03.12.2024 | 13:12

XII-с «МЭР-2024» кыайыылаахтара ааттаннылар

XII-с «МЭР-2024» кыайыылаахтара ааттаннылар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

МЭР – «Ыччат – Дьокуускай куораты сайыннарар күүс» – үгэс буолбут дьыалабыай оонньуу быйыл киин куоракка «Арассыыйа – мин историям» историческай пааркаҕа сэтинньи 29-30 күннэригэр буолан ааста.
Быйылгы Оонньуу тиэмэтэ патриотическай иитии буолбутун быһыытынан, кыттааччылар Дьокуускай куоракка патриотическай иитии көдьүүһүн үрдэтиигэ аналлаах инновационнай бырайыактары көрдөрдүлэр. 
Кыайыылаахтарынан ааттаннылар:
I миэстэ – 17 №-дээх хамаанда, «Синергия Якутии» бырайыага, сыала: 2027 сылга диэри олохтоох норуоттар историяларын уонна култуураларын нөҥүө патриотическай култуура уонна үөрэх таһымын үрдэтии;
II миэстэ – 15 №-дээх хамаанда, «Ремонт с сердцем» бырайыак чэрчитинэн 18-35 чаастаах ыччаты муниципальнай оҕо сайыҥҥы лааҕырдарын өрөмүөпүгэр көҕүлээн, төрөөбүт дойдуга, куоракка тапталы, харыстабыллаах сыһыаны иитии, дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтүү;
III миэстэ – 5 №-дээх «Отличники» хамаанда «БИЛ.ИИ» бырайыага, сыала: куорат оптуобустарыгар историческай аудиоматырыйааллары туһаныы.
Маны сэргэ анал наҕараадалар туттарылыннылар:
Бастыҥ оонньооччу – Айталина Татаринова;
Бастыҥ хамаанда – 7 №-дээх «Космополитики» хамаанда.
Санатар буоллахха, быйылгы Оонньуу кыттыылаахтарыгар баһылык Евгений Григорьев Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата, «МЭР» дьыалабыай оонньууну көҕүлээччи уонна тэрийээччи буоларын быһыытынан, күрэхтэһии хаамыытын кэтээн көрөрүн таһынан, хамаандаларга бары өттүнэн өйөбүлү оҥорорун этэн турар. Маны сэргэ Куорат баһылыгын солбуйааччы – Олохтоох дьаһалта аппараатын салайааччыта Руслан Тимофеев Оонньуу кэмигэр киирбит бастыҥ, интэриэһинэй этиилэр Олохтоох дьаһалта патриотическай иитиигэ былааныгар киирэн, куорат бүддьүөтүттэн үбүлэниэхтэрэ.
Оонньуу түмүктэрин Олохтоох дьаһалта уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат политикатыгар управлениета иһитиннэрдэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....