31.10.2024 | 12:00

Билэрбит туһалыа

Билэрбит туһалыа
Ааптар: Татьяна Захарова-Лоһуура
Бөлөххө киир

Арассыыйа олохтоохторо хас ый аайы дойду сокуоннарыгар, аакталарыгар эбии-көҕүрэтии киирэригэр эбэтэр букатын да “буруолаабытынан сылдьар” саҥа сокуоннар олоххо киирэллэригэр үөрүйэхтэнэн да бардыбыт. Сокуону билбэт буолуу – эппиэтинэстэн босхолообот. Оттон “ким билиилээх – ол сэбилэниилээх”. Холобур, сэтинньи ыйтан Арассыыйа үрдүнэн 6 федеральнай сокуон олоххо киирэр. Судургутук быһаардахха, маннык.

ДьУоХХ төлөбүрүгэр чэпчэтиигэ сыһыаннаах

ДьУоХХ төлөбүрүгэр чэпчэтиинэн туһаныы кэлим ыстандаарыгар уларыйыы киирэр. Кэлэр ыйтан социальнай көмүскэл уоргана тустаах киһиэхэ компенсация ананарын-анамматын быһаарарыгар ДьУоХХ ГИС-тэн гражданин кэнники үс сылга хомунаалынай төлөбүрүн хайдах төлөспүтүн көрөр буолар. Тустаах сибидиэнньэни компенсация ананыыта быһаарыллар ыйын 1-кы күнүнээҕи туругунан көрөллөр. Иэстээх киһи өйөбүлтэн матар. Ол эрээри ДьУоХХ төлөбүрүгэр иэстэнэ сылдьыбыт, ол эрээри онтун суут нөҥүө төлөөбүт эбэтэр ол иэс суукка тиийбэккэ, төлөнүөхтээх болдьоҕо ааспытынан ааҕыллыбыт түгэнигэр, гражданин компенсациянан туһанар бырааптаах эбит.

 

Социальнай ситимҥэ уонна мессенджергэ сыһыаннаах уларыйыы

Сэтинньи 1 күнүттэн иһитиннэриини түргэнник үллэстэр мессенджери үлэлэтэр тэрилтэлэр кимэ-туга быһаарыллыбатах уонна кинилэргэ оннук иһитиннэриини биэрэртэн батыммыт туһанааччыларга оҥорор өҥөлөрүн булгуччу хааччахтыыр (блоктуур) эбээһинэстэммиттэр. Төрүөтэ өйдөнөр: биллибэт нүөмэртэн түөкүннээһин, дьон баайыгар, үбүгэр суудайыы, террактары ыытыы элбээбит.

Манна даҕатан эттэххэ, симка ылбыт кэмҥититтэн пааспаргыт, пропискаҕыт, бэл, ааккыт-суолгут да уларыйбыт түгэнигэр эбэтэр бэйэ аатыгар суруллубатах, корпоративнай нүөмэри туһана сылдьааччылар, суотабай сибээс провайдерыгар сирэй тиийэн, уларыйбыт докумуоҥҥутун бэлиэтэтиэххитин наада. Хаһан эрэ бэйэҕит ааккытыгар суруйтаран ылбыт симкаҕытын туттубат түгэҥҥитигэр, быраҕан кэбиспэккэ, салоҥҥа тиийэн, ол нүөмэргититтэн аккаастанаргыт ордук.

Социальнай ситимҥэ 10 тыһ. тахса сурутааччылаах дьон ол страницаларыгар Роскомнадзор анал реестиригэр регистрацияламмыттарын туһунан иһитиннэриини угаллара булгуччулаах буолар. Ол реестиргэ дойду сокуоннарын тутуһар уонна Арассыыйаҕа бобуулаах иһитиннэриини тарҕаппат страницалаахтар эрэ киирэллэр.

 

Байыаннай учуот электроннай кэлим реестирэ

Сэтинньи 1 күнүттэн итинник ааттаах судаарыстыба байыаннай учуокка реестирэ үлэҕэ киирэр диэбиттэр. Бу туһунан өссө былырыын муус устар 14 к. 127 №-дээх ФЗ тахсыбыта. Биэс хоноот РФ Бырабыыталыстыбата реестир үлэлиэхтээх бэрээдэгин бигэргэппитэ. Реестир хас да суол соругу тэҥинэн толорор кыаҕы биэрэр:

ГИС (судаарыстыбаннай информационнай тиһик) төрүтүгэр олоҕуран, военкомакка байыаннай эбээһинэстээҕи учуокка ылыы, учуоттан устуу түргэтиир.

Байыаннай эбээһинэстээх гражданин туһунан сибидиэнньэни, үлэлиир, үөрэнэр тэрилтэлэрин дааннайдарыгар олоҕуран, байыаннай учуокка ылыы судургутуйар.

Военкомат бэбиэскэтин тиэрдии судургутуйар. О.э. “Госуслуга” портал нөҥүө электроннай бэбиэскэни ыытар кыахтанар.

Бэбиэскэ туппут гражданин военкомакка кэлэрин хааччыйар миэрэлэри ылынар эбэтэр тохтотор туһунан быһаарыы ылыллар. Холобур, бэбиэскэ туппут киһи военкомакка кэлбэтэҕинэ, быстах кэмҥэ кыраныысса таһыгар тахсарын хааччахтыыр миэрэ ылыллыан сөп.

Ити реестиргэ байыаннай учуокка туруохтаах уолаттартан саҕалаан, байыаннай эбээһинэстээххэ киирсэр дьахталлар, байыаннай учуокка туруохтаах эрээри турбакка сылдьар дьон олоччу киллэриллэллэр. Реестир сибидиэнньэтигэр АААА, пааспар дааннайдара, олорор сир эрэ киирбэт. Электроннай почта, төлөпүөн нүөмэрэ, ИНН, СНИЛС, үлэ туһунан сибидиэнньэ, ыал буолуу, оҕолооҕуҥ, оҕото суоҕуҥ, үөрэх, идэ, квалификация о.д.а. барыта киирэр. Туох тырааныспардааҕыҥ, хамсыыр-хамсаабат хапытаалыҥ барыта бэлиэтэнэр. Бу чахчылар “сабыылаах” сибидиэнньэҕэ киирсэллэр. Ону арай РФ Оборуонаҕа министиэристибэтэ, ЧБ, ФСО уонна Арассыыйа тас разведкатын сулууспата эрэ туһанар кыахтаахтара суруллар. Реестир Оборуона министиэристибэтин көрүүтүгэр-истиитигэр киирэр. “Гражданин итиннэ киирбитин “Госуслуга” Порталын нөҥүө иһитиннэриэхтэрэ”, – диэбиттэр.

 

Тута төлөһүү тиһигин (СБП) туһаныыга сыһыаннаах

Суотабайга хачайданар баан сыһыарыытын көмөтүнэн СПБ туһанан, төлөпүөн нүөмэригэр харчы ыытарбыт күннэтэ эбиллэр. Кэлэр ыйтан СПБ нөҥүө харчыны ыытыы иһин ылыллар хамыыһыйа саҥа кээмэйэ олохтонор. Билэргит курдук, физическэй сирэй биир ый устата 100 тыһ. солк. иһинэн босхо ыытар кыахтаах. Оттон ону таһынан бардаҕына, атын баан счётугар эбэтэр электроннай кумааһынньыкка ыытар хамыыһыйата 0,5%-ҥа тэҥнэһэр буолбут. Ол эрээри хамыыһыйа суумата 1500 солк. элбиэ суохтааҕа этиллэр. Итинник быраабыла электроннай кумааһынньыкка ыытыыга эмиэ дьайар буолбут. Оттон судаарыстыба туһатыгар СПБ-нан ыытыы хамыыһыйаламмат буолбут. О.э., холобур, оҕо саадыгар, куруһуокка, сиэксийэҕэ сылдьыы, нолуок, ыстыраап төлөбүрүн ыытыыга хамыыһыйата тутуллубат. Ыытыллыбыт үбү төннөрүү (по незавершенному переводу) эмиэ хамыыһыйаламмат.

 

Бочуоттаах донордарга сыһыаннаах

Сэтинньи 30 к. саҕалаан Бочуоттаах донордар сыл аайы ананар төлөбүрү ыларга социальнай көмө уорганыгар суругунан сайабылыанньалаһаллара тохтуур. Судаарыстыбаннай иһитиннэрэр тиһиккэ “Арассыыйа Бочуоттаах донора” аат ананарын туһунан сибидиэнньэ киирдэ да, сыллааҕы төлөбүр быһа (автоматом) ааҕыллыа.

 

Майнинг быраабылата бигэргэммит

Билиҥҥитэ үгүстэр цифровой валюта, майнинг, криптовалюта диэннэрин туһаныахтааҕар, ис хоһооннорун да билбэппит. Судургутук өйдөөтөххө, харчы төһө кээмэйинэн эргииргэ тахсарын Киин баан быһаарар. Оттон криптовалютаны модун күүстээх, сүүнэ кыамталаах аан дойду үрдүнэн тарҕаммыт көмпүүтэрдэри туһанан бэрт дьикти, уустук алгоритм көмөтүнэн, “хостоон” таһаараллар. Ол “майнинг” диэн ааттанар. Төһөнөн элбэҕи “хостуугун” даҕаны, оччонон кыаҕыраҕын. 2017 с. аан дойдуга биткоин эмискэ өрө көтөн тахсан, криптовалюта эйгэтигэр улахан хамсааһын тахсыбыта. 2021 с. Арассыыйа криптовалютаны “хостооһуҥҥа” (майниҥҥа) 11,23 бырыһыаны ситиһэн, АХШ (35,4%) уонна Казахстан (18,1%) кэнниттэн 3-с миэстэ буолбута. Былырыын дойду бэрэсидьиэнин ыйааҕынан Арассыыйаҕа криптовалютаны “хостооһун” сокуоннай (легальнай) буолбута уонна ону тас ырыынакка төлөһүүгэ туһанар көҥүллэммитэ. Оттон бу сэтинньиттэн цифровой валютаны “хостооһун” быраабылата олоххо киирэр:

- РФ сиригэр-уотугар регистрацияламмыт уонна Сыыппара министиэристибэтин анал реестиригэр киирбит эрэ юридическай сирэйдэр, ИП-лар майнинынан дьарыктанар кыахтаммыттар.

- Арассыыйа олохтоохторо валютаны “хостуулларыгар” туттар уоттара электричествоны туһаныыга олохтоммут лимиит иһинэн буоллаҕына, майнинынан дьарыктаныахтарын сөп.

- Майнинг элбэх уоту туһанарыттан сылтаан эрэгийиэҥҥэ уот кыамтата мөлтүүр түгэнигэр, кинини тута уоттан араараллар.

- Экономическай, судаарыстыбаннай буруйу оҥоруу иһин уонна ыар буруйу оҥоруу иһин сууттана сылдьыбыттар майнинынан дьарыктаналлара бобуллар.

 

«Даача амнистията» кэҥиир

“Дача амнистиятын” сокуона 2006 с. киирбитэ. Ол суотугар олорор дьиэни уонна саад учаастагын дьиэтин судургутуйбут бэрээдэгинэн регистрациялыыллара. Саҥа сокуонунан сарай, баанньык, хоспох, сайыҥҥы дьиэ эмиэ хапсар. Онуоха ол тутуулар техническэй эбэтэр судаарыстыбаннай реестиргэ 2013 с. тохсунньутугар киирбит буолуохтаахтар. Тутуу баар сирэ гражданин бас билиитигэр сылдьара ирдэнэр. Ону тэҥэ 1998 с. ыам ыйын 14 күнүгэр диэри тутуллубут сэргэстэһэ турар олорор дьиэлэри эмиэ “амнистияҕа” хапсар гыммыттар. О.э., аймахтыылар биир учаастакка турар дьиэлэрин тус-туһунан судургутуйбут бэрээдэгинэн регистрациялатыахтарын сөп.

 

Миграннарга сыһыаннаах

Федерация Сэбиэтэ тас дойду олохтооҕо Арассыыйа төрүт олохтооҕун кытта ыал буолан да баран, кылгаабыта, үс сыл бииргэ олордоҕуна эрэ судургутуйбут бэрээдэгинэн биһиги дойдуга быстахтык олорор көҥүлү ылар бырааптанарын бигэргэттэ. Ону ааһан, оннук быраабы ылаары сымыйанан (фиктивно) ыал буолбута билиннэҕинэ, эрдэ бэриллибит көҥүл дьиҥэ суоҕунан ааҕыллар. Тоҕо диэтэххэ гражданство ылаары эрэ сымыйанан ыал буолуу чахчыта элбэх. Аҥаардас бу сылга суут нөҥүө 107 быстах кэмҥэ олоруу көҥүлэ, 75 “вид на жительство” дьиҥэ суоҕунан ааҕыллыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....