24.10.2024 | 12:00

«Кынат» акселератор: анимацияҕа, геймдевка, урбааҥҥа босхо үөрэх

«Кынат» акселератор: анимацияҕа, геймдевка, урбааҥҥа босхо үөрэх
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Саргылаана Петрова кэмиэрсийэтэ суох социальнай бырайыактарынан дьарыктанар “Куб-А” тэрилтэтэ биир санаалаах кэллиэгэлэрэ Егор Мандаров (“Ранго”) уонна Петр Лукачевскай (“ФриПласт”) буолан “Кынат” диэн креативнай индустрияҕа угуйар акселераторы арыйбыттара. Түөрт сыл устата “Кынат” көмөтүнэн 300-тэн тахса оҕо анимацияҕа, геймдевка, урбааҥҥа бастакы хардыыларын оҥороллор.

Аан бастакы “МедиаСтарт” бырайыакпытын 2020 сыллаахха толкуйдаабыппыт. “Позитивнай контент” айарга көҕүлээһин, күннээҕи үөрэх курдук оҥоһуллубута эрээри, пандемия кэмигэр түбэһэн, онлайн көһөргө быһаарыммыппыт. Саҥа формакка көһөр ыарахан да буоллар, үлэлээн, өрөспүүбүлүкэни барытын хабар кыахтаммыппыт.

Билигин үс хайысханан үлэлиибит: “ПроСтартап” — технологическай  урбаанньыттары үөрэтэбит, киэҥ ырыынакка тахсарга көмөлөһөбүт; 14 улуустан саҕалаабыт эбит буоллахпытына, билигин 20 улуус киирэр. Оттон “МультЛаб”— анимация, “ИгроЛаб”— геймдев. Манна ньыматын эрэ үөрэппэппит, бу ойуулугу, оонньууну айан баран, салгыы хайдах барыстаныахха сөбүн үөрэтэбит, тыа сиригэр креативнай хамаандалар үөскүүллэрин ситиһэргэ кыһаллабыт. Анимацияны, геймдевы куоракка эрэ күүскэ үөрэтэллэр диэн өйдөбүлү өһүлэ сатыыбыт диэххэ сөп. Интэриниэт, көмпүүтэр, күүстээх баҕа санаа баар буоллахтарына, биһиги сүбэ-ама буолабыт. Ол эрээри киирбит бырайыактары барытын олоххо киллэрэбит диэн буолбатах, хантан харчы булуохха, атын хампаанньалары кытта хайдах дуогабардаһыахха, хайдах сүүйтэриитэ суох хаалыахха сөбүн үөрэтэбит.

Сүрүн сыалбыт — Саха сирин оҕолоро креативнай, аралдьытыы индустриялара хайдах үлэлииллэрин өйдөөн, саҥа бородууксуйаны оҥорон таһааралларын ситиһии. Ону кытары биир хайысханы эрэ үөрэтэбит диэн буолбатах, холобура, анимацияҕа аниматордары эрэ үөрэппэппит, үчүгэй ойуулук оҥорорго сценаристар, звукорежиссердар, режиссердар эмиэ наадалар. Онон уруһуйдаабат да киһи сценарист быһыытынан анимацияҕа киириэн сөп.

Креативнай экономика бородууксуйата — бэйэ брендэ (личный бренд), интеллектуальнай бас билии, онон интеллектуальнай үлэттэн барыс ыларга үөрэтэбит. Сотору кэминэн аралдьытыы индустрията дойду таһымыгар тахсыаҕа диэн эрэнэбит, өрөспүүбүлүкэбитигэр оннук олуктар ууруллан, трендэр үөскээн эрэллэр. Ол курдук 5-6 сыл иһинэн саҥа бырайыактар үөскүөхтэрэ, онтон 10 сылынан биир эмит улахан хампаанньа тахсыаҕа диэн сабаҕалыыбыт.

 

Баҕалаах дьону барыларын үөрэтэбит

12 саастаах оҕолортон саҕалаан 60-лаах улахан дьоҥҥо тиийэ бары босхо үөрэнэллэр. Былырыын Мииринэйгэ биһиги үөрэхпитин бүтэрбит дьон “Север” диэн бэйэлэрин ойуулук устуудьуйаларын арыйбыттара, үлэлии-хамныы сылдьаллар. Биһиги үлэбит түмүгэ итинник буолуохтаах диэн холобур оҥостобут. Үөрэнээччилэрбит тус дьыалаларын арыйбат да буоллахтарына, үөрэхпит көмөтүнэн уопуттанан, атын хампаанньаларга наймылаһан киириэхтэрин, эбэтэр урбаан эйгэтэ хайдах үлэлиирин сиһилии билсэн, былааннарын толкуйдуохтарын сөп.

Биһиги кэтэхтэн үлэлиибит, онон оҕолор өрөспүүбүлүкэ хайа баҕарар муннугуттан үөрэнэллэр. Ол эрээри биһиги болҕомтобутун тыа сиригэр уурабыт. Үлэбитин саҕалаабыппытыгар куораттан, оннооҕор Москубаттан, Санкт-Петербургтан тиийэ сайаапка ыыппыттарын аккаастаабыппыт.

Тоҕо биһиги тыа сиригэр болҕомтону уурабытый? Тоҕо диэтэххэ куорат оҕолоругар эбии үөрэх өттүнэн туох барыта баар. Оттон улуустарга суоҕун кэриэтэ. Дьокуускайтан Хатаһы ылбыппыт, кинилэртэн 30 сайаапка киирбитэ; тэҥнээн көрдөххө, улуустартан ортотунан 5-6 оҕо киирэр. Улуустарга IT-кииннэри кытта үлэлэһэбит, ол эрээри киинэ да суох оройуоннарга эмиэ баарбыт: Ленскэйгэ, Анаабырга, Кириэс-Халдьаайыга. Мөлтөх интэриниэттээх нэһилиэктэргэ оҕолор биир үчүгэйдик хабар сиргэ мустан дьарыктаналларын тэрийэбит.

Үөрэхпит көрүҥэ «дистанционнай интенсив», ол аата видео көмөтүнэн 4-9 ый устата үөрэтэбит. Бу сыл бүтүүтүгэр “ИгроЛаб”, “ПроСтартап” түмүктэнэллэр, “МультЛаб” кэлэр сыл кулун тутар ыйыгар бүтэр. Билигин барыта 300 киһи үөрэнэр. Биһиги оскуола курдук хонтуруоллаабаппыт, босхо балаһаакка биэрэбит, идеялары сайыннарарга сүбэ-ама буолабыт. Ким баҕалаах хаһан баҕарар киирэн үөрэниэн сөп.

 

Кимнээх үлэлииллэрий?

Араас тэрилтэлэртэн энтузиастар үлэлэһэллэр, АГИКИ уонна КИТ уһуйааччылара, кинилэр ханнык оҕо салгыы сайдыан баҕарарын, үлэлиэн сөбүн көрөн өйүүллэр, оттон оҕолор бу эйгэҕэ билсэр, ыйыталаһар дьонноноллор.

Туспа экспертэр, “Экспо Скиллз” оскуола көмөлөһөллөр. Былырыын Саха сиригэр үлэлиир экспертэри кытта үлэлэспиппит: Данил Поскачин, Виталий Макаров анимацияҕа биллэр дьон. Быйыл географиябытын кэҥэттибит, спикердэр Санкт-Петербургтан, Хабаровскайтан, Лондонтан кытары бааллар.

Үбүлээһин туһунан эттэххэ, бүддьүөт тэрилтэтэ буолбатахпыт, ол иһин туораттан харчы ылабыт. “ПолюсФонд” көмүһү хостуур тэрилтэ аһымал пуондата “ПроСтартабы” уонна “ИгроЛабы” үбүлүүллэр, оттон “МультЛабы” “СинетСпарк” өйүүр. Кинилэр көмөлөрүнэн үлэлиибит, онон графикпыт араас, ону таһынан өрөспүүбүлүкэ IT-паарката уонна “Технопарк” исписэлиистэрэ улуус кииннэрин кытта үлэлииргэ көмөлөһөллөр.

 

Босхо үөрэх сүрүн уустуга — үөрэнээччи болҕомтотун уурбат

Үөрэх уустуга диэн үөрэнээччилэрбит бытааннык киирэллэр; холобура, биһиги от ыйыттан сайаапка тутан саҕалаабыт буоллахпытына, дьоммут оттуу, сынньана сылдьабыт дииллэр, онтон балаҕан ыйыгар үөрэхпит, үлэбит саҕаланна диэн буолар. Онон наар кэккэ биричиинэлэр үөскүүллэр, ол иһин биһиги үөрэнээччилэрбитин кэтэһэбит. Наһаа өр өйдөтүү үлэтэ ыытыллар, тоҕо диэтэххэ биһиги толору босхо үөрэтэбит, ону, хомойуох иһин, сыаналаабаттар. Ол иһин “Скиллометр” IT-паарка резиденин саайтыгар биһиги үөрэхпит матырыйааллара хайысхаларынан угуллан турар. Ону киирэн көрөллөр уонна нэдиэлэҕэ биирдэ эксперти кытта видео-көрсүһүү ыытыллар, онно холбонон, өйдөөбөтөх түгэннэрин ыйыталлар. Онно дьон үксэ киирэн истэллэр эрэ, кэпсэтии тахсыбат.

Утарытынан, олус судургутан санааһын эмиэ баар. Холобура, анимацияны босхо үөрэттибит уонна барытын сатаатыбыт диэх курдук. Суох, бу барыта улахан үлэттэн тахсар. Кыра даҕаны уустугу көрсөөт чаҕыйар, тохтуур дьон эмиэ баар. Холобура, былырыын быраҕан баран быйыл иккистээн киирэн, дьэ күүскэ үлэлээн эрээччилэр бааллар.

Оҕолор наһаа симиктэр, сытыы-хотуу, бэйэтин санаатын үллэстэр оҕо аҕыйах. Биирдиилээн да буоллар киэҥ көрүүлээх оҕолор бааллара үөрдэр, хас биирдии көрсүһүүнү көтүппэккэ ыйыталаһаллар, кэпсэтэллэр, сэҥээрэллэр, бэйэлэрин көрдөрүөхтэрин баҕараллар.

Көннөрү оскуолаҕа оҕоҕо авторитарнай соҕус сыһыан баар буоллаҕына, биһиги оонньуу, кэпсэтии, практика көмөтүнэн үөрэтиэххэ сөп диэн көрдөрөбүт. Биллэн турар, эдэр дьон үлэҕэ үчүгэй сыһыан иһин киирэллэр. Хамнас үрдүк, оттон кэлэктиип сыһыана куһаҕан буоллаҕына, билиҥҥи ыччат бу тэрилтэҕэ өр үлэлиэ суоҕа.

 

Үлэбит холобурдара

Мииринэйгэ “Север” ойуулук устуудьуйатыттан ураты өссө Кервин Надык диэн оскуола үөрэнээччитэ “ПроСтартап” чэрчитинэн көрбөт дьоҥҥо аналлаах ультратыастаах торуосканы оҥорон араас куонкурустарга кыайан, бу идеятын сайыннара сылдьар. Таатталар улуустарын иһигэр туристическай маршрут оҥорбуттара, онно анаан сыһыарыы уонна ойуулук оҥороору биһиэхэ дьарыктана сылдьаллар. Интеллектуальнай бырайыак былаачыйа тиктэ түһээт тута кэттиҥ диэн буолбатах, өр оҥоһуллар. Ону таһынан атын идэлээх дьон куруутун бу бырайыагынан дьарыгырар кыахтара суох, сороҕор тохтоон ылаллар.

 

Инники былааннар

Эһиил киинэ устар үөрэҕи арыйары былаанныыбыт. “МультЛаб” курдук режиссердары эрэ буолбакка, чугас хайысхаларынан эмиэ үөрэтиэхпит. Ону таһынан улахан дьону бөлөхтөрүнэн төлөбүрдээх үөрэххэ ылан боруобалыахпыт. Дьокуускайтан, атын куораттартан үөрэнээччилэри ылыахпытын сөп, билигин бэлэмнэнии үлэтин ыыта сылдьабыт.

 

Хаартыскалар: Саргылаана Петрова тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...