01.12.2024 | 14:00

Бодох түбэтинээҕи «Конституция» холкуос

Бодох түбэтинээҕи «Конституция» холкуос
Ааптар: Николаева Варвара Николаевна, сэрии сылларын оҕото, үлэ бэтэрээнэ, Хатыҥ Сыһыы кырдьаҕас олохтооҕо (Ахтыыбар “Таркаайы” (Ньурба оройуона) кинигэттэн уонна “Конституция” холкуос бэрэссэдээтэлин ахтыытын туһанным)
Бөлөххө киир

Бодох түбэтэ урут “Конституция” холкуос сирэ-уота этэ. Дьон-сэргэ харытын күүһүнэн оҥорбут-туппут, киэргэппит, чэлгиппит дойдута билигин быраҕыллыбыт сиргэ кубулуйбута быданнаата.

Күн уота кубарыччы сиэбит иҥнэйбит сэргэлэр, күөдэл-таһаан буолбут өтөхтөр сэмнэхтэрэ, киһи уҥуохтара эрэ урут бу сиргэ дьон олоро сылдьыбытын туоһулаан эрдэхтэрэ. Манна биир да буруо унаарбатаҕа быданнаата, хаарыан сир-дойду иччитэхсийэн чуҥкунуур чуумпуну иһиллээн ньимийэн, өтөхсүйэн тураахтаатаҕа. Айылҕа барахсан урукку дьонун-сэргэтин, сүөһүтүн-сылгытын суохтаан туоххаһыйдаҕа. Бодох былыр-былыргыттан булт-алт төрүүр-үөскүүр айылҕа маанылаах миэстэтэ этэ. Күөллэрэ ааҕа эмис минньигэс балыктааҕа, хара тыатыгар куобах, тииҥ, кырынаас, мас көтөрө дэлэйэ.

Бу дойду киһи аатынан ааттаммыт сир. Былыр бу кэрэ айылҕалаах сиргэ-уокка Бодоохоп Эҥэнтэй – Бодох оҕонньор диэн кырдьаҕас үйэтин моҥоон олорон ааспыта. Бэйэлэрэ оҕото суох буолан аймахтарыттан уол оҕону тымтайга сүгэн дойдутугар аҕалар. Уолларын Түмэппий диэн ааттыыллар, араспаанньатын Бодоохоп дииллэр. Оҕо иитийэх дьонугар элбэхтик ыарытыйар, иринньэҕирэр, ол иһин төрөөбүт дьонугар төттөрү биэрээри олорбуттар. Ол бириэмэҕэ Көтөх ойуун хонор. Сарсыарда чайдыы олорон ойууннара түүлүн кэпсиир: “Уолгутун дьонугар төттөрү биэримэҥ. Үтүөрүөҕэ, өлүө суоҕа. Уолгут эһэкээнтэн төрүттээх оҕо эбит,” – диэбитэ үһү. Бу уол улаатан баран, үллэр үйэтигэр, саллар сааһыгар эргэнэ хара тыатын кэрийэн, булду үҥэр таҥара оҥостон, ииппит аҕата олорбут сиригэр-уотугар тоҥхоччу кырдьыар диэри олорбута. Онтон хойут Хатыҥ Сыһыыга киирэн сиэн оҕотугар олорон 103 сааһыгар тиийэн, 1982 с. от ыйын 12 күнүгэр бу орто дойдуттан барбыта. Онон бу икки аарыма кырдьаҕастар араспаанньаларынан ааттаммыт түбэ.

1935 с. Бүтүн Сойуустааҕы холкуостаахтар II-с сийиэстэрэ буолбута. Онно тыа хаһаайыстыбатын артыалын саҥа Устаабын барыла ылыллыбыта. Ити Устаап улахан суолталаах этэ. 1936 с. бүтэһигэр 7 хаһаайыстыбалаах “Конституция” диэн холкуос Бодоххо тэриллибитэ. Холкуостары тэрийиигэ араас мэһэйдэр баар этилэр:

1. Кулаактар төһө да эстибиттэрин иһин, холкуоһу тэрийиини утары араас аҕытаассыйаны ыыталлара.

2. Урут туга да суох дьадаҥы ыаллар сирдэнэн баран хаһаайыстыбалара үүммүтэ, инньэ гынан урукку батараактар сэниэ бааһынайдар буолбуттара. Бу ыаллар сорохторо холкуоска тута киирэ охсубатахтара, сүөһүлэрин аҕыйатан кэбиһэллэрэ эбэтэр биир ыал хас да хаһаайыстыба буолан бытарыйан хаалаллара.

“Конституция” холкуос бастаан тэриллэригэр 1 аттаах, 1 оҕустаах, 2 га бурдук ыһар сирдээх этэ. Үлэһит илии олус аҕыйах: 7 эр киһи, 5 дьахтар. Сайын саҥа кырыһы алдьатан, хорутан, 11 га ыһыы сирдэммиттэрэ. 1938 с. холкуос 18 хаһаайыстыбаламмыта, ыһыы сирин кэҥэттиммитэ. 1939 с. бытархай хаһаайыстыбаларга сылгы нолуога түспүтэ, ол иһин ити сыл холкуоска маассабай киирии саҕаламмыта. Онон “Конституция” холкуос 60-ча ынахтаммыта, 100-тэн тахса сылгыламмыта, холкуостаах ыалынан 52 хаһаайыстыба буолбута, 150-ча га ыһыы сирдэммитэ. 1940-1950 сс. “Конституция” холкуос бэрэссэдээтэлинэн кыра үөрэхтээх Алексеев Гаврил Иванович үлэлээбитэ, солбуйааччыта Алексеев Николай Степанович-Отчут эбит. Кини уонна сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Биригэдьииринэн Тулаайах Ньукулай, кыладыапсыгынан бэрэссэдээтэл кэргэнэ Александра Тимофеевна (Бодохов оҕонньор улахан кыыһа) үлэлээбит, кини иннигэр Иванов Конан Петрович-Күттэн Бөөтүр уола үлэлээн сылдьыбыт, онтон сэриигэ ыҥырыллыбыт. Гаврил Иванович уолаттара Антон үйэтигэр сылгыһыттаабыта, Арамаан холкуос араас үлэтигэр үлэлээбитэ.

Оччотооҕу холкуос чилиэннэринэн, мин билэрбинэн, Игнатьев Николай Иннокентьевич-Хаппыт Ньукулай Куочай бааһынайдарыттан төрүттээх киһи Бодоххо кэлэн Хороһуу Байбал кыыһын Балбаараны ойох ылан үс уол оҕоломмуттара: Уйбаан, Ньукулай, Бааска. Ньукулай Оҕотоо диэн хос ааттааҕа. Атаҕа суох буолан мас тайаҕынан ыстаҥалаан сыҕарыйара. Холкуос баар-суох тимир ууһа этэ. Кырдьаҕастар бу уол дьонугар сүбэлии сатаабыттар: “Тыһаҕаста өлөрөн сүрэхтээх быарын Токур Уус балтатынан балталатыҥ, улахан тимир ууһа буолуох чинчилээх оҕо”, – диэн. Ону дьоно тыһаҕастарын харыһыйан инньэ гымматахтар, уол эрэйдээх эдэр сааһыгар өлөн хаалаахтаабыта үһү.

Бодохтон 1 көс алын диэки Лэҥкэ диэн түбэ баар. Киэҥ бурдук ыһар бааһыналаах, элбэх оттонор алаастардаах эмиэ “Конституция” холкуос сирэ-уота. Онно Бөлөнөх Өлөксөй эмээхсинэ Балааҕыйдыын олорбуттара. Икки кыыс, биир уол оҕолоохторо. Уоллара эдэригэр сөтөл буолан өлөн турар. Улахан кыыстара кэргэннэнэн элбэх оҕолонон олорбута. Оччугуй кыыс Федорова Мария Алексеевна холкуос чилиэнэ, араас үлэҕэ үлэлээбитэ, хойут икки уол оҕоломмута.

Лэҥкэ түбэтэ эмиэ киһи аатынан сир. Тураах Уус-Дьэспэ турааҕа- Федоров Дьэрэмэй Лэҥкээрэбис, бу киһи аҕатын аатынан ааттаммыт. Тураах ааттаах тимир, мас ууһа эбит. Бүлүүттэн тимири уһааран ылар тааһы аҕалара үһү. Холкуос наадатын барытын иҥнигэһэ суох оҥороро. Тураах Уус үс уоллааҕа: Мэхээлэ (Бөтөрөҥ) – Федоров Михаил Еремеевич, Токур Уус – Федоров Денис Еремеевич (аҕатын удьуордаан улахан уус буолбут) уонна Бөлөнөх-Федоров Алексей Еремеевич. Бу үс уол “Конституция” холкуос чилиэттэрэ.

Бодоххо Семенов Ефрем Николаевич - Лэппэ оҕонньор, эмээхсинэ Иннокентьева Федора олорбуттара. Кинилэр кыыстаах, уоллаах этилэр. Кыыстара Семенова Евдокия Ефремовна-Тыла Суох Огдооччуйа (1926-1984сс.) сайынын окко, күһүн бурдук быһыытыгар, кыһынын субай көрүүтүгэр үлэлиирэ. Тыла суох этэ, хойут биир уол оҕоломмута. Уоллара Аппанаас кэлин Киирэпкэ киномеханиктаабыта. Мин холкуоска оҕус сиэтэрим саҕана, оҕонньордоох эмээхсин кырдьан үлэлээбэт этилэр. Оҕонньор эдэригэр ааттаах от охсооччу эбит.

Федоров Иван Денисович Бодоххо олорорун тухары сылгыһыттаабыта. Кэргэнэ Федорова Матрена Романовна холкуос араас үлэтигэр үлэлиирэ. Кинилэр элбэх оҕолоох буоланнар, оҕолорун үөрэттэрээри, эрдэ үөс сиргэ көспүттэрэ.

1939-40-41 сс. биирдии гааттан 18-20 центнер бурдугу хомуйбуттар, онон бурдук дохуота элбээбит. 1941 с. сэрии саҕаламмыта, ити сыл – 11 киһи, 1942 с. 6 киһи, барыта бу кыра холкуостан 27 киһи сэриигэ барбыт. Оҕонньоттор, дьахталлар, оҕолор эрэ хаалбыттара. Сэрии сылларыгар судаарыстыба былаана улааппыта, онон икки хараҥаны ыпсаран үлэлииллэрэ. Ийэм Иванова Мария Ивановна «Үрэх» ыанньык ферматыгар от тиэйэн кыстыыра, кэргэнэ 1941 с. сэрии толоонугар охтубута.

1942-43 сс. оройуон үрдүнэн сут-кураан дьыллар саҕаламмыттара, ол үрдүнэн оройуоҥҥа арыый тонуктаах холкуостарынан Бодоххо “Конституция”, Хорулаҕа “Өктөөп төлөнө” (бэрэссэдээтэл Отчутов Е.Н.) буолбуттара. “Конституция” холкуос “Коллективист” (Түмүк), “Ленин суола” (Акана), “Ленин үөрэҕэ” (Накаас), “Молотов” (Бэстээх) холкуостарга сиэмэ бурдугунан көмөлөспүтэ. 1950 сыллаахха бытархай холкуостары холбоон “Киров” аатынан бөдөҥсүйбүт холкуос тэриллибитэ.

Сэрии кэнниттэн олох-дьаһах тупса охсубатаҕа. Үөһэттэн ыган-түүрэн, куттаан, былааннарын таһынан толороллорун ирдииллэрэ. Ол иһин холкуостаахтарга  дохуоттарыгар бурдук атаҕын түҥэтэллэрэ. Биһиги, сэрии сылларын оҕолоро, лэппиэскэни тото сиэбэккэ, тар хааһынан үссэнэн хонорбут. Ол аччык сылларга оҕонньоттор барахсаттар хара тыа куобаҕын, эбэлэрбититтэн сааһын куйуурдаан, сайын ыамын саҕана туулаан көмүс хатырыктаах собону, мундуну, күөнэҕи бултааннар, уос-тиис салаһан, испитин иччилээн киһи-хара буоллахпыт.

Хас биирдии киһи утуйар уутун умнан туран умса-төннө үлэлээбитэ, холкуос бараммат сыыппаратын толорорго дьүккүһэрэ. Барахсаттарым баара үтүө санааны үтэ оҥостон, сырдык ыраны ыһык гынан, санаа түһүүтүгэр эрийтэрбэтэхтэрэ, муунтуйууга мунан хаалбатахтара. Санааларын аралдьытына  таарыйа, акка, оҕуска олордулар да, ыллаан-туойан доллоһутан бараллара. Төгүрүк сылга дьыл түөртэ дьүһүн кубулуйарын уус тылларынан араастаан хоһуйан туойаллара. Көлүөнэттэн көлүөнэ солбуһан истэҕин аайы аас-туор кэм чахчылара туман буолан сүтэн-иҥэн, умнууга хаалар аналлаахтар.

Боростуой үлэһит колхуостаах бэйэтин олоҕун оҥосторугар туга да суох буолаахтаатаҕа: харчыта, хамнаһа, бас билэр баайа-дуола, сорохтор дьүрү дьиэтэ-уота суохтара. Устаап быһыытынан биир тарбыйахтаах ынаҕы хаһаайыстыбаҕа көҥүллүүллэрэ. Бытархай холкуостары тэрийиигэ элбэх сыраларын биэрбит чиэһинэй үлэһит дьон бааллара: Алексеев Яков Иванович, Терентьев Петр Николаевич, Илистянов Егор Николаевич. Бу дьон Аҕа дойду Улуу сэриитигэр баран кыргыһыы толоонугар охтубуттара. Ити курдук холкуоһу төрүттэспит, атаҕар туруорсубут дьон элбэх этэ.

Бөдөҥсүйбүт “Киров” холкуос бэрэссэдээтэлинэн Иванов Афанасий Ильич, солбуйааччытынан Степанов Михаил Иванович буолбуттара, буҕаалтырынан Андреев Николай Герасимович үлэлээбитэ. Биригэдьиирдэринэн Саввисов Дмитрий Иванович, Данилов Михаил Николаевич (бу эдэр киһи акка дэҥнэнэн өлбүтэ) үлэлээбиттэрэ. Хойутуу хонуу биригэдьииринэн Никонов Прокопий Алексеевич буолбута. Кэргэнэ Маайа холкуос араас үлэтигэр сылдьара. Степанов Михаил Иванович орто сүһүөх салайар эргимтэҕэ өр үлэлээбитэ. Холкуос чилиэттэрэ Кылгас Кирилэ кыргыттара Томтой Аананы, Баллай Балбаараны, Магусов Дэпсэй кыыһа Маайаны, быраата Дьаакыбы, Тимирдэртэн Сөдүөрэни, уола Маатах Ньукулайы, Хоруо Мурун Мотуруунаны, уола Баһылайы-Табыалыыры кыра сылдьан көрөн билэттиир дьонум этэ.

Бэрэссэдээтэл Гаврил Иванович Алексеевы - Саҥайа Хабырылланы ийэм хайгыыра. Көнө, судургу, аһыныгас майгылаах диирэ. Сэрии, сут-кураан ыарахан дьылларга норуотун хоргуппатаҕа, бурдук атаҕынан, сүөһү тоноҕун биэрэн, быстыбыттарын салгыыра.

Сайын от үлэтигэр оҕолор тутаах үлэһит буоларбыт. Кумаарга, куйааска буһан-хатан сылдьыбытыҥ иһин, от үлэтигэр үлэлиир бэйэтэ туһунан умсугутуулаах. Өбүгэлэрбит барахсаттар тыйыс айылҕаны, аас-туор олоҕу тулуйан, санааларын саппаҕырдыбакка, олох олорор модун дьулуурдарын булгуруппакка, кэлэр кэскиллэригэр бигэ эрэллээх сүрэхтэрин сылааһынан уостубат олохторун сириэдитэн кэллэхтэрэ эбээт. Кэм-кэрдии тургутуулара бу олоҕу сыаналыырга үөрэттэхтэрэ. Аргыардаах ааспыт кэм дьоно сааһыран аҕыйаан бардыбыт. Үс саха үөдүйүөҕүттэн, түөрт саха төрүөҕүттэн ыла үтүмэн үгүс үйэлэр куттарын-сүрдэрин иҥэринэн, уруйдаах алгыстарын ылынан, үчүгэй эрэ эркиннэнэн, уйгу-быйаҥ эрэ эҥээрдэнэн, оҥорбут үтүөҕүтүн-өҥөҕүтүн инникитин да өрө тутуохтара.

Төһө да ичччитэхсийэн турдар, биһигим ыйаммыт Бодоҕум барахсан урукку кэрэ көстүүтүнэн киэн туттабын. Туман буолан симэлийбит тулуурдаах, чулуу, хоһуун дьонун мөссүөннэрин сүрэхпэр ааҕа иҥэрэн өрүү саныы сылдьабын.

 

Эрэдээксийэттэн:

«Киин куорат» хаһыакка ааптар В.Н. Николаева туһунан «Эргиччи дьоҕурдаах Бодох Балбаара» диэн ыстатыйаны ааҕаргытыгар ыҥырабыт: https://kiinkuorat.ru/articles/ergichchi-do-urdaah-bodoh-balbaara

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....