03.12.2024 | 19:00

Нэдиэлэ иһигэр 115 лиитэрэ кэриҥэ арыгылаах утах тутулунна

Нэдиэлэ иһигэр 115 лиитэрэ кэриҥэ арыгылаах утах тутулунна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

ИДьМ үлэһиттэрэ ааспыт нэдиэлэ устата Дьокусукай куорат маҕаһыыннарыттан 115,4 лиитэрэ арыгылаах утаҕы тутта (сыл саҕаланыаҕыттан – 16645,3 лиитэрэ). 
Бэрэбиэркэ түмүгүнэн сэтинньи 23–29 күннэригэр 8 административнай боротокуол толорулунна (сыл саҕалныаҕаттан – 347).
Ол курдук, сэтинньи 23 күнүгэр «Гранат» маҕаһыын (Дзержинскэй уул., 15/2А) көҥүллэммэт бириэмэҕэ арыгынан эргинэ турара билиннэ. Миэстэтигэр 1,15 лиитэрэ арыгылаах утах тутулунна. Эмиэ бу күн Марха бөһүөлэгэр «Родник» маҕаһыын (Газовиктар уул., 26/1а) эмиэ арыгыны көҥүлэ суох атыылаабыта билиннэ. Бэрэбиэркэлээччилэр бу маҕаһыынтан 1,7 лиитэрэ пиибэни туттулар.
Сэтинньи 25 күнүгэр «Сулустар» маҕаһыын (Воинская уул., ¼) административнай буруйу оҥорууга тутулунна. Миэстэтигэр 108,9 лиитэрэ арыгылаах утах тутулунна.
Сэтинньи 27 күнүгэр «Пенная станция» бар-маҕаһыын (Халтурин уул., 63) 1,15 лиитэрэ арыгыны көҥүлэ суох атыылаабыта билиннэ. 
Сэтинньи 28 күнүгэр «Геолог» маҕаһыын (Билибин уул., 32А) эмиэ арыгыны биирдиилээн атыылыыры хаарчахтыыр сокуону кэһэн туран сарсыарда 11:30 чааска 2 бааҥка пиибэни атыылаабыта билиннэ. Эмиэ бу күн киэһэ 20:13 чааска «Заря» маҕаһыын (Семен Данилов уул.,1) 0,45 лиитэрэ кээмэйдээх пиибэни атыылаан тутулунна.
Сэтинньи 29 күнүгэр киэһэ 19:44 чааска «Уйгу-Быйаҥ» маҕаһыын (Октябрьскай уул., 27/2) 0,4 лиитэрэ иэннээх итирдэр утаҕы сааһын ситэ илик оҕоҕо атыылаабыта билиннэ. Оттон «Бонус» маҕаһыын (Хатыҥ Үрэх шоссетын 5 км, 18/1) 1,15 лиитэрэ арыгыны көҥүлэ суох бириэмэҕэ атыылаабыт, диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 
Ааттаммыт маҕаһыыннарга барыларыгар РФ Административнай кодексатын14.2, 14.16, 14.16 ыст.ыст. 2.1 чаастарынан буруйу оҥоруу иһин боротокуол толорулунна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....