“Амма Куо уонна Харама Боотур” олоҥхо-моноиспэктээк премьерата буолла
Сэтинньи 30 күнүгэр Саха тыйаатырын Алампа аатынан аччыгый саалатыгар драматург Илья Семенов-Ураанай Уола суруйуутунан СӨ үтүөлээх артыыһа Василий Борисов туруоруутугар, СӨ үтүөлээх артыыската Софья Сергучева-Баранова толоруутугар “Харама Боотур уонна Амма Куо” остуоруйа-олоҥхо премьерата “Соҕотох артыыс театра” бырайыак уонна Олоҥхо декадатын чэрчитинэн буолла.
Софья Иннокентьевна идэтийбит худуоһунньук, СӨ норуотун маастара буоларын быһыытынан, остуоруйа-олоҥхоҕо бэйэтин айар оҥоһуктарын – “Харама хайата” быысыпкаламмыт хартыынатын декорацияҕа киллэрбитэ уонна бу толоруутугар анаан баайбыт көстүүмүн кэтэн тахсыбыта туруоруу биир сүрүн уратытынан буолла уонна көрөөччүнү сөхтөрдө.
Премьера кэнниттэн Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Ньургуйаана Илларионова, Амма улууһун култууратын уонна норуот айымньытын управлениетын салайааччыта Иван Иванов, Дьокуускайдааҕы “Амма түмсүү” бэрэстэбиитэллэрэ биир дойдулаахтара Илья Семеновы уонна толорооччу Софья Баранованы кэскиллээх үлэ тахсыбытынан махтанан туран эҕэрдэлээтилэр. Итиэннэ бу айымньыны Амма улууһугар гостуруолга ыҥырдылар.