Бастыҥ эрэстэрээҥҥэ куоластыахха сөп
Куорат баһылыгын солбуйааччы Владимир Дорожкин бэҕэһээ «Якутия24» ханаалга быһа эпииргэ куорат олохтоохторо «Мост» сыһыарыы нөҥүө «Саха сирин амтана» ас-үөл күрэҕин кыттыылаахтарыгар куоластыахтарын уонна ордук көхтөөхтөр бириис тутуохтарын сөп диэн иһитиннэрбитэ.
Быйылгы «Саха сирин амтана» бэстибээлгэ 9 эрэстэрээн кыттар: «Республика», «Махтал», «Крыша», «Зазеркалье», CHUKCHA, Kitchen, «Зеленый город», «Кабинет» уонна «Кантри-стейк» рестораннар кытта сылдьаллар.
Бэлиэтээн эттэххэ, бастыҥ аатын иһин былдьаһар эрэстэрээннэргэ куонкурус усулуобуйатын быһыытынан эрдэ Саха сиригэр үүнэр, үөскүүр булт, сир аһыттан, отуттан, быһата, олохтоох бородуксуйаттан, этэргэ дылы, буруолуу сылдьар саҥа, сонун бүлүүдэни бэлэмнииргэ сорудах бэриллэр. Бу бэстибээлгэ ол сорудаҕы хайдах олоххо ки ллэрбиттэрин көрдөрөллөр.
Санатар буоллахха, «Саха сирин амтана» Дьокуускай куоракка 2014 сылтан ыытыллар. Урукку сылларга кыайыылаахтарын ааттаммыттара:
2014 сыл – «Лайнер»;
2015 сыл – «Махтал»;
2016 сыл – «Махтал»;
2017 сыл – «Атласовтар этно-уһаайбалара»;
2018 сыл – «Каре»;
2019 сыл – «РекаОзероЛес»;
2020 сыл – «Бекетовъ;
2021 сыл – «Высота -160»;
2022 сыл – «Махтал»;
2023 сыл – «Аврора».
Уон сыл устата «Саха сирин амтана» бэстибээл төрүт астан саҕалаан төрүт үгэскэ, култуураҕа, бэйэ дьоһунун ылыныыга уонна билиниигэ сүҥкэн кылыыта киллэрэн кэлбитэ мэлдьэх буолбатах.