31.10.2024 | 13:34

Килиэп кэмбинээтэ бэйэтэ ыстаансыйаланна

Килиэп кэмбинээтэ бэйэтэ ыстаансыйаланна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэҕэһээ, алтынньы 30 күнүгэр, Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ бэйэтин электростанциятын үлэлэттэ. 
Татарстан «КАМА-Энергетика» ХЭУо 65 мөл. солк. оҥоһуллан кэлбит 1200 кВт кыамталаах электростанцияҕа өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 50 мөл. солк. тахса үп тыырыллыбыт. 
СӨ Бырабыыталыстабытн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников бэлиэтээбитинэн, бу хардыы бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны өйөөһүнү уонна өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин сүрүн табаарынан хааччыйыы иэнин үрдэтиини кытта быһаччы ситимнээх.


Ол эбэтэр, оҥорон таһаарыы ороскуотун намтатыы кэмбинээт бородууксуйатын хаачыстыбатыгар, көрүҥүн ахсааныгар уонна сыанатыгар үчүгэйинэн дьайыахтаах. Кэмбинээт генеральнай дириэктэрэ Светлана Кынакытова бэлиэтииринэн, үлэ хаачыстыбатын тупсарар өссө биир олоххо киирбит бырайыагынан автоматизированнай тиэйии систиэмэтэ буолар. Ол курдук, 1987 сылтан былыргылыы тиэйэ олорбут буоллахтарына, билигин, автоматизированнай систиэмэни атыылаһан, күннэтэ тиэйэр 20 туоннаттан тахса килиэптэрин уонна бурдук астарын икки бүк кэриэтэ кылгас бириэмэҕэ тиэйэр кыахха тахсыбыттар. 


Ол курдук, 2024 сыллаахха «Тыа хаһаайыстыбатын уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын ырыынагын сайыннарыы» бырагырааманан кэмбинээт анал тиэхиньикэнэн хааччылларыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 7,1 мөл. солк. тахса харчыны ылбыт. Ону сэргэ «Килиэби уонна атын бурдук аһын оҥорон таһаарар тэрилтэлэргэ анал тиэхиньикэни уонна энергетическэй оборудованиены атыылаһарга өйөбүл» бырагырааманан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 57 мөл. солк. тахса үп тыырылынна, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Хаартыскалар: Вадим Скрябин, СИА

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...