29.11.2024 | 14:23

Уопсастыбаннай миэстэҕэ табахтыыр бобулунна

Уопсастыбаннай миэстэҕэ табахтыыр бобулунна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ил Түмэн тохсус (уочараттаах) мунньаҕа «Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар тустаах уопсастыбаннай сирдэргэ табаҕы, никотиннаах бородууксуйаны тардыыга эбии хааччаҕы олохтуур туһунан» сокуону ылынна.
 
Ол эбэтэр, өрөспүүбүлүкэ саҥа сокуона уопсастыбаннай тырааныспар тохтобулугар уонна дьон сынньанар, күүлэйдиир, спордунан, физическэй култууранан дьарыктанар пааркаларыгар табаҕы тардары, никотаннаах бородууксуйаны туттары бобор.
Буруйу оҥоруу иһин накаастабыл көрүҥэ – сэрэтииттэн саҕалаан, 500 солк. диэри ыстараап, хатылааһын иһин – 1000 солк. 
Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтин дааннайдарынан, табах тардыы мөлтөх доруобуйа уонна кылгас үйэлэнии сүрүн төрүөтүнэн буолар эбит. Ол курдук, статистика көрдөрөрүнэн, табах киһи олоҕун 20 сылынан кылгатар.
Сыл аайы табаҕы тардыы 7 мөлүйүөн киһини өлүүгэ тиэрдэр. Итинтэн 890 тыһыынчаттан тахса киһи – бэйэтэ тардыбат эрээри, табах буруотун эҕирийээччилэр (пассивные курильщики). Медиктэр этэллэринэн, 2030 сылга диэри суһал миэрэ ылыллыбатаҕына, табах дьаатыттан өлүү ахсаана 8 мөлүйүөнтэн тахсар чинчилээх.
Онон, Саха сирэ ити этэр суһал дьаһалы ылынна диэххэ сөп. Ол да буоллар хас биирдии табахсыт киһи бу уодаһыннаах дьаллыктан ыл да аккаастанар ыараханын этинэн-хаанынан билэр буолуохтаах. 

Куһаҕан дьаллыктан босхолонорго сүбэлэр:

1.Кофеттан уонна арыгыттан аккаастаныы – бу бастакы хардыылар. Үлэҕитигэр эбиэт кэмигэр кофе уонна табах тардар буоллаххына, фруктовой чэйдэргэ эбэтэр соктарга көс. Онтон табахсыт доҕотторгун кытта өрөбүл аайы көрсүһүүлэргин аччаабыта биир ыйга тохтот эбэтэр көһөр.

2. Эмискэ быраҕыы – ыллыҥ даҕаны олоххор суох оҥорорго дьулус. Бу ньыманан 2 күн устата табаҕы быраҕыахха сөп, иккис күҥҥэр никотиҥҥа наадыйарыҥ быдан намтыыр.

3. Өскөтүн иккис ньыма эйиэхэ сөп түбэспэт түгэнигэр, халандаарга бэлиэтэнэн саҕалаа. Биир күҥҥэ хас сигаретаны тардаргын аах, холобура, икки чаас иһигэр – биир табах. Сарсыныгар арыккын өссө кыччат, онтон сарсыҥҥытыгар өссө аччатаҕын. Нэдиэлэ бүтүүтэ табаҕа суох күнү быһа сылдьыаххын сөп.

4. Өскөтүн өйгүнэн-санааҕынан көрдүүр буоллаххына, утахта ис  (кофе, пиибэ буолбатах!). Дьаабылыката сиэ, ыаста ыстаа, мята амтаннаах хампыатта сиэ. Муҥур уһукка тиис ыраастыырда укта сырыт.

5. Табахтыыр «сиэртэн-туомтан» куотун: быстах кэмҥэ кэллиэгэлэргин кытта сэлэһэр «перекурга» барыма. Үлэ чааһын кэнниттэн кулуупка буолбакка, дьиэҕэр тиэтэй.
 
6. Зажигалкалары, трубкалары, пепельницалары суох оҥор. Ханна эрэ хаһаас сытар буоллаҕына, ол саамай сөбүлээбэт табаҕыҥ буолуохтаах; иккиһинэн, скотчтаан кэбиһэр ордук. Оччоҕуна хаһаас туһунан түргэнник умнуоҥ.

7. Үлэҕэр бараргар, сынньана тахсаргар табахтыыргын умун.

8. Дьиэ усулуобуйатыгар спордунан дьарыктан. Бастакы күннэргэ олус үчүгэй настырыанньалаах буолуоҥ. Холобур, бэйэҕэр сүүрэр дорожка эбэтэр фитнес-саалаҕа абонемент атыылаһыаххын сөп. Күн аайы дьарык тэтимин күүһүрдэн ис.

9. Биир ыйга табахха төһө үбү-харчыны ороскуоттаабыккын аах. Ол харчыны мунньан баран, туох эрэ ыра санаа оҥостубут гаджеккын атыылаһаргын санаа.

10. Табаххын бырахпытыҥ туһунан тулалыыр дьоҥҥор кэпсээн оҥоһун. Баҕар, эн холобургун биир эмэ табаарыс ылыныа, табаҕыттан аккаастаныа.
Бу сүбэлэр эһиэхэ ким даҕаны көмөтө суох табаҕы кытта букатыннаахтыы арахсаргытыгар тирэх буолуохтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....