06.04.2024 | 16:00

Шашлык этин хайдах талабыт?

Шашлык этин хайдах талабыт?
Ааптар: Айталина СОФРОНОВА
Бөлөххө киир

Халлааммыт лаппа сылыйан, дьон-сэргэ айылҕаҕа талаһара элбээтэ. Төһө да төрөөбүт аспыт буолбатар, саас кэлиитин шашлыгынан көрсөр буолбуппут үгэскэ киирдэ диэххэ сөп. Билигин маҕаһыын эрэ хара баһаам буолан турар, күн талбыт этэ барыта атыыланар. Ол эрээри үгүс дьон хайдах минньигэс, амтаннаах уонна чахчы шашлыкка (үөлүллүбүт эккэ) барсар эти талалларын ыарырҕаталлар. Онон ааҕааччыларбытыгар анаан тэттик ыйынньык бэлэмнээтибит.

Эти талыы

Шашлык минньигэс буоларыгар түөрт сүрүн быраабыланы тутуһабыт. Эт маннык буолуохтаах:

1. Сибиэһэй. Үчүгэй эт инчэҕэй, имигэс, халыҥ структуралаах уонна үчүгэй сыттаах буолар. Тарбаххыт төбөтүнэн баттаатаххытына, түргэнник көнүөхтээх.

2. Сойбут. Тоҥмут этинэн шашлык астаатахха, туох даҕаны уута-хаара, амтана да суох буолар. Онон, эт сибиэһэй көрүҥнээҕэ, сүмэһинэ тахсара хайаан да улахан оруолу ылар.

3. Эдэр эт. Саастаах кыыл-сүөл этэ ыстыырга ыарахан, кытаанах буолан, тиистээх эрэ барыта кыайбат. Эдэр сүөһү, сибиинньэ, көтөр, куурусса этэ ыстыырга быдан чэпчэки.

4. Сыалаах эт минньигэс. Биһиги эппитин сыалаах, уулаах-хаардаах буоларын сөбүлүүбүт. Ол эрэн сыата таһыгар буолбакка, этин иһигэр сылдьара быдан минньигэс. Шашлык буһан тахсан истэҕин ахсын иһигэр баар сыата ууллан, минньигэс амтаны биэрэр.

Эппит халыҥ араҥа сыанан бүрүллүбүт түгэнигэр, быһан быраҕар ордук. Тоҕо диэтэххэ мангаал үрдүгэр кини умайар, ас амтанын буорту гынар. Эппит кураанах буоллаҕына, мас арыытын кутан сымнатан биэриэххэ сөп.

 

Бараан этэ

Хой этэ шашлыкка барсарын бары да билэҕит, куораппытыгар бараан этиттэн шашлыгы хардыы аайы астыыллар. Ол эрэн саха киһитэ соччо-бачча билбэт этэ буоллаҕа дии. Онон, уһата-кэҥэтэ барбакка, эт дьүһүнүн быһаарсыах. Бороҥ уонна сиэрэйдэҥи-араҕас дьүһүннээх эт – саастаах бараан этэ. Биллэн турар, оннук шашлык ыстыырга кытаанах, хос амтаннаах буолар. Аны туран, үгүс киһи бараан этин сытын сөбүлээбэт.

 

Сибиинньэ этэ

Сибиинньэ этин ордук моой өттүн талар ордук. Маннык эт айахха киирэн ууллан хаалар.

Үчүгэй шашлык өссө сис хаптаҕай этиттэн табыллар. Көҕүс хаптаҕай этин талар буоллаххытына, биир-икки чаас суоракка  сытыара түһэр ордук. Эбэтэр 8-12 чаас суорат оннугар гранат амтаннаах сокка сытыарыахха сөп.

 

Ынах этэ

Ынах этэ лаппаахытын диэкиттэн ылыллыбыта ордук. Биллэн турар, эдэр сүөһү дьүһүннүүн да атын буолар. Аны билиҥҥи дьон мраморнай дэнэр эти  сэҥээрэр буолла, маннык эт амтанныын ураты дуоһуйууну биэрэр. Мраморнай эт буһан тахсара да түргэн, таһа кыратык халыгырас буолар. Үчүгэй мраморнай ынах этин ырыынакка эбэтэр маҕаһыыҥҥа сэдэхтик көрсөҕүн да буоллар, биирдэ эмэ боруобалаан көрүөххэ, амтаһыйыахха сөп.

 

Куурусса этэ

Манна барыта судургу. Сүмэлээх эти сиэххитин баҕарар буоллаххытына, куурусса өттүгүн этин ылыҥ, диетаны тутуһар дьон – түөһүн.

 

Маринад арааһа

Ханнык баҕарар эттэн шашлык маринадка сыттаҕына эрэ сымнаҕас, ураты амтаннаах буолар. Маринады араастаан оҥоруохха сөп. Үксүн майонеһынан, кетчубунан сотон, уксуустаан буһараллар. Ол куртахпытыгар куһаҕаннык дьайар. Онон эти сымнатар эрээри, буортута суох маринады оҥостуҥ:

Лимоннаах маринад. Бу саамай судургу маринад. Сибиинньэ этин туустаан, тумалаан, лууктаан, оливки арыылаан, лимон аҥаарын сүмэһинин кутан баран, икки чаас устата сытыара түһэбит. Лимон эти сымнатар.

Кивиттэн маринад. Киви эмиэ эти сымнатар. Куурусса этигэр барсыбат. 1 киилэ эти туустаан, биэрэстээн баран, хас да чаас холодильникка сытыараҕыт. 30 мүнүүтэ иннинэ таһааран, 2-3 илдьиритиллибит кивини эбэҕит. Эт олус кытаанах буоллаҕына, 1 чаас сытыарыахха сөп.

Имбиирдээх маринад. Куурусса, сибиинньэ, ынах этигэр туттуохха сөп. 1 киилэ эккэ туус, биэрэс, 2 ост. ньуоска соевай соус, 3 чеснок, имбиир 1 см уһуннаах кэрчигэ наада.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...