25.11.2024 | 23:17

Туох да мээнэҕэ буолбат

Туох да мээнэҕэ буолбат
Ааптар: Лоһуура
Бөлөххө киир

Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!

 

Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор. Бу Саҥа дьылга бэлэмнэнии Жанналара чугастааҕы бөһүөлэккэ учууталлыы кэлиэҕиттэн, сир харатыгар саҕаламмыта. Маарын аҕай Ульянка (устудьуон саҕаттан дьүөгэлэрэ) „таксинан айаннаан иһэбин“ диэн СМС ыыппыт этэ. Сардаана: «Мин эмиэ сарсын 9-тааҕыга сакаастаатым. Пока, пока. Көрсүөххэ диэри, чмоки-чмоки“ диэнигэр бэрт бэһиэлэй смайлигы кыбытаат, ыытан кэбиспитэ баара...

Кыһыыта, Сардаана бу манна ананан үлэлээбит икки сылыгар иккиэннэригэр Саҥа дьыл түүн дьуһуурустубалыыр „толору дьолу“ билэн, „иэһин боруостаабыт“ курдук сананара. Бастакы сылыгар олохтоох дьон дьуһуурустуба кыраапыгын букатын эрдэ, кини түбэһэрин курдук суоттаан оҥорбуттар этэ. Ону туох диэн туорайдаһыай, сөбүлэспитэ. Билэр да киһитэ оччолорго суоҕа. Хайа уонна атын сиэстэрэлэр бары ыал дьон этэ. Дьоннорун кытта бырааһынньыктыыр баҕалаахтарын туох диэн баалыаҥый. Холобур, былырыын 31-кэ Араайа Алексеевна түбэспитэ гынан баран, тута: «Баһаалыста, миигин өйдөө, күммүтүн атастаһыахха, кыыһым аах анаан-минээн куораттан кэлэллэр. Ийэтэ суох бырааһынньыктыыллара соччото суох буолуо“, – диэбитигэр сатаан батымматаҕа. Кэргэнэ, оҕото суох „буруйугар“ „ээх“ дииригэр тиийбитэ. Соторутааҕыта биир мунньахха ыстаарсай сиэстэрэ: „Сардаана Егоровна, быйыл баҕас, дьэ, киһилии Саҥа дьыллыыгын. Павловна уочарата түбэһэр“, – диэн букатын да үөрдүбүтэ...

Оттон бүгүн кэлэн Павловна, дабылыанньам таҕыста, кыраадыстанным диэн, бүлүтүөҥҥэ баран хаалбыт! Онон Сардаана 3-с сылын субуруччу „балыыһа Хаарчааната“ буолар буолла. Күлүү гыммыкка дылы, Павловна бэйэтэ эрдэ: «Олохтоох уолаттарбытын сирэттиигин быһыылаах. Үөрэхтээх кыыс, үлэтэ суох, аҕыйах оторой-моторой уол ордо сылдьарын чугаһаппаккын быһыылаах. Баҕар, улуус киинигэр киирдэххинэ, аналгын булуоҥ. Сааһыҥ да ыраатта. Астына сынньанаар“, – диэн, Сардаана онто да суох дууһатын түгэҕэр илдьэ сылдьар ыра санаатын тэһэ көрбүттүү, биир тыынынан кутан-симэн кэбиспитэ. Дьүөгэлэрин биллэ ахтыбыт кыыс күүтүүлээх көрсүһүүнү санаан, эчи, үөрбүтүн! Аналы да көрсөр киһи туох куһаҕаннаах буолуой. Кистээбэккэ эттэххэ, бастаан утаа Сардаана „атын сиргэ тиийдэхпинэ, баҕар, аналбын көрсүөм“ диэн саныыра. Хантаан! Долгутуулаах „сүүрбэ биэһэ“ ааста да, санаатын иһинэн киһини Айыы таҥара киниэхэ тиксиһиннэрэ илик. Үлэ – дьиэ – үлэ. Устудьуоннаабыт доҕотторо оҕо-уруу тэнитэн ырааттылар. Арай бу кини, Жанна уонна Ульянка кур бэйэлэрэ кубулуйбакка сылдьаллар. Саастыы уолаттара ыал буолбуттара быданнаата. Эдэрдэр бу кыыс оҕо элбэҕэр эдэрдэри эрэ көрөллөр. Хайа, уонна дэриэбинэҕэ уол да хаалбатааҕын тэҥэ. Кэргэннээх эрээри эрийсэ сатааччы баҕас баар. Оннуктары  Сардаана саа тэбэр сиригэр чугаһатан да бэрт. Иитиибит оннук.

* * * 

Сардаана дьуһуурустубатыгар баран иһэн маҕаһыынтан хоруопкалаах кэмпиэт, былаат атыыласта. Маабыра эмээхсини үөрдүөн баҕарар. Барахсан суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сыппыта балачча буолла. Сотору-сотору хаанын баттааһына өрө тахсан, куттаталаан ыллар да, син оттон-мастан тардыһан сытаахтыыр. Сүрэҕэ-быара бөҕөтө бэрт бадахтаах. Кыамматтар дьиэлэригэр ыытыахтарын миэстэ суох үһү. Көрөр-истэр дьоно диэн мэлигир эбит. Онон дьарҕа буолбут ыарыытын эмтиир-томтуур ааттаан сытыараллар. Эмээхсин Сардаананы тоҕо эрэ олус сөбүлүүр, кэпсэтэ сатыыр үгэстээх. Биирбит да, быыс булла да, киирэн, сыттыгын көбүтэн, суорҕанын өрө тардан биэрэр. Ол да кырдьаҕас киһиэхэ олус күүтүүлээҕин сүрэҕинэн сэрэйэр.

Бүгүн – Саҥа дьыл үүнэр бэлиэ күнэ. Онон бэйэтэ да уонча куойкалаах балыыһа хаарбах тутуутугар, бэркэлээтэр, бэһиэ буолаллара буолуо. Ол аата – кини, Маабыра, санитарка Галя, быйыл күһүн инсуллаан баран бэттэх кэлэ сатыыр Сэмэн уонна бүөрүнэн аһааҕырбыт Батаакабыс. „Төбө-атах хамсыыр“ өттө көҥүллэтэн, дьиэтигэр ойбута быданнаатаҕа.

Дэриэбинэ дьиэлэрин оһоҕун буруота өрө хоройон олорор. Дьиҥинэн, киэһээҥҥи оһоҕу оттор кэм арыый да эрдэ. Түөрт эрэ чаас чугаһаата. Ол эрээри бырааһынньык күнэ буолан, ситэ илик аһы-үөлү буһарыы оройо буолан, оһох тула түбүгүрээччи хара баһаама сэрэйиллэр. Сардаана, санаатыгар буолан, хаар хаачырҕас тыаһыгар доҕуһуоллатан, олус ырааҕа суох балыыһатыгар кэлэ оҕуста. Дьуһуурустубатын тутан, эмтэрин-томторун түҥэтэн, укуолларын биэрэн баран, дьэ, иллэҥсийэн, дьүөгэлэригэр эрийдэ.

Кыргыттара үөрүү-көтүү бөҕө. Устудьуон саҕанааҕы муусукаларын дьиэни биир гына холбоон кэбиспиттэрэ иһиллэр. Кэпсэтэллэригэр арыый кыччаттылар. „Салааппытын кырбаан бүтэрдибит. Кууруссабытын хаһааҥҥы эрэ курдук умнан хоруордубатарбыт ханнык. Бэрэскибит туох да ааттаах!! Сии олоробут. Сампааммытын аһарга биир кырасаапчыгы ыҥырдыбыт. Табылыннаҕына, доҕотторун илдьэ кэлиэхтээх этэ“, – дэһэллэр. Эмиэ да „Сардаана суоҕуҥ олус да куһаҕа-ан“, – диэмэхтииллэр. Ол быыһыгар „Ээх хоту“ сылдьартан хаһан хал буолан, аккаастанары сатыыр буолаҕын? Ол бүтүн балыыһа үрдүнэн эн эрэ сиэстэрэҕин дуо?!» – диэн хаарыйан да ылаллар. Туох эмэ интэриэһинэй буоллаҕына, биллэрэ олоруох буолаллар. Сардаана сэниэтэ суох күлэр эрэ. Кыргыттар кэпсээннэрэ бүтэн быстыа суоҕун билэр. Онон сарсын эрийиэх буолла.

Бэҕэһээ олус хомойбутун санаан, сонньуйан ылла. Оттон бүгүн кини киирэн кэлбитигэр Маабыра барахсан үөрбүтүөн! Мэктиэтигэр, сирэйдиин сырдаабытын көрөн, дьуһуурустубаҕа хаалбытын да кэмсиниэ суох курдук сананна. Атын да ыарыһахтар настарыанньалара биллэ үрдээбитин эдэр эмчит эт сүрэҕинэн сэрэйдэ. Иллэҥ көстүбүтүгэр санитаркатыныын ыарыһахтар аһыыр хосторугар харыйа оонньуурдарын, кылбачыгас мөһүүрэлэри бэрт үөрүйэхтик туттан-хаптан иилитэлээн кэбистилэр. Остуолга саҥа ыскаатар аҕалан тэлгэттилэр. Санааларыгар, эргэ балыыһа да иһигэр Саҥа дьыллааҕы тыын илэ бааччы илгийэргэ дылы буолла. Киэһээҥҥи аһылык менютугар, хата, бэрэски, хомпуот, салаат киирбит. Галята туорт илдьэ кэлбит. Батаакабыска кэргэнэ бурдук ас эгэлгэтин аҕалбыт. Онон бары туох баарынан кыттыһан, ыарыһах дьон сиэринэн, Саҥа дьылларын букатын эрдэ, 9 чаас саҕана ылан баран, ыарыһахтар балааталарыгар тарҕастылар. Эр дьон кыра тэлэбиисэрдэрин холбоон: „Саха“ НКИХ биэриитин көрбөхтөөн баран утуйуохпут“, – дэстилэр.

Сардаана Маабыратыгар туһунан „остуол тэрийдэ“. Эмээхсин сыттыкка өйөнөн олорон, сүрэҕэ төһө ыларынан онон-манан боруобалаабыта буолла. Бэлэх былаатын тута баайтаран кэбистэ. Ол кэннэ Сардаана илиитин чэрдээх ытыһыгар ылан олорон: «Тоойуом, хаһан да билбэтэх, дьоллоох түгэммин эн миэхэ бэлэхтээтиҥ. Бэлэх-туһах эрэйбэт киһибин. Ол эрээри, тугу кистиэмий, бадаарак ылар диэн олус да үчүгэй эби-ит! Ким эрэ эйигин санаан, эйиэхэ анаан бу курдук туттарара... Сиртэн халлааҥҥа диэри махтанабын. Эйигин „иккис чыыһылаҕа эрэ кэлэр“ диэбиттэригэр хомойбутум ээ. Дьэ, бэйэмсэх эмээхсиммин дуу... Тоойуом, мин эйиэхэ этиим... Эн үтүө санаалааххын... аанньал тэҥэ киһигин. Эн хайаан да дьоллоох буолуоҥ. Бу сиргэ Дьылҕа Хаан ыйааҕыттан туора турбут диэн суох. Соҕотохпун диэн соҥуорума. Сороҕор эр дьон хараҕа баайыллар быһыылаах. Ол эрээри туох барыта анал кэмнээх-кэрдиилээх. Таптыыр киһигин көрсө илигиҥ – ньучубуо. Ол аата, кэмим, чааһым үүнэ эрэ илик диэн өйдөө. Эйигин ойох ылбыт киһи толору дьоллоох буолуоҕа. Эрэнэбин. Мүччү эрэ тутума. Чэ, һитигирдик“. Ол кэннэ „төҥкөй эрэ“ диэн баран, Сардаананы оройуттан сыллаан ылла.

Сардаана ординаторскайыгар кэлэн, түннүккэ чугаһаан онон-манан кылахачыһар уоттары одуулаһа турда: «Дьону үөрдэр үчүгэйиэн! Оттон мин биир бырааһынньыкка барбат буолбуппуттан хомойо оонньообуппун. Киһи да кыбыстыах. Э-эх“.

* * * 

Түүн биир чаас. Балыыһа иһэ уу чуумпу.  Арай быраас хоһугар истиэнэ чаһытын стрелкатын „тык-тык“ сыҕарыйара туохтааҕар улахан тыаска кубулуйан, „былааһы ылан“ турар. Дөрүн-дөрүн Сардаана „История болезни“ лиистэри арыйталыыра иһиллэр. Галя аан хоһу сууйа-сото сылдьар буолуохтаах. Онтуҥ бэрт чуумпу киһи. Мантан тугу эмэ истиэм диэн саараама.

Эмискэ тас ааны тоҥсуйар бүтэҥи тыаһы кытта тоҥ кирилиэскэ элбэх киһи хоочугураһа түспүт тыаһа Сардаана санаатыгар бүтүн балыыһаны ылан кэбистэ. „Ыарыһахтарбын уһугуннарыахтара“ диэн, сиэстэрэ муҥ кыраайынан онно тэбиннэ...

***

Сүүрүү-көтүү, төлөпүөн үрдүгэр түһүү. Ыксаллаах быһыы-майгы диэн манна буолла. Бөһүөлэк кытыытынан федеральнай суол ааһар. Онно муҥ кыраайынан көтүтэн иһэр (12-гэ диэри тиийэ сатаабыттара буолаахтыа) массыына мантан тахсан иһэр олохтоох массыынаны кытта харсыһан, улахан саахал тахсыбыт. Үс киһи оһолломмут! Улуус кииниттэн тэйиччи буолан, манна аҕалбыттар. Сардаана өйүн сүтэриэр диэри оһолломмут биир киһиэхэ бастакы көмөнү оҥорон баран, тостубут атахтааҕы бэттэх аҕалар мучумааныгар түстэ. Биирдэрин эчэйиитэ кыра буолан абыраата. Галя бырааһы ыҥырбыта, хата, бэрт түргэнник кэллэ. Агеевнаны (ыстаарсай сиэстэрэ) суһаллык аҕалтаран, ыарыыны мүлүрүтэр күүстээх эми туһаннылар-хайаатылар. Ол быыһыгар улаханнык оһолломмут киһилэригэр хаан кутуллара наада буолан, улуустан массыына кэлиэр диэри Сардаана бэйэтэ хаан биэрэргэ тылланна. Анаабыт курдук, группата, резуһа оруобуна барсар эбит. Бырааһа: „Хаалбытыҥ үчүгэйиэн!!“ – диэн дэлэҕэ этиэ дуо.

* * *

Сардаана курдук үрүҥ халааттаах аанньаллар баар буолан, дэҥнэммит дьон этэҥҥэ быыһаммыттара. Оттон, били, атаҕа тостубут киһи...

Киһи куһаҕантан да сонньуйар, Сардаанаҕа дьылҕа анаабыт киһитэ КИНИ этэ. Доҕорун быыһаабыт, атаҕын туппут кэрэ кыыһы уолан эдэр сүрэҕэ сонно көрөөт, тута таптаабыт үһү. Кэлин кэпсиир. Ити курдук, тапталлаахтар көрсүһүүлэрин төрүөтэ олус хобдох да буоллар, түмүгэ туох да ааттаах буолбута.

Сэмэнэптэр билигин толору дьоллоох ыал. Икки эмдэй-сэмдэй уоллаах кыыс оҕолоохтор. Саамай сөбүлүүр бырааһынньыктара – Саҥа дьыл. Оттон Павловна Сардаананы билиҥҥэ диэри дьээбэлиир: «Хатыай, арай онно дабылыанньам чаһы курдук эбит буоллун – аналгын көрсүбэккин ээ?!!“ Буолуо ээ, туох да мээнэҕэ буолбат.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....