Үйэ күүтүүлээх тутуута — Өлүөнэ күргэтэ
Ааттыын “аҕыс ый кыһыннаах, тоҕус ый тымныылаах” хоту дойду олохтоохторо киэҥ көҕүстээх, сатаан кэтэһэр сатабыллаах, түгэниттэн көрөн, олус тулуурдаах, уһуну-киэҥи толкуйдаан дьаһанар холку дьоммут. Эрэннэриллибиккэ эркин курдук эрэнэри, ыстаабыты ыйыстыбыт курдук сананары, туруорсууну тиһэҕэр диэри туруулаһан турары да сатыыбыт.
Ол да курдук, аҥаардас “За мост реку Лена” диэн суруктаах көһөҥө таас олордуллубута уон ордугуна биир сыла буолбутун кэннэ да буоллар, үйэ тутуута саҕаланар дьоһуннаах түгэнин илэ көрөр үөрүүлээх түгэммит тосхойдо!
Соторутааҕыта, алтынньы 17 күнүгэр, Дьокуускай кытыытынааҕы Табаҕа бөһүөлэгин сиригэр улуу эбэни туоратар күүтүүлээх күргэбит модун тирэҕэ туруохтаах балаһааккаҕа бастакы сыбаайаны кутуу үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.
Ил Дархан Айсен Николаев киирии тылыгар: “Биһиги история бэлиэ түгэнин кэрэһиттэрэ буоллубут: Өлүөнэни туоруур муостаны тутуу саҕаланна. В.В. Путин өйөбүлүнэн Саха сирин хас эмэ көлүөнэ олохтоохторо уһун кэм устата ыралаабыт баҕабыт олоххо киирэр буолла. Муостаны тутааччы биһиги партнердарбыт – “ВИС” Бөлөх уонна Сбер – үйэ тутуута суолталаах эбийиэги дойду Бэрэсидьиэнэ олохтообут болдьоҕор – 2028 сыл бүтүөр диэри – үлэҕэ киллэрэр туһугар туох баар күүстэрин, сатабылларын ууруохтара диэн эрэнэбин. Бырайыакка дойдубут бастыҥ инженердэрэ үлэлэстилэр. Ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар хаһан да маннык күргэ тутуллубатаҕынан, ураты тутуу. Кэлэр көлүөнэлэргэ тиийэ туһалыа, бу күргэ биһиги Сахабыт сирэ эрэ буолбакка, дойду Хотугулуу-Илин өттө тэтимнээхтик сайдарыгар бигэ тирэх буолуоҕар бигэ эрэллээхпин”, – диэтэ.
Өлүөнэ муостатын тутуу Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын уонна “ВИС” Бөлөх икки ардыгар түһэрсиллибит концессионнай сөбүлэҥ чэрчитинэн ыытыллар.
Тэрээһиҥҥэ “ВИС” Бөлөх Дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Ромашов кытынна. Кини “ВИС” хампаанньаҕа эмиэ бэлиэ, историческай түгэн буоларын, күргэ бырайыагын бүтүн 4 сыл устата ырытыһан, чопчулаһан, эбэн-сабан оҥорбуттарын бэлиэтээтэ:
“Куонкуруһунан талыллыбыт дойду бастыҥ исписэлиистэрэ үлэлэстилэр. Кинилэр маннык уустук, ураты усулуобуйаҕа тутуллар эбийиэккэ үлэлэһэн көрө иликтэрэ. Аан дойду үрдүнэн ким да оҥорботох үлэтин саҕалаан эрэбит. Тутуу хаамыытын Уһук Илин олохтоохторо эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа уонна доҕордуу сыһыаннаах дойдулар сэргии-сэҥээрэ манаһыахтара. Биһиги инвестор уонна концессионер буоларбыт быһыытынан, ыгым кэм иһигэр уустук үлэни толорор үрдүк эппиэтинэспитин өйдүүбүт. “ВИС” Бөлөҕүн туох баар күүһүн-кыаҕын бу бырайыакка туһаайыахпыт. Кэлэр сайыҥҥыттан өрүс сүнньүгэр барыахтаах үлэни бэлиэр саҕалыахпыт”.
Эбэ мууһа кыһынын лаппа халыҥыыра, муустаах сытар кэмэ уһуна, сааскы халаан модун күүһэ, өрүс сүнньэ уларыйа турара, дьыл кэмиттэн тутулуктанан салгын температурата улаханнык араастаһара сыттаҕа. Ону барытын учуоттаан, бөҕө-таҕа, үйэлээх буоларын курдук дьаһаннылар ини диэн эрэнэбит.
Биһиэнигэр дьүөрэлии муосталар Илиҥҥи Босфор силбэһиитигэр уонна Владивосток Золотой Рог хомотун туоруурга тутуллубуттара. Владивостокка сылдьыбыт дьон хомо аатыттан таһааран, “Золотой мост” диир күргэлэринэн туораабыт, көрбүт буолуохтааххыт. Ол гынан баран Саха сирин ураты килиимэтигэр итинник вантовай муостаны тутуу холобура күн бүгүнүгэр диэри суох буолан, долгуйуу баара оруннаах.
Дьэ, оттон үйэ баараҕай тутуутун үп-харчы чааһыгар партнёра Сбер буолбута. Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт Сбербаан Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Олег Бугай: “Улахан суолталаах бырайыакка кыттарбытынан киэн туттабыт. Үбүлэниитигэр кыттар быһаарыы 4 сыллааҕыта ылыллыбыта. Өлүөнэ муостата логистика кыһалҕатын эрэ быһаарбат, өрөспүүбүлүкэ, Уһук Илин уонна бүтүн Арассыыйа экономиката сайдарыгар бигэ тирэх буолуоҕа. Икки кытылы ситимниирин, таһаҕас тиэйии кээмэйин улаатыннарарын сэргэ туох хайа иннинэ дьон биир сомоҕо буолууларыгар көмөлөһүө. Сбер муоста тутуутун өйүүр уонна эрэллээх партнер буоларга бэлэм”, – диэтэ. .
Күргэ бырайыагар суруллубутунан, уопсайа 26 тирэх (опора) оҥоһуллуохтаах. Итинтэн үһэ – эбэ сүнньүгэр, уоннааҕыта – эбэ уҥа, хаҥас кытылыгар. Оттон бэлиэ күҥҥэ кутуллубут курдук сыбаайа кураанах сиргэ былааннаммыт ахсаана 18-тан 32-гэ диэри халбаҥныыр. Өрүс сүнньүгэр, уулаах сиргэ 102 - 208 буолуохтаах. Кутуу сыбаайа 10-тан 40 м диэри уһуннаах, эргимтэтэ – 1,5 м. Муҥутуур улахан тирэҕи тутаах пилоҥҥа анаан оҥоруохтаахтар. Онно 27 м дириҥҥэ киирэр 208 сыбаайа уонна 10 тыһ. кубометр бетон туттуллара этиллэр!
Өлүөнэ күргэтэ Транссибиирдээҕи уонна Байкал-Амур магистралын – Хотугу муора суолун, “Лена” уонна “Халыма” массыына суолун “Бүлүү” суолун кытта ситимниэхтээх. Судургутук эттэххэ, Арассыыйа Илиҥҥи эҥээриттэн Охотскай муора кытылыгар тиийэ эрэйэ суох сылдьар кыаҕы биэриэхтээх.
Күүтүүлээх муоста үлэҕэ киирдэ да, тимир суол, өрүс суола, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тыраассалар тиксэр, авиация ааллара түһэр сирдэриттэн чугас гына тырааныспар узелын оҥоруохтара.
Өлүөнэ күргэтин тутуу “Илиҥҥи Сибиир – Мииринэй – Дьокуускай – Магадан” туһаайыытынан айаны хааччыйыа. Холобур, Новосибирскайтан Магадаҥҥа тиийэ айан уһунун бүтүн 905 км кылгатыа. “Кэнэҕэһин норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах “Арассыыйа – Азиалыы-Чуумпу акыйаан” тырааныспар көрүдүөрүн тэрийэргэ бу муоста көмөлөһүө”, – дииллэр.
Тырааныспар ороскуотун кыччааһына экономика атын салааларын ночоотун аҕыйатар. Онон олохтоохтор дохуоттара үрдүүрүгэр, олох хаачыстыбата тупсарыгар көмөлөһүө.
СӨ Тутуу миниистирэ Владимир Сивцев үлэ хаамыытын билиһиннэрэригэр сыбаайалары оҥорорго күн-дьыл туруга төрүт мэһэйдээбэтин этэр: “Үлэһиттэр олорор түөлбэлэрэ тутуллар, технологическай балаһааккаларга кумах, гравий кутуллар, бетон билиитэ ууруллар, суол оҥоһуллар. Аспаал-бетон собуоттара, сыбаайалары оҥорор станоктар туруоруллубуттара”.
Өлүөнэ эбэни туоратар күргэ, кытылга массыына киирэр суолун ааҕан, уопсай уһуна – 14, 5 км. Муоста бэйэтин уһуна – 4,6 км. Икки балаһалаах буолар. Сууккаҕа, быһа холуйан, 5300 массыынаны аһардар кыахтаах. Уһук Илин сайдыытын национальнай тосхолугар киирбит бырайыак сыаната – 130 млрд солк. Федеральнай үбүлээһин 2025 сылтан кэлиэхтээх.
Ити курдук, үйэ тутуутугар үтүмэннээх үлэ, үгүөрү үп-харчы да ирдэнэр. РФ Экономика сайдыытыгар министиэристибэтин эспиэрдэрэ бу муостаны үлэҕэ киллэрии туһата-көдьүүһэ үйэ баараҕай тутуутугар угуллар үбүлээһинтэн 1,6 бүк үрдүк буолуоҕун сабаҕалаабыттара эрэҥкэдитэр.
* * *
Оттон билиҥҥитэ ытык эбэбит муус суорҕанын бүрүнээри бэлэмнэнэр кэмигэр, өрүү да буоларын курдук, сырыы-айан уустугурар, ону кытта тилэх баттаһа, айан төлөбүрэ өрө көтөр.
“Р.Рукавишников” теплоход сырыыта сайыҥҥа диэри тохтоото. Алтынньы 22 күнүттэн Дьокуускай –Аллараа Бэстээх туһаайыытынан сылдьар паром аҕыйаан, 8 буолла. Эрэл – салгын олбохтоох суудунуларга. Сыана хайдах олохтонорун бэйэҕит билэҕит.
Оттон пуойаһынан айаннааччыларга (трансферт) чопчу тарыып олохтоммут. Дьокуускай 204-с түөлбэтиттэн Аллараа Бэстээххэ баар тимир суол вокзалыгар диэри тиэрдии (эбэни туоратыы, оптуобуһунан тиэрдии) төлөбүрэ биир киһиэхэ 1800 солк. 5 сааһыгар диэри оҕоҕо босхо. 5-тэн 12-тигэр диэри саастаахтартан – сыана аҥаара ылыллар.
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА