29.11.2024 | 22:10

Аккырыыкката ыыт – чугас дьоҥҥор Саҥа дьыллааҕы настарыанньаны бэлэхтээ

Аккырыыкката ыыт – чугас дьоҥҥор Саҥа дьыллааҕы настарыанньаны бэлэхтээ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл биир ураты тэрээһинэ – ким баҕалаах чугас дьонугар Чысхаан уонна Хаарчаана ойуулаах аккырыыкканы ыытан, саҥа дьыллааҕы настарыанньаны бэлэхтиир кыахтааҕа. 
Сэтинньи 29 күнүгэр бастакы аккырыыкканы Чысхаан уонна Хаарчаана Улуу Устюг куоракка Тымныы Оҕонньорго ыыттылар.
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын уонна Арассыыйа почтатын бу кыттыгас аахсыйалара «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн ахсынньы 1 күнүттэн саҕаланар.
Ол эбэтэр ким баҕалаах Главпочтамт дьиэтигэр (Дзержинскэй уул., 4) кэлэн, аккырыыккаҕа эҕэрдэтин суруйан, аадырыһын ыйан, маарка килиэйдээн баран, анал почта дьааһыгар уктаҕына, почта үлэһиттэрэ ону тустаахха тиэрдиэхтэрэ.
Аккырыыкка 6000 ахсаанынан бэчээттэммит, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....