29.10.2024 | 14:25

Иппотерапия инбэлиит оҕолорго дьоһун суолталаах

Иппотерапия инбэлиит оҕолорго дьоһун суолталаах
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта куорат Дууматын социальнай өйөбүлгэ уонна доруобуйа харыстабылыгар хамыыһыйатын мунньаҕа буолбута. 
Онно Дьокуускай куораттааҕы Ыччат палаататын бэрэссэдээтэлэ Василий Иванов инбэлиит оҕолор доруобуйаларын чөлүгэр түһэриигэ иппотерапияны туһанарга эбии үбүлээһини көрөрү туруорсубута. 
Иппотерапия диэн — судургутук быһаардахха, неврология ыарыыларын чэпчэтэргэ, ДЦП, аутизм, церебральнай паралич, артрит курдук диагностаахтарга көмөлөөх, эчэйии кэнниттэн дьарыктана үөрэнэргэ, уйулҕаны уоскутарга туһалаах өттүнэн дьайар атынан айаннатыы, сылгыны кытта алтыһыы ньымата ааттанар.


Дьокуускай к. социальнай көмүскэлгэ уонна үлэҕэ Управлениетын салайааччыта Марта Жиркова эппитинэн, сыллата куорат хааһынатын суотугар куорат инбэлииттэрин уопсастыбата доруобуйаларын туругунан хааччахтаах оҕолорго анаан иппотерапия куурустарын ыытар. Инники үс сылга бу сыалга 500 тыһ. солк. көрүллэн, 108 оҕо кууруска сылдьыбыт. АГАТУ ипподромугар баар үөрүйэхтээх сылгылары туһаналлар эбит. 
Манна даҕатан эттэххэ, инбэлииттэр уопсастыбаннай түмсүүлэрин өйөөһүн олохтоох бэйэни салайыныы быһаччы эбээһинэһэ буолбатах, көмөлөһөр бырааптаах эрэ. Инбэлииттэргэ көмөлөһүү уонна чэпчэтиини көрүү федерация уонна субъект таһымыгар көрүллэр, мэктиэлэнэр. 
Ол да буоллар Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата инбэлииттэргэ эбии көмөнү оҥорор бэлиитикэни тутуһар. Ону Ыччат палаатата толору өйүүрүн биллэрэр.


Ону этэн туран, дьиҥ көдьүүстээҕин көрдөрбүт иппотерапияны, атын өйөбүл көрүҥнэрэ төһө дьайыылаахтарын үөрэтэн баран, туһата күттүөнэ суох өттүн уларытан да туран, «2020 - 2027 сылларга Дьокуускай нэһилиэнньэтин социальнай өттүнэн көмүскэллээх уонна дьарыктаах буолууларыгар өйөбүл» муниципальнай бырагыраама лимиитин иһинэн көрүллэр үбүлээһини иппотерапияҕа улаатыннарары туруорсубут. 
Хомойуох иһин, инбэлиит оҕо ахсаана аччыаҕынааҕар сыллата эбиллэр. Холобур, 2020 сыллааҕыга тэҥнээтэххэ, быйыл, 2024 сылга, инбэлиит оҕо 22,8% эбиллибит. Киин сиргэ көһөн кэлии элбээбитэ да охсор буолуон сөп. Дьокуускайга билигин 2 886 инбэлиит оҕо баар эбит. Ити көрдөрүү түөрт сыллааҕыта 2 227 этэ.


Иппотерапия көдьүүһэ 3 эбэтэр 6 ый сылгыга олордон хаамтарыы дьарыгын кэнниттэн биллэн барар. Онон билигин көрүллэр үбүлээһиҥҥэ сыллата баара суоҕа 36 оҕону биэс дьарыкка сырытыннарыахха сөп. Онон маннык көрүҥ көмөҕө көрүллэр үбүлээһин улаатар түгэнигэр эрэ доруобуйаларын туругунан хааччахтаах оҕолор иппотерапияны туһанар кыахтара улаатар туруктаах, диэн Ыччат палаатата суруйар. Хаартыска: «Эхо столицы» хаһыат саайтыттан.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....