01.12.2024 | 12:00

Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...

Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу?
Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.

Светлана Петровна:

— Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум аахха 20-чэлээх кыыс күтүөт уолу аҕалбытым. Оскуоланы бүтэрэн баран ыанньыксыттыы сылдьар этим. Кэргэн тахсыахтаах уолум атын нэһилиэктэн сылдьара, оскуолаҕа сылдьан суруйсарбыт, эрийсэрбит. Аармыйаттан кэлэн баран уу кутар массыынаҕа суоппардыыра, ийэтэ, аҕата суох, эбээтигэр иитиллибит, бииргэ төрөөбүт икки бырааттааҕа. Биһиги холбоһуохпут эрэ иннинэ эбээтэ суох буолбута.

Мин икки эдьиийим, убайдарым эмиэ ыаллар этэ. Бэйэм саамай кыраларабын. Ийэм сөбүлээбэтэ буолуо, үөрэммэккэ эргэ баран эрэр диэҕэ диэммин олус куттаммытын, оччолорго биһиги төрөппүт тылыттан тахсыбат оҕолор буоллахпыт. Хата, дьонум уолбун наһаа истиҥник көрсүбүттэрэ, тута ылыммыттара. Миисэм да саҥалаах-иҥэлээх, туохтан да толлон турбат, сатаабата диэн суох этэ. Онон бииргэ төрөөбүттэрим бэйэлэрин кэккэлэригэр киллэрбиттэрэ.

Онтон ыла, эппитим курдук, бииргэ олорбуппут үйэ аҥаарыгар чугаһаата. Бэйэм икки күтүөттээхпин, уолаттарым курдук саныыбын. Кыргыттарбын атаҕастаабаттар, барыны бары сатыыллар, оттууллар да,  мастыыллар да,  дьиэ ис-тас үлэтигэр тэҥҥэ сылдьыһаллар.

Араас өйдөспөт быһыы таҕыстаҕына, онто суох олорбоппут буоллаҕа, кыргыттарбын сэмэлиибин, мындырдык толкуйдааҥ диибин. Холобура, эр киһи иһэн кэлбит буоллаҕына олох саҥарымаҥ, мөҕүмэҥ-этимэҥ, сарсыныгар биирдэ кэпсэтиҥ, бултуу барарын олох бобумаҥ, хаайымаҥ, тото-хана аһата сылдьыҥ, таҥаһын-сабын көрүҥ диэн. Ити барыта ийэбиттэн кэлбитэ. Биһиги ийэбит биир да күтүөтүн үөхпүтүн, дьоҥҥо куһаҕаннык кэпсээбитин, иэдэс биэрэн киэр хайыспытын өйдөөбөппүн. Бары биир тэҥник “мамабыт” дииллэрэ, ким да аатынан ааттаабат, ыҥырбат этэ. Оннук убаастыыллара, таптыыллара. Ийэбит биһиги да аҕабытыгар сылаастык эрэ сыһыаннаһара, этиһэллэрин, киҥир-хаҥыр саҥарсалларын өйдөөбөппүн. Онон, барыта иитииттэн, төрөппүттэртэн кэлэр.

 

Эбээ Балбаара:

— Күтүөт кэлэрэ араас. Ким эрэ соҕотох кыыстаах буоллаҕына күтүөт кыыс аймаҕар уоллара кэриэтэ буола түһэр. Күтүөт диэн эмиэ ким эрэ оҕото, уола, убайа, быраата буоллаҕа. Ол иһин күтүөт кэлбит ыала киниэхэ харыстабыллаахтык, сахалыы сиэри тутуһан сыһыаннастаҕына, кыыстара дьоллоох буолара саарбахтаммат. Холобур, ыал ийэтэ, ыал аҕата диибит, өр сыл бииргэ олорбут ыалы. Оттон бу ыал ийэтэ хаһан эрэ кийиит кыыс буолан, ыал аҕата хаһан эрэ күтүөт уол буолан кэллэхтэрэ хайа эрэ ийэ ууһугар, хайа эрэ аҕа ууһугар. 

Күтүөт оҕону тас көрүҥүттэн эрэ сыана быһар сатаммат. Күтүөт уол хайдаҕын кини кыыс аймах дьонун кытта хайдах кэпсэтэриттэн, үлэҕэ хайдах сыһыаннаһарыттан, дьиэ ис-тас үлэтин төһө сатабыллаахтык толороруттан, төһө оҕомсоҕуттан уонна күтүөт туох дьон сыдьааннара, ыччаттара буоларыттан көрөн сыана быһыллар. Аныгы үйэҕэ кэтээн көрдөххө, атаах кыыстаах ыалга күтүөт уһаабат, кута-сүрэ тохтообот, иитиллибэт, дьиэмсийбэт. Тоҕо? Кыыс ийэтэ-аймаҕа атаах кыыстарын эрэ өрө тутан, кини эппитин эрэ толоро сылдьан, күтүөтү ахсарбат быһыыга киирэллэр. Күтүөт онтон хомойор, өбүгэ дьоно хомойоллор, онтон сылтаан эдэр ыал холумтаннара айгырааһына саҕаланар. Дьэ, бу саха ыалын сиэрин, майгытын кэһии мантан саҕаланна. Онон, күтүөт диэн кэлбит оҕону сыа-сым курдук тутан, оҕотук буоллаҕына иитэн, үөрэтэн, арыый өйүн туппут буоллаҕына саҥатын, санаатын истэн, тэҥҥэ сүбэлэһэн, бу эдэр ыал олохторун оҥостор холумтаннарын харыстаан сыһыаннаһыллыахтаах.

 

Римма Петровна, биэнсийэлээх:

— Мин санаабар, күтүөт уол оҕоҕор тэҥнээх суолталаах. Кини олоххо кэлбит аналын толорон, алаһа дьиэни тэринэн, аал уоту оттунан ыал буолар, оҕо-уруу төрөтөн олоҕу салгыыр кэнчээри ыччаттарданан олох олорор.

Ыал күн ньээкэ оҕотун көмүс курдук көрөн улаатыннаран, иитэн көччөххө көтүтэн ыал буолалларын кэтэһэр кэрэ кэмэ тиийэн кэлэр. Күтүөт, кийиит диэн оҕолоруҥ тэҥэ дьон, эн боруоккун атыллаан киирэн кэлэллэрэ күүтүүлээх, дьоллоох түгэн буоллаҕа.

Атахха турбут элбэх оҕолордонон, ол түгэннэри олоҕум умнуллубат дьоллоох күнүнэн саныыбын.

Күтүөт диэн эн оҕолоруҥ курдук ийэлээх-аҕалаах, ыал эрэнэр, таптыыр оҕото. Тэҥнээхтэр көрсүһэн ыал оруолун ылалларыгар төһүү күүс буолан, баар кыахпынан өйүүбүн, көмөлөһөбүн. Бэйэлэрэ сүбэлэрин холбоон, дьаһанан олороллоро олох сөп, онно кыаҕы биэрэбин. Хас биирдии ыал сабыылаах тэрилтэ кэриэтэ буолар дии саныыбын.

Күтүөт таптаан ылбыт кэргэнигэр убаастабыллаахтык сыһыаннаһыахтаах, дьиэ иһинээҕи боппуруоска биир тылы буларга кыһаллыахтаахтар, дьиэ кэргэнин, оҕолорун таптыыр, булар-талар, оҕо иитиитигэр, дьиэ иһинээҕи үлэҕэ төһө кыалларынан тэҥҥэ күүс-көмө, оҕолоругар холобур буолан эйэлээхтик олоруохтаахтар. Ыал буолбут оҕолор олохторугар төрөппүт орооһуо суохтаах, ол тэбиигэ да тиэрдиэн сөп. Олорор олохторун эдэрдэр бэйэлэрэ тыыран олороллоро бу сөптөөх дии саныыбын. Төһөнөн олох ыарахаттарын иккиэн сөптөөхтүк ылынан биир суолунан баран иһэллэр да, соччонон бөҕөргөөн түс-бас, дьоһун ыал буолаллар.

Мин үс күтүөттээхпин, икки улахаттарым дэриэбинэҕэ, биирим куоракка олорбут уолаттар, үһүөннэрин тэҥинэн таптыыбын, үһүөн туруу үлэһит уолаттар, ханнык да үлэттэн толлубат, туора көрөн турбат, эр киһи үлэтигэр дьоҕурдаах, ылсан иһэр, ыал амарах аҕалара. Дьиэ кэргэннэригэр, оҕолоругар кыһамньылаахтар, билиҥҥи олох хаамыытынан олохторун оҥостоллор. Хайа да төрөппүт баҕа санаата ол буоллаҕа.

Маннык көрүүбэр, сыһыаммар ийэбин холобур оҥостобун, ийэм мөссүөнэ көстөн кэлээччи, кини күтүөттэриниин наһаа тапсар, түргэнник биир тылы булар, кинилэри оҕолорун курдук таптыыр, биһигини кытта тэҥҥэ тутар этэ.

Ийэбин өбүгэбит мындыр үөрүйэхтэригэр олоҕуран оҕолорун ииппит дьоһун өйдөөх киһинэн ааҕабын.

 

Дмитрий Петров:

— Мин икки кыыстаахпын,  икки күтүөттээхпин. Бастакы күтүөтүм тыа уола, бэйэбит атылыы. Биһиги дэриэбинэҕэ олоробут, сүөһү, сылгы тутабыт, сайыны быһа оттуубут, хаһаайыстыба улахан. Үс уоллаахпын, кинилэр көмөлөрүнэн, сүбэлэринэн олоробут. Уолаттарым от саҕаланна да олох түһүнэн кэбиһэллэр, улахан күтүөтүм эмиэ тэҥҥэ сылдьар, оттоһор, мастаһар.

Дэриэбинэ кытыытыгар олорор буоламмыт киин ититиигэ хапсыбаппыт, онон мас кэрдэн, тиэйэн, саһааннаан, муус ылан, онтон да атын үлэ баһаам буоллаҕа. Бэйэм сааһыран эрэбин, 60-мун аастым.

Дьэ  былырыын иккис күтүөт кэллэ. Кырабыт, мааныбыт табаарыс уол аҕалла. Иккиэн устудьуоннар, үһүс куурустар. Кыыспытыгар үөрэххин бүтэр диэн этэн көрбүппүт да, ылымматаҕа, холбоһобут да сабаас. Күтүөт уолу көрсөөрү ийэбит, кийииттэр остуол маанытын тардан, ас бөҕөтө астаан, кэтэһии буолла, сиэннэр тахсан суолга да кэтээн турдулар, бары долгуйуу, сүпсүгүрүү. Урут оннук улаханнык ыксаабыппытын өйдөөбөппүн, син бары ыал буолан, кэлэн-баран испиттэрэ. Бу сырыыга куорат уола, эбиитин ийэтэ, аҕата улахан үлэһиттэр диэн буолла, ону тэҥэ эбээтэ, чүөчэтэ тахсыһаллар үһү. Бэс ыйыгар олус итии кэмҥэ айаннаан иһэллэр.

Дьоммут дьэ мааны массыынанан астаран сыыйылыннаран кэллилэр. Бастаан кыыспыт ойон түстэ, онтон эмиэ кыыс... аньыы эбит, уол, күтүөт уол буолла. Уһун, кырааскалаах баттахтаах, киһи кыратык таарыйан аастаҕына охтон түһүөх курдук хатыҥыр, бирээмэ кыыһым кэннигэр турдаҕына көстүө да суох курдук. Мин көрөөт тута мыынным, били бу сайын оттотуох буолбутум тута тимис гынна. Кэнники ийэбит этэр ээ, кэм да киһини үлэһит илии эрэ курдук көрөҕүн диэн. Оттон хайыахпыный, сайын кылгаһа, үлэһит илии тиийбэтэ, төһө да элбээтэрбит, биир киһи эбилиннэҕинэ туох куһаҕаннаах буолуой. Уолум кыраабылы да тутарын саарбахтыы көрдүм.

Бээ, аны туран уолбут сахалыы саҥарбат курдук эбит, өйдөөбөт дуу,  бу үлүгэр куорат оҕото диэтэххэ симигэ, куттанар дуу. Чэ, мин харааччы буккулуннум, тугун-ханныгын быһаарыахха диэри наһаа тургутумуохха дии санаатым. Чэ, ол курдук билсэн, төрөппүттэрэ төһө да куорат мааны ыала буоллар, хата, дэриэбинэттэн кийиит кыыстананнар үөрбүттэрэ сүрдээх, отоннуу, балыктыы тахсарга чугаскыт, оттоһуохпут да диэн, хата, санаабын көтөхтүлэр.

Ити сайын, кырдьык, уол аҕата, убайа тахсан дэлби көмөлөспүттэрэ, эдэрдэр да хаалсыбатахтара, күтүөт төһө да үлэҕэ улахан үөрүйэҕэ суох буоллар, үчүгэй иитиилээх, сатаабатар да ылсан иһэр бэртээхэй оҕо буолан биэрбитэ. Били уһун баттаҕын кырыйан, сайын күн уотугар баттахтыын харааччы буһан, үчүгэйдик, иҥэмтиэлээхтик аһаан, хата, эт тутан барбыта. Күһүн уруу бастыҥын тэрийбиппит.

Онон, сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ диэбиккэ дылы, билигин куоруммут туолан, оҕолорум бары ыал буолан, биир да кийиити да, күтүөтү да сирбэппин, саха киһитин сиэринэн барыта этэҥҥэ диибин, кинилэр олохторугар орооспоппун, наада буоллаҕына сүбэлиибин.

Кийиит буоллун, күтүөт буоллун, син биир ким эрэ оҕото, атааҕа буоллаҕа, эн оҕоҥ эмиэ атын ыалга тиийэн туора көрүллүбэккэ олордоҕуна, онтон атын дьол суох буолар ээ. Мин бэйэм да олус үтүө ыалга күтүөт буолан олоробун, кэргэним дьонун олус убаастыыр этим, барахсаттар билигин суохтар. Кинилэр миигин ытыс үрдүгэр түһэрэн ылбыттара, туора көрбөтөхтөрө. Онон, саха өбүгэ саҕаттан муударай буолан, билигин даҕаны туора, кэлии дьоҥҥо сылаастык сыһыаннаһабыт дии, эгэ бэйэбит оҕолорбутугар, кинилэр талан ылбыт аҥаардарын туоратымыахха, дьиэ кэргэммит эбиллибитин, өссө биир оҕо кэлбитин курдук саныахха, таптыахха.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....