28.11.2024 | 14:00

Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?

Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Ааптар: Татьяна Захарова-Лоһуура
Бөлөххө киир

Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан санаата батарбат.

Павел  Павлович идэтинэн – физкультура учуутала. Ахсыс кэнниттэн Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэммит. Идэтинэн уонча сыл үлэлээбит. Ол кэнниттэн бачыым көтөҕөн, сылгыһытынан тахсар, кадровай булчут да буолан ылар. 80-с сс. саҕалаан, соҕотох биэлээҕин Саҥа дьылга диэри, арыт сыл онтон хойукка да диэри ыан, оҕолоругар, дьоҥҥо иһэрдэн саҕалыыр. Устунан олохтоох медпууну кытта кэпсэтэн, оскуолаҕа эти-сиини чэбдигирдэр бөлөҕү тэрийэн, кымыһынан хааччыйар. Мантулара улааппыт оҕолор эми кытта кымыһы иһэн, онтулара бэрт сотору кыччаан барарын көрөр. Антибиотик дьайыытын күүһүрдэрин истэр. Уопсайынан, Кымыс Байбал олоҕун анала оҥостубут кымыһын, кымыс туһатын-көдьүүһүн туһунан элбэҕи аахпыта тута биллэр. Инньэ скифтэртэн саҕалаан элбэҕи кэпсиир (Кюар-кодунан видеоны көр – Аапт.)

Сопхуос кэнниттэн тэриллибит кэлэктиибинэй хаһаайыстыба тохтообутугар, 1999 с. “Эйгэ” бааһынай хаһаайыстыбатын тэринэр. Ыыр биэлэрин эбэн, аны улуустааҕы Сэллик балыыһатын кымыһынан хааччыйар. Оннук олордоҕуна табаарыһа, Ороһу нэһилиэгин баһылыга А.В. Антонов суоллаах-иистээх сир, оттуур сир да көстүө диэн ыҥырбытын ылынан, Боотулууттан онно көһөр. Уу отун илиинэн да оҕустар, кыстыыр отун булар. Саҥа сиргэ сылгытын 80-ҥа диэри элбэтэн, кымыс астыыр сыахтанар, дьиэ-уот туттар. Ол олордоҕуна оччолорго тыа хаһаайыстыбатын институтун ректора Л.Н. Владимиров «устудьуоннары дьиҥ үлэ үөрүйэхтэригэр сыһыарарга, сылгыга чугаһатарга көмөлөс, кымыстыырга да үөрэтиэҥ» диэн, Кэҥкэмэҕэ ыҥырар. 2008 с. тохсунньутугар сылгыларын олоччу көһөрөн аҕаларга көмөлөһөр.

Байбал устудьуоннары кытта көмөлөөн, күрүө-хаһаа тутан, сылгы 2 базатын бэлэмниир. Ол тухары, үөс сиргэ кэлбиччэ, бэл, куорат да таһыгар кыһыннары кымыстыахха сөбүн дьоҥҥо-сэргэҕэ дакаастыыр аатыгар сылдьар. Манна диэн эттэххэ, былыр да сылгыны сайынын эрэ ыыллара сурукка-бичиккэ хаалбыт.

Оттон 2015 с. Үс Хатыҥ сиригэр көһөн тахсар, кымыс бэлэмигэр оройунан түһэр. Дьэ, ол гынан баран, күн баччатыгар диэри кымыс бэлэмэ оннуттан хамсаабатыттан, саатар биир кымыс астыыр сыах кыаллыбатыттан улаханнык санаарҕыыр. Төһө элбэх эрэннэрии, кымыс бэлэмэ сайдыаҕын туһунан үрдүк тылынан этии-тыыныы иһиллибитин мунньах саалалара эрэ буолбакка, Үс Хатыҥ ытык туоната, бу дьиэ эркиннэрэ да үгүһү иҥэринэн турдахтара. Оттон тылтан дьыалаҕа киирии көстүбэт. Дэлэҕэ, хаһаайыстыбатын уста, кэпсии кэлэллэриттэн батынар, кыбыстар буолан барыа дуо!  “Аныгы, сайдыылаах хаһаайыстыбаны көрдөрүөхпүн баҕарабын. Сайдыбакка олорорбуттан буруйдаах курдук сананабын. Сылгы-сүөһү баайдаах сахалар кымыһынан эмтиир биир санаторийа суохпутуттан кыбыстыах да курдукпун”, – диэхтиир.

Аҕыйах сылтан бэттэх норуот төрүт дьарыгын тута сылдьар, сайыннарар идэлээх дьоҥҥо – олоҥхоһуттарга, оһуохайдьыттарга, тимир уустарыгар о.д.а. – ыйын аайы төлөнөр истипиэндьийэ олохтоммута олус үчүгэй. Оттон олоҥхо, ыһыах тимир ууһун, иистэнньэҥ курдук кымысчыта суох эмиэ сатамматын быһыытынан, кымыс оҥоруутун төрүт идэ быһыытынан билинэр, ама, сыыһа буолуо дуо?

Валерий биэ ыыр

Байбал: “Кымыстааһыны сөргүтүүнү, кымыһы дэлэтиини Үрдүк Айыылар ноҕоруускаларын курдук ылынан, кинилэр өйөбүллэринэн да диэххэ сөп, баччаҕа диэри үлэлээн кэллим. Дьон, дьиҥинэн, кымыска олус наадыйар. Оҕолоругар анаан, бэйэлэрэ ыарыйдахтарына да кэлэн ылаллар. Ордук сааһыары элбииллэр. Санаторийы арыйыы үлэ миэстэтин таһаарыа, тыа сирин социальнай балаһыанньата тупсарыгар да көмөлөһүө этэ”. 

 

Байбал ыра санаата уонна хомолтото

– Кымыһынан эмтиир санаторийдар аһыллаллара буоллар. Тыа хаһаайыстыбатын, Доруобуйа харыстабылын уонна Үөрэх министиэристибэлэрэ сүбэлэрин холбоон, бу өттүгэр үлэлэһэллэрэ буоллар. Саатар оҕо дьоммут чэгиэн буолалларын туһугар төрүт аһы, кымыһы дэлэтиэххэ. Сылгыһыттар оччотугар интэриэстэнэн, биэ үүтүн туттарыа этилэр. Сүөһүбүт аҕыйыыр, сылгы эбиллэр, онон, сөптөөх өйөбүл баара буоллар, кыаллар дьыала. Бэйэбит иккиэйэх эрэ буолан, оппут да үгүөрүтэ суох буолан, 6-ны эрэ ыыбыт. Ону да бу уолбут Валера көмөлөһөр. Туох кыалларынан барытын оҥоро сатаатым. Астыыр сыах оҥостуом дуу диэн, дьиэ көтүрэн аҕалбытым эҥин да...

 

Павел Павлович кыһалҕата, ис-иһигэр киирдэххэ, үгүс. “Экоферма” ситимиттэн уоттанар, тэрилтэ курдук төлүүр буолан, аҥаардас уотугар сылга 200 тыһ. солк. төлүүр. Онтун да бэйэтэ 500 тыһ. солк. төлөөн таттарбыт. Сүрүнэ, бу олорор, бэйэтин кыаҕынан туттубут күрүөтүн-хаһаатын, араас тутууларын хаһан баҕарар кэлэн: “Көтүр, сокуону кэһэн туттубуккун”, диир кыахтаахтар. Оннук да буола сылдьыбыт. Хата, ону Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уонна куорат мээрийэтэ өйөөн, тыл-өс буолан, сирин арендатын син үс сылга уһаппыттар. Этэр:

– Бу хаалбыт кэм иһигэр биир эмэ кыахтаах тэрилтэ ылсан, үчүгэй бырайыак толкуйдаан, Медкиин кымыһынан эмтиир, сахалыы аһынан-үөлүнэн хааччыйар санаторийын базата да оҥоруон тоҕо сатаммат буолуой? Култуура сайынна, оһуохай, олоҥхо бөҕө, кинилэргэ дьиэ-уот арааһа тутуллар. Оттон киһи доруобай буоллаҕына ыллыыр-туойар, ону маны айар-тутар. Төрүт ас туһата дакаастаммыта ыраатта. Киириилээх-тахсыылаах быраас дуу, ханнык эрэ тэрилтэ дуу, ылсара буоллар. АЛРОСА уо.д.а. кыахтаах бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ хоннохторун анныгар ылан, бу дьыаланы сөргүтэллэрэ буоллар, улахан, улуу дьыала буолуо этэ.

 

Сааһыран, бэйэтэ сүүрэр-көтөр кыаҕа суоҕун, арай саха аймах уопсай интэриэһэ диэн, атыҥҥа аралдьыйбакка күүһүн-күдэҕин олоччу биэ ыаһыныгар уурарын этэр. Дьон доруобуйата тупсарын туһугар ити этэр санаторийын олоххо киллэрэллэригэр ис сүрэҕиттэн баҕарарын, онно эрэнэрин үллэстэр.

Кэргэнэ, эрэллээх эркинэ Вера Васильевна тэҥҥэ сылдьыһар. Күннэтэ кымыстаан көмөлөһөр. Бу томторго кэлиэхтэриттэн алта сиэн эбиллибитин үөрэ кэпсииллэр. Икки өттүттэн сүүрбэлии сиэннэммиттэр. Сайынын бэйэлэрэ оттуур буолан, ол кэмҥэ биэлэрин ыабаттар. Балаҕан ыйыттан хаттаан сөргүтэллэр. Быйыл манна кураан буолан, от үүнүүтэ соччото суох, хата, кур оттоох буолан, кыстыгы этэҥҥэ туоруур инибит диэн эрэҥкэдийэллэр. Өрүс арыытыттан 130-ча т оттообуттар. Төбөлөөҕүнэн сүүсчэкэ сылгыны, о.и. биэни аһатарга элбэх от наада. Ыанньык биэ икки бүк элбэх оту сиир.

 

Биэни ыаһын уратыта

Биэ үүтүн оҕотугар хаһаанан хаалларар айылгылаах буолан, күҥҥэ түөртэ ыыллар. Туманнаах тохсунньу томороон тымныытыгар кытта! Бу маннык ыаһын ханна да суох! Сахаларга, Кымыс Байбалга эрэ ону көрүөххэ сөп. Уоллара түүн 12 ч. ааһыыта тахсан, биэлэрин убаһаларыттан араарар. Сарсыарда 7-8 ч. ыыллар. 10-11 ч. ыккардыгар  иккистииллэр. Онтон 15-16 ч. диэки ыыллар. Бүтэһик ыам – 18 ч. Күҥҥэ 20 л тахса үүт кэлэр. Ол кэнниттэн биэлэрин убаһаларыгар холбууллар. Күөх оту, хаппыыста тэллэҕин биэрэллэр. Эбиэстэтиэхтэрин, кымыстан киллэрэр үптэрэ олоччу барарыгар тиийэр.

Ыам графига мээнэҕэ талыллыбатах. Байбал ааспыт үйэ 80-с сс. саҕалаан, биэлэри кыһыннары ыыр уопутугар олоҕуран оҥорбут ураты ньымата буолар. Биэни бастакы төрүөҕүттэн саҕалаан ыырга үөрүйэхтэтэн барарын этэр. Бастаан утаа мөхсөллөр. 3 күнүнэн үөрэнэллэр, сыһыйан бараллар эбит. Эрдэ былыргылыы, эр-биир тутаттаан, атахтарын кыаһылаан ыыллара үһү. Дьэ, хас биирдии биэни сырсан тутуохха, ыахха диэтэххэ, уустук буолуо. “Былырыыҥҥыттан кыбычыын тутууга хаайан ыыр буолуохпутуттан судургутуйда”, –  диир. 7 саастаах сиэннэрэ кытта ыаһан көрбүтүн үөрэ үллэстэр.

Манна даҕатан эттэххэ, Байбал куорат үс оскуолатын (12-с, ЯГНГ, Айыы Кыһата) кытта шефтэһэрин биһирии иһиттим. Оҕолор манна кэлэн сылгылары, биэни ыыры илэ харахтарынан көрөн, үүтүн амсайан, ат миинэн, билсэн бараллар эбит. Аттыларыгар түһүлгэ, сыана оҥостон, ыһыахтыыллар. Ити курдук, үйэлээх сааһын тухары Павел Павлович сыспай сиэллээҕи иитиини, кымыһы ыаһыны эдэриттэн-эмэнигэр диэри аҕытаассыйалаан кэллэ. Ол эрэ буолуо дуо, чөл олоҕу тутуһарынан холобурга сылдьар. “Үбүлүөйбүн да быйыл грамм арыгыта суох ыыттым. Дьон кымыс иһэн, төрүт аһы аһаан, биһирээн, астынан барда”, – диир.

Түмүктээн эттэххэ, саастаах дьоммут барахсаттар тохтоотохторуна, кымыстанан да бүтэбит. 2014 с. “Кыым” хаһыат Дьокуускайга “Кымыс иһиитин саамай элбэх киһилээх сиэрин-туомун” ыытан, бүтүн Гиннес рекорда олохтоммута. Ол кэмтэн лоп курдук 10 сыл ааста. Оччолорго “Сахаплемобъединение” иһинэн син кымыс сыаҕа баара. Билигин саатар онтубут да суох. Киһи абарыах, кыһыйыах – 2-ГИС ылан көрөөрүҥ эрэ – аҥаардас Дьокуускайга арыгынан эргинэр... 331 маҕаһыын баар! Онно өссө сымыйа кафелары, кыраадыстаах утаҕынан хадаҕалыыр эрэстэрээннэри эбиҥ. Ол кэмҥэ биир кымыстыыр сыах, санаторий баҕалаах. Кымыс Байбал санаарҕыан санаарҕыыр буолбаат? Туох дии саныыгыт?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....