн).

 

Бэлэмнээһинэ:

Бастаан икки луугу ыраастаан баран, чиэппэрдиибит уонна блендеринэн ньыһыйабыт. Хаалбыт луукпутун бөдөҥ гына тиэрбэстии быһабыт. 

Дириҥ иһиккэ майонез кутабыт. Онно ньыһыллыбыт луукпутун эбэбит уонна биир кэлим маасса буолуор диэри булкуйабыт. Эти сууйабыт уонна кумааҕы сотторго сытыаран куурдабыт. Онтон уһаты уонна бөдөҥ гына кырбыыбыт. 5 сантиметртан кыра гына быстахха, эт куура буһар. Лууктаах уонна майонезтаах симиэспитин эккэ кутан булкуйабыт, туустуубут уонна тумалыыбыт. Үчүгэйдик булкуйабыт.

Дириҥ иһит түгэҕэр бастаан тиэрбэстии быһыллыбыт луукпутун тэлгэтэбит, онтон эттээх маринады, онтон – луукпутун. Ити курдук араҥанан уурталыыбыт. Бүтэһик араҥа луук буолуохтаах. Иһиппитин хаппахтыыбыт уонна 3-6 чаас холодильникка туруорабыт.

Соевай соустаах

Соевый соус аска барытыгар барсар. Эт амтанын, сытын, өҥүн кытта тупсарар, тума арааһын бэркэ дьүөрэлиир. Бу маринад түргэнник оҥоһуллар уонна кууруссаҕа, бараан, ынах этигэр эмиэ барсар. Биир чааһынан эти астаан саҕалыахха сөп.

Туох наадата:

сибиинньэ этэ (моойо) – 1 кг;

соевай соус – 200 мл; 

чеснок – 3 тиис;

мэлиллибит хара биэрэс (бэйэ сөбүлүүрүнэн);

подсолнечнай арыы (рафинированнай) – 1 ост. нь.

 

Бэлэмнээһинэ:

Эти сууйабыт, кумааҕы сотторго тэлгээн куурдабыт. Кырбаан баран, эмалированнай эбэтэр өстүөкүлэ иһиккэ угабыт. Чесногу ыраастаан, бытархай гына кырбыыбыт. Миискэҕэ соевай соуһу, чесногу уонна мэлиллибит хара биэрэһи булкуйабыт уонна подсолнечнай арыыны эбэбит. Соевай соустаах буолан, туус кутуллубат.

Бэлэм маринады эттээх иһиккэ кутабыт уонна үчүгэйдик булкуйабыт. 1-2 чаас туруорабыт.

Армянскай

Армянскай маринад  уксууһа уонна майонеһа суох оҥоһуллар, ол оннугар састаабыгар сүрүнэ – рафинированнайа суох подсолнечнай арыы. Түргэнник бэлэмнэнэр. 

Туох наадата:

сибиинньэ этэ (моойо) – 1,5 кг;

подсолнечнай арыы (рафинированнайа суох) – 200 мл;

эриэппэ луук – 500 г; 

мэлиллибит хара биэрэс – 1 ч.нь.;

кориандр – 1 ч.нь.;

туус (бэйэ сөбүлүүрүнэн)

хмели-сунели (баар буоллаҕына).

 

Бэлэмнээһинэ:

Эмалированнай көстүрүүлэҕэ подсолнечнай арыыны кутабыт, онно тумабытын барытын – биэрэһи, кориандры, хмели-сунелины эбэбит. Онтон туустаан баран булкуйабыт уонна арыы туманы иҥэринэрин курдук, туруора түһэбит.

Луукпутун ыраастаан, 4 эбэтэр 6 гына (кээмэйиттэн көрөн) уһаты бысталыыбыт. Биир луугу бытархай гына быһабыт уонна арыылаах симиэскэ кутан булкуйабыт. Онтон луукпутун барытын маринадка эбэн, туруора түһэбит.  Ол кэмҥэ эти сууйан, куурдан баран, бөдөҥ соҕус гына кырбыыбыт уонна маринадка кутабыт.

Барытын кичэйэн булкуйабыт уонна ыга баттыыбыт. Маринады кырата 40 мүнүүтэ туруорабыт. Дьиҥэр, холодильникка 3 күҥҥэ тиийэ буорту буолбат.

Лимоннаах

Лимоннай кислота эти эмиэ сымнатар, амтанын тупсарар диэн бу маринад норуокка киэҥник тарҕаммыт.

 

Туох наадата:

сибиинньэ этэ (моойо) – 2 кг;

эриэппэ луук – 1,2 кг; 

лимон – 2 уст.;

мэлиллибит хара биэрэс;

туус (бэйэ сөбүлүүрүнэн).

 

Бэлэмнээһинэ:

Эти сууйабыт, кумааҕы сотторго тэлгээн куурдабыт. Бөдөҥ соҕус гына кырбыыбыт. Луугу аҥаардаан баран, тиэрбэстии быһабыт. Лимону сууйабыт уонна оргуйбут уунан саба ыһабыт. Онтон кыра гына бысталыыбыт.

Эти дириҥ иһиккэ уган, туустуубут, биэрэстиибит, онтон үрдүгэр луугу уонна лимону араҥанан уурабыт, ол кэннэ икки лимон куһуогун ылан ыгабыт. Ити курдук хатылаан, эти, туманы, луугу уонна лимону араҥанан уурталыыбыт. Онтон сүмэһинэ, суога таҕыстын диэн илиибитинэн ыга баттыыбыт. Иһиппитин хаппахтыыбыт уонна 7-8 чаас туруорабыт.

Кефирдээх

Судургу уонна минньигэс маринад.

 

Туох наадата:

сибиинньэ этэ (моойо) – 1,5 кг;

эриэппэ луук – 700 г; 

кефир – 1 л;

лавровай лиис – 6 уст.; 

мэлиллибит хара биэрэс, туус (бэйэ сөбүлүүрүнэн);

 

Бэлэмнээһинэ:

Эти сууйабыт, кумааҕы сотторго тэлгээн куурдабыт. 5х6 см гына кырбаан баран, эмалированнай эбэтэр таас иһиккэ угабыт.

Луугу ыраастыыбыт уонна кырбыыбыт. Сороҕун аҥаардаан баран тиэрбэстии, 1-2 луугу түөркэлиэххэ эбэтэр блендердиэххэ сөп. Луукпутугар лавровай лиис сэбирдэхтэрин эбэбит уонна булкуйабыт. 

Эттээх көстүрүүлэҕэ тууһу, мэлиллибит хара биэрэһи уонна лавровай лииһи бэйэ сөбүлүүрүнэн кутабыт. Эти үчүгэйдик булкуйабыт уонна онно лууктаах симиэспитин эбэбит, кичэйэн булкуйабыт.

Салгыы кефирбитин кутабыт. Сыата суох эккэ сыата үрдүк кефир ордук. Аһыы, кураххай амтаннааҕы ылымаҥ, маринады буортулуоҕа. Кефири натуральнай йогуртунан эбэтэр ряженканан солбуйуохха сөп.

Барытын булкуйан баран, иһиппитин хаппахтыыбыт уонна холодильникка 8-10 чаас туруорабыт. Кефирдээх маринады хоско хаалларыллыбат, аһыйан хаалыан сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...