29.11.2024 | 15:50

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл үөрүүлээх сабыллыыта хайдах ыытыллыаҕай?

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл үөрүүлээх сабыллыыта хайдах ыытыллыаҕай?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ол туһунан бэҕэһээ, сэтинньи 28 күнүгэр, куорат баһылыгын солбуйааччы Владимир Дорожкин «Якутия 24» тэлэбиидэнньэ ханаалын аһаҕас эпииригэр билиһиннэрдэ.

Бэстибээли үөрүүлээхтик түмүктүүр сүрүн тэрээһин ахсынньы 1 күнүгэр, бу өрөбүлгэ, «Триумф» спорт комплексыгар былааннанар.

Ол курдук, бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэр күнүс 12 чаастан икки этээһинэн тэҥинэн саҕаланыахтара.
Аллараа этээскэ аренаҕа атыы дьаарбаҥката, «Бриллиантовые нотки» оҕо бэстибээлэ ыытыллыахтара, Иккис этээскэ «Зима fest» дьиэ кэргэн бырааһынныга күүтэр. Манна оҕолорго ойуулуктары көрдөрүөхтэрэ. кинигэ быыстапката, остуол оонньуулара, маастар-кылаастар ыытыллыахтара.
13.00 чаастан «Тоҥ балык 2024» күрэх былааннанар. Быйылгы күрэххэ 16 хамаанда ким түргэнник, кыраһыабайдык уонна хаачыстыбалаахтык тоҥ балыгы астыырга күрэхтэһээри бэлэмнэнэр. 

Бу кэнниттэн 17.00 чааска Орджоникидзе болуоссатыгар турбут саҥа харыйа уотун уматыы күүтүүлээх церемонията буолуоҕа. Харыйа уота сандаарбытын кэннэ 17.10 чаастан Кыайыы болуоссатыттан Доҕордоһуу болуоссатыгар диэри бырааһынньыктыы киэргэтиилээх массыыналар пробегтара саҕаланар.
Онон, 17:15 чаастан 17:45 чааска диэри Ленин проспега, 3 дьиэттэн Доҕордоһуу болуоссатыгар диэри тыраанспар бары көрүҥэр сырыы хаарчахтанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....