01.11.2024 | 12:00

Дьокуускай урбаанньыттарыгар туох өйөбүл баарый?

Дьокуускай урбаанньыттарыгар туох өйөбүл баарый?
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Алтынньы 28 күнүгэр “Россия 24” ханаал үгэс буолбут “Куораты кытта быһа эпиир” биэриитигэр Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын Урбаан департаменын Потребительскай ырыынак отделын начаалынньыга Руфина Осипова ыалдьыттаата. 
Киин куорат урбаанньыттарыгар туох-ханнык өйөбүл баарын уонна да атын туһалаах информацияны түмэн таһаарабыт.

Дьокуускай куорат сайдыытыгар урбаанньыттар сүҥкэн кылааты киллэрэллэр. Билигин Дьокуускайга 21 000 тахса киһи бэйэ дьыалатын арынан үлэлиир. Олортон 14 000 киһи “индивидуальнай предприниматель”, 7 000 тахса киһи юридическай сирэй быһыытынан регистрацияланан үлэлииллэр. 2020 сыллаахха тэҥнээтэххэ, урбаанньыт ахсаана икки төгүл элбээтэ.

Аччыгый уонна дьоҕус бизнеһи өйүүбүт

Урбаан саамай тарҕаммыт көрүҥүнэн, Арассыыйа атын куораттарыгар курдук, бытархай атыы-эргиэн (розничная торговля) буолар. Куораппыт сыл аайы улаатар, нэһилиэнньэтин ахсаана балысханнык эбиллэр. Маны таһынан айылҕабыт тыйыс усулуобуйата эмиэ улахан оруолу оонньуур – дьон дьиэлэриттэн ырааппакка астарын-үөллэрин, туттар малларын утары ылынары ордороллор.

 

Дьокуускайга туризм олус түргэнник сайдар. Киин куорат  уонна өрөспүүбүлүкэбит бүттүүнэ туристары угуйаллара күүһүрэн иһэр. Саха сиригэр туристыы кэлбит киһи бастаан Дьокуускайтан саҕалыыра биллэр. Балаҕан ыйын 9 күнүгэр баһылык Евгений Григорьев “Форум 400” чэрчитинэн “Дьокуускай – аан дойдуга креотуризм киинэ” стратегическай сессияны ыыппыта. Ырытыһыы түмүгэр туристарга аналлаах информационнай киин (ТИЦ) тэриллэр буолбута. Турист билиэтин ылан баран маршрутун, каартатын чуолкайдык билэр буолуохтаах – холобур, Дьокуускайга хас да сиргэ сылдьар, онтон ханнык эмэ улууска салгыы барар. Араас хайысхалаах маршруттары бэлэмнээн эрэбит.

 

Маны таһынан, билигин электроннай эргиэн диэн балысханнык сайынна – манна маркетплейстар уонна интернетинэн атыы-кутуу араас көрүҥэ киирэр.

 

Атыы-эргиэн туочукаларын уонна ырыынактар үлэлэрин сайыннарабыт – аччыгый уонна доҕус бизнеһи  өйүүр сүрүн сыаллаахпыт. Холобур, “Саюри” ХЭТ оҥорон таһаарар бородууксуйата атыы-эргиэн туочукаларыгар барыларыгар кэриэтэ атыыга тахсар.

 

Медицинэ уонна үөрэхтээһин – саамай хаачыстыбалаах өҥөлөр

Киин куораппытыгар билиҥҥи кэмҥэ саамай тэтимнээхтик сайдар урбаан салаата – медицинскэй өҥөнү оҥоруу. Дьокуускай хас биирдии түөлбэтигэр чааһынай клиникалар, стоматологиялар баар буолан эрэллэр. Дьокуускай куорат дьаһалтата маннык бизнеһи өйүүр араас хайысхалаах үлэни тиһигин быспакка ыытар – анал бырагыраамалар, чэпчэтиилэр бааллар.

Иккис миэстэҕэ – үөрэхтээһин өҥөлөрүн оҥоруу. Цифровизация хото киирэн, онлайн үөрэхтээһин олус сайынна. Дьиэттэн тахсыбакка олорон үөрэниэххэ сөп. Үһүс – тырааныспар өҥөтө, төрдүс – косметология.

 

Ханнык эмэ саҥа оройуон тутулунна да, Дьаһалта иһинэн үлэлиир Предпринимателлэр сэбиэттэрэ түмсэн, олохтоохторго туох-ханнык өҥөнү оҥорор тоҕоостооҕун ырытыһан бараллар.

 

Урбаан эйгэтин ордук ыччат сэҥээрэр. Устудьуоннар цифровой платформаларга бизнестэрин сайыннараллар, регистрацияланаллар.

 

Мониторинг үлэтин биһиги нолуок киириитинэн кэтээн көрөбүт. Урбаанньыттар улахан түһүлгэлэргэ, бырааһынньыкка үлэлииллэригэр биһигиттэн, Урбаан департаменыттан, көҥүл ылаллар – ол дааннайдары биһиги нолуок уорганнарыгар эмиэ ыытабыт.

 

Сайдыыта бытааран эрэр, умуллар урбаан эйгэтэ диэн биһиги куораппытыгар суоҕун кэриэтэ. Бэйэбит урбаанньыттарбыт ааттарын оҥоһуннулар, атахтарыгар бигэтик турдулар да, Арассыыйа киин куораттарыгар тардыһаллара баар суол. Кинилэр оннуларыгар саҥалар кэлэн иһэллэр.

 

Билиҥҥи Дьокуускай урбаанньытын орто сааһа – 40-45 саас. Саамай эдэр урбаанньыттарбыт бэйэ дьыалатын 16 саастарыгар саҕалыыллар.

 

Субсидиялар

Үлэлии сылдьар урбаанньыттарга 3 араас субсидия баар:

1) Киирии ааны оҥостууга, холобур, Ленин проспегын устунан маҕаһыыннар бары биир истииллээх ааннаммыттарын бэлиэтии көрбүт буолуохтааххыт (2 400 000 солк. тиийэ);

2) Общепит эйгэтигэр куухуна оборудованиетын саҥардыыга (1 500 000 солк.);

3) Туристическай тээбириннэри атыыласпыт ороскуоттарын толуйууга (1 250 000 солк.).

Субсидия ыларга Дьокуускай куорат дьаһалтатын саайтыгар баар салааны булан сайабылыанньа суруйдаххытына, биһиги тута көрөбүт эбэтэр департамеммытыгар кэлиэххитин сөп.

Маны тэҥэ саҥа бэйэ дьыалатын арынааччыларга Дьокуускай куорат урбааны сайыннарыыга пуондата үлэлиир.

 

Координационнай сэбиэт. 25 бизнес араас эйгэтин бэрэстэбиитэллэрэ киирбиттэрэ. Урбаанньыттар кыһалҕаларын быһаарыыга Сэбиэт үлэтэ сүҥкэн оруоллаах. Урбааны сайыннарыы стратегията кинилэртэн тахсар.

 

Соторутааҕыта ИП регистрациялаабытым. Куораттан өйөбүл ыларбар, бастатан туран, ханна тиийиэхтээхпиний?

– Бастатан туран, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын Урбааҥҥа департаменыгар эбэтэр СӨ Урбаан министиэристибэтигэр тиийэн ыйыталаһыаххытын наада.

 

Өҥөнү оҥоруу салаата төһө сайдарый?

– Олус тэтимнээхтик. Дьокуускайга, Тюмень, Красноярскай куораттарга өҥөнү оҥоруу саамай үрдүк таһымнааҕынан ааҕыллар. Ол курдук, гостиница бизнеһигэр, косметологияҕа, медицинэ өҥөлөрүгэр о.д.а. эйгэлэрбит аныгы кэм ирдэбилигэр толору хоруйдууллар. Холобур, Дьокуускайга офтальмология, косметология өҥөлөрүн оҥорторо анаан-минээн атын куораттартан кэлэр дьон элбээн иһэр – өҥө оҥоһуллар хаачыстыбатын сэргииллэр. Биһиэхэ бу эйгэлэргэ урбаанньыттар күрэстэһиилэрэ баар буолан, хаачыстыба үрдүк.

 

Мин бэйэ дьыалатын саҕалыахпын баҕарабын. Урбаан департамена консультациялары оҥорор дуо?

–  Оҥорор. Ону таһынан Урбаан министиэристибэтин уонна “Мин бизнеһим” киини кытта ситимнээхтик үлэлиибит. Бастакы хардыыларгытын ыйан-кэрдэн биэрэбит уонна дьыалаҕыт саҕаланыытыгар арыаллыыбыт. Онтон салгыы бииргэ үлэлэһэбит. Урбаанньыттарбыт хаһан баҕарбыттарынан, ыйга хаста баҕарар кэлэн босхо сүбэ-ама ылан барыахтарын сөп.

 

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээлбит быйыл буолар дуо?

– Хайаан да буолуохтаах. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри ыытыллыахтаах. Бу күннэргэ гастрономическай бэстибээл саҕаланыаҕа, эрэстэрээннэргэ маастар-кылаастар буолуохтара – сүрүннээн бэйэбит аспытыттан астыыры көрдөрүөхтэрэ. Сыллата “Река.Озеро.Лес”, “Махтал”, “Аврора”, “Чочур Муран” эрэстэрээннэр кытталлар. Быйыл “Инкотрейд”, кыттыһар. Холобур, Казаньтан кэлбит шеф-повардар балыгы астааһыҥҥа маастар-кылаастары, устудьуоннарга үөрэхтээһиннэри ыытыахтара.

Бэстибээл кыттыылаахтарын ахсаана сыл аайы биллэрдик эбиллэн иһэр. Бэлэмнэнии өссө сайын саҕаламмыта.

 

Мин тутуу маҕаһыынын арынан эрэбин, поставщиктары көрдүүбүн. Оннук информацияны биэриэххитин сөп дуо?

– Биһиги Департамеммытыгар эбэтэр Урбаан министиэристибэтигэр тиийэн сүбэ ылаҕыт, испииһэк тутан тахсаҕыт – босхо. Өҥө арааһыгар барытыгар биир кэлим баазалаахпыт.

Саҥа саҕалаан эрэр урбааньыттар үксүн докумуоннары толорууга уустуктары көрсөллөр, ону барытын босхо ыйан-кэрдэн биэрэбит.

 

Хаартыскалар: gtrksakha.ru

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....