«Үрүҥ түүн кытыла» ыҥырар
Национальнай художественнай мусуойга алтынньы 11 – сэтинньи 10 күннэригэр “Үрүҥ түүл кытыла” диэн муостан кыһыы ускуустубатын көрдөрөр быыстапка буола турар. Тустаах эйгэҕэ сыһыаннаах эрэ буолбакка, кэрэни кэрэхсиир, уран оҥоһугу сонурҕуур, аныгы муосчуттар үлэлэрин сэргии кэтэһэр, күннээҕи кыһалҕаттан тэйэн, ускуустуба абылаҥар ылларан, уйан куттарын сынньатар, сэргэхсийэр баҕалаахха – үтүөкэн тэрээһин.
Сахалар былыр-былыргыттан сэлии муоһа дэлэй сиригэр олоробут. Өбүгэлэрбит кыыл-сүөл уҥуоҕуттан, муоһуттан күннээҕи олоххо туттуллар тэриллэри, оҥоһуктары оҥорон-оҥорон кэллэхтэрэ. Ол гынан баран, сурукка-бичиккэ тиһиллибитинэн, анал идэтийэн дьарыктаммыттар чинчийиилэригэр олоҕурдахха, туой, мас, туос оҥоһуктарга холоотоххо, сэлии муоһугар балай да хойутаан ылсыбыппыт. В.Х. Иванов 1979 с. “Якутская резьба по кости” монографиятыгар сахалар муостан УУС-УРАН ОҤОҺУГУ кыһарга ХVIII үйэ бастакы аҥаарыттан ылсыбыттарын, бастаан саҕалыылларыгар “северорусская холмогорская резьба” ньыматын туһаммыттарын дакаастаабыт. Бу туһунан РФ уонна СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ З.И. Иванова-Унарова 2019 с. ыстатыйатыгар суруйбута баар. Ону сиһилии билсиэн баҕалаахтар куйаар ситимиттэн холкутук булар кыахтааххыт.
Быйылгы быыстапкаҕа сүрүннээн аныгы кэм оҥоһуктарын туруорбуттар. 2023-24 сс. кытта бааллар. “Саха сирин муосчут маастардара” диэн биографияларын уонна сүрүн үлэлэрин билиһиннэрэр биидьийэ холбонон турар.
Аныгы муосчуттар сэлии муоһунан муҥурдаммакка, кыһалҕаттан даҕаны, тайах, таба, чубуку муоһун тутталлар, үрүҥ көмүһү, атын да тимири, кэрэ көстүүлээх удьурҕайы, маһы туһаналлара көстөр. Холобур, Алексей Андреев 2021 с. оҥорбут “Ловец солнца” диэн маннык үлэтин киһи салгыбакка, эргийэ сылдьан астына көрөр.
Объемнаах оҥоһуктарга рельефнэй ойо быһыы, тонировка, аалан оҥоруу, инкрустация ньымаларын тутталлар эбит. Тиэмэлэрин этэр буоллахха, саха былыргы олоҕун, сиэрин-туомун, төрүт дьарыгын көрдөрүүттэн саҕалаан, аныгы биллибэт көтөр эттиктэргэ тиийэ оҥорор буолбуттар. Холобур, Роман Петров быйыл сэлии тииһиттэн (!) “Пришелец” уонна тайах муоһуттан, маһы, мельхиору туһанан, “Крылатый предмет” диэни оҥорбут. “Похищение невесты” үлэтэ эмиэ кэрэхсэбиллээх. Тапталлааҕыныын күрэһэн, киниэхэ сыстыаҕынан сыстан иһэр кыыс үөрбүт, уол астыммыт туруга илэ-бааччы көстөргө дылы. Эрсан Местников диэн эдэр киһи (1994 с.т.) мас олбоххо сэлии муоһугар рельеф ньыматынан быйыл оҥорбут “Баай Барыылаах Байанай” оҥоһуга эмиэ болҕомтону тардар. Хас биирдии оҥоһук этэр этиилээх, кэпсиир сэһэннээх. Ону хас биирдии көрөөччү бэйэтин толкуйунан, олоҕу ылыныытынан, уйулҕатын туругуттан көрөн, араастаан ылынар, өйдүүр. Дмитрий Постников (1982 с.т.) “Өбүгэлэр” диэн сэлии муоһуттан, чубуку уонна таба муоһун туһанан, 2023 с. оҥорбут үлэтэ толкуйдатта. Өбүгэ диэтэххэ, саастаах, кырдьаҕас дьону киһи өйдүүр. Оттон киниэхэ үөрбүт-көппүт уоллаах кыыс хачыаллыы олороллор. Өлбүт дьон куттара үөһэттэн оҕо буолан эргиллэрин көрдөрбүт? Хачыал иилиллибит маһыгар көтөрдөр бааллар. Гаврил Никифоров 2023 с. оҥоһугун суругар аҕа баһылык аҕатын аатын буукубатыгар атын турбутун курдук, үлэ аата бутуллубута дуу? Манна сыһыаран эттэххэ, оҥоһуктар ааттарын, ааптардарын көстөр гына, уруккулуу, кумааҕыга суруйаллара ордук этэ. Дьэҥкиргэ суруллубуту уот-күөс утары тыгарыгар киһи бэрт эрэйинэн ааҕар.
Олох өрдөөҕүлэртэн ааптара биллибэт, суруллубутунан, 1860-с сс. сэлии муоһуттан оҥоһуллубут кумааҕы быһар кэм-кэрдии уорааныгар оҕустарбатаҕа сөхтөрөр. 1906 с. хоппо (ларец) баар. 1906-1961 сс. олорон ааспыт Василий Попов 1947 с. “Якутка у коновязи” үлэтин киһи чааһы да быһа одуулаһа туруох курдук. Саха сылгытын чаппарааҕын, ыҥыырын, дьахтар саҕынньаҕын, илин-кэлин кэбиһэрин туох баар киэргэлин ымпыктаан-чымпыктаан оҥорбут. Гаврил Никифоров “Победоносец”, “Байанай”, Александр Винокуров “Лаамы кытылыгар ыра санаа”, Николай Аргунов “Былыргы адьырҕалар”, Алексей Андреев “Ыһыах” композицията курдук уо.д.а. бииртэн биир кэрэ оҥоһук элбэх.
Бэйэ баран көрбүтэ ордук. Төлөбүрэ улахан дьоҥҥо – 300 солк. Биэнсийэлээххэ, 18-гар диэри оҕоҕо – 200 солк. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн оҕолоругар 100 солк. Устудьуоҥҥа – 150 солк. “Пушкин каартата” дьайар. Таарыйа сахалыы остуол оонньууларынан саатыахха, “Ыра санаа маһыгар” бэйэ баҕатын суруйан хаалларыахха сөп. Ким баҕалаах холумтан аттыгар уонна аллара түһэн, кафеҕа бэлэм таҥастары кэтэн, раама иһигэр хаартыскаҕа түһэн, астык сырыы өйдөбүлүн үйэтитэр.
Санаабычча, ахтыахха...
Саха муостан кыһыыга оскуолатын муҥутуур күүскэ сайдыбыт кэмэ – ХХ үйэ 50-80 сс. Эмиэ оччолорго дии: Сталин 70 сааһыгар (1949 с.) саха норуотун аатыттан Иван Мамаевка 24 см үрдүктээх, сахалыы суруктаах (!) чороону оҥорторон бэлэхтээбиттэрэ. Онно ыһыах уонна оччотооҕу таһымынан сайдыбыт тыа сирин көрдөрөн, аныгы дьиэлэри, бааһынаҕа үлэлии сылдьар тыраахтары, сылгылары уо.д.а. киллэттэрбиттэр.
Иван Федорович айылҕа биэрбит талаанынан чочуйара. Тырахтарыыстыы сылдьан, куонкурустарга кыттан, биллэн-көстөн барбыт.
***
Л.И. Брежнев 70 сааһыгар, о.э. 1976 с., Т.В. Аммосов оҥорбут алмаастаах чороону туттарбыттара.
Терентий Васильевич (1912-1988) үс атахтаах чороону сэлии муоһун кэлим (цельнэй) өлүүскэтиттэн 9,5-10,7 см эргимтэлээх, 18 см үрдүктээх гына оҥорбут. Ойуутугар (Л. Брежнев мэтириэтин, дьүкээбил аннынан айаннаан иһэр икки наарталаах табаны уонна САССР дьаралыгын) барельеф ньыматын туһаммыт. Бөлтөҕөр хаймыылаабыт. Чороон атахтара көҕүөр ойуулаахтар, үрүҥ көмүс киэргэллээхтэр. "Дорогому Л.И. Брежневу в день 70-летия от Якутской АССР" диэн суруктаах, 5 мм кэтиттээх үрүҥ көмүс хаймыылаах.
Москуба ювелирдара “Кристалл” собуокка роза моһуоннаах 2 сыһыарыы ойууга 12 карааттаах бирилиийээни кыбытан кыттыспыттар. Өссө 2 альмандин диэн сэдэх таастаах. Чороон ыйааһына – 1416,4 г.
*САССР норуодунай худуоһунньуга, муосчут Т.В. Аммосов сүрүн үлэлэрэ: “Олонхоһут” композиция (1950), “Ньургун Боотур» уонна «Сорук Боллур» скульптура бөлөҕө (1958), “Туундараҕа таптал” (1967), “Оһуохай” пластина (1974), “Остуол прибора” (1976), “Отчуттар” (1977), “Этэрээти атаарыы” (1982) уо.д.а.
***
Саха сиригэр сэлии муоһуттан дьахтар киэргэлин – бастыҥаны уонна илин-кэлин кэбиһэрин аан бастакынан 1970 с. оҥорбут маастарынан СӨ норуодунай муосчут худуоһунньуга Николай Данилович Амыдаев (1933-2010) буолар.
***
1941 с. саҕалаан Саха сирэ 8 норуодунай муосчут-худуоһунньуктаммыта. Кинилэртэн билигин былырыын 75 сааһыгар 50-тан тахса үлэтин быыстапкалаабыт Фёдор Марков, РФ үтүөлээх худуоһунньуга, 78-с саастаах Георгий Родионов, 82 саастаах, идэтийбит скульптор (Учуутал пааматынньыгын, Д. Коркин, Г. Башарин мэҥэ таастарын, Кыайыы болуоссатын монуменнарын уо.д.а. оҥорбут) Максим Павлов бааллар. –
2019 с. буолбут муос кыһааччылар бэстибээллэригэр этиллибитинэн, муоһу кыһыы ускуустубатыгар 200-тэн тахса киһи дьарыктанар. Ол иһигэр 10 – норуот, 18 – норуодунай уус-уран оҥоһук маастара уонна РФ худуоһунньуктарын сойууһун 12 чилиэнэ баара.
***
Сэлии муоһа олус сыаналаммыта атахтыыр. Устудьуоннар хордуоҥҥа, баар түгэнигэр атын кыыл-сүөл, тайах муоһунан практикаланаллар. Салаа сайдыытыгар интэриэстээх дьон бэлиэтииринэн, сылга 10-ча маастары таһаарар гына, ЯХУ-га анал салааны арыйар, үрдүк үөрэхтээх муосчуттары бэлэмниир уолдьаспыт. Талааннаах дьоммут сүрэхтэрин баҕатынан, сүһүөхтэрэ уйарынан дьарыктаналларыгар сэлээннэммэккэ, идэтийбит, үрдүк таһымнаах солбугу иитэн-такайан таһаарар сорук күүскэ туруохтаах.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэр