Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.
Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн куттанаҕын.
Маннык түгэҥҥэ тугу сүбэлиир эбиттэрий?
Түргэнник утуйарга бэрэбиэркэни ааспыт 8 сүбэ баар эбит.
Утуйуоҥ иннинэ ыарахан аһылыктан, кофеттан уонна төлөпүөнтэн акаастаныахтааххын, мэйиигэр “орон = утуйуу” диэн өйдөбүлү киллэриэхтээххин, спордунан дьаныардаах дьарык уонна күн устата утуйбакка сылдьыы – бу барыта утуйбат буолууну кытта сөптөөхтүк охсуһар ньымалар. Ол быыһыгар эксээмэн эбэтэр суолталаах көрсүһүү иннинэ утуйа охсорго кинилэр көмөлөспөттөр.
1 №-ДЭЭХ СҮБЭ
Чаһыны көрүмэҥ
Эрдэ сытан баран чаһыны көрөөт толкуйдуугут, бэйэҕитин албыннанаҕыт: “Туруохпар диэри аҕыс чаас баар эбит – бэртээхэй, уубун хана утуйууһукпун!”. Ол курдук сытан эрэн киинэҕит бүтэһик сериятын көрөҕүт, туруоххутугар диэри алта чаас хаалар. Будильниккыт тыаһыыра чугаһаабытын билэн баран долгуйаҕыт, оттон долгуйуу – утуйуу өстөөҕө. Түмүгэр сынньанаргытыгар олох аҕыйах кэм хаалбытын билэн баран сотору-сотору чаһыгытын көр да көр буолаҕыт уонна эмиэ уубун хаммакка турар эбиппин диэн бэйэҕитин мөҕүттэҕит.
Чаһыгытын илиигит тиийэр сириттэн тэйитиҥ уонна бэйэҕитин хонтуруолланарга болҕомтоҕутун ууруҥ. Сылайдыгыт? Халтаһаҕыт ыараабыт? Оттон илиигит? Ороҥҥутугар моонньугут уонна ойоҕоскут сынньалаҥнык сытар дуо? Бэйэҕитигэр уонна эккитигэр-сииҥҥитигэр кыһаллыҥ, чаһыгытыгар буолбатах: маннык бэйэҕэ сыһыантан туох да дьиксиниигэ тиийбэккэ, сыыйа утуйан хаалыаххыт.
2 №-ДЭЭХ СҮБЭ
Утуйа сатаамаҥ
Дьиибэтэ диэн баар, сорох ардыгар, олох утуйар кыаллыбат буоллаҕына, сытымаҥ, туруҥ. Кинигэтэ ааҕыҥ, имиллэҥнээҥ, конструктор да хомуйуоххутун сөп, сиэркилэҕитин сотуҥ эбэтэр уруһуйдааҥ, суруксуттааҥ – уопсайынан эйигин холкутатар уонна уоскутар дьыаланан дьарыктаныҥ.
Олох сатаан утуйбаттан маннык аккаастаныы мэйииҥ атыҥҥа аралдьыйарыгар көмөлөһүө, атын соруктарга туһулуо, ол кэннэ дьэ утуйуу абылаҥар бэрт түргэнник куустарыаҥ.
3 №-ДЭЭХ СҮБЭ
Хоскун салгылат
Элбэх киһи санаата биир эбит: салгылаабыт, сөрүүн хоско киһи олус үчүгэйдик утуйар. Маны наука эмиэ дакаастаан турар: утуйар таҥас, пижама кэтэн баран суорҕан иһигэр киирэн утуйаргар хос температурата +19°C үрдүө суохтаах.
Сөрүүкэнии – эт-сиин утуйарга бэлэмнэнэр ньымата. Онон утуйуох иннинэ итии ууга сытан ванналанар эбэтэр киһи тылын салыах итии чэйи иһэр – сөбө суох толкуй. Хос температуратынан утах, хос сөрүүнэ уонна түннүк кыратык аһаҕас хоноро – баҕарбыт сынньалаҥҥар аһаҕас суол. Ол устун наскынан барар ордук: атаххын сылааска тутуу – эбээни эрэ үөрдэр ньыма буолбатах, бэйэҥ утуйаргар эмиэ көмөлөһөр. Оттон тымныыны олох сөбүлээбэт, тулуйбат буоллаххына, өссө биир киитэрэй сүбэни туһаныахха сөп.
4 №-ДЭЭХ СҮБЭ
Халыҥ, ыарахан суорҕанынан саптыҥ
Ыарахан ыйааһыннаах суорҕан утуйбат буолууттан көмүскүүр эбит. Ыйааһын туохтан эрэ уолуйаргыттан көмөлөһөр, оттон маннык суорҕаннаах утуйан чинчийиигэ кыттыбыт дьон бэлиэтээбиттэринэн, кинилэри хайдах эрэ ким эрэ кууһарын, илиитинэн тутан сытарын уонна төбөтүттэн имэрийэрин курдук билиммиттэр.
Биллэн турар, түүн ортото анал суорҕаны хантан да булбаккын, төһө да утуйар ууҥ көттөр. Ол оннугар кыратык түннүккүн арыйан хоскун салгылатыаххын уонна эбии суорҕанынан саптан баран өссө үрдүгэр сымнаҕас оонньуурдары ууруоххун сөп. Дьон этэринэн, кыракый да ыйааһын оруолу оонньуон сөп эбит.
Оттон астмалаах, муннулара хаһыҥырыыр уонна клаустрофобиялаах (хараҥаттан куттанар) дьон ыарахан суорҕаны саптыахтарын иннинэ быраастан сүбэлэтэллэрэ наада эбит.
5 №-ДЭЭХ СҮБЭ
Хараххытын сылатыҥ
Хараххытын сабыҥ уонна төттөрү таары хамсатыҥ, сылайыаххытыгар диэри – маннык сүбэни олох түргэнник утуйуохтарын баҕарар ньыманы көрдүүр дьоҥҥо чаастатык биэрэллэр. Халтаһаҥ ыараан уонна хараҕыҥ сылайан, баҕалаах утуйуугар бэрт түргэнник чугаһыыгын. Маны таһынан мэйиигин албынныыр түгэн үөскүүр, хараххынан үөһээ-аллараа хамсатаҕын: бу утуйа сытар киһи хараҕа хамсыырыгар маарыҥныыр.
6 №-ДЭЭХ СҮБЭ
Сөпкө тыыныҥ
Олоҕуҥ ханнык баҕарар түгэнигэр, онуоха эбии утуйбат киһиэхэ – саамай наада. Утуйар инниттэн араас тыынар практиканы туһаныахха сөп: холобур, бытааннык уонна дириҥник тыына сатааҥ. Холку, биир тэҥ уонна дириҥ өрө, аллара тыыныылар искэр мелатонин оҥорон таһаарарга көмөлөһөллөр – утуйуу гормона, ону таһынан истириэһи уонна аһара долгуйууну намтаталлар.
Биир маннык сүбэ баар эбит. Аттыгар утуйа сытар киһи эбэтэр дьиэтээҕи кыыл, куоска, ыт баар: сатаан утуйбатаххына киниэхэ сыстан баран кини курдук тыынан көр. Манна эн үөһэ, аллара тэҥҥэ тыынаҥҥын аттыгар утуйа сытааччыга дөбөҥнүк холбоһуоххун сөп.
7 №-ДЭЭХ СҮБЭ
Тыаста холбооҥ
Аттыгар ким да суох буоллаҕына, тыаста-ууста холбооҥ. Билэр холку муусукаҕыт, айылҕа тыаһа, эһигини уоскутар матыып. Эбэтэр саҥарар кинигэни истиэххитин сөп, бу кэннэ мэйиигит минньигэс түүллэргэ салаллыаҕа.
9 №-ДЭЭХ СҮБЭ
Ыраланыҥ
Сарсын эрдэ туруохтааххыт, чаһыгыт түүн үөһэ буолла, оттон үөһэ суруйбут ньымаларбыт көмөлөспөт буоллахтарына, ыраланыҥ. Наһаа мааны, кыраһыабай дьиэ, ханнык эрэ дойдуга, түннүгүнэн туох көстүөн сөбүй, куукунаҕыт, саалаҕыт. Ол дьиэҕэ чугас дьоҥҥутун, дьиэ кыылларын олордуҥ, үүнээйинэн киэргэтиҥ, сарсыарда аайы наһаа минньигэс ас сыта, туох эрэ сүрэҕи сылаанньытар тыас баарын курдук оҥорон көрүҥ.
Маннык ыра санаа оҥостон уугутун хана утуйбат долгуйууттан аралдьыйыаххыт.
Оттон романтиканы наһаа сөбүлээбэт дьон сүүстэн төттөрү ааҕыҥ, мэйиигитин атыҥҥа үлтү сынньымаҥ.
Өссө түргэнник утуйар инниттэн хараххытын симэн баран наһаа үчүгэй халлаан күөх экраны көрүҥ. Биир тэҥ өҥ, атын туох да суох – бу уобараһы төбөҕүтүгэр тута сытыҥ, сотору кэминэн түүҥҥү сынньалаҥҥа барбыккытын билбэккэ да хаалыаххыт.
Манна даҕатан, ааҕааччыларбытыгар анаан айылҕаттан айдарыылаах, анал кинезиолог үөрэхтээх Саргылана Семеновна Егорова-Саргылана Кынаттаах сүбэлэрин-амаларын тиэрдэр:
– Кинезиолог – киһини үс өттүттэн көрөн эмтиир. Мин маныаха үөрэхтэри барытын сахалыы толкуйдуубун. Ол курдук киһи уйулҕатын туруга, салгын кута диэн буолар. Киһи салгын кута ыһыллар; иккиһинэн, киһи химията, химическэй састааба, ол аата бары сперматозоидтан уонна яйцеклеткаттан киһи буолан сылдьабыт, онуоха химическэй реакция барар, ийэ куппутуттан кэлэр, онно эниэргийэбит эҥин киирэр, бу чараас эйгэ, эниэргийэ – ийэ кут иһинэн киирэн тахсаллар. Киһи структурата, бу буор кута, эппит-сииммит, ону таһынан чараас эйгэни, аураны, чакраны көрөбүн. Саха буоларым быһыытынан айыылартан, иччилэртэн, өбүгэлэртэн көрдөһөбүн, бу барыта сибээстээх.
Киһи тоҕо утуйбат буоларый эбэтэр уһуктан өр утуйбакка эрэйи көрөрүй?
Мин саныахпар, күүрүүттэн.
🔷Билиҥҥи олоххо киһи үксэ күүрэ сылдьар. Оҕолордуун, улаханныын. Бу, дьиҥэр, олус кутталлаах. Күүрүүттэн араас ыарыы буолуохха сөп. Утуйбакка эрэйдэнии ол түмүгэ буолуон сөп. Инсульт, инфаркт онтон саҕаланар.
🔷Холобура, киһи 1 чаастан 3 чааска диэри уһуктар буоллаҕына, быара ыалдьар буолуон сөп. Оттон 3 чаастан 5 чааска диэри уһуктар буоллаҕына, тыҥата буолуон сөп.
🔷Тыҥа түүн үстэн биэс чааска диэри ыраастанар кэмэ кэлэригэр хайдах эрэ сыыһа сытар буоллун да, мэйииҥ эйигин эбэһээт уһугуннарар, эргитэр-урбатар, хаһан тыҥаҥ балаһыанньата эн сытаргар сөптөөх буолуор диэри, ол кэннэ дьэ утуйаҕын.
🔷Биир эмиэ сүрүн биричиинэ – хабах баттаныыта. Чэпчэтиммэтэххинэ эмиэ сатаммат. Сорох киһи түүн устата 4-5 турар буолар.
🔷Ити уорганнарбыт сибээскэлэрэ уунан, араастаан тардыллан, эрийэ бараннар, ол түмүгэр тыыныылара кэһиллэр. Хас биирдии уорган бэйэтэ эмиэ тыынар, хамсанар, онто кэһиллэр. Аны турдахха атын балаһыанньа, сыттахха атын балаһыанньа буолан эрэйдиир буолар. Дьиҥэр, сибээскэлэрэ үчүгэйдик тутуохтаахтар. Ону көннөрөн биэрдэххэ, киһи үчүгэйдик утуйар буолар.
🔷 Хас биирдии уҥуох кытта тыынар. Онтуҥ тыыныыта кэһилиннэ да, дьэ, тэбиэлэнэ хоноҕун. Мин бэйэм урут оннук этим, сарсыарда туран ороммун көрөн күлээччибин. “Сэрии буолан ааспыт сирин курдук” диэммин. Ону эмиэ көннөрдөххө, киһи наһаа үчүгэйдик эргичиҥнээбэккэ утуйар буолар эбит.
🔷Утуйбат буолуу биир улахан биричиинэтэ – депрессия. Билигин депрессията суох киһи диэн суоҕун кэриэтэ. Наһаа элбэх киһи бүтүннүү күүрэн баран сылдьар буолар. Оннук киһи, биллэн турар, түүн утуйбат. Өйө-санаата атыҥҥа буолар. Кыайан сынньаммат. Төбөнү кураанахтыы үөрэниэххэ наада. Туох да аһары элбэх информация киирэр, сынньаныы, айылҕаны кытары алтыһыы диэн суоҕун кэриэтэ.
🔷Сорохторго куттал киирэн эрэйдиир. Куттал диэн суох. Куттал диэн эн төбөҕөр эрэ баар буолар. КУТ-ТАЛ диэн икки сүһүөхтэн турар күлүүс тыл. Былыргы өбүгэлэрбит мындырдара итиннэ сытар. Куту тал диэн эппиттэр. Куттаргыттан көрдөһүөхтээххин, көмөлөһүннэриэхтээххин. Ону өйдөөтөххүнэ, күүрүүҥ ааһар.
🔷Аны туран биир дьикти-дьиибэ баар – куттар кэлэн ону маны кэпсиир буолаллар. Ону дьэ элбэхтэ билбитим. Бу биир эмит киһиэхэ баар буолар. Тугу эмит гыннарыахтарын баҕардахтарына, түүнүн өбүгэлэриҥ кэлэн арааһы кэпсиир, сүбэлиир буолаллар. Утуйар-утуйбат курдук сыттаххына, дьэ, араас барыта киирэн сордуур. Онно куттаммакка, утарыласпакка истэн, кэпсэтэри кытары кэпсэтэн, чуумпуран иһиллиэххэ наада. Ол кэннэ сарсыныгар нэһиилэ сылдьыаҥ да буоллар, истиэхтээххин. Наадалааҕы этэллэр, суолгун ыйаллар. Ол сытан киһи олох да куйаарга көтөн, куйаар ньэҥирин хабар.
🔷 Оҕолор билигин күүскэ күүрэр буолан эрэллэр. Мээнэ тардыалана, хаһыытыы сылдьар оҕолор элбээн эрэллэр. Түүнү быһа компьютерга, төлөпүөҥҥэ олорон утуйар ууларын аймаан кэбиһэллэр.
🔷 Киһи киэһэ 10 чаастан сарсыарда 3 чааска диэри эбэһээт утуйа сытар буолуохтаах. Ити бириэмэҕэ, күн киириэҕиттэн күн тахсыар диэри, айылҕа киһини бэйэтэ эмтиир. Ону туһана сатыахха наада.
🔷 Миэхэ 80-90 саастаах ытык кырдьаҕастар эмтэнэ кэллэхтэринэ куруук ыйытабын, эһиги хаска утуйаҕыт диэн. “Ээ, биһиги киэһэ 8 чаастан утуйабыт”, – дииллэр. Онон уһун үйэлэниэххитин баҕарар буоллаххытына, ити бириэмэни тутуһа сатааҥ. Ол кэриэтэ эрдэ туруоххутун сөп. Киһи уопсайа аҕыс чаастан итэҕэһэ суох утуйуохтаах.
🔷Ыарыы үксэ түүн киирэр. Чуумпуга. Ол иһин, түүн утуйбат буоллахха, түргэнник көрдөрүнэр ордук. Күүрүүнү киһи аураны, чакралары кытта үлэлэһэн уһулуон сөп. Санааны сааһылаан, уйулҕаны көннөрөн, ыарыы төрдүн-төбөтүн булан көннөрдөххө, күүрүү сүтэн, утуйар буолар.
Кынаттаах🕊