29.11.2024 | 14:23

Дьиэ кэргэн хапытаалын суумата 316 тыһ. солк. диэри улаатыаҕа

Дьиэ кэргэн хапытаалын суумата 316 тыһ. солк. диэри улаатыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кэлэр сылтан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьиэ кэргэн» тус сыаллаах харчынан өйөбүл кээмэйэ 316 тыһыынча 200 солкуобайга диэри улаатыаҕа, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова Ил Түмэн ылыммыт бүддьүөт тутуһан сокуонугар сигэнэн иһитиннэрэр. 

Санатар буоллахха, 2024 сылга биллэриллибит дойдуга Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылларынан Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан «Дьиэ кэргэн» хапытаал суумата икки бүк үрдэтиллэн, 300 тыһыынча солкуобайга тиэрдиллэн турар. 2025 сылга бу төлөбүр индексация суотугар 16 тыһыынчанан эбиллиэҕэ. 
«Маны сэргэ «Үйэ оҕолоро» өрөспүүбүлкэ таһымнаах төлөбүр кээмэйэ эмиэ 110 тыһ. солкуобайтан 116 тыһ. 756 солкуобайга диэри улаатыаҕа», – диэн бэлиэтиир Елена Волкова. Ол туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....