29.11.2024 | 21:54

Сылгыны иитиигэ аналлаах научнай-практическай конференция буолан ааста

Сылгыны иитиигэ аналлаах научнай-практическай конференция буолан ааста
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн Дьокуускайга «Сылгыны үөрдээн иитии: бэҕэһээ, бүгүн, сарсын» Бүтүн Арассыйатааҕы научнай-практическай конференция буолан ааста.

Сылгыны иитиини наука хараҕынан көрөр, уопут атастаһар киэҥ хабааннаах тэрээһиҥҥэ Татарстан, Башкортостан, Бурятия, Иркутскай уонна Рязанскай уобаластар, Москва, Казахстан учуонайдара, исписэлиистэрэ, Арассыыйа бөдөҥ научнай-чинчийэр институттарын уонна Саха сирин хаһаайыстыбаларын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар. 
Өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров бэлиэтээбитинэн, ыраас хааннаах сылгыны ылыыга, сылгы баазалары тутууга үлэ салҕаныахтаах, саха боруодатынан дьарыктанар үс бөдөҥ сылгы собуотугар ураты усулуобуйа тэриллиэхтээх. «Кымыһы оҥорууга эмиэ былааннар бааллар. 2022 сыллаахха Саха сирэ биэ кымыһыттан аһытыллыбыт үүт бородууксуйатын оҥорорго аналлаах микроорганизмнар шаммнарын ылары ситиспитэ», – диэтэ миниистир. 
Конференцияҕа бэлиэтээбиттэринэн, ааспыт сылга Саха сиригэр сылгы ахсаана 178 тыһыынча төбөҕө тэҥнэспит буоллаҕына, 2024 сыл сэтинньи 21 күнүнээҕи чахчынан 232 тыһыынча төбө буолбут. 2017 сылтан саҕалаан 296 сылгы баазата тутуллубут, маныаха өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн биир баазаҕа 1 мөлүйүөнтэн 3 мөл. солк. Диэри кээмэйдээх субсидия бэриллибит. 
Маннык уонна да атын хабааннаах өйөбүллэр түмүктэринэн, 2015 сылы кытта тэҥнээтэххэ, эти оҥорон таһаарыы иэнэ 10 тыһыынчаттан 12 тыһыынча туоннаҕа диэри үрдээбит. 2023 сыллаахха сылгыны үөрдээн иитиигэ судаарыстыбаннай өйөбүл кээмэйэ 607,3 мөл. солк. тэҥнэспит, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн – 199,4 мөл. солк. киирбит, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....