01.11.2024 | 12:41

Сэтинньи бүтүөр диэри сылаас таҥаһы тутуу салҕанар

Сэтинньи бүтүөр диэри сылаас таҥаһы тутуу салҕанар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Алтынньы 31 күнүгэр буолан ааспыт брифиҥҥэ #МЫВМЕСТЕ Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Айыллаан Винокуров анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар кыһыҥҥы таҥаһы хомуйар «Тёплая осень» аахсыйа сэтинньи ый бүтүөр диэри салҕанарын иһитиннэрбитэ.

«Бастатан туран сылаас таҥаһы, бастакы уочарат наадалаах табаары уонна эми-тому тутабыт», – диэн бэлиэтээтэ Айыллаан Винокуров.
Аахсыйаҕа биирдиилээн, тэрилтэнэн даҕаны кыттыахха сөп. Малы туттарар аадырыс: Дьокуускай к., Бестужев-Марлинскай уул., 5 (ДОСААФ), тиэргэн өттүттэн киириллэр. 
Тутар пуун үлэ күннэригэр сарсыарда 09:00 чаастан киэһэ 19:00 чааска диэри үлэлиир. 
Айыллаан Винокуров маны сэргэ волонтёрдар киирбит сайаапкаларынан күннэтэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр аадырыстаах көмөнү оҥороллорун биэлиэтээтэ. Оттон кыһалҕалаахтар «122» нүөмэргэ эбии «6» сыыппараны баттаан эрийэн, сайаапкаларын хаалларыахтарын сөп, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....