29.11.2024 | 16:00

Сахалыы саҥарыах...

Сахалыы саҥарыах...
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Күөрэгэй диэни истибит эрэ киһи сайыҥҥы чээлэй күөх хонууга, үрдүүк-үрдүк мэҥэ халлааҥҥа ыллаан дьырылатар кып-кыракый чыычааҕы саныы түһэрэ чуолкай.
Оттон бу саха тылынан саҥарыыга туһуланар тэрээһин күөрэгэйдэрэ, хас биирдии дьиэҕэ сахалыы саймаарыччы саҥаны тарҕатарга туруммут дьон –  Далбар Хотуттар.

"Күөрэгэй" дьиэ кэргэн бэстибээлин сыанатыгар сахабыт тылын сайдыытыгар үлэлии-хамсыы сылдьар бииртэн биир түмсүүлэр тахсан, бэйэлэрэ ыытар үлэлэрин кэпсээбиттэрэ сэргэх сэһэн-сэппэн чааһыгар кубулуйда.

Бу киэҥ кэскили түстүүр түһүлгэни “Саха тыла 400” уопсастыбаннай хамсааһын аатыттан Яна Угарова салайан ыытта.

– Бу хамсааһын балтараа сыл анараа өттүгэр Дьокуускай куорат мээрийэтин өйөбүлүнэн тэриллибитэ. Биһиги бу уопсастыба нөҥүө куорат сахалара төрөөбүт тылларынан саҥарар буолуохтарыгар баҕарабыт. Оттон бүгүҥҥү кэпсэтиибит сахалыы саҥабытын салгыы хайдах сайыннарабыт диэн тула буолуоҕа.

Бу бэстибээли үһүс төгүлүн тэрийэн ыытар "Күөрэгэй" диэн ааттаах уопсастыбаннай түмсүүнү истиэҕиҥ:

– Эдэр ийэлэр, үксүн урбаанньыттар уонна блогердар мустаммыт, 2019 сылга тэриллибиппит. Оҕолорбутун сахалыы иитиини эдэр ийэлэргэ, аҕаларга хайдах тириэрдэбитий диэн санааттан саҕыллыбыта. Ол курдук бастаан социальнай ситим нөҥүө оҕолорун сахалыы иитэр ыалларга тахсаммыт, кинилэр уопуттарын тарҕаппыппыт.

Онтон бастакы бэстилбээлбитин 2019 сылга «Арассыыйа – мин дойдум»  түмэлгэ ыыппыппыт. Икки тыһыынча кэриҥэ киһи кэлбитигэр наһаа соһуйбуппут. Уонна салгыы өссө эрчимнээхтик үлэлииргэ санаммыппыт. Ол кэмҥэ «Тооко» сахалыы ханаал суох этэ. «Чохоон» улаханнык сайда илик кэмэ. Биһиги оҕолорго аналлаах контент тиийбэтин иһин сүрүн болҕомтобутун онно туһаайбыппыт. Онон куйаар ситиминэн оҕолорго анаан күрэхтэри ыытан саҕалаабыппыт.

2023 сыллаахха тэрээһиммитигэр балтараа тыһыынча киһини муспуппут. Быйылгы тэрээһиммит сүрүн уратытынан эдэр ыччакка аналлаах дьарыктар, интэриэстэринэн көрсүһүүлэр буоллулар. Үлэбит хайысхата киэҥ. Олортон биирдэстэринэн улуустары кытта ситимнээх үлэ буолар. Холобура, бу тэрээһиҥҥэ ыраах Сунтаар «күөрэгэйдэрэ» анаан-минээн кытта кэллилэр.

Сыанаҕа сахалыы таҥаһы сайбаччы кэппит саха мааны Далбар Хотуна аа-дьуо наскылдьыйан тахсан, нап-намыын куолаһынан хоһоон аахпыта, этэргэ дылы, сөрүүн сүөгэй курдук сүрэҕи-быары ортотунан киирэн, толкуйга түһэрдэ. Ама, маннык кэм буолла дуо?!

Мин сүтэрдим

Сахам тылын.

Мин сүтэрдим

Түптэ сытын.

Мин сүтэрдим

Күөрчэх амтанын.

Мин сүтэрдим

Эбээм, эһээм тапталын.

Эн тоҕо сүтэрдиҥ? Бу куккар-сүргэр иҥэ сылдьар, бэйэлээх-бэйэҕэр баар күндү  туруккун? Манна хоруйа биир эбит, доҕоттоор, күннэтэ сахалыы тылбытынан саҥарбаппыт.

«Онон, доҕоттоор, күннээҕи сахалыы кэпсэтиибитин сүтэримиэҕиҥ. Ийэ буоламмыт иэримэ дьиэбит иһиттэн оҕобутугар төрөөбүт тылын иҥэриэҕиҥ!» диэн этиитин дохсун ытыс тыаһа доҕуһуоллаата.

Төрөөбүт тылбыт сайдыытыгар дууһаларын ууран, ис санааларыттан үлэлэһэ сылдьар бииртэн биир, олох араас эйгэтигэр үлэлиир тэрилтэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр тахсыталаан истилэр.

– Биһиги өрөспүүбүлүкэ таһымнаах улахан кредитнэй сойуус буолабыт. Дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарар сыаллаах үлэлээн кэлбиппит 20 сыл буолла. Сүрүн хайысхаларбытынан уурунуу харчы, иэс биэрии уонна урбаанньыттары өйүүр бырагыраамалар буолаллар.

Төрөөбүт тылбыт кэскилин өйдөөн тураммыт, биһиги угуйуктарбытын сахалыы ыытабыт. Сахалыы анаан-минээн матырыйааллары оҥоробут. Үп-харчы туһунан оҕолорго өйдөтөр сыаллаах оонньуулары, тэрээһиннэри өйүүбүт, ыытабыт. Сылын аайы ыытыллар “Дыгын оонньуулара” күрэхтэһиигэ «Норуот таптала» диэн көрөөччү биһирэбилин быһаарар  харчынан бириис туруорабыт.

Төрөөбүт тылбытыгар тапталбыт өссө биир бэлиэтинэн Иван Николаев кинигэтигэр олоҕуран «Күн дьоно» этнографическай испэктээк көрдөрбүппүт буолар. Бу – сахалар хантан төрүттээхпитин сэһэргиир улахан бырайыак. Өксөкүлээх Өлөксөй киинигэр толору сааланы мунньан оҥорбуппут уонна бу тэрээһин биһигини олус күүскэ түмпүтэ.

Бииртэн-биир кэпсээнньити кулгаах-харах иччитэ буолан истэ олордохпуна, сыанаттан бэриллибит ыйытыыга «Кырдьык даҕаны!» диэн санаа кылам гынна:

– Эһиги, бу олорор дьонтон ким эмэ, оҕолоргутугар, сиэннэргитигэр Эллэй, Омоҕой, Ньырбачаан, Тыгын Дархан туһунан  кэпсиир дуо?  Кэпсиэххэ наада. Оҕолорбут өбүгэлэрбит, култуурунай дьоруойдарбыт туһунан билбэттэр. Билиҥҥи оҕолор сүүрбэ сыл анараа өттүнээҕи оҕолортон олох атыттар. Уустук этиини ситэн өйдүөхтээҕэр, сатаан аахпаттар да бааллар. Онон, атыннык үлэлиэххэ-хамсыахха диэммит, онно сөптөөх тиэкистэри наардаан, ый аайы тахсар «Кэм» диэн сурунаалы таһааран саҕалаатыбыт. Бастакы нүөмэрбитигэр сэтинньи ыйга Эллэй уонна Омоҕой туһунан номоҕу бэчээттээн, оскуолаларынан тарҕаттыбыт. Онно аналлаах сэргэх сорудахтардаахтар. Ойуулук даҕаны, киинэ даҕаны оҥоруохха сөп.

Онон оҕолорбут Таатта ыччата буолан баран Кээрэкээн туһунан билэллэрэ, Уус Алдан буолан баран Майаҕатта Бэрт Хараны сэргииллэрэ, Бүлүү буолан баран Ньырбачаан туһунан ааҕаллара наадалаах. Куорат олохтоохторо Чочур Мыраан, Сайсары туһунан номоҕу билбэппит. Ити барыта ааҕыы эйгэтэ буолар.

Иккис хайысхабыт учууталларга, устудьуоннарга туһаайыылаах.

“Ааҕар кэм” түмсүү сүүрбэччэ лиэксийэни онлайн форматынан ааҕан кэллибит. Билиҥҥи литератураҕа болҕомто баар буолуохтаах диэн, 18 ыстатыйаттан турар кинигэ-хомуурунньук оҥордубут. Кинигэ ис хоһооно «Аныгы оҕоҕо тугу аахтарыахтаахпытый?» диэн ыйытыыга хоруй буолар. Биллэр суруйааччыларбыт, саха литературатын саҥалыы, сонуннук, наука ньыматынан дуу хайдах үөрэтиэххэ диэн санаанан салайтарабыт.

“Ааҕар Саха сирэ” «Кэм» диэн сурунаал үһүс нүөмэригэр үлэлэһэ сылдьалларын кэпсээтэ.

Куораппыт оскуолаларыгар сахалыы кылаастар, уһуйааннарыгар сахалыы бөлөхтөр элбииллэрин туһугар туруулаһан үлэлэһэр “Ийэ тыл кэскилэ” диэн төрөппүттэр түмсүүлэрэ төрөөбүт тыл дьиэ кэргэнтэн тахсыахтаах диэн санаалаах.

– 2018 сылтан оҕолор наһаа нууччалыы саҥаран барбыттарын иһин, төрөппүттэри кытта ситимнээх үлэни ыытабыт. Биир сүрүн тэрээһиммитинэн сыл аайы педагогическай дьаарбаҥка чэрчитинэн төрөппүттэр оҕону сахалыы саҥарыыга күрэстэрин ыытарбыт буолар. Манна былырыын 25 үлэ киирбит буоллаҕына, быйыл саха тылын түһүлгэтигэр 94 үлэни көрдүбүт. Олунньу ыйга төрөппүт сугулаанын ыытабыт. Күргүөмүнэн  оһуохайы тэрийиигэ былааннаах үлэ ыытыллар.

Бу кэпсэтиигэ аҥаардас ыытыллыбыт үлэлэри сырдатыы буолбакка, проблема эмиэ таарылынна.

Ол курдук, оскуолаларга уопсай үөрэхтээһин биэс күннээх режимигэр киирдэҕинэ, төрөөбүт тылынан үөрэтии предмет быһыытынан ордук доҕолоҥнуоҕун туһунан саха тылын учууталларын түмсүүтэ санаатын эттэ.

Сыанаҕа эбээлэр тахсаннар, нууччалыы тыллаах үөлээннээхтэрэ сахалыы саҥарарга үөрэммитин кэпсээннэр, бүгүҥҥү “Саха тыла 400” хамсааһын суолтатын арыйан биэрдэ. Ону таһынан Хаҥалас оһуохайын хамсаныыларын чиҥэтэн үөрэппит үөлээннээхтэрин үлэтигэр олоҕуран, үүнэр көлүөнэни оһуохай нөҥүө иитии суолтатын бэлиэтээтилэр. Эбээлэр сахалыы саҥаны оҕо үтүктэрин ааһан, хамсаныытын кытта үтүктэн, саха тылын баайын, сүмэтин иҥэринэригэр саарбах суоҕун эппиттэрин биһирии иһиттибит. “Кырдьаҕастан – сүбэтин, эдэртэн – эйэтин” диэн норуоппут бэргэн этиитэ сэһэн-сэппэн түһүмэҕэр саамай тоҕоостоох буолла.

Түмүккэ бу тэрээһин улахан саалатыгар араас дьарыктар ыытылла турар сирдэригэр тиийэн, ийэтин кытта сиэттиһэн иһэр кыыс оҕо санаатын иһиттибит:

– Манна элбэх баҕайы оонньууларга сырыттым. Харчыны сөпкө туттарга, атыыһыт буолан оонньоотум уонна мас оҥоһуктары сэргээтим. Балыктаатым онно.

Сахалыы хаарыс былаат бааммыт аҕамсыйбыт эбээҕэ чугаһаан, тэрээһин туһунан кэпсииригэр көрдөстүбүт:

– Сахалыы эйгэ баарын киһи маннык тэрээһиннэртэн билэр. Эдэр дьон үгүһү даҕаны сатыылларын, дьарыктарын олус сэргии көрдүм. Бэйэм эрэ кэллим ээ, сиэммин тутан кэлтим буоллар. Аныгыскыга сиэммин сиэтэн кэлииһикпин.

Дьокуускай куораппыт Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн олоххо киирбит «Саха тыла 400» бырайыак төрөөбүт тылбытын күннээҕи олохпутугар туттарга, сахалыы эйгэ хас биирдии дьиэттэн саҕалаан куораппыт уһуйааннарынан, оскуолаларынан, үөрэх-үлэ тэрилтэлэринэн сайда, күөрэгэй чыычаах курдук куруук үрдүк мэҥэ халлааҥҥа күөрэйэ көттүн, дьырылаччы ыллыы турдун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....