31.10.2024 | 12:37

Сайсары олохтоохторо маршруттары уларытыыны дьүүллэстилэр

Сайсары олохтоохторо маршруттары уларытыыны дьүүллэстилэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко уонна «Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата» МХТ салайааччыта Эдуард Садовников Сайсары олохтоохторун кытта оптуобустар маршурттарын уларытыыны дьүүллэстилэр. Кэпсэтиигэ уокурук салайааччыта Владимир Слепцов кыттыыны ылла.
Санатар буоллахха, Сайсары уокуругун олохтоохторо саҥа схеманан билиҥҥи 15-с №-дээх маршрут оннугар саҥа 12-с №-дээх маршрут киирэриттэн долгуйаллар. Маны сэргэ 6-с №-дээх маршруту Три Сосны уулуссаҕа киллэрэн, оҕолор 18-с уонна 14-с №№-дээх оскуолалаларга кыһалҕата суох сылдьалларын хааччыйар наадатын бэлиэтииллэр. Өссө биир этиинэн куорат машруттарын барыларын муниципальнай оҥоруу буолла.


Киирбит этиилэринэн ылыллыбыт дьаһаллары сотору кэминэн нэһилиэнньэҕэ тиэрдиэхтэрэ. 
Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата иһитиннэрэринэн, 2, 4, 5, 6, 7, 12, 14, 16, 19 уонна 35 №№-дээх оптуобустар сэтинньи ый бүтүүтэ саҥардыллыбыт схеманан сырыыларын саҕалыахтара.
Куорат оптуобустарын саҥа схемата: https://yakutskcity.ru/press-tsentr/novaya-marshrutnaya-set-kak-budut-ezdit-avtobusy-v-gorode-yakutske/ 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...