29.11.2024 | 21:55

«МЭР» оонньуу быйылгы тиэмэтэ – патриотизм

«МЭР» оонньуу быйылгы тиэмэтэ – патриотизм
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

МЭР – «Ыччат – Дьокуускай куораты сайыннарар күүс» – үгэс буолбут дьыалабыай оонньуу быйыл киин куоракка «Арассыыйа – мин историям» историческай пааркаҕа сэтинньи 29-30 күннэригэр буола турар.  
Быйылгы Оонньуу тиэмэтэ – патриотическай иитии. 
Дьыалабыай оонньуу кыттыылаахтарыгар бэйэтин эҕэрдэтин уонна баҕа санаатын куорат баһылыга Евгений Григорьев видеосибээһинэн тириэртэ.


«Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата, «МЭР» дьыалабыай оонньууну көҕүлээччи уонна тэрийээччи буоларын быһыытынан, күрэхтэһии хаамыытын кэтээн көрөрүн таһынан, хамаандаларга бары өттүнэн өйөбүлү оҥоруоҕа. Биһиги ыччаппат дойдуга таптал, ытыктабыл тыыныгар иитиигэ хорсун, сонун этиилэри киллэриэҕэ диэн эрэнэбин», – диэтэ Евгений Григорьев.
Куорат баһылыгын солбуйааччы – Олохтоох дьаһалта аппараатын салайааччыта Руслан Тимофеев бэлиэтээбитинэн, Оонньуу кэмигэр киирбит бастыҥ, интэриэһинэй этиилэр Олохтоох дьаһалта патриотическай иитиигэ былааныгар киирэн, куорат бүддьүөтүттэн үбүлэниэхтэрэ.
Санатар буоллахха, «МЭР» дьыалабыай оонньуу ыччаты көхтөөх гражданскай позициялаах буоларга иитэр, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....