24.10.2024 | 18:00

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута.
Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...

– Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа этигитий. Оҕо сааскыт хайдах ааспытай?

Биһиги бииргэ төрөөбүт алтыа этибит, түөрт кыыс, икки уол. Оҕо сааспыт, оччолорго сопхуос саҕанааҕы кэм буолан, сайылыктарынан оонньоон-көрүлээн ааспыта. Убайбыныын Ферумнуун наһаа иллээх этибит, сыры-сыллата буоламмыт, эмдэй-сэмдэй улааппыппыт. Иккиэн ыал улахан оҕолоро этибит. Ферум убай киһи быһыытынан дурда-хахха буолара, саамай чугас киһим этэ.

Сайылыкка уолаттар моҕотойдуу баралларын мин уол оҕо курдук эккирэтэ, батыһа сылдьарым. Сарсыарда оонньуу тахсан баран киэһэ биирдэ бүтэн кэлэрбит. Бастакы кылааска сырыттахпына иккис кылаас оҕото, убайым, баттахпын лиэнтэнэн өрөр этэ. Оннук кыһаллара, балтын куруук бүөбэйдии сылдьара.

– Ханна олорбуккутуй, оскуоланы ханна бүтэрбиккитий?

Биһиги Уус Алдан улууһун Уус Күөлүгэр төрөөбүппүт, онно олорбуппут. Кыра сылдьан уһуйааҥҥа Курбуһахха сылдьыбыппыт, оҕо сааспыт онно ааспыта. Онтон дьоммут Сыырдаахха көһөн кэлбиттэрэ, онно алын сүһүөх кылааска үөрэммиппит. Ол кэннэ аҕабыт Курбуһахха төттөрү көһөрөн илдьибитэ уонна орто кылаастарга үөрэнэ сырыттахпытына олохтон туораабыта. Онон ийэбитигэр алта оҕо тулаайах хаалбыппыт. Убайым Курбуһахха тохсус кылааһы бүтэрбитэ, мин Сыырдаах оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитим.

– Ферум – дьикти аат. Тимир диэн суолталаах. Убайыҥ аатын туһунан кэпсиэҥ дуо, бэйэтэ сөбүлүүр этэ дуу...

Ферум тимир диэн суолталаах. Аҕабыт уолаттарын бэйэтэ ааттаабыт. Кини уопсайынан айар куттаах, суруйар эҥин этэ, элбэхтэ ааҕара. Уолун аахпыт поэматын аатынан ааттаабыт дииллэрэ. Тимир – ол аата бөҕө доруобуйалаах, ыалдьыбат, кытаанах киһи. Убайым аатын кыра сылдьан олох сөбүлээбэт, наһаа кыбыстар этэ. Оччолорго тустуунан дьарыктанара. Биирдэ Дүпсүҥҥэ күрэхтэһэ бара сылдьан мин курдук ааттаах оҕо баар эбит диэн үөрэн аҕай кэлбитэ. Кэлин аатын ылыммыта, сөбүлээбитэ.

– Оскуола саҕаттан спордунан дьарыктанара дуо?

Оскуола саҕаттан спорду сөбүлүүрэ, өрө тутара. Орто сүһүөххэ диэри тустуунан дьарыктаммыта, сон кэтэ-кэтэ ыйааһын түһэринэрэ, дьиэтин иһигэр сүүрэкэлиир этэ. Буолунай элбэх күрэхтэһиигэ кыттыбыта, миэстэлэһэрэ, ону туоһулуур мэтээлэ элбэх. Оҕо эрдэҕиттэн спордунан үлүһүйэн, сытыы-хотуу этэ. Кэлин гиирэ спордунан дьарыктаммыта, онно да ситиһиитэ, наҕараадата баһаам.

Убайым спортсменын билэр буоланнар, табаарыстара Мындааба орто оскуолатыгар ыҥыран ыланнар, иитээччинэн үлэлээбитэ. Ол саҕана кини гиирэнэн дьарыктанара, онно оҕолору эрчийбитэ.

– Ферум биир оҕолоох, билигин ханна баарый, тугунан дьарыктанарый?

2008 сыллаахха күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыһа төрөөбүтэ. Нам кыыһа Наташалыын билсэннэр, Айыына диэн кыыстаммыттара. Билигин кыыс аҕатын утумнаан спорка сыстаҕас, боксанан дьарыктанар, Нам орто оскуолатыгар 10-с кылааска үөрэнэр. Аммосова Айыына Ферумовна диэн убайым толору аатын, араспаанньатын илдьэ сылдьар.

– Билигин бэйэҥ алта оҕолоох ийэҕин. Убайыҥ кэлин ыаллыы сытар дэриэбинэҕэ көһөн кэлэн олохсуйбута.

Мин Кэптэнигэ кийиит буолан кэлбитим, оттон убайым чугастыы учаастакка Хомустаахха күтүөт буолан, Туйааратыныын билсэннэр олорбута. Оскуолаҕа хачыгаарынан, харабылынан үлэлээбитэ, тырахтарыыстыы да сылдьыбыта. Үтүө суобастаахтык үлэлээн, спортивнай көрүҥ аайы кыттара, наһаа актыыбынай олохтоох этэ, кулуупка сценкаҕа да оонньуура. Дьиэ туттубута, хаһаайыстыбанньык бэрдэ, сылгы, ынах ииттэн, этэҥҥэ олорбуттара. Хомустаах олохтоохторугар, кырдьаҕастарга көмөлөһөрүн, истиҥник сыһыаннаһарын истэрим, убайбынан киэн туттарым.

– Анал байыаннай дьайыыга барарын хайдах истибиккиний?

Убайым от ыйыгар куоракка киирэн баран миэхэ төлөпүөннээбитэ да, тугу да эппэтэҕэ. Бараары сылдьар диэн тастыҥ убайдарбыттан билбитим. Этэн көрдүбүт, сүбэлээн көрдүбүт да, олох истибэтэ диэбиттэрэ. Онтон мин эмиэ кэпсэппитим. Видео сибээһинэн эрийэн, кэргэмминиин Егордуун барыма диэн этэ сатаабыппыт. Миигин уоскутаары, “барбаппын, сөп” диэбитэ да, син биир барбыт этэ. Туйаарата атаара турар хаартыскатын көрөн, дьиҥнээхтии итэҕэйбитим.

– Анараа сылдьан төһө билсэр этэй, төлөпүөннээтэҕинэ, туох диирэй, оҕолоргун ахтар этэ дуо?

Убайым барахсан анараа сылдьан эрийэрэ, бассаабынан да куруук кэпсэтэр этибит. Оҕолорбун наһаа ахтар, ыйыталаһар этэ. Бэйэтэ да наһаа оҕомсоҕо, барыларын көрбүт оҕолоро буоллахтара, онон наһаа чугас этэ. Онтон дьэ убайбытын сүтэрбит кэмнэрбит биһиэхэ иэдээн ыарахан этилэр. Сибээстэн сүтэн хаалбыта, ханна баарын билбэт этибит.

– Саргылаана, убайгын төһө суохтуугунуй, түүлгэр эҥин киирэр дуо?

Ахтыбатах, санаабатах күнүм диэн суох. Саамай көмөлөһөр,  тутаах киһим, соҕотох убайым буоллаҕа. Сибээстэн сүтэрэн баран, булбатыбыт диэбиттэригэр, арай түһээтим. Барыта туман курдук, көстөр-көстүбэт буруо курдукка турабын, тулам киэҥ да киэҥ. Арай ол турдахпына убайым көстөн кэлэр, ол курдук утары көрсөн баран турабыт...

– Оҕолоруҥ таайдарын өйдүү-саныы сылдьалларыгар, кини курдук хорсун буолалларыгар тугу кэпсиигитий, ахтан ааһаҕытый?

Оҕолорбутугар таайдарын кэпсиибит, бэйэлэрэ да олус ахталлар, хаартыскатын көрө сылдьаллар, кини спортсменын билэллэр, киэн тутталлар. Убайдара хорсуннук сэриилэһэн охтубутун бары билэллэр. Куруук күлэ, мичээрдии сылдьарын наһаа суохтуубут, маспытын киллэрэр, мууспутун куруук көрөр киһибит этэ. Убайдарын курдук хорсун санаалаах буолуохтарын баҕараллар, оннук санаанан иитэлиибит.

 

Бойобуой доҕорун ахтыыта:

Ферум бастакы “боотурдары” кытта барбыта. Онно Харьков анныгар улахан контузия ылан “сүрэхтэниитин” ааспыта, ол кэннэ госпитальга киирэн эмтэммитэ.

Биһиги Ферумнуун полигоҥҥа бииргэ эрчиллибиппит, учебкаҕа тэҥҥэ сылдьыбыппыт, онно билсэн, кэлин убаайдыы быраат курдук буолбуппут.

Биһигини полка тэрийэннэр, Краснолиманскай хайысхаҕа ыыталлар, 254-с полкаҕа. Баран иһэн биир дэриэбинэҕэ тохтуубут. Онно командование баар дьиэтин эстэрэннэр, Ферум киирэн улаханнык бааһырбыт командующайы подвалтан хостуур, онтон биһигини атын дэриэбинэҕэ ыыталлар. Онно тиийэн оборонаҕа олоробут, киэһэтин поска турабыт, ытыалаһабыт. Сулууспабыт оннук курдук ааһар. Онтон күһүҥҥү мобилизация иннинэ кимэн киириилэр саҕаланаллар, ол кэмҥэ биһиэхэ киирэллэр. Биһиги дэриэбинэбитинэн Луганскай кыраныыссатыгар тахсаллар. Онно биһиги кыраныысса таһыгар дэриэбинэҕэ олорон, төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэбит. Хамандыырдарбыт эҥин бары 200-й буолаллар, төгүрүктээһиҥҥэ бэйэбит хаалабыт. Ол олордохпутуна спецназтар кэлэннэр коптер көтүтэллэр уонна коптердара төннөн кэлбитин кэннэ бэрт түргэнник тыас хомуналлар. Биһигини эмиэ: “Мантан бара охсуҥ, быһа холоон 5 тыһыынчалаах корпус кимэн киирэн эрэр, бүгүн чугаһыыллара буолуо”, дииллэр. Сарсыҥҥытыгар бирикээс кэлбитигэр хайдах эрэ быыс булан син тахсабыт. Онтон Кременнойга тиийэбит, онно хонон баран сарсыарда төттөрү киирэбит, оборонаҕа олоробут. Биир эмит күн сарсыарда туран штурмаҕа ыыталлар. Онтон биир күн Яблоневай садка барабыт, штурмаҕа тиийэн баран киирэбит уонна өстөөхтөр позицияларын ылан баран оборонаҕа олордохпутуна, үһүс-хаһыс күммүтүгэр, өстөөхтөрбүтүгэр түбэһэбит...

Доҕорум туһунан кэпсээтэххэ, кини сүрдээх булчут, эйэҕэс, эрэллээх этэ. Күннээҕи улахан үлэ, ытыалаһыы кэнниттэн иккиэн окуопаҕа сытан киэһэтин эҥин дьиэбитин, дойдубутун санаан, ахтан, булт-алт туһунан наһаа үчүгэйдик кэпсэтэр этибит. Тыбыс-тымныыга тоҥумаары иккиэн ыкса сытан ону-маны санаан, ыраланан тахсарбыт. Ферум булчут буолан фазан эҥин бултаан аҕалан уолаттары аһатан үөрдэрэ, бэйэтэ спортсмен буолан окуопа хаһыытыгар күрдьэх туттардыҥ да, боруоста хаһан элээрдэрэ.

Суох буолар күнүгэр сарсыарда мин точкаттан кэлэбин, үһүө буолан ас ыла барбыппыт. Олус кутталлаах сырыы этэ, төгүрүччү хохоллар, олор быыстарынан баран кэлбиппит. Сарсыарда кэлэн көрбүтүм, киһим антах кытыы окуопа булуммут, онно киирэн сытар. Мин киниэхэ тиийэн: “Чэ, доҕор, окуопабытын кэҥэтиэххэ, эбии хастыахха, манна иккиэн хайдах батабытый?” диибин. Онуоха: “Окуопа буолунай дии, баран бэйэҕэр окуопа булунаҥҥын сыт, айка, сэниэ суох”, диир. Биһиги хаһан да, ханнык да позицияҕа наар иккиэн сытар этибит буоллаҕа, сахалар бэйэбит даҕаны иккиэбит эрэ. Бу сырыыга арай миигин кыйдыыр курдук, саатар дэлби тымныйа сылдьар. Хайдах эрэ сирэйэ-хараҕа олорон баран сылдьар этэ, туох эрэ куттал баара, мин испэр тугу эрэ сэрэйдим. Кыратык олорон ону-маны кэпсэттибит, онтон окуопаларбытынан тарҕастыбыт. Ити доҕорбун кытта бүтэһик көрсүһүүм эбит.

Ол кэмҥэ ытыалаһыы саҕаланна. Хаһыы-ыһыы бөҕөтө. Ити ынырыктаах кыргыһыыга Ферум суох буолбута. Онно элбэх киһини сүтэрбиппит. Ферум дьиҥнээх хорсун байыас этэ, киниэхэ суох буолбутун кэннэ “Эр санаа” уордьанын биэрбиттэрэ. Чахчы эр санаалаах, сахалыы мындыр, туохтан да толлубат дьиҥнээх саха буойуна этэ...

 

Хаартыскалар: балта Саргылаана тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...