«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.
— Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
— Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан төрүттээх, сонордьут булчут дьиэ кэргэн сыдьаана Николаева Екатерина Егоровна иистэнэрин, иис уустук үлэтин сэмээр сылдьан эрэн үмүрүтэ сылдьар сатабылын көрөн, онно көмөлөһөн, илии-атах буолар этим. Эбээм өрөбүл аайы кыргыттарын, кийииттэрин мунньан, анаан иискэ уһуйара, биһиги, оҕолор, онно ымсыырбыт курдук остуол тула сүүрэ сылдьан хайдах тугу быһалларын, тигэллэрин көрөн улааппыппыт. Ордук түүлээҕинэн иистэннэттэрэр этэ. Тыһы, тириини хайдах таҥастыыры такайара.
Сэттэ эҥин сааспыттан аҕам Заровняев Илья Григорьевич бииргэ төрөөбүт балта Анна Николаевна миигин испииссэнэн баайарга үөрэппитэ. Кыра оҕо бастаан судургу көнө моойторуктан саҕалаан, бэрчээккигэ тиийэ баайар буолбутум. Биир сүрүн олугунан ийэм олус элбэх сурунаалга суруйтарыыта уонна дьиэбитигэр улахан библиотекалаахпыт буолбута. Ону хасыһан ааҕан, айарга-тутарга сонун санаалар киирэллэрэ. Ийэбит бэйэтэ иистэнэр буолан, хомуот иһэ толору миэтэрэнэн таҥас буолара.
Ол да саҕана "Журнал мод" диэн баар буолааччы. Мин бастаан 7-с кылааска сылдьан килиэккэ таҥаһынан көстүүм тиктибитим. Ийэбит таҥаһы буортулуоххут эҥин диэн бопсубат этэ. Онон били ииччэх-бааччах курдук быыкарайка илииһиттэн булан, быстан тигэрим. Саамай сөбүлүүр уруогум черчение этэ, ол да иһин сатанара буолуо. Билигин сөҕөбүн эрэ.
— Эн иистэнииҥ сүрүн идэҥ таһынан аралдьыйыы, хобби диэн буоллаҕа. Бириэмэни ылара буолуо.
— Иис миэхэ сынньанар, аралдьыйар дьарыгым. Дьахтар киһи оҕолонноҕуна ис дьиҥ күүһэ, айылҕаттан бэриллибит талаана хааһахха бүргэс сүгүн сылдьыбатын курдук тэһэ биэрэн тахсар эбит. Ол курдук оҕолонон олорон түүлээҕинэн иистэнэн саҕалаабытым. Миэхэ биһиги муударай саҥаспыт Потапова Прасковья Кононовна эбээм түүлээххэ тигэр киэптэрин, күндү киһим суох буолтун кэннэ, миэхэ бэлэхтээбитэ. Иистэнэргэ баҕа күүһэ улахан оруоллаах. Алып киирдэҕинэ, күнү-дьылы да умнан олорон иистэниэххэ сөп.
— Иистэнэриҥ таһынан маастар-кылаастары ыытаҕын, дьон төһө кэлэрий, сылдьарый?
— Мин кыра эрдэхпинэ модельер-конструктор буолар баҕа санаалаах этим, онтум барыта атыннык салаллыбыта. Ол да буоллар баар син биир өтөн, тугу баҕараргын харса суох иистэнэҕин. Хата бу кэлиҥҥи кэмҥэ саха санаата уһуктан, таҥас-сап сэҥээриллэр, дьон онно талаһар буолла. Үксүн халадаай, кэһиэччик, оноолоох сон тигэбин. Аны музейга үлэлиир буолан киһи уус хараҕа чочуллар, дьиҥ сахалыы быһыыны тутуһуу үрдүктүк тутуллар, сыаналанар. Быһыытын табан сөптөөх моһуону дьоҥҥо тарҕатыыга музей үлэтин чэрчитинэн, сүрэх баҕатынан маастар-кылаастары ыытабын, баҕалаах дьон сэҥээрэн сылдьар, туһанар. Сатыырбытын, билэрбитин, чахчы чочуллубут киэптэри киһи кыбыстыбакка эрэ эрэллээхтик үллэстэр. Уонна саха ииһэ олус мындыр, кэрэ кэпсээн, олоҥхо курдук сиэттиһэн тахсан кэлэр дьикти абылаҥнаах. Дьарыкка кэлбит дьон бэлиэтээн этэллэрин курдук: "Варвара таҥаһы кытта кэпсэтэр быһыылаах" дииллэр. Чахчыта да оннук... Дьарыктан дьон сырдаан, саҥаны билэн, ураты үөрүйэҕи баһылаан, сүргэтэ көтөҕүллэн барар, айарга-тутарга аана аһыллар, бу бэйэтэ арт-медитация буолар.
— Таҥас сыаната төһө ыараатай, биһиги куораппытыгар киһи син булар дуо?
— Сөптөөх матырыйаалы таба тайаныы эмиэ туһунан. Дьокуускайга кэлин матырыйаал лааппыта элбээтэ, талыахха сөп. Сыана араас. Ол матырыйаал састаабыттан, көрүҥүттэн тутулуктаах. Эмискэ түбэһэ түстэххэ ымсыырбыккын ылынан кэбиһэр баар суол.
— Дьон үксэ кытай ырыынагыттан атыылаһар быһыылаах. Онно хаачыстыбата, эн санааҕар, хайдаҕый?
— Кытай ырыынагын матырыйаала синтетиката элбэх буолар. Аныгы дьон үксэ киһини тиритиннэрбэт натуральнай састааптаах таҥаһы сэҥээрэр. Ол гынан оннук таҥас имиллимтиэ буолар, онон эмиэ моһуоктаах.
— “Күндүүлэ” туһунан кэпсиэҥ дуо?
— Күндүүлэ диэн псевдонимы ылыммытым сэттэ эҥин сыл буолла. Күн, күндү, күндүл, күндүлээ, үлэ диэнтэн тахсар. Бу бэриллэр олоххо күн тура-тура күн курдук сыдьаайа туруохха, күндүнү, үйэлээҕи айыахха-тутуохха, салгыбакка үлэлиэххэ, үүнүөххэ, сырдыгы-кэрэни тулаҕа туһаайан үгүс дьоллоох түгэни үксэтиэххэ диэн суолталаах.
Мин өбүгэлэрбэр, төрүттэрбэр, төрөппүттэрбэр биһигини үлэттэн чаҕыйбат, ыарахантан толлубат, сатабыллаах, киэҥ көрүүлээх-билиилээх гына иитэн-үөрэтэн таһаарбыттарыгар улахан махталлаахпын.
Хаартыскалар: Дьоруой тус архыыбыттан