29.11.2024 | 14:24

«Хатас – Павловскай» хайысханан мууһунан сырыы-айан 5 туоннаҕа диэри үрдэтилиннэ

«Хатас – Павловскай» хайысханан мууһунан сырыы-айан 5 туоннаҕа диэри үрдэтилиннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 29 күнүттэн, Өлүөнэ өрүһүнэн «Хатас – Павловскай» хайысханан туорааһын 5 туоннаҕа диэри уйуктаах тиэхиньикэҕэ көҥүллэннэ. 

3 туоннаҕа диэри уйуктаах тиэхиньикэ сырыыта сэтинньи 25 күнүттэн саҕаламмыта. 
Оттон «Аллараа Бэстээх – Дьокуускай» хайысханан айан-сырыы тохсунньу 5 күнүттэн 10 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналарга аһыллыаҕа.

СӨ Массыына суолларын управлениета өрүс суолунан ирдэбили кэһэн сырыы-айан иһин Ө Административнай быраабы кэһии туһунан кодексатын 9.10 ыст. эппиэтинэс баарын тиһиктээхтик санатар:
* гражданнарга – 3000-5000  солк. диэри ыстараап;
* дуоһунастаах сирэйдэргэ – 20000-55000 солк. диэри ыстараап;
* юридическэй сирэйдэргэ – 1 00 000-1 000 000 солк. диэри ыстараап.
 
Суһал сулууспалары ыҥырар биир кэлим төл.: «112»
СӨ Быыһыыр сулууспатын суһал дьуһуурунайын төл.: (4112) 45-90-19

«СӨ быыһыыр сулууспата» ГБТ аадырыһа: Дьокуускай к., Дзержинскэй уул., 12/1
Төл.: (4112) 34-13-34
«Ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр уонна туристарга куттал суоһаабатын хааччыйар салаа»
 
Экстремальнай айаны сөбүлүүр туристар СӨ Быыһыыр сулууспатыгар маршруту чопчу ыйан туран иһитиннэриини kcc-caxa@yandex.ru электроннай почтаҕа эбэтэр ЫБММ СӨ Кылаабынай управлениетын 14.mchs.gov.ru официальнай сайтыгар «Регистрация туристских групп» пуорманы толорон ыытыахтаахтар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....