30.11.2024 | 14:00

Боропсойуус үлэтэ бүппэт түбүктээх

Боропсойуус үлэтэ бүппэт түбүктээх
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Аан дойду үрдүнэн үлэ кэлэктииптэрин идэлээх сойуустар – боропсойуустар сүрүннүүллэр. Бүгүҥҥү нүөмэргэ СӨ култууратын үлэһиттэрин идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, боропсойуус үлэтин бэтэрээнэ Варвара Гаврильевна Михайлованы кытта сэһэргэстибит.

– Варвара Гаврильевна, боропсойуус кэмитиэтэ үлэһит сынньанар, көмө ылар быраабын көмүскүүр, үлэтин сыаналатар аналлааҕын билэбит. Туох барыта төрүөттээх буоларын быһыытынан, култуура үлэһиттэрин идэлээх сойууһун устуоруйатын кэпсииргэр көрдөһөбүн.

– Ааспыты ахтан-санаан аастахха, култуура үлэһиттэрин идэлээх сойууһа кылгас кэм иһигэр, олус тэтимнээхтик тэриллибитэ. Ол курдук, 1953 сыл муус устар 13 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы идэлээх сойуустар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Н. Шверник  эйгэ үлэһиттэрин биир сойууска холбуур туһунан 136 №-дээх уурааҕынан тэриллибитэ. Бу ый 30 күнүгэр Дьокуускайга бастакы уобаластааҕы култуура үлэһиттэрин кэмпэриэнсийэтэ ыытыллыбыта. Манна култуура боропсойуустарын киин кэмитиэтин бэрэстэбиитэлэ Г.Н. Гугелев тыл этэр. Кини култуура министиэристибэтэ тэриллэринэн, ханыылыы идэлээх тэрилтэлэр биир тэрилтэ буолуохтаахпытын этэр. Онон бэс ыйыттан сэтинньигэ диэри  куоракка – 22, оройуоннарга 37 кэмитиэт уонна месткомнар тэриллэ охсубуттара. Онно барыта 3196 үлэһит холбоспута. Бу тэрилтэлэртэн уобаластааҕы бастакы кэмпэриэнсийэҕэ 65 дэлэгээт талыллыбыта. Олор истэригэр 45 эр киһи, 20 дьахтар култуура эйгэтин үлэһит дьоно харысхаллаах буолууларыгар бастакы хараҥаччы буолбуттара. Бастакы бэрэссэдээтэлинэн Владимир Тимофеев, сэкирэтээринэн Людмила Хаенко талылланнар, үлэлэрин  саҕалаабыттара. Бу кэмпэриэнсийэ боротокуола үйэ-саас тухары архыыпка кичэллээхтик хараллан сытар.

Оччоттон баччаҕа диэри үлэ киһитин туһа диэн ааҕыллыбат ахсааннаах үлэ ыытыллан кэллэ.

– Эһиги үлэҕит сүрүн хайысхаларын сырдатыах.

– Сүрүн хайысхабытынан бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэри кытта ситимнээх үлэни ыытыы, хамнас боппуруоһа, үлэһит сокуонунан быраабын көмүскээһин, сырдатыы үлэтэ, үөрэх, ыччат политиката, чөл, доруобай олоҕу  сайыннарыы уонна култуурунай сынньалаҥы тэрийии буолаллар. Кэнники сылларга үлэбит хайысхата арыый уларыйан, 2017 сылтан үлэһиттэрбит хамнастара үрдээн турар.

– Өрөспүүбүлүкэ култууратын үлэһиттэрин идэлээх сойууһун салайан ааспыт дьону санаан ааһыах.

– Өрөспүүбүлүкэ үлэһиттэрин идэлээх сойууһун салайар улахан түбүгү, үлэни эрэйэр. Ол иһин манна киһи быһыытынан ураты майгы, билии, таһым, киэҥ көҕүс ирдэнэр. Урукку сылларга биһиги бары ытыктыыр сахалыы төрүт өйдөөх-санаалаах дьоммут Василий Максимович Тимофеев (1960-1963), Николай Никифорович Жондоров (1963-1984), Степан Спиридонович Татаринов (1974-1984), Игорь Алексеевич Дмитриев (1984-1987), Данил Иванович Николаев (1987-2015) бэрэссэдээтэллээбиттэрэ. Солбуйааччыларынан Дина Дмитриевна Дьячковская (1972-1984), Любовь Михайловна Коротких (1984-2017) үлэлээбиттэрэ. Бу үтүө-мааны аҕа саастаах ытык дьоммут салалтатынан дойду таһымыгар тиийэ үлэлээбиппит. Тохсус сылын, ол эбэтэр 2015 сылтан, Самсонова Анастасия Ивановна салайар.

– Барыта хас тэрилтэлээххитий? Ханнык улуустар үлэлэрэ бастыҥый?

– Бүгүҥҥү күн туругунан барыта 34 куораттааҕы, оройуоннааҕы, улуустааҕы идэлээх тэрилтэлээхпит, ону таһынан Дьокуускай куоракка 53 тэрилтэ баар. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, төрүт омук олохсуйан олорор улуустара үчүгэй үлэлээхтэргэ киирэллэр. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалаһы, Уус Алданы, Намы, Тааттаны ааттыахха сөп. Оттон бастыҥ үлэлээх бэрэссэдээтэллэринэн 2023 сыл түмүгүнэн Оксана Пешкова (“Киинэ киин тыйаатыра”), Эмма Васильева (С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан Сунтаардааҕы музей-комплекс), Туйара Новикова  (Амма улууһун кииннэммит библиотекатын кылаабынай библиограба), Герман Макаров, Анастасия Стручкова (Марфа уонна Сергей Расторгуевтар ааттарын сүгэр СӨ Судаарыстыбаннай цииркэтэ), Александра Васильева (А.Д. Макарова аатын сүгэр Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба кэллиэһэ) буолаллар. Тэрилтэ хас биирдии үлэһитэ боропсойууспут туллар тутааҕа. Кинилэр баар буоланнар тэрилтэлээхпит.

– Туох сонун тэрээһиннээххитий? Үлэҕит ханна сырдатылларый?

– Улуустарынан боропсойуус десаннарын, “Первичка күнэ”, “Бэрэссэдээтэл күнэ”, элбэх оҕолоох ыалларга “Оҕоҕун оскуолаҕа бэлэмнээ”, инбэлиит үлэһиккэ, инбэлиит оҕолоох үлэһиккэ “Илиигин утары уун”, эдэр исписэлиистэргэ “Боропсойуус – эдэр ыччакка”, тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии сылын оҕолоругар “Бэтэрээҥҥэ көмө” уо.д.а. көмөлөрү, аахсыйалары ыытабыт. Улахан сэҥээриини култуура үлэһиттэрин Спартакиадата ылар. Бу биир тумус туттар күрэхтэһиибит. Ону таһынан, сыллата ”Охрана труда” ыйыгар “Саха” НКИК, Национальнай библиотека, өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр библиотекалара, Эстрада тыйаатыра, Марфа уонна Сергей Расторгуев ааттарын сүгэр Судаарыстыбаннай цииркэ, “Медиа-Холдинг” ААУо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын Национальнай аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин киинэ уо.д.а. тэрээһиннээхтик ыыталлар. Балары таһынан өрөспүүбүлүкэ боропсойуустарын бэдэрээссийэтэ ыыппыт “Профстенд одобрен!” бырайыагар “Саха” НКИК бастыҥынан ааттаммыта. Манна даҕатан эттэххэ, боропсойууспут үлэтин сырдатан, “Саҥа күн”, “Күнтэн күн”, “Инники күөҥҥэ” биэриилэргэ, “Саха сирэ”, “Кыым” уо.д.а. хаһыаттарга бэчээттэнэбит. Быйыл Казань куоракка уон биэс боропсойуус бэрэссэдээтэллэрин,  чилиэннэрин үөрэттэрдибит. Үөрэхтэрин, аһылыктарын, олорор сирдэрин уйуннубут. Идэлээх күммүтүгэр, сэтинньи 27 күнүгэр,  дойдуга Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо аймах сылларыгар аналлаах бэһис төгүлүн үлэ кэлэктииптэрин икки ардыларыгар “Славим дружбой и трудом край Олонхо” бэстибээл ыытыллар. Бэстибээлгэ кыттарга ох курдук оҥосто, бэлэмнэнэ сылдьабыт. Үлэ киһитин тула болҕомто күүһүрэр, үлэ кэҥиир.

– Эдэр үлэһит болҕомтоҕо төһө ылылларый?

– Норуот инникитэ – ыччат. Эдэр үлэһиттэргэ туһаайан 2008 сыллаахха Эдэр ыччат сүбэтин тэрийбитим. Куратор буоламмын, 16 сыл устата, эдэр актыбыыстары түмэн, араас тэрээһиннэри ыытабыт. Көлүөнэни көлүөнэ солбуйан, тэрилтэлэр саҥа каадырдарынан сыллата хаҥыыллар. Ол олох көстүүтэ, сокуона буоллаҕа. Эдэр киһини боропсойуус үөрүүнэн көрсөр. Маныаха, кинилэргэ анаан, “Бастыҥ профсоюзнай лидер” оскуолатын үлэлэтэбит. Икки сыл буола-буола эдэр ыччат састааба уларыйар, саҥаттан сана оҕолор кэлэн, бэйэлэрин баҕаларынан ыччакка сөптөөх, аналлаах тэрээһиннэри ыыталлар. Түмүктүүр тэрээһининэн “Реском бастыҥ ыччата” тэриллэн, бастыҥтан бастыҥы быһаарабыт.

– Варвара Гаврильевна, сылбыт түмүктэнэрэ чугаһаата. Ону кытта боропсойуус бастыҥ үлэлээхтэрин аата дорҕоонноохтук ааттаныа турдаҕа. Киэҥ далааһыннаах үлэҕит үрдүктэн үрдүккэ дабайа, үлэ киһитин чаҕылхай ситиһиитинэн кынаттана турдун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....