01.11.2024 | 10:00

203-с дьоҕус оройуоҥҥа эбии оптуобус туруорсаллар

203-с дьоҕус оройуоҥҥа эбии оптуобус туруорсаллар
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Сурук киирдэ

«Киин куорат» хаһыат эрэдээксийэтэ, дорооболоруҥ!

Мин Дьокуускай куорат саҥа түөлбэтигэр олоробун. Оҕо улаатарыгар олус табыгастаах оройуоҥҥа дьиэлэммиппититтэн үөрэбит. Аттыбытыгар уһуйаан, оскуола, наадалаах маҕаһыыннарбыт бары бааллар. Дьон этэринэн, бу түөлбэҕэ 25 тыһыынча киһи олорор, этэргэ диэри, биир бөдөҥ улуус нэһилиэнньэтэ ахсааннаах. Онно өссө кэлэр-барар, ыалдьыт дьону аахтахха, олох даҕаны ыраатар ахсааннаах элбэх киһи тоҕуоруһар.

Биир улахан кыһалҕанан куорат бу биир саамай улахан түөлбэтигэр икки эрэ оптуобус сылдьара буолар. Олохтоохтор бары даҕаны сырыыбытыгар эрэйдэнэбит. 3-с уонна 17-с нүөмэрдээх оптуобустар эрэ сылдьаллар. Айанныырым тухары толору ыга киһилээх көлөҕө симиллэн киирэбит. Аны 203-c түөлбэттэн Ленин проспегар диэри биир уулуссанан айан курдук эрээри, бу оптуобустар проспекка онон-манан ырааҕынан эргийэн тиийэллэр.

Кыһын буолла, тымныы түстэ. Оҕолор куорат киинигэр ким үөрэххэ, ким куруһуокка кэлэллэригэр-баралларыгар эрэйи көрөн эрэллэр. 3-с нүөмэрдээх оптуобус сырыытын үчүгэй маршрут диэбэккин. Күүтэбин диэн тоҥо-хата түһүөххэ сөп. Саастаах киһи интэриниэт сыһыарыыны таба туһаммаппын даҕаны.

Аттыбытыгар 202-с түөлбэ баар, эмиэ улахан нэһилиэнньэлээх. Туспа оскуолалаах, уһуйааннаах. Кинилэр эмиэ бу оптуобустарынан сылдьаллар. Ону кытта оҕо музыкальнай оскуолата, смарт-библиотека, Инновация лицейэ, чааһынай репетитордар кииннэрэ, спорт кулууптар уо. д. а. үгүстэр. Оҕо, ыччат дьарыктанар тэрилтэтэ хара баһаам.

Киһи эрэ барыта тус массыыналаах буолбатах.  Онон мин туруорсуум диэн, Айти парк иннинэн куорат киинигэр айаннаан тиийэр ЭБИИ ОПТУОБУС көрүллэригэр кэм уолдьаста! Түөлбэбит дьокутаата  уонна мээрийэ ити тыын боппуруоска туох эппиэти биэриэхтэрэй?

 

Екатерина Ноговицына, Дьокуускай куорат, 203-с дьоҕус оройуон олохтооҕо.

Ааҕааччыбытыттан киирбит сурукка үгүс киһи сөбүлэһэр буолуохтаах. 203-с дьоҕус оройуоҥҥа икки –  3-с уонна 17-с нүөмэрдээх оптуобустар сылдьаллар эрээри, үлэлэрин хаачыстыбатыгар, бириэмэни тутуһууларыгар, онтон да атыҥҥа олохтоохтор сонньуйаллара, ардыгар кыйаханаллара да баар.

Санатан эттэххэ, быйыл муниципальнай хантараактар болдьохторо бүтэн, өҥөнү оҥорооччулары кытары дуогабардар саҥаттан түһэрсиллэн эрэллэр. Куонкурус алтынньы бүтүөр диэри ыытыллар.

«ЯПАК» муниципальнай унитарнай тэрилтэ оптуобустара үксүн куорат таһынааҕы маршруттарга сылдьаллар, оттон куорат иһигэр чааһынай тиэйээччилэр (барыта 18 маршрут) муниципальнай хантараак чэрчитинэн үлэлииллэр.

Сорох маршруттар усталара уһун, атыттар киэннэрэ кылгас; хайа эрэ кэрчиктэргэ айанньыт ахсаана элбиир, сорох сиргэ – аҕыйыыр.

17-с маршрут нэһилиэнньэ урут-уруккуттан сөбүлээн, элбэхтик сылдьар маршруттарыгар киирсэр. Графигы тутуһуулара, атыттарга холоотоххо, үчүгэйинэн ааҕыллан кэллэ.

Быйыл муниципальнай хантараактары лот систиэмэнэн түһэрсэргэ быһаарбыттара. Биир лот иһигэр үс маршрут холбонор.

 

Олохтоохтор баҕа санааларын учуоттаатыбыт

Эдуард Садовников, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын Суол-тырааныспар сулууспатын салайааччыта бу кыһалҕаны хайдах быһааран эрэллэрин туһунан кэпсээтэ:

– 203-с дьоҕус оройуон олохтоохторун ити кыһалҕаларын дьаһалтаҕа бэркэ билэн олоробут. Өссө былырыын тута кииҥҥэ тахсар оптуобус маршрутун туруорсубуттара, бэйэлэрин дьокутааттара бу кыһалҕаларын күүскэ ылсыбыт этэ.

Билигин Дьокуускайга оптуобустар маршруттарын сааһылааһын түмүгүнэн, 203-с дьоҕус оройуон олохтоохторо куорат киинигэр киирэллэригэр табыгастаах буоллун диэн, 14-с маршрут суола уларыйан, Ярославскай уулуссатынан Хабаров уулуссатыгар тахсар уонна куорат киинигэр тиийэр буолуохтаах – 14-с оптуобус саҥа маршрутунан сэтинньи 18 күнүттэн сылдьан саҕалыахтаах.

 

Туруорсуубут олоххо киирдэ

Наталья Луковцева, Дьокуускай куорат Дууматыгар Набережнай уокуруктан талыллыбыт дьокутаат:

– Миэхэ оройуонум олохтоохторо Ленин проспегар икки сыл устата барбыт өрөмүөн үлэтин кэмигэр эбии маршрут туһунан боппуруоһу көтөҕөн саҕалаабыттара. Проспект өрөмүөҥҥэ турар буолан, 14-с нүөмэрдээх маршрут Ярославскай, Хабаров уонна Чиряев уулуссаларынан сылдьар буолбута – 203-с дьоҕус оройуон олохтоохторугар бу олус табыгастаах эбитин өйдөөбүппүт. Онтон проспекка өрөмүөн бүтээтин кытта 14-с маршрут төттөрү урукку суолунан сылдьар буолбута.

Ону барытын учуоттаан туран, Куорат дууматын Суол-иис хамыыһыйатыгар иккитэ дьокутаат ирдэбилин түһэрэ сылдьыбытым, сүрүнэ 14-с маршруту биһиги дьоҕус оройуоммут таһынан ыытар туһунан этэ.  Маны тэҥэ баһылык Евгений Григорьевы кытта дьокутааттар чаастарыгар көрсөн, Уопсастыбаннай палаата оптуобустары ырытар балаһааккатыгар кыттан этиилэри киллэрбитим. Ол туруорсуубут түмүгүнэн Суол-тырааныспар сулууспата 14-с маршруту хаттаан көрөн, биһиги олохтоохторбутугар номнуо табыгастааҕын дакаастаабыт. Онон маршрут Ярославскай-Хабаров-Чиряев уулуссаларынан бастайааннай сырыыта олохтонно.

Биһиги, 203-с дьоҕус оройуон олохтоохторо, өссө старосталыы сылдьыахпыттан оройуон көхтөөх дьонун кытта саамай табыгастаах маршруту быһаарыыга эрдэттэн үлэлээн саҕалаабыппыт, нэһилиэнньэбитин куоластаппыппыт, хас биирдии хардыыбытын сааһылаан кумааҕыга тиһэн испиппит, олохтоохтор баҕа санаалара учуоттанарын туһугар үлэни ыыппыппыт. Манна саамай киһи үөрэрэ – куорат былааһа нэһилиэнньэ санаатын учуоттаабыта, биһиги куоластааһыммыт, ырытыһыыбыт түмүгүн ылыммыта буолар.

Уокурукпутугар олоҕу-дьаһаҕы тупсарар үлэбитин тохтоппокко ыытабыт, сотору Ефимов уулуссатын өрөмүөнэ ыытыллыахтаах, онно эмиэ саҥа оптуобус маршруттара, тохтобуллар наада буолуохтара.

 

14-с №-дээх маршрут

Тиһэх тохтобула уларыйар. Бу иннинэ Птицефабрика дьоҕус түөлбэтигэр («Контора») эбит буоллаҕына, Воинскай уулуссаҕа көһөр. Бу маршрут инникитин, суол-уулусса ситимэ оҥоһуллан бүттэҕинэ, «Звезднай» саҥа түөлбэҕэ киирэн ааһар буолуоҕа.

Билигин маршрут Ленин проспегынан сылдьар, инникитин Ярославскай уулуссатынан барар буолуоҕа. Бэлиэтээн эттэххэ, Ленин проспегар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар кэмигэр маршрут бу схеманан сылдьыбыта, дьон-сэргэ сөбүлээбитэ.

Ол курдук, оптуобустар Ярославскай уул. кэлэн иһэн, Киров уул. салайар, салгыы Чернышевскай уул., онтон Хабаров уул. киирэн, Чиряев уул. салайар уонна Дзержинскэй уул. тахсан, салгыы олохтоммут схеманан айанныыр буолуохтара. 

 

Маршрут саҥа (уларыйбыт) схематын көрүөххэ:

Оптуобустар «Воинскай» тиһэх тохтобултан Воинскай уулуссанан айаннара саҕаланыаҕа. Салгыы: Герман Титов уул. – Михаил Николаев пр. – Дежнев уул. – Ленин пр. – Киров уул. – Ярославскай уул. – Хабаров уул. – Чиряев уул. – Дзержинскэй уул. – Өктөөп 50 сыла уул. – Можайскай уул. – Пилоттар уул. – Покрышкин уул. «Тэки Одулок» тиһэх тохтобулга диэри.

Хаартыска: ааптар түһэриитэ
Схема: Олохтоох Дьаһалта пресс-сулууспата

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....