03.12.2024 | 19:29

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл түмүктэрэ

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл түмүктэрэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэстибээли үөрүүлээхтик түмүктүүр сүрүн тэрээһин ахсынньы 1 күнүгэр «Триумф» спорт комплексыгар буолан ааста. 

Бу күн сарсыарда 10.00 чаастан икки этээһинэн тэҥинэн бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэр саҕаланнылар. Аллараа этээскэ уонна таһырдьа эс-ас, тоҥ балык, олохтоох оҥорон таһаарааччылар табаардарын дьаарбаҥката, «Бриллиантовые нотки» оҕо бэстибээлэ буоллулар. Иккис этээскэ «Зима fest» дьиэ кэргэн бырааһынньыга кинигэ быыстапкатын, остуол оонньууларын, маастар-кылаастары тэрийдэ.
Күнүс 13.00 чаастан нэһилиэнньэ бары сэргиир, күүтэр-кэтэһэр «Тоҥ балык 2024» күрэҕэ саҕаланна. Бэлиэтээн эттэххэ, урукку сылларга куорат уокуруктарын ортотугар эрэ ыытыллар күрэх кэлин бүүүн өрөспүүбүлүкэ хабааннаах буола улаатта. Быйылгы күрэххэ хоту Булуҥ, Өлөөн, Өймөкөөн, Усуйаана улуустарыттан тиийэ кэлэн, куорат уокуруктарыныын 16 хамаанда күрэхтэстэ. 
Манна кыайыылаах үрдүк аатын – Гран-при бириэмийэни Дьокуускай куорат Гагаринскай уокуругуттан Виктория уонна Николай Лаптевтар ылары ситистилэр. Бэлиэтээн эттэххэ, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Николай Лаптев Орто Халыма улууһуттан төрүттээх-уустаах буолан, балык кыһыыта хааныгар сырыттаҕа. Маны сэргэ биирдиилээн номинациялар кыайыылаахтарын быһаардылар: «Дьиэтээҕи сорудах» – Елена, Александр Винокуровтар; «Түргэн кыһааччы» – Александра уонна Иннокентий Колесовтар (Усуйаана); «Хаачыстыбалаах кыһааччы» – Валентина уонна Николай Эверстовтар (Томпо).
Бу кэнниттэн «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл атын күрэхтэрин кыайыылаахтарын наҕараадалааһын буолла: «Саха сирин бриллианнара» хаар, муус оҥоһуктар күрэхтэрэ, «Саха сирин амтана» эрэстэрээннэр күрэхтэрэ о.д.а.. Хаар-муус оҥоһуктар күрэхтэрин түмүгүн хаһыаппыт бу чэппиэрдээҕи таһаарыытыгар сиһилии сырдатыахпыт. Оттон «Саха сирин амтана» гастробэстибээл кыайыылааҕынан «Кабинет» эрэстэрээн ааттанна. Бу сыллар усталарыгар «Саха сирин амтана» бэстибээл төрүт астан саҕалаан төрүт үгэскэ, култуураҕа, бэйэ дьоһунун ылыныыга уонна билиниигэ сүҥкэн кылааты киллэрэн кэлбитэ мэлдьэх буолбатах.
Ити кэнниттэн маҥнай 16.00 чаастан – Ленин болуоссатын, 17.00 чаастан Орджоникидзе болуоссатын харыйаларын уотун уматан, кыһын Саха сириттэн саҕаламмытынан ааҕылынна. 
Бырааһынньык биир ураты көстүүтүнэн Кыайыы болуоссатыттан Доҕордоһуу болуоссатыгар диэри уотунан-күөһүнэн киэргэтиилээх массыыналар параадтара буолла.
Санатар буоллахха, «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл 2009 сыллаахха ыытыллыбыт бастакы «Тоҥ балык» күрэхтэн саҕаламмыта. Ол курдук, уокуруктар ортолоругар ыытыллыбыт күрэх кэнниттэн икки сыл буолан баран бэстибээл быһыытынан ыытыллан кэллэ. Ол курдук, 2012 сыллаахха ыытыллыбыт бастакы бэстибээлгэ Дьокуускайга Устюгтан Тымныы Оҕонньор кэлэн, Чысхаан илиититтэн тымныы торуоскатын тутар үгэһэ олохтоммута. 
Бу сыллар усталарыгар бэстибээл норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа таҕыста, Саха сиригэр, биһиги историябытыгар, култуурабытыгар, кэрэ айылҕабытыгар аан дойду болҕомтотун тарта, доҕордуу сыһыаны олохтуур балаһаакка буолла.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....