Икки саҥа уопсастыбаннай туона үлэҕэ киирэрэ аҕыйах хонук хаалла
Ил Дархан Айсен Николаев куорат баһылыга Евгений Григорьевы кытта көрсүһүүтүн сүрүн тиэмэтинэн Владимир Путин бигэргэппин маастар-былаанын олоххо киллэрии буолла.
Биллэрин курдук, Дьокуускай куорат маастар-былаанын олоххо киллэрии иитинэн соторутааҕыта саҥардыллыбыт Ленин болуоссата арыллыбыта. Аны сотору кэминэн өссө икки уопсастыбннай туона арыллаары турар – олимпийскай чемпион Роман Дмитриев аатынан кытыл уонна Сайсары эбэ кытыла.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханыгар бу икки туона сэтинньи ыйга арылларга бэлэмнэрин отчуоттаата.
Ол курдук, Сайсары эбэ кытылыгар сатыы дьон күүлэйдиир сирэ, оҕо, спорт балаһааккалара, уопсастыбаннай тырааныспар тохтобула, бэлисипиэт суола, пирс, амфитеатр о.д.а. баар буолаллар. Роман Дмитриев аатынан кытылга эмиэ бэлисипиэт суолун, күүлэйдиир сирдэри сэргэ куорат сөтүөлүүр сиригэр тупсарыы үлэтэ ыытылынна.
Кэпсэтии биир тиэмэтинэн «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан быйыл тутуллан бүтүөхтээх 36,5 км усталаах уулусса-суол ситимин өрөмүөнэ буолла. Бу хайысхаҕа «Намыв» саҥа станция суола болдьоҕун иннинэ оҥоһуллан үлэҕэ киирбитэ бэлиэтэннэ, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.